Наара Суох

Охлопков Петр Аммосович — Наара Суох (18581942) — олоҥхоһут, сэһэнньит, норуот эмчитэ.

Олоҕун олуктара

1858 сыллаахха Уус Алдан улууһун Суотту нэһилиэгэр Хоноҕор бөһүөлэгиттэн биир көс үөһэ Уулаах диэн алааска төрөөбүтэ, онно улааппыта.

Эдэр сааһыгар Бодойбонон, Булуҥунан, Дьааҥынан, Дьокуускайынан тэлэһийэн сылдьан олоҥхолоон норуокка кэрэхсэппит. Уонтан тахса олоҥхолоох эбит.

1905 сыллаахха куоракка норуодунай мунньах дьиэтигэр ыллаабыт ырыата кэпсээҥҥэ киирбит. Бу тойук «Якутский край» хаһыат 7 №-гэр 1907 с. бэчээттэммитэ. 1906 сыллаахха кини "Бэрт киһи Бэриэт Бэргэн" олоҥхото Дьокуускай куоракка Бирикээсчиттэр дьиэлэригэр туруоруллан, ол кэмтэн саха национальнай тыйаатыра төрүттэммитинэн ааҕыллар. Ааптар ити туруорууга артыыс быһыытынан кыттыыны ылбыта[1].

Норуокка кини туһунан киэҥник тарҕаммыт кэпсээннэргэ олоҕуран Кындыл Уйбаан «Наара Суох» кэмиэдьийэни суруйбута.

1942 сыллаахха өлбүт.

Өссө маны көр