Малгина Феврония Николаевна
Малгина Феврония Николаевна (1888—1978) — биэс уолун бэһиэннэрин Иккис аан дойду сэриитигэр сүтэрбит саха ийэтэ.
Олоҕун олуктара
Уус-Тааттаҕа дьадаҥы Ньукулай уонна Ульяна Бехтюевтар дьиэ кэргэнигэр төрөөбүт.
17 саастааҕар булчут Малгин Егор Петровичка кэргэн биэрбиттэр. Эдэр ыал, дьадаҥытык да буоллар, дьоллоохтук олорбуттар. Сүүрбэ оҕо төрөөбүтүттэн сэттэ эрэ оҕо улааппыт (биэс уол, икки кыыс).
30-с сылларга Малгиннар колхозка киирбиттэр, Феврония ынах ыаччынан, Егор булчутунан үлэлээбиттэр. Оҕолоро улаатан, хас биирдиилэрэ тус-туспа суолу талбыттар.
Үһүс уоллара, Алексей, 1917 сыллаах төрүөх, Томскайдааҕы медицинскай институт студена буолбут. 1940 сыл саас Малгин Алексей Егорович II, финскай сэриигэ баҕа өттүнэн баран, ылбыт бааһырыыларыттан өлбүтүн уонна Томскай куоракка көмүллүбүтүн туһунан биллэрик туппут.
Ол кэннэ, соторунан, кэргэнэ Дьөгүөр хомолтолоохтук өлбүт.
Аҕа дойду Улуу сэриитэ саҕаламмытыгар, сэриигэ Ийэ дойдуларын көмүскүү 4 уола, 2 күтүөтэ барбыттар.
Ийэҕэ ыар күннэр саҕаламмыттар, Феврония Николаевна утуу-субуу кутурҕаннаах биллэриктэри туппут:
- 1941 сыллаахха ахсынньыга улахан уола Малгин Алексей Егорович I, 1914 сыллаахха төрөөбүт, колхоз бастыҥ булчута, сураҕа суох сүппүтүн туһунан.
- Бу биллэрик кэнниттэн иккис уола Малгин Петр Егорович, 1916 сыллаахха төрөөбүт, Кыһыл Аармыйа кавалериһа 1941 сыллаахха ахсынньыга сураҕа суох сүппүтүн туһунан ыар биллэрик кэлбит.
- Кыра уола Малгин Василий Егорович, 1919 сыллаахха төрөөбүт, Дьокуускайдааҕы фельдшер-акушер оскуолатын бүтэрбит, 1942 сыллаахха сэтинньигэ сураҕа суох сүппүт.
- Бэһис уола Малгин Спиридон Егорович, Дьокуускайдааҕы зоотехническай техникуму бүтэрэн зоотехник идэлээх этэ. Аармыйаҕа 1940 сыллаахха ыҥырыллыбыт. Стрелковай дивизияҕа рота командирын солбуйааччытынан сэриилэспит. 1943 сыллаахха кулун тутар 23 күнүгэр лейтенант Малгин С. Е. ыараханнык бааһыран Ленинградка госпитальга быстыбыт.
- Икки күтүөтэ сэрииттэн инбэлиит буолан төннүбүттэр, өр олорботохтор.
Сэрии ыар сылларыгар колхозтаах саха боростуой дьахтара улахан кыһалҕаны, эрэйи көрбүт. Икки кыыһын, 3—4 ыалы аччыктааһынтан быыһыыр кыһалҕаттан Феврония колхозка үлэлээбит, сайынын күөлгэ мундуга туулаабыт, күһүнүн куобахха туһахтаабыт, саас эрдэ куйуурдаабыт, кыһыҥҥы киэһэлэргэ фроҥҥа ыытаары ичигэс таҥаһы — үтүлүк, бэргэһэ — тикпит.
Хойут, оройуонун дьаһалтатын уонна республика көмөлөрүнэн, оҕолоро кыргыспыт сирдэригэр (Старая Русса, Новгород, Ильмень күөл, Ленинград) бара сылдьыбыт. Өлүөр диэри биир эмэ оҕом кэлиэ диэн эрэнэ кэтэһээхтээбит.
Феврония Николаевна Малгина 1978 сыллаахха күн сириттэн барбыт.
Суруйааччы, разведчица, Ленинскэй комсомол уонна Государственнай бириэмийэлэр лауреаттара Зоя Ивановна Воскресенская 1976 сыллаахха Феврония Малгинаҕа бэлэхтээбит «Сердце матери» кинигэтигэр суруйбут:
Февроние Николаевне Малгиной. Низкий поклон Вам, матери, отдавшей на защиту Родины пятерых своих сыновей. Вместе с ними Вы совершили материнский, святой подвиг. Этот подвиг живет в славных делах нашей социалистической Родины, в счастье наших детей и внуков. Великое Вам материнское спасибо! Зоя Воскресенская 2.3.1976 г.
Аатын үйэтитии
Таатта улууһугар Баайаҕаҕа Феврония Малгинаҕа өйдөбүнньүк туруоруллубута.
Сигэлэр
- Газета Якутск вечерний 15.01.2010:В Якутске установят памятник матери-героине Малгиной
- Владимир Пестерев. История Якутии в лицах. — Якутск: «Бичик», 2001.