Ньургуйаана Шадрина

УРУБИИКИ диэн сиртэн ылыллыбыт

Ньургуйаана Николаевна Шадрина (13.01.1981) - Былатыан Ойуунускай аатынан Саха академическай тыйаатыр артыыската, тыйаатыр уонна киинэ артыыската.

Олоҕун олуктара

  • 1981 сыл тохсунньу 13 күнүгэр Амма улууһун Болугур нэһилиэгэр күн сирин көрбүтэ.
  • 2002 сыллаахха М.С.Щепкин аатынан театральнай училищены бүтэрбитэ.
  • 2002 сылтан Былатыан Ойуунускай аатынан Саха тыйаатырыгар үлэтин саҕалаабыта.

Айар үлэтэ

Тыйаатырга оонньуур сүрүн оруоллара:

  • Аанчык – А.Аччыгыйа «Сааскы кэм»,
  • леди Капулетти – У.Шекспир «Биирдэ куоракка»,
  • леди Макбет – Э.Ионеско «Леди Макбет»,
  • Туйаарыма Куо – П.Ойуунускай «Туналҕаннаах ньуурдаах Туйаарыма Куо» олоҥхо,
  • Ньюшен-Ойуу кыыс – А.Гоголева «Ойуу кыыс»,
  • Хобороос – И.Гоголев «Хара кыталык»,
  • Маайыс – Л.Иванова-Гримм «Үрүҥ күн сырдыга…»,
  • үөрэнээччи - В.Харысхал «Учуутал»,
  • Боккуойа - П.Ойуунускай «Оҕоҕо баҕарбыт»,
  • Исмиэнэ – Софокл «Антигуона»,
  • Маайа – Н.Якутскай «Төлкө»,
  • Диаманте - Л.Пиранделло «Хайа аарымалара»,
  • бастыҥ актриса - Л.Пиранделло «Театрга буолбут түбэлтэ…»,
  • сэкэрэтээр Анна – М.Горькай «Тимир Баасса»,
  • Тамара - Д.Наумов «Сандаарар сарыал саллааттара»  уо.д.а.

Саха киинэтигэр оруоллара: Туйаара - «Тыын», режиссер С.Потапов, Света - «Кыһын тымныы эрээри дьоллоох дьоҥҥо ичигэс», ыал кыыһа -«Кэскил», Киэсэ кэргэнэ - «Сибэкки», «Детсат» айар бөлөх, ыанньыксыт - «Лыах», режиссер В.Семенов, «Я люблю тебя, Якутск», режиссер М.Лукачевскай, оҕо ийэтэ - «Кини кыыһа», «Төлөрүйүү», режиссер Т.Эверстова, «Ыаллыылар» сериал, режиссер Л.Васильева, кэргэн дьахтар - «Тиэтэйбит», режиссер Р.Дорофеев, кинээс ойоҕо - «Хаайыылаах», режиссер В.Мункуев, Аня - «Холодное золото», режиссер П.Хики уо.д.а.