Линус Торвальдс
Линус Торвальдс (швед. Linus Benedict Torvalds, 28.12.1969–) — аатырбыт Линукс (Linux) систиэмэ иччитин суруйбут киһи. Омуга финн, билигин АХШ-ка олорор.
Линус Торвальдс Линус Пойлиҥ (ааҥл. Linus Carl Pauling) аатынан ааттаабыттар - аатырбыт америка химига, Нобель бириэмийэтин лауреаата, ядернай сэрии сэбин утары охсуспут киһи, С битэмиин суолтатын арыйбыт учуонай.
Кыра эрдэҕиттэн көрсүө уонна оҕолору кытта бодоруспат үгэстээх эбит.
Точнай ноууканан уонна техниканан сэргиирин көрөн эһэтэ уол 11 саастааҕар бэйэтин көмпүүтэрин (Commodore VIC-20) кытта билиһиннэрбит. Эһэтэ - ийэтин аҕата Лео Вальдемар Тернквист (Leo Valdemar Toerngvist) - ол саҕана Хельсинки университетын статистикаҕа профессора эбит. Эһэтин салалтатынан Basic тылы үөрэппит.
Ылыллыбыт сирэ
Билэ:Creative-Tail-People-asistante.svg | Бу киһи туһунан сиппэтэх ыстатыйа. Көннөрөн уонна эбэн биэрэн УРУБИИКИ көмөлөһүөххүн сөп. |