Мохсоҕоллуҥулар

УРУБИИКИ диэн сиртэн ылыллыбыт
?
Мохсоҕоллуҥулар
Тойон көтөр
Билим классификацията
Саарыстыба: Харамайдар
Кэлим: Хордалыктар
Подтип: тоноҕостоохтор
Кылаас: көтөрдөр
Подкласс: Новонёбные
Аймах: Хордалыктар
Латыынныы аата
Falconiformes Sharpe, 1874
NCBI 8948

Мохсоҕоллуҥулар аймахтара (лат. Falconiformes, нууч. соколообразные) — көтөрдөр аймахтара (этэрээттэрэ).

Тас көрүҥнэрэ

Мохсоҕоллуҥулар күүстэринэн уонна кэтит түөстэринэн уратылаахтар. Атахтарын уонна түөстэрин былчыҥнара күүскэ сайдыбыт, төбөлөрө улахан, төгүрүк. Моойдоро кылгас, бөҕө. Харахтара уонна таныылара бөдөҥнөр. Бу этэрээт бэрэстэбиитэллэрэ кыраҕы харахтаахтарынан биллэллэр. Тумустара бөҕө оҥоһуулаах кылгас, аллара диэки токуруйар, олоҕо түүтэ суох тириинэн бүрүллубут. Атахтара кылгастар, уһун тарбахтаахтар, сытыы тыҥырахтардаахтар. Сорох көрүҥнэр атахтара түүллээх. Эдэр көтөрдөр улааталларыгар хаста да түүлэрин өҥүн уларыталлар.


Саха сирэ

Саха сиригэр мохсоҕоллуҥулар аймахтарыгар 3 кэргэн, 9 уус, 21 көрүҥ киирэр.

  1. Умсаннар[1] кэргэннэрэ (Скопиные, Pandiondae)
    1. Умсаннар уустара
      1. Собоһут
  2. Кыырдар кэргэннэрэ (Accipitridae)
    1. Осоедтар уустара
      1. Көҕүллээх кыырт
    2. Элиэлэр уустара
      1. Элиэ
    3. Кутуйахсыттар уустара
      1. Кутуйахсыт
      2. Кусчут кыырт
    4. Кыырдар уустара
      1. Улар кыырда
      2. Чыычаахсыт
      3. Кыра чыычаахсыт
    5. Сардар уустара
      1. Үрүҥ сар
      2. Улахан сар
      3. Сар элиэ
    6. Хотойдор уустара
      1. Хотой
      2. Кыра хотой
    7. Боруллуолар уустара
      1. Боруллуо
      2. Ала боруллуо
  3. Мохсоҕоллор кэргэннэрэ
    1. Мохсоҕоллор уустара
      1. Харылыыр
      2. Мохсоҕол
      3. Тыытыкы
      4. Хардааччы
      5. Хара кырбый
      6. Кугас кырбый

Саха сирин мохсоҕоллуҥулара Кытай, Корея, Япония сирдэригэр, Индокитай тумул арыытыгар, Соҕуруулуу-Илин Азия муораларын арыыларыгар кыстыыллар быһыылаах диэн орнитологтар сабаҕалыыллар. Көтөрдөр сорҕолоро арааһа Индияҕа уонна Америкаҕа кыстыыллар быһыылаах[2].

Быһаарыылар

  1. К.А.Воробьев «Птицы Якутии» кинигэтигэр сөп түбэһиннэрэн
  2. Б.И. Сидоров, Знаете ли вы птиц Якутии? Бичик, 1999