Никифоров Василий Давыдович

УРУБИИКИ диэн сиртэн ылыллыбыт

Никифоров Василий Давыдович (1931—2007) — РСФСР үөрэҕириитин туйгуна, саппаас майора, кыраайы үөрэтээччи, Иккис Наахара, Мэҥэ-Хаҥалас улууһун Ытык киһитэ.

Василий Давыдович Наахара 7 кылаастаах оскуолатыгар үөрэммитэ. 1962 с. СГУ историческай факультетын бүтэрэн баран учуутал үлэтин Наахара 8 кылаастаах оскуолатыгар саҕалаабыта. 1964—1982 сылга диэри Наахара орто оскуолатыгар учууталынан, военругунан, саабыһынан, дириэктэринэн 19 сыл үлэлээбитэ.

1978—1982 сылларга НВП военругунан үлэлээбитэ. Бу кэмҥэ оскуолаҕа байыаннай патриотическай иитиигэ пед.коллектив уонна төрөппүттэр элбэх үлэни ыыппыттара. Оччотооҕу көрдөбүлгэ эппиэттиир сөптөөх оборудованиелаах кабинет, строевой площадка, ытар тир, караульнай помещение сороҕо, мэһэйдээх площадкалар, оружейка оҥоһуллубуттара. Оскуолаҕа «Бойобуой уолаттар» кулууптара, стрелковай кружок үлэлииллэрэ. Юнармеецтар «Орленок», «Зарница» байыаннай- патриотическай оонньуларга көхтөөхтүк кытталлара уонна оройуоҥҥа 3 сыл субуруччу бастаан көһөрүллэ сылдьар Кыһыл Знамяны «За отличную военную подготовку молодежи» үйэ-саас тухары илдьэ хаалбыттара. Сэбиэскэй Аармыйаҕа сулууспалыы барааччылары атаарыы уонна сулууспаттан кэллэхтэринэ көрсүһүүлэр ыытыллаллара. Албан аат уруоктара, памятниктары шефтэһии, юнармеецтары, ордук призывниктар ГТО нуормаларын ситиһиилээхтик туттаралларын ситиһэллэрэ. Сулууспалыы сылдьар отпускниктар байыаннай чаастарын кытта суруйсуу тэриллэрэ. Үгүс выпускниктар үчүгэйдик сулууспалыылларын туһунан махтал суруктар кэлэллэрэ, олору оскуола үөрэнээччилэригэр линейка кэмигэр иһитиннэрэллэрэ. 1979 сыллаахха оскуола ити үлэтин үрдүктүк сыаналаан учууталлар атырдьах ыйдааҕы сүбэ мунньахтарыгар Наахара оскуолата Советскай сэбилэниилээх күүстэр уонна ЫБСЛКС 60 сыллара туолуутун көрсө Байыаннай — патриотическай үлэни тэрийиигэ активнайдык кыттыбытын уонна ситиһиитин иһин ССРС үөрэҕин Министерствотын, ДОСААФ КК дипломнарынан наҕараадаламмыта.

Василий Давыдович көҕүлээһининэн «Наахара» с/з, нэһилиэк историятын сырдатар «Үлэ уонна бойобуой албан аат» музейа аһыллыбыта. Кини кэнчээри ыччат төрөөбүт нэһилиэгин историятын, культуратын, омук быһыытынан уратытык билэригэр туһуламмыт өр сыллаах таһаарыылаах үлэтин ис хоһоонун байытан, сайыннаран салгыы нэһилиэк музейын үлэтин сөргүтэр билиҥҥи кэм ирдэбилэ.

Василий Давыдович үгүс сыратын биэрэн чинчийбит үлэлэрэ «Наахара нэһилиэгин историята (1631—1996)», «2 Наахара нэһилиэгин Хочо бөһүөлэгин олохтоохторун төрүттэрэ-уустара», «Наахара орто оскуолатын историята (1900—1996 сс.)». Аҕа дойду Улуу сэриитин кыттыылаахтарын туһунан үгүс материал хомуллубута. Наахара буойуннарын ааттарын, көмүллүбүт сирдэрин чуолкайдыырга эдэр пионердар уонна комсомолецтар киэн өрүттээх чинчийэр үлэни ыыппыытара. Василий Давыдович төрүттээбит музейыгар 1990—2001 сс. 11 сыл үлэлээбитэ.

2007 сыллаахха өлбүтэ.