Максимов Петр Семенович

УРУБИИКИ диэн сиртэн ылыллыбыт
Максимов Петр Семенович

Максимов Петр Семенович — философия билимнэрин кандидата, Россия суруйааччыларын Түмсүүтүн чилиэнэ (1995).

Олоҕун олуктара

  • 1943 сыллаахха от ыйын 18 күнүгэр Саха АССР Кэбээйи улууһугар Кэбээйи нэһилиэгэр төрөөбүт.
  • 1961—1962 сс. — «Кэбээйи» совхоһугар үлэлээбит.
  • 1962—1965 сс. — Сэбиэскэй Аармыйа кэккэтигэр сулууспалаабыт.
  • 1969 с — Саха государственнай университетын бүтэрбит.
  • 1969—1971 сс. — Саха государственнай университет философияҕа кафедратын ассистена.
  • 1971—1974 сс. — Ломоносов аатынан Москватааҕы университет философияҕа факультетын аспирана.
  • 1974—1983 сс. — философия кафедратыгар ассистент.
  • 1981 с. — философия билимнэрин кандидатыгар «Единство, расцвет и сближение наций, народностей — объективная закономерность социализма» тиэмэҕэ диссертациятын ситиһиилээхтик көмүскээбит.
  • 1983—1988 сс. — Саха государственнай университетыгар старшай преподаватель.
  • 1988—1989 сс. — Дьокуускайдааҕы тыа хаһаайыстыбатын техникумыгар старшай преподаватель.
  • 1989—1991 сс. — тыл, литература уонна история Институтыгар старшай научнай үлэһит.
  • 1991—1993 сс. — тыл, литература уонна история Институтугар право уонна социология салаатын сэбиэдиссэйэ.
  • 1993 г. — Саха государственнай университетын Нерюнгритааҕы филиалыгар үөрэх уонна билим үлэтигэр директор солбуйааччыта, социально-гуманитарнай дисциплиналар кафедраларын сэбиэдиссэйэ, доцент.

П. С. Максимов — омуктар ыккардыларынааҕы сыһыаннары уонна омуктар государственнай тутулларын чинчийэр, 30-н тахса научнай уонна научно-популярнай үлэлэрдээх.

Сүрүн үлэлэрэ

  • «Проблемы интернационализации общественной жизни республики» (Сб.: Интернационализация духовной жизни народов Якутской АССР. — Якутск, 1989).
  • «О повышении статуса Якутской республики» (Сб.: Межнациональные отношения и национальная политика в СССР. — Омск, 1990).
  • «Национальные отношения и тенденции их развития в республике» (Сб.: Межнациональные отношения в регионе (по материалам Якутской АССР). — Якутск, 1990).
  • «Социальные аспекты национальных процессов в Якутской АССР» (Кн.: Социальное развитие национальных автономий в новых условиях (М., 1990).
  • «Вилюй: знак беды?!» (Якутск, 1992); «Этносоциальное развитие молодежи Якутии» (Сб.: Социальное и этническое развитие народов Северо-Востока Российской Федерации. — Якутск, 1992).
  • «Национальный вопрос в современных условиях» (Сб.: Национальные отношения в регионах страны: история и современность. — 4.1. — Якутск, 1992).
  • «Экологический аспект национальных отношений» (Сб.: Человек и север: Исторический опыт, современное состояние, перспективы развития. — Ч.II." — Якутск, 1992).
  • «Суверенитет и конституционное развитие республики» (Сб.: Республики в составе Российской Федерации: государственность и политика. — Якутск, 1993).
  • «Конституция и национально-государственная безопасность Республики Саха (Якутия)» (Кн.: Основы конституционного развития к Республике Саха (Якутия). — Якутск, 1993).
  • «Толерантность в контексте истории народа саха» (Сб.: Толерантность. — Якутск, 1994).

Сигэлэр