Мадонна (артистка)
2012 сыллаахха MDNA тур бириэмэтигэр кэнсиэригэр 2012 сыллаахха MDNA тур бириэмэтигэр кэнсиэригэр
| |
Сүрүн информация | |
Жанра | Поп, Рок, Дэнс, Электроннай |
Идэтэ | Ырыа суруйааччы, ырыаһыт, артыыс, суруйааччы, режиссер, филантроп |
Ыллаабыт сыллара | 1982 – билиҥҥигэ дылы |
Лейбллара | Уорнер Бразерс. Маверик Сире Уорнер Мьюзик Груп |
Уэбсайт | madonna.com |
Мадонна Луиза Вероника Чикконе (ырыаһыта, ырыа суруйааччыта, суруйааччыта, режиссера. Бэй Ситига төрөөбүтэ, ол гынан баран үлэлии Нью Йоркка 1977 сыллаахха көспүтэ.
Олоҕун устата 300 мөл. тахса дискалары атыылаабыта, дьахтар ырыаһыттартан ордук элбэх дискалар копияларын атыылаабыт буолар. Ордук биллэр альбомнара Like a Virgin, Like a Prayer, уонна Ray of Light. Сэттэ Грэмми бириэмийэлэрин ылбыта. Мадоннаны дьон Поп королевата диэн ааттыылар. Мадонна араас киинэлэргэ уһуллубута Desperately Seeking Susan (1985) диэн киинэҕэ уһулуччулаахтык кыттыбыта диэн бэлиэтииллэр.[1] Evita (1996) диэн киинэтэ Кыһыл көмүс глобус бириэмийэтин ылбыта.
1983—1989
1983 сыллахха бастакы "Madonna" диэн ааттаах альбомун таһаарбыт. Олус ситиһиилээх альбом боулбут.[2][3] Аныгыскы альбома "Like a Virgin" (1984) АХШга 6 мөл. тахса копиянан атыыламмыт, онтон аан дойдуну эптэххэ 10 мөл. копияттан тахсар. "True Blue" альбома номнуо 25 мөл копияны атыылаабыт. Онтон "Like a Prayer" диэн альбома араас мөккүөрү таһаарбыт, тоҕо диэн Христианство тематын таарыйар этэ, ол гынан баран аан дойдуга 15 мөл тахса копия атыыламмыт. 1980-с сылларга Мадонна мода иконата этэ. Мөлүйүөүнэн эдэр дьоҥҥо икона курдук этэ.
1990—1999
1990 сыллаахха "The Immaculate Collection" хиттарын сборнигын "The Immaculate Collection" биир ордук киэҥник атыыланар альбом буолбута. 1994 сыллаах "Bedtime Stories" диэн альбома 7 мөл. копиянан атыыламмыта. Ол бириэмэҕэ Эвита киинэҕэ уһуллубута уонна ол оруолун иһин Кыһыл көмүс глобус бириэмийэтин ылбыта. 1997 сыллаах "Ray of Light" альбома биир ордук үчүгэй альбомунан биллэр уонна аан дойдуга 18 мөл копияттан элбэх атыыламмыта.
2000—2009
2000 сыллаахха "Music" диэн альбомун таһаарбыта, ол альбом аан дойдуга 15 мөл копиянан атыыламмыта. 2002 сыллаахха "Die Another Day" тахсыбыта. Музыкатын видеота биир ордук ыарахан сыаналаах килиип буолбута. Хас да дойдуга бастакы миэстэҕэ тиийбитэ. 2003 сыллаахха "American Life" диэн альбома тахсан хас да дойдуга бастакы миэстэҕэ тиийбитэ уонна 5 мөл. копиянан атыыламмыта.
Дискалара
- Madonna (1983): 10 мөл. копия атыыламмыта.
- Like a Virgin (1984): 21 мөл. копия атыыламмыта.
- True Blue (1986): 25 мөл. копия атыыламмыта.
- Like a Prayer (1989): 15 мөл. копия атыыламмыта.
- Erotica (1992): 5 мөл. копия атыыламмыта.
- Bedtime Stories (1994): 7 мөл. копия атыыламмыта.
- Ray of Light (1998): 18 мөл. копия атыыламмыта.
- Music (2000): 15 мөл. копия атыыламмыта.
- American Life (2003): 4 мөл. копия атыыламмыта.
- Confessions on a Dance Floor (2005): 12 мөл. копия атыыламмыта.
- Hard Candy (2008): 4 мөл. копия атыыламмыта.
- MDNA (2012): 2 мөл. копия атыыламмыта.
- Rebel Heart (2015)
- Madame X (2019)
Чааһынай олоҕо
Мадонна иккитэ кэргэн тахса сылдьбыта, ол гынан баран арахсыбыта. Бастаан Шон Пенн актерга кэргэн тахсыбыта уонна 1985-1989 сылларга биирдэ олорбута. Иккис кэргэнэ Гай Ричи режиссерга 2000-2008 сыллаахха бииргэ олорбуттара. Кыыстаах — Лурде уонна уоллаах Рокко диэн. Уонна өссө Малави уолун Давид Банданы уонна Мерси диэн кыыһы иитиигэ ылбыта.
Быһаарыылар
- ↑ Ebert, Roger Desperately Seeking Susan. Chicago Sun-Times. Тургутулунна 3 Кулун тутар 2012.
- Allmusic. Rovi Corporation. Тургутулунна 24 Олунньу 2010.
- ↑ Madonna – Charts & Awards – Billboard Singles. Allmusic. Rovi Corporation. Тургутулунна 24 Олунньу 2010.
Бу ырыаҕа сыһыаннаах сиппэтэх ыстатыйа. Көннөрөн уонна эбэн көмөлөһүөххүн сөп. |
Билэ:Creative-Tail-People-asistante.svg | Бу киһи туһунан сиппэтэх ыстатыйа. Көннөрөн уонна эбэн биэрэн УРУБИИКИ көмөлөһүөххүн сөп. |