Минньигэс сиик тэллэйэ
Минньигэс сиик тэллэйэ (лат. Russula integra, нууч. Сыроежка цельная) — үрдүкү тэллэйдэргэ киирэр сиэнэр таҥалайдаах тэллэй.
Саха сирин сэбирдэхтээх, инньэлээх уонна булкаас ойуурдарыгар үүнэр.
Оҥоһуутун ойуулааһын
Сэлээппэтэ: 5-10 см. Бастаан көппөҕөр, онтон хаптаҕай, ортотугар кыра боруонка курдуктаах. Хаан кыһыл, ортотугар олива курдук саһархай өҥнөөх, кытаанах, салахайдаах, субата чэпчэкитик арахсар. Иитэ долгун курдук, хайыта барар.
Таҥалайдаах араҥата: Бастаан сырдйк олива өҥнөөх, онтон саһарар, хоҥордуҥу буолар.
Этэ: үрүҥ, тостумтуо. Бастаан минньигэс, онтон аһыҥас. Үүтэ суох.
Атаҕа: Модьу, диаметра 2-3 см дылы. Маҥан.[1].
Туттуллуута
От ыйа – балаҕан ыйа. Тууһуллар, маринуйдууллар, араас бүлүүдэ оҥороллор.
Быһаарыылар
- ↑ Грибы Якутии. Г.С. Угаров уонна соавт., Дьокуускай, Бичик, 2009 ISBN 987-5-7696-3120