Күөнэх

УРУБИИКИ диэн сиртэн ылыллыбыт
Phoxinus.jpg

Күөнэх (лат. Phoxinus phoxinus, нууч. Обыкновенный гольян, речной гольян, гольян-пеструха) — кыра балык, мундуга майгынныыр, ол эрээри кыра уонна сырдык дьүһүннээх, сүрүннээн үрэх балыга. Мундуттан уратыта лаапчаана хара, хараҕа эмиэ. Көҕөрүмтүйэн көстөр.

Саха сиригэр хотугу байҕалларга түһэр өрүстэргэ барыларыгар үөһээ уонна орто сүүрүктэригэр үөскүүр. 1940—1950 сс. ахсаана биллэрдик аҕыйаабыт. Сорохтор ону курааны кытта ситимнииллэр, сорохтор — экология туруга уларыйбытынан быһаараллар.

Хаар ситэ уулла илигинэ толоон налыы уутугар баҕаны кытта биир кэмҥэ ыыр. Кыратын быһыытынан искэҕэ да аҕыйах. Баара-суоҕа 500-600. Ыан баран маары-толоону бата сылдьан аһаан уойар-тотор.

Төннүү күөнэҕэ - ыан баран от ыйыгар күөлүгэр эбэтэр үрэҕэр төттөрү устан киирэн иһэр күөнэх. Тууга ыы быччары киирэр буолар.


Аһылыга

Сааскы күөнэх сүрүн аһылыга - собо уонна мунду искэҕэ.

Бултааһын

Туулууллар. Ыкса күһүн муус тоҥорун саҕана үрэх куйуурунан баһан ылаллара үһү.

Хаһааныы, астааһын

Мууска эбэтэр тыаҕа холболоон кутан кыһыҥҥыга хаһааналлара. Кыһын, син эмиэ мунду лыыбатын курдук үөрэҕэ булкуйан сииллэрэ.

Эбии маны көр