Орто Дойду (зоопарка)

УРУБИИКИ диэн сиртэн ылыллыбыт

Зоопарк уратыта - хайа баҕар дьиикэй кыылы, харамайы тутар, иитэр уонна булгуччулаах көмө тэрийэр кыахтаах.

Описание

Саха Республикатын I президенин Михаил Ефимович Николаев көҕүлээhининэн 2001 сыллаахха тохсунньу 26 күнүгэр тэриллибитэ. 2001 сыл Ыам ыйын 18 күнүгэр бастакы ыалдьыттарын көрсүбүтэ. Онтон ыла сыл аайы "Орто Дойдуга" 30000 тахса киһи сылдьар.

Интэриэһинэй чахчылар

Уопсайынан «Орто Дойдуга» арааһынай географическай балаһаттан олохтоох 160 тахса хамсыыр-харамай баар. Манна экзотическай уонна төрүт олохтоох кыыллар, ону таһынан сүтэн эрэр кыыллар эмиэ: боруллуо, чуоҕур таба, амурскай тиигир, азиатскай дикуша уонна да атыттар киирсэллэр.

Саха сирин зоопарката үлэлээн кэлиэҕиттэн бу күҥҥэ диэри сорох иитиллээччилэрэ төрөөн-ууһаан, тэнийэн бардылар. Холобура, саха ынаҕа, овцебык, илин-сибиир бэдэрэ, полярнай бөрө, кырсалар, көҕөн кустар, күөх холууп, фазан араас көрүҥнэрэ. Бу кыыллары таһынан, зоопаркаҕа сыыллар харамай бииһэ, уу-хонуу харамайдара эмиэ бааллар. Элбэх кыылы, көтөрү манна атастаһыкка Россия атын зоопаркаларыттан аҕалбыттара, оттон сороҕун - олохтоох дьон аҕалан биэрэллэр.

Туһалаах иһитиннэрии

Хайдах тиийэбит: «Орто Дойду» Хаҥалас улууhугар турар, Покровскай айан суолун биэс уонус километрыгар. Дьокуускай куорат автовокзалыттан 202 нүөмэрдээх оптуобуhунан «Зоопарк» тохтобулга диэри айаннаан тиийиэххэ сөп.

Билиэт сыаната: улахан киһиэхэ - 250 солкуобай, оҕолорго - 200 солкуобай. Оҕолорго биэс саастарыгар диэри киирии босхо.

Үлэлиир кэмэ: сайын: күн аайы 10:00 чаастан 19:00 чааска диэри, кыһын 10:00 чаастан 17:00 чааска диэри.