Палеоген
Палеоген периода. кайнозой кэннитэн бастакы. 65 мөлүйүөн сыл нөҥүө саҕаламмыта, 24,6 мөлүөн сыл нөҥүө бүппүтэ. 40,4 мөлүйүөн сыл салҕаммыта.
Палеоген иккис аҥарыгар климата билиҥҥигэ маарыҥныыр буолбута, полюстарга ирбэт муус баар буолбута.
Бу периодка рептилиялар олохтон туораабыттарын кэннэ үүтүнэн иитээччилэр күүскэ сайдыбыттара. Сымыыттааччылар уонна плаценталаахтар киэҥник тарҕаммыттара.
Салгыҥҥа улахан кутуруктаах тииһэ суох көтөрдөр тарҕаналлар. Сүүрэр көтөрдөр үөскээбиттэрэ. Сибэккилиир үүнээйилэр уонна үөннэр-көйүүрдэр эгэлгэлэрэ элбиир.
Байҕалга уҥуохтаах балыктар сайдаллар. Судургу кииттэр үөскүүллэр.
Палеоген үс эпохаҕа бытарыйар:
- Палеоцен 10,1 мөлүйүөн сыл салҕаммыта
- Эоцен 16,9 мөлүйүөн сыл салҕаммыта
- Олигоцен 13,4 мөлүйүөн сыл салҕаммыта