Пермнааҕы судаарыстыбаннай гуманитарнай-педагогическай университет

УРУБИИКИ диэн сиртэн ылыллыбыт
Пермнааҕы судаарыстыбаннай гуманитарнай-педагогическай университет
Пермский государственный гуманитарно-педагогический университет
(ПГГПУ)
Олохтоммут сыла 1921
Салайааччы Константин Борисович Егоров
Турар сирэ АрассыыйаПермь
Аадырыһа Пермь, Сибирскай уул., 24
Логотип РУВИКИ.Медиа Биики Хааһахха сытар билэлэр

Пермнааҕы судаарыстыбаннай гуманитарнай-педагогическай университет — Пермь куоратыгар баар үрдүк үөрэх тэрилтэтэ[1].

Устуоруйата

1916 с. Пермь куоракка Петроградтааҕы Импэрээтэрискэй университет филиалын арыйбыттар. 1919 с. алтынньы 2 күнүгэр норуот үөрэхтээһинин института арыллыбыт. 1921 с. балаҕан ыйын 9 күнүгэр Педагоическай институт буолбут. 1922 с. институт үлэлээбэт буолбутунан педагогтар уонна устудьуоннар Пермнааҕы судаарыстыбаннай университекка педагогическай факультет тэриллибитигэр сыһыарыллыбыттар[2][3]. 1930 с. алтыньы 15 күнүгэр Наркомпрос дьаһалынан Пермнааҕы индустриальнай-педагогическай институт тэриллибит. 1994 с.аттестация түмүгүнэн Пермнааҕы судаарыстыбаннай педагогическай университет буолбут. 2012 с.үөрэхтээһин уонна наука министиэристибэтин ыам ыйын 25 күнүнээҕи бирикээһинэн Пермнааҕы судаарыстыбаннай гуманитарнай-педагогическай университет буолбут.

Структурата

Факультеттара

Университет 13 факультеттаах уонна институттаах:

1. Математическай факультет

2. Филологическай факультет

3. Историческай факультет

4. Физическай факультет

5. Естественнонаучнай факультет

6. Информатика уонна экэниэмикэ факультета

7. Омук тылын факультета

8. Музыка факультета

9. Физическэй култуура факультета

10. Оҕо педагогикатын уонна психологиятын факультета

11. Начаалынай үөрэх методикатын уонна педагогикатын факультета

12. Правовой уонна социальнай-педагогическай үөрэх факультета

13. Психология института.

2002 сылтан университет филиаллара:

1. Остааҕы филиал

2. Лысьватааҕы филиал

3. Кунгурдааҕы филиал

4. Чайковскайдааҕы филиал

5. Кудымкардааҕы бэрэстэбиитэлистибэ.

Рейтиннэрэ[4]

1. Пермь куорат үрдүк үөрэх тэрилтэлэрин рейтинигэр 6-с миэстэ

2. Пермскай уобалас үрдүк үөрэх тэрилтэлэрин рейтинигэр 6-с миэстэ

3. Арассыыйа үрдүк үөрэх тэрилтэлэрин рейтинигэр 367-с миэстэ

4. Арассыыйа бастыҥ педагогическай үрдүк үөрэх тэрилтэлэрин рейтинигэр 12-с миэстэ.

Ссылкалара

Быһаарыылар