Маассалар (боростуой норуот)
Араас судаарыстыбаларга уонна дойдуларга өйдөбүлэ
Былыргы Грецияҕа норуоту демос диэн тылынан бэлиэтииллэрэ, ол эрэн кулуттааһын сайдыбытын кэннэ «демос» көҥүл гражданнар маассаларын бэлиэтиир буолбута, кинилэр ахсааннара элбэх да буолумуон сөп этэ.
Францияҕа абсолютизм кэмигэр норуот үһүс кылаассабай араҥаҕа тэҥнэһэрэ. Ол гынан баран норуот биир эрэ араҥаҕа, кылааска сөп түбэспэт, хас эмэ кылааһы хабар.
Хэймин (дьоп. 平民 букв. — боростуой норуот) — 1872 сыл кэннэ Японияҕа 3-с араҥа. 1872 сыллааҕы уларыта тутуу урукку 4 араҥаҕа үллэрии оннугар (самурайдар, бааһынайдар, ремесленниктэр, атыыһыттар) 3-кэ араарбыта: үрдүкү дворянство (кадзоку), титула суох дворянство (сидзоку) уонна маасса (хэймин), 1871 сыл атырдьах ыйыгар формально суох гыныллыбыт парийдар касталарын киллэрэн туран. Төһө да 1872 сыллааҕы уларыта тутуу кылаастаһыы бары араҥатын тэҥнээбитин үрдүнэн, оттон 1873 сыллаахтан араҥалар икки ардынааҕы ыал буолууну көҥүллээбитин үрдүнэн, хэймин араҥата өр кэмҥэ туох да бырааба суох этэ. Ол эрэн бу араҥа үрүт өттө — бөдөҥ буржуазия улам кыаҕыран испитэ, сорох өттө оннооҕор титулламмыттара.
Араас үөрэхтэргэ өйдөбүлэ
Марксизм үөрэҕэр норуот устуоруйа айааччытынан ааҕыллар.
«Употребляя слово: „народ“, Маркс не затушёвывал этим словом различия классов, а объединял определённые элементы, способные довести до конца революцию» (көр. В. И. Ленин, Полное собрание соч., 5 изд., т. 26, с. 58).
Арассыыйаҕа XIX үйэҕэ үөрэхтээх дьон ортотугар норуоту аһынар санаа, босхолуурга дьулуһуу күүһүрэн барбыта (народничество диэн ыстатыйаны эмиэ көр). Норуот тиэмэтэ Н. А. Некрасов, А. Я. Герцен, Л. Н. Толстой айар үлэлэригэр ордук улахан оруолу оонньообута. Норуоту босхолуур сыаллаах-соруктаах тэрилтэлэр, партиялар уонна хамсааһыннар үөскээбиттэрэ: XIX үйэҕэ — Норуот өһө-сааһа, Норуот көҥүлэ, анархистар уо.д. а., XX үйэ саҕаланыытыгар Норуот көҥүлүн баартыйата, Норуот социалистарын баартыйата уо. д. а.
Араас республикалар былаастара норуот аатыттан салайаллар, эбэтэр оннук салайалларын эрэннэрэллэр. Ол тэҥэ үгүс социалистическай дойдулар бэйэлэрин норуот республикаларынан ааттыыллар. Популизм — араас политическай тенденцияларга уопсай өйдөбүл, кинилэр норуоту көрдөрөллөр, үксүгэр элитаҕа, ол эбэтэр тойотторго буолбакка, боростуой норуокка сулууспалыыллар.
Америка учуонай-обществоведын Эрик Хоффер этэринэн, «норуот маассата» өйдөбүл (ааҥл. Common people — «боростуой норуот») судургу импульстарынан сирдэтинэр уонна өй мөккүөрүн истибэт хайа баҕар индивидка сыһыаннаах буолуон сөп, үөрэҕин, култууратын таһымыттан тутулуга суох[2]. Маннык быһыы-майгы («маассаҕа суураллыы») Хоффер этэринэн, кыттааччылар толкуйдуур сатабыллара мөлтүүрүгэр тиэрдэр[2].
Быһаарыылар
Литература
- The common people: a history from the Norman Conquest to the present Харрисон, Джон Флетчер Клевс Fontana Press (1989)
- The concept of class: a historical introduction Peter Calvert Palgrave Macmillan (1985)
- Э. Хоффер Человек убеждённый: Личность, власть и массовые движения = «The True Believer: Thoughts on the Nature of Mass Movements». — М.: Альпина Нон-фикшн, 2017. — 200 p. — 2000 экз. — ISBN 978-5-9614-6093-3