Парникова Анастасия Степановна
Парникова Анастасия Степановна (26.09.1911—26.09.2001) — саха устуоруйатын чинчийбит учуонай, история билимин кандидата.
Олоҕун олуктара
- 1911 сыллаахха балаҕан ыйын 26 күнүгэр Москва уобалаһын Щацкай оройуонугар Лесное Ялтурово сэлиэнньэҕэ төрөөбүтэ.
- 1932—1934 сс. — Москва уобалаһыгар учууталлаабыта.
- 1938—1943 сс. — Ленинград уонна Пермь уобаластарыгар учууталлаабыта.
- 1938 с. — Ленинградтааҕы государственнай педагогическай институты бүтэрбитэ.
- 1943—1946 сс. — Москва уобалаһын Чехов куоратыгар райпотребсоюз салалтатын секретарынан үлэлээбитэ
- 1948 с. — Якутскайдааҕы педагогическай институт историяҕа факультетын бүтэрбитэ.
- 1948—1952 сс. — тыл, литература уонна история Институтун старшай лаборана.
- 1952—1956 сс. — ССРС билимин Академиятын этнографияҕп Институтугар аспирантураҕа үөрэммитэ.
- 1956—1958 сс. — препаратор.
- 1958—1973 сс. — тыл, литература уонна история Институтун младшай научнай үлэһитэ.
- 1967 с. — история билимин кандидатыгар «Расселение якутов в XVII — начале XX вв.» тиэмэҕэ диссертациятын ситиһиилээхтик көмүскээбитэ.
- 2001 сыллаахха балаҕан ыйын 26 күнүгэр күн сириттэн барбыта.
А.С. Парникова — историк, демографияны уонна этнографияны чинчийбитэ.
Сүрүн үлэлэрэ
- «Расселение якутов в XVII — начале XX вв.» (Якутск, 1971) - монография.
Ыстатыйалара
- «О расселении якутов в XVII в.» (Сб.: Сибирь периода феодализма. — Вып. I. — Новосибирск, 1962).
- «Этнографическое изучение Якутии в советское время» (Сб.: Наука историографии и источниковедения Якутии. — Якутск, 1971).