Күрдьэх

УРУБИИКИ диэн сиртэн ылыллыбыт
Dropped spade.jpg

Күрдьэх — буору, кумаҕы, хаары о.д.а. хаһарга, ыраастыырга, таһарга аналлаах туттар тэрил.

Мас уктаах; чараас, хаптаҕай оҥоһуулаах, туттуллар өттө сытыыланар тимир. Туох үлэҕэ туттулларыттан көрөн хас да көрүннээх буолар:

  1. Ыстыыктыы (нууч. штыковая) - хаһарга аналлаах, тимирэ биилэнэр өттө суптуйан төбөтө уһуктаах буолар.
  2. Квадратнай - хаһарга-ыраастыырга аналлаах, тимирэ түөрт муннук, биилэнэр өттө көнө буолар.
  3. Хамыйахтыҥы (нууч. совковая. Үгүстэр сахалыы "соккуобай" диэччилэр) - ыраастыырга-баһарга аналлаах, тимирин оҥоһуута хамыйахтыы гына дириҥэтиллибит.
  4. Туора күрдьэх - хаар ыраастыырга туттуллар. Биһиэхэ үксүн түөрт муннуктаах гына мастан, фанераттан оҥороллор. Кэнники пластиктан, алюминийтан оҥоһуллубуттар атыыга баар буоллулар.
  5. Сапернай - байыаннай сыалга (траншея, окопа хаһыытыгар, миинэ хостооһунугар) аналлаах. Ыстыыктыы күрдьэх кыччатыллыбыт көрүҥэ. (50см. уһуна суох). Бу күрдьэхтэр анал үөрэтиинэн хапсыһыы сэбин быһыытынан өстөөҕү эчэтэргэ, өлөрөргө эмиэ туттуллуохтарын сөп.
  6. Мас күрдьэх - сахалар хотоҥҥо сүөһү сааҕын ыраастыырга туттар күрдьэхтэрэ. Бүтүннүү биир кэлим хаптаһыны аҥаар өттүн салбахтыы эрбээн, кыһан, устуруустаан оҥоһуллар.

Туора күрдьэх — хаар күрдьэргэ анаан оҥоһуллубут кэтит мас күрдьэх.

Хоппо күрдьэх — ойбон алларарга муус бытархайын баһар төгүрүктүҥү уһун ньолбуһах хаһыылаах мас күрдьэх[1].

Быһаарыылар

  1. Саха тылын быһаарыылаах улахан тылдьыта.V туом, Новосибирскай, Наука, 2008

[1] Манна баартан тылбаастанна, эбилиннэ.