Күл-күл Бөҕө оҕонньор Силирикээн эмээхсин икки олоҥхо
Олоҥхо ааптара - Андросова-Ионова Мария Николаевна.'чйзх'
1893-1894 сылларга олоҥхону бэйэтэ суруйбут, ону кэнники 1909 сыллаахха Э.К . Пекарский "образцы народной литературы" диэн кинигэтигэр бэчээттээбит. Кинигэ Бетлингк транскрипциятынан суруллубут. Жжя Олоҥхону ааҕарга судургу буоллун диэн, 2021 сайын Омолло Номоҕон кириллицаҕа таһаарда.
Арай туран баара эбитэ үһү:
Тилэхтиэтэр диэн ньиргийбэт,
Тобуктаатар диэн доргуйбат,
Үктүөлээтэр диэн өҕүллүбэт,
Баттыалаатар диэн маталдьыйбат Э Тоҕус туорайдаах,
Сэттэ биртэхтээх
Уолан диэн симэлийэр уулаах,
Охтон диэн баранар мастаах,
Өлөн диэн көҕүрүүр киһилээх,
Ойон диэн көстөр күннээх
Орто туой бороҥ дойду
Үрүт өттүгэр үөскээбиттэрэ эбитэ үһү
Оҕонньордоох эмээхсин.
Бу дьон
Ат тиийиэҕинэн
Албан дьаһах ааттара,
Суол тиийэҕинэн
Суон модун сурахтара
Кимнээҕий диэтэргит-
Оҕонньор киһи аата буоллаҕына:
Аҕыс уон үрэҕи
Атаҕынан аймаабыт
Тоҕус уон үрэҕи тобугунан доҕуйбут,
Сэттэ уон үрэҕи тилэҕинэн тэниппит,
Хара тыаҕа таҕыстаҕына -
Хааннаах бэгэрчиктээх
Күөх далайга киирдэҕинэ-
Салыҥнаах туһахтаах,
Аан дойдуга киирдэҕинэ-
Сөгөлөөннөөх отуулаах
КҮЛКҮЛ-БӨҔӨ диэн
баара эбитэ үһү;
Эмээхсин аата буоллаҕына:
Түөрт уоннааҕыттан
Нүлү-балай буолбут,
Биэс уоннааҕыттан
Мэличчи көрбөтөх,
Алта уоннааҕыттан
Аан күдэҥҥэ муммут,
Сэттэ уоннааҕыттан
Сэтиигэ киирбит
Сиэмэлэс мас туйахтаах,
СИЛИРИКЭЭН ЭМЭЭХСИН
диэн эбитэ үһү.
Бу оҕонньордоох эмээхсин
Субугурдук үөскээн-үөдүйэн
Олорбуттар.
Саманнык дьон
Ахталыйан үөскээбит
Аҕыс иилээх-саҕалаах
Атааннаах-мөҥүөннээх
Аан ийэ дойдута
Хайдаҕа эбитэй,
Туругуран үөскээбит
Тоҕус иилээх-саҕалаах
Туруу бараан дойдутун
Орто туонатыгар
Туоҕа эбитэй диэн
Одуулаан-суһуннаан көрдөххө:
Тоҕус туллук
Баһын тохтоппот
Дьулусханнаах дьулуо
Маҥан туһаҕатын
Хаҥас диэки өртүнэн
Хайах арыытын курдук
Арылыйа уста турар
Аҕыс үөстээх
Арылыа далайдаах;
Ол үөһээ өттүн диэки
Өйдөөн көрдөххө-
Сүөгэй арыытын курдук
Сүүрүгүрэ уста турар
Сүндэ далайдаах;
Ол илин өттүн диэки
Ситэ көрдөххө-
Хайах арыытын курдук
Хараҥа далайдаах;
Ол хоту диэки өттүнэн
Сырыта көрдөххө-
Тоҕус мэҥэһик
Хоҥорой дуорсун
Тумулаттардаах;
Ол арҕаа өттүн диэки
Аһара баттаан көрдөххө-
Тоҕус салаалаах
локуора күөх
отунан тупсубут,
Аҕыс салаалаах
Ача күөх
Отунан аҥаарыйбыт
Сэттэ салаалаах
Сэбирдэхтээх отунан сиппит,
Биэс салаалаах
Бэттиэмэ отунан мээчиктээбит,
Үс салаалаах
Үкээр отунан үлүһүйбүт
Үс үөстээх от
Үрэх таҥнары
Дьалкыйан түспүт
Дойдута эбит.
Ол соҕуруу диэки өттүн
Суһуннаан көрдөххө -
Ньуолах отунан тупсубут,
Киис кутуруга
отунан киэргэммит,
Кулун кутуруга
Отунан кунустаммыт
Холоон үктүүр
Хорҕолдьуҥҥа холоонноох
Хонуулаахтара эбитэ үһү.
Арҕаа өттүлэригэр
Алаастаахтара эбитэ үһү.
Бу алаас хайдаҕа эбитэй
Диэн одуулаан көрдөххө-
Алтан отунан аҥааттыбыт,
Ньургуһун отунан тупсубут,
Кэйгэс ото угунан киэркэйбит,
Сарбынньах отунан сандаҕырбыт,
Күөх сир симэҕинэн сиппит,
Кириэн отунан киэркэйбит,
Халдьаайы отунан ханыыласпыт,
Уунньа отунан унаарыйбыт,
Ньалҕай отунан
Дьарҕааламмыт эбит.
Онтон аһары баттаан
Арҕаа диэки көрдөххө-
Аҕыс үөрдээх
Араҕастай атыыр сылгы
Ардайдаах сиэлин кутуругун
Арыйыта баттаабыт курдук
Адаар хара тыанан
Айдаарбыт дайды эбит.
Онтон аһары баттаан
Тус хоту диэки
Одуулаан көрдөххө-
Тоҕус үөрдээх
Тураҕастай атыыр сылгы
Сиэллээх кутуругун
Туруорута туппут курдук
Догдоон хара тыанан
Тупсубут дойду эбит.
Онтон тус илин диэки
Эргитэ баттаан көрдөххө -
Ааттаах ат кутуругун
Экчи быһа баттаабыт курдук
Эргиэнэ хара тыанан
Киэркэйбит дойду эбит.
Онтон тус соҕуруу диэки
Одуулаан-урсуннаан көрдөххө-
Сиэр сылгы сиэлин кутуругун
силэйэ баттаабыт курдук
Сиэр бараан тыанан
Систэммит дойду эбит.
Онтон бу сис
хара тыа сибиэтэ
Хайдаҕа эбитэй диэн
Сирийэн көрдөххө -
Сиэгэн кыылынан
Сиппит эбит,
Догдоон хара тыата
Туоҕунан туолбута
Эбитэй диэтэххэ-
Тоҕус салаа муостаах
Буур туйаҕынан туолбут эбит,
Арҕаа диэки
Адаар хара тыата
Туоҕунан аатырбыт диэтэххэ-
Аҕыс уон арааһынай
Кылааннаах сүүрэр атахтааҕынан
Аатырбыт эбит,
Илин диэки эргиэнэ
Хара тыата
Туоҕунан киэбирбитэ
Эбитэй диэтэххэ -
Эриэн түүлээх
Эгэлгэтэ иитиллибит
Сирэ эбит.
Дьэ саманнык дьон
Көй бараан киэптэрэ
Хайдаҕа эбитэй диэн
Эргитэ баттаан көрдөххө-
Аҕыс иилээх саҕалаах
Атааннаах-мөҥүөннээх
Ахталыйан үөскээбит
Айгыр силик
Аан ийэ дойдуларын
Ханайар хаба ортотугар
Айгырыа диэн -
Аҕыс баай тиитинэн
Баҕаналааннар
Мас балаҕан
Оҥостубут дьон эбит,
Тулхадыйыа диэннэр-
Тоҕус тоҥ тиитинэн
Тулааһыннааннар
Сул маһынан
Суомах балаҕаны
Туруорбуттара эбитэ үһү,
Иэрэлдьийиэ диэннэр-
Сэттэ чиргэл тиитинэн
Тирээбиллээннэр
Титирик балаҕан оҥостубуттар.
Бу кэннэ
Хара сүүрүктэрэ
Ханныга эбитэй диэн
Адыылаан көрдөххө-
Халымыр хара сүүрүктээх эбиттэр,
Үргүүк үрүҥ сүүрүктэрэ
Хайдаҕа эбитэй диэн
Өйдүөн көрдөххө -
Үөтэтэ суох эбит.
Бу оҕонньор киһи
Тугунан туһанан,
Хайдаҕынан иитинэн
Олороро эбитэй диэн
Эргийэн көрдөххө-
Эргиэнэ хара тыатын
Илдьи тэпсэн сылдьан
Элиэтигэр эриэн түүлээх
Эгэлгэтин эргитэн аҕалан
Иҥиннэрэн иитиллибит эбит,
Догдоон хара тыа
Дьорҕоно сотолооҕун
Тоҥуутугар торутан
туһаммыт эбит,
Баай хара тыа
Барҕарбыт куҥнааҕын
Хардаҕас маһы
Хайыта сынньан
Хатан киил айанан
Хайыта тэптэрэн ылан
Эбиммит эбит.
Онтон буоллаҕына -
Иҥэрэ далайыгар
Сэттэ уон илими
Тиһэ үтэн
Эдьигээн сириттэн кэлэр
Эриэн түүлээх
Эгэлгэтин иҥиннэрэн ылан
Эбиммиттэр.
Онтон буоллаҕына -
Тоҕус үөстээх сүүрүктээх Сүндэ далайыгар
Тоҕус уон түүнү уган
Үрүҥ көмүс сөргүөхтээх,
Хара көмүс хайылаах
Кыһыл көмүс хатырыктааҕын
Хаайан таһааран
Хамырыйа олорбуттар.
Онтон буоллаҕына -
Бу дьон
Үргүннүк саҕа
Үрүҥ көмүс ордуулара
Хайдаҕа эбитэй диэн
Өҥөйөн көрдөххө -
Алтан чопчу саҕа
Аал уот сыыстаахтар эбит.
Ол аал уоттарын
Туохха олохсуппуттар диэтэргит
Бургунас ынах
буутуйалыы охтон
Сытарын курдук
Бодьур буор
Модьоҕолоохторо үһү.
Ол үрүт өттүнэн көрдөххө -
Буобура бууктаах
Көмүс боҕускалаах сонноох
Хотун дьахтар
Молтоллон турарын курдук
Буор моҥол
Оһохтоохтор эбит.
Ол иһигэр
Алтан чопчу саҕа
Аал уоттара
Күннэри түүннэри
Лиҥкинии-лаҥкыныы
Турар эбит.
Ол кэннэ буоллаҕына -
Уҥуо диэки
Улар саҕа оруолдьутунан
Омсо соҕус эбит,
Хаҥас диэки
Харҥан саҕа
"Хатыак!" диир
Хара күлүктээҕинэн
Харбы эбит.
Онтон баара буоллаҕына -
Саманнык дьон
Уолан симэлийэр уулаах,
Охтон баранар мастаах,
Ойон көстөр күннээх
Ороһулаан төрүөн
Отордоон ааһар
Орто кулан кирбии дойдуга
Төрүөбүттэрин төлөбүрэ
Үөскээбиттэрин үтүөтэ,
Сир Сибиир ийэҕэ
Иитиллибиттэрин иҥэмтэтэ
Туохтара эбитэй диэн
Ирдийэн көрдөххө -
Биир кыыс оҕолоохтор эбит.
Бу кыыс оҕо
Ат тиийиэҕинэн
Албаннаах аата
Сурах иһиллиэҕинэн
Кикпэлээх аата
Кимий диэтэргит-
Биэс хос бичиктээх
Биллириккэ кистэнэн
Иитиллибит Биэстээх оҕо
Бэйбэлдьин-куо диэн үһү.
Бу кыыстарын буоллаҕына-
Бииллээх соннооххо
Билиһиннэриминэ,
Оноолоох соннооххо
Орооһуннарымына,
Күннээх таҥараҕа
Көһүннэ5инэ -
Көдьөҕөй өлүү көрүө,
Былыттаах таҥараҕа
Быктардахха-
Быһылаан бөҕө бырдьыаҕа,
Халлаан таҥараҕа
Хайыһыннардахха-
Хамсыык бөҕө
Харгыстыаҕа диэннэр
Аҕыс хос хайырҕастаах
Хаппахчыга хаайан
Ииппиттэрэ эбитэ үһү.
Бу оҕолоругар
Хара ынах үүтүн
Харайан аһатан
Ханаҕыркаан оҥорбуттар,
Эриэн ынах үүтүн
Эҥсэн иһэрдэн
Эригиркээн гына ииппиттэр,
Үрүҥ ынах үүтүн
Үрүмэлээн сиэтэннэр
Үөһэҕиркээн өттүктээбиттэр,
Дьаҕыл ынах үүтүн
Чаччаҕалаан аһатан
Ласпаҕыркаан самыылаабыттар,
Лаглаҕыркаан быһыылаабыттар,
Кугас ынах үүтүн
Хойнорон иһэрдэн
Хончоҕор уҥуохтаабыттар,
Ходьоҕуркаан быһыылаабыттар эбит,
Онтон буоллаҕына -
Эмниктэрин этинэн
Эмсэхтээбиттэр,
Хаҥылларын хаһатынан
Хаччы кэбистэрбиттэр,
Дохсуннарын көмүрүөтүнэн
Мохсуо кэбистэрэ
Ойноппуттар.
Субугурдук кыыстарын
Уон ордуга биэстээх
Буолуор диэри
Им ньим иитэннэр,
Айдаана суох аһатаннар,
Хойууларыгар "лыс" гына бөтөннөр,
Убаҕастарыгар "халк" гына чачайаннар
Аллаах ат кутуругун
Экчи быһа баттаабыт курдук
Атын аҕа ууһа
Аймах билэ дьону кытары
Аалсан олордулар,
Кэрэмэстэй саһыл
Кэлин тыһын
Кэккэлэтэ туппут курдук
Чиэрэс ийэ ууһун кытта
Тэпсиһэн иитиллибиттэр.
Дьэ субугурдук олордохторуна-
Тус соҕуруу диэкиттэн
Чиэрэс тиэргэннээх,
Ураты хочолоох,
Атын алаастаах,
Туора толоонноох,
Халлаан буоллаҕына -
Тоҥус киһи
Дьиэтин туоһун
Таҥнарыта ыйаабытын курдук
Таҥнары намылыйан
Түһүүтүн бэтэрээ өттүгэр
Мэлчийэн үөскээбит,
Сир буоллаҕына -
Киил мас
Хайыһар курдук
Өрө иэҕиллэн тахсыытын
Ис кырыытынан
Эҥсиллэн иитиллибит
Эбириэн-тойон диэн аҕалаах,
Эбириэнтэй-хотун диэн ийэлээх,
Икки хараҕалаах
Муос тайах аналлаах
Эрэйдээх-Буруйдаах-Эр-Соҕотох
Обургу тиийэн кэллэ.
Бу кэлбитин көрөн баран
Оҕонньор
Ыраах ыалларын ыҥырталаата,
Чугас дьоннорун угуйталаата.
Кэтэҕэриин кэрэни
Дэлбэриппитинэн бардылар,
Уҥуо диэки улааны
Умсарбытынан бардылар,
Хаҥас диэки хараны
Хампарыппытынан бардылар,
Суол айаҕар
Суру суоһарбытынан бардылар,
Дьэ, бу мустубут дьон
Күөстэн күөгэлдьитэ
Астаан айбардаабытынан бардылар.
Дьэ, онтон
Аһаан-сиэн
Айхаллаабытынан бардылар.
Онтон хонук хонон баран
Эрэйдээх-Буруйдаах-Эр-Соҕотох
Субугурдук диэн
Саҥа саҥаран эрэр үһү
Дьиэлээх оҕонньордоох эмээхсиҥҥэ:
-"Буйаккайбын, оҕолор!
Дьэ, мин киһи
Эрэһэлээх тылым иччитин икки
тэргэн ый тэҥнээҕэ буолбут
Кэй чуор кулгааххытынан
Истэ сэҥээриҥитий,
Көрдөһөр көрдөһүүм туруудатын икки
Үрүҥ күн үөлээннээҕэ буолбут
Күөл уу көрөргүтүнэн
Көрө бүдүүлээҥ!
Дьэ, "этэр тылыҥ эрэһэтэ тугуй?" диэтэргит-
Иэримэ дьиэ иччитинэн
Итэҕэстийдим,
Баарыма дьиэ бахсытынан
Балаҕадыйдым,
Көй кииним,
Көмүс уйам күрүөтүнэн
Көҥдүөрүйэн сылдьар киһибин.
Эһиги кыыс оҕоҕутугар
Ала сүрэхпин алтыаллыы,
Тойон сүрэхпин доҕордуу,
Хайҕах хара быарбын
Ханыылаары көрдөһө олоробун,
Оҕонньордоох эмээхсиэн!" диэтэ.
⠀
Дьэ, манныкка оҕонньордоох эмээхсин
Субугурдук дэһэ олороллор үһү:
-"Чиэ, эчикиэй!
Эйиэхэ биэрбэтэхпитинэ-
Кимиэхэ биэриэхпитий?
Ол буоллаҕына -
Көрдөр харахпыт харата
Көтүрдэр тииспит холхото,
Иһиттэр кулгаахпыт кулугута буолар...
Ол буоллаҕына -
Быа быстарынан
Кэтит сэтиитэ,
Ураҕас тосторунан
Уһун үрбэтэ
аҕалан биэриэн баран
Ылан бар!" дэһистилэр.
⠀
Дьэ, маныга
Эрэйдээх-Буруйдаах-Эр-Соҕотох
Обургу субурдук
Саҥара-иҥэрэ олорор:
⠀
-"Дьэ, этиэххитин эттигит,
Саҥарыаххытын саҥардыгыт!
Ол буоллаҕына -
Ураҕас тосторунан
Уһун үрбэбин ууран,
Быа быстарынан
Кэтит сэтиибин сиэтэн кэлиэм...
Оҕоҕутун сигири курдук симээн,
Намыл курдук таҥыннаран,
Бу курдук оҥорон олорооруҥ!
Олунньу ый улахан туолуута кэлиэм!"
Диэн баран
Икки хараҕалаах муос тайаҕын
Ылан тахсан бара турда.
⠀
Ол кэлин өттүттэн
Кыыстарын обуо курдук
Оҥорбутунан бардылар,
Сир курдук
симээбитинэн бардылар,
Намыл курдук
Таҥыннарбытынан бардылар.
⠀
Субугурдук оҥостон олордохторуна-
Кини киһи
баай муҥутаан
Тэһитиэ-тулутуо дуо? -
Добугуордаах хонугар
Быа быстыаҕынан
Кэтит сэтиитин сиэттэрэн,
Ураҕас тостуоҕунан
Уһун үрбэтин
Үрдэрэн тиийэн кэллэ.
Бу кэлэрин кытта тахсаннар,
Арыы тыа курдук
Араллааннаан сырдьаннар,
Үргүүк үрүҥ сүүрүгүн
Үс далга бөрүөрэн
Аҕаланнар хаайталаатылар,
Хаҥыл хара сүүрүктэрин
Хамыйан аҕалан
Хаҥас диэки
Далларыгар хаайталаатылар.
Дьэ, онтон сэргэ төрдүттэн
Суол айаҕар диэри
Аҕыс салаалаах
Ача күөх оту
Тэлгэтэн кэбистилэр,
Күтүөттэрин тэһиин тутаннар
Дьиэл аһаннар
Диэрэ дэпсэ
Үрдүгэр олоттулар.
Дьэ, онтон аһыылларын курдук аһаан,
Сииллэрин курдук
Сиэн бараннар,
Сэттэ муҥха баачынатын
Тиэрэ баттаабыт курдук
Сиэр бараан түүн
Ийэккэйим иэнигийэн
Тиийэн кэллэ,
Түмэн сулус оройдоох,
Тэргэн ый иэччэхтээх
Эриэн түүн ийэккэйдэрэ
Эргийэн тиийэн кэлбит;
Ол күнтэн
Бу күҥҥэ диэри
Утуйар уочарат
Сытар сыаната
Тиийэн кэлбит.
Онтон аҕыс хос
Хайырҕастаах
Хаппахчыларын иһигэр
Киис киргиллээҕэ
Тэллэҕи тэлгиэннэр,
Тыыннаах бэдэр кыыл
Тириитэ сыттыгы
Сыттааннар,
Үс толбоннооҕо
Суорҕаны сабаннар
Бастарыгар быар булаастаах
Матарчахтаах арыыны уурдулар,
Тиһэх сүөһү сүллүүлээх
Сүрэҕин күөх отунан
Суулааннар,
Улаҕаларыгар уурдулар,
Ол кэннэ кыыстарын
Киллэрдилэр,
Күтүөттэрин кэлэннэр
Оһоҕу төрдүнэн
Сиэтэн ирдьэн,
Хайырҕастаах хаппахчы
Ааныгар үптэрэн кэбистилэр.
Дьэ, онтон буоллаҕына -
Күтүөт киһи
Хайырҕастаах хаппахчыны
Аһа баттаан
Ойуулаах орон үрдүгэр
Олоро түһэн эрдэҕинэ -
Оронун улаҕатыттан
Түөрт холлоҕос
Көтүрү ыстанан барда.
Ол кэлин өттүттэн
Өрүһүйэн көрдөххө-
Үс булас
Үрдүк киһи
Нөрүөннээх көхсө
Өҥөйөн турар эбит,
Бу туран саҥарар
Субугурдук диэн:
- "Уой, биллээх киһи
Бастыкыта доруобуйа,
Кэнникитэ бураһаай!
Ол буоллаҕына:
Кимтэн кииннээх,
Хантан хааннаах
Киһи кэллиҥ?
Диэтэргин-
Субу күлүгэ көстүбэт
Көстөр күөх халлаан
Урут өттүгэр
Үөскээбит үс сиринэн
Буоҕуллаах ньуола
Маҥан уйаҕа
Үс төгүрүк сылга
Чучугуруур туус тумус,
Чачыгырыыр таас таҥалай,
Дьэгиэ тыҥырах,
Атара кутурук
Алтан Сабара обургу
Бүтэй таас сымыыт
Бэйэккэйбин
Тараһалаах сабарын анныгар
Хаайан сытан
Бүтэй бэйэккэйбин тэспитэ,
Сыгынньах бэйэккэйбин түүлээбитэ,
Кэлэҕэй бэйэккэйбин тыллаабыта,
Көрбөт бэйэккэйбин харахтаабыта,
Үктэммэт бэйэккэйбин атахтаабыта,
Ат тиийиэҕинэн
Албаннаах ааты биэрбитэ.
Ол үөмэн тиийбэт
Үрдүк аатыҥ кимий?
Диэтэргит -
Алтан Сабара
Амнаҕын анныгар
Саһан үөскээбит
Салгынтан санаалаах,
Көйтөн өйдөөх,
Үс хаттыгастаах
Үрдүк маҥан халлаан
Үрдүгэр көҥүлбүнэн
Көрчүйэн үөскээбит
Көҕүл Бөҕө диэн
Мин буолабын.
Дьэ, ол буоллаҕына -
Биэстээх оҕо
Бэйбэлдьин-куону
Мин ирдьэ бардым!"
Инньэ диэтэ да
Кунан оҕус
Кутуругун курдук
Хоройбут суһуоҕуттан
Илиитигэр үс төгүл
Эрийэ баттаата да
Далан хара халарык
Ортотугар түһэрэн
Ирдьэ баран хаалла.
Онтон буоллаҕына,
Хаалбыт дьиэлээхтэр буолла5ына,
Тумаҥҥа мунан,
Халлааны көрөн,
Хаары салаан,
Турар киһи
Тура уҥан,
Олорор киһи
Олоро уҥан,
Хааллылар.
Дьэ, онтон
Барбыт дьоммутун
Өйдүөн көрдөхпүтүнэ-
Тус арҕаа диэкки
Далан халарык ортотугар
Түһэрэн тиэттэ,
Төбөтүнэн айахтаах
Муус суорунугар киллэрдэ.
Дьэ, онно киллэрээт,
Хонук хоннорбото,
Күн өрөппөтө,
Эппиэт этиппэтэ,
Топуруос толорбото,
Көҥүлү күүппэтэ,
Күүстээх санаата
Күөнүгэр таҕыста-
Көҕүйэн барда,
Көҥүлүнэн көппөҥнөөбүтүнэн барда,
Баҕалаах санаата,
Баһыгар таҕыста,
Баҕарбытынан баһыахтаабытынан барда,
Эрчимнээх санаата
Иҥииригэр киирдэ -
Имиппитинэн барда.
Дьэ субугурдук
Дьүһүлэнэн баран
Күүстээх санаалара
Көҕүрүөн бардылар,
Уохтаах санаалара
Уҕарыйан бардылар,
Имэҥнээх санаалара
Элийэн бардылар,
Уот омуллуутунан
Уурайа бардылар,
Күөс быстыҥынан
Күлкэдьийэн бардылар,
Киэһэ уотунан
Кэҥиэн бардылар,
Түүн үөһүнэн
Түгүһүлээн бардылар.
Онтон сылаалара тахсан
Сытан сыламнаатылар,
Уохтара хараан
Утуйан уҕарыйан бардылар.
Онтон өр утуйбуттара дуу,
Өтөр утуйбуттара дуу,
Уһуктан тиийэн кэллилэр.
Онтон дьахтар киһи
Өйдөнөн көрүннэҕинэ-
Иһин түгэҕэр
Оҕо ибирдээн
Хамныырын билиннэ.
Маны билэн баран
Субугурдук диэн
Саҥара сытар үһү :
-"Чиэ, доҕорчуок!
Оонньообутуҥ оҕо буолла,
Киһиргээбитиҥ киһи буолла,
Таптаабытыҥ талыылаах
Буолаары гынна.
Дьэ, киһи буолар
Кэскилбин этэн кулу,
Саха буолар салааһыммын
Салайан кулу,
Өлбөт сүбэбин
Түстээн кулу!"
- дии сытар үһү.
Манныга эр киһи буоллаҕына
Субугурдук дии сытар :
- "Дьэ, хотуок,
Эн айыыҥ инньэ,
Мин айыым инньэ!
Ол буоллаҕына-
Ахталыйан үөскээбит
Аан ийэ дойдугар
Төҥнө тур!
Эргийдэрбин
Иэччэҕим эмтэрийдин,
Хайыстарбын
Халдьыгым хайыннын,
Бардарбын
Баһым быһыннын,
Төҥүннэрбин
Түөрэҕим түҥнэһиннин!"
- диэн баран
Ойон тура эккирээтэ.
Онтон дьахтар барахсан
Икки хараҕын уута
Уруускай чөмчүүк курдук
Иҥин быһаҕаһыгар диэри
Мөлбөрүччү сүүрэн түһэ-түһэ
Иккиһин саҥара сытар:
-"Чиэ, доҕоруум!
Эмник бэйэбин эммэниттиҥ,
Оҕо бэйэбин оруойдаатыҥ,
Кыра бэйэбин кыыйдыҥ,
Күүстээх бэйэбин күлкэдьиттиҥ,
Хаҥыл бэйэбин хаҥхалаатыҥ,
Көхсүбэр ыар
сүгэһэри сүктэрдиҥ,
Инньибэр улахан
Нөөкүрүгү көтөхтөрдүҥ,
Ол кэннэ
Кэппит кэтинчэ курдук
Кэбистэҕиҥ бу дуо,
Уктан кээспит
Угунньа курдук
Умуннаҕыҥ бу дуо?
Умса түстэхпинэ -
Сүүспүттэн өйүө
Дии санаабытым,
Иттэнньэ түстэхпинэ -
Кэтэхпиттэн тирээбиллиэҕэ
Дии санаабытым!"
- диэн баран
Тэлэкэчийэн туран
Икки илиитинэн
Икки иэдэһиттэн
Хаайа тутан туран
Ууруу-сыллыы турбут.
Онуга эр киһи
Кыыһыраары кыыһырда,
Уордайаары уордайда,
Абараары абарда-
Ол кынан баран
Икки илиитин
Төлө анньан кэбистэ,
Ол кэннэ
Субугурдук дии турар:
-"Чиэ, хотуой!
Үгүс тыл сыпсах,
Аҕыйах тыл минньигэс...
Ол буоллаҕына
Үксү этэн
Үтүөнү булуоҥ суоҕа,
Элбэҕи этэн
Эбиниэҥ суоҕа!
Ханан кэлбитиҥии
Бара тур!
Сыҥаланан сырдьар сыпсах,
Баҕаланан сырдьар
Барбах буолуо.
Ол буоллаҕына
Эр киһи эппит тыла биир,
Санаабыт санаата
соҕотох буолар!"
- диэн баран
Дьахтары икки илиититтэн
Ылан төбөтүнэн
Айахтаах муус суорунун
Тас өттүгэр бырахта,
Онтон бэйэтэ буоллаҕына-
Тус соҕуруу диэкки
Күйгүөн хара холоругу
Олохтотон баран
Күгүнээн хаалла.
Дьэ, онтон
Дьахтар эристин
Икки хараҕын уутугар
Муна-муна
Атах балай
Баран истэ.
Дьэ, өр илии
Барбытын
Биир билбэтэ,
Өтөр илии барбытын
Биир билбэтэ.
Хат дьахтар хаамыыта
Ханнык бөрөкү буолуой?
Хааһахтыы
Үҥкүрүйэн истэ,
Баҕарахтыы
Сыылан истэ,
Атыыр оҕустуу
Алтахтаан истэ.
Дьэ, Субугурдук
Муҥу көрөн,
Буору сөҕөн истэҕинэ,
Арай тус илин диэккиттэн
Эрэйдээх-Буруйдаах-Эр-Соҕотох обургу
Элик Дьаҕыл үрдүгэр
Олорон баран
Бу иһэр эбит.
Маны көрөн баран
Дьахтар субугурдук
Дии тоһуйда:
-"Дьэ, доҕорчуок!
Сүһүөхтээх бэйэм
Сүгүрүйэ тоһуйдум,
Хайлыктаах бэйэм
Хаҥкыйа тоһуйдум,
Тоноҕостоох бэйэм
Токуйа тоһуйдум.
Ол буоллаҕына,
Күүстээх бэйэм
Күлкэдьийдим,
Үтүө бэйэм
Үлтүрүйдүм,
Бэт аатым
Мэччийдэ,
Дьоһун сураҕым
Сууйулунна.
Дьэ,доҕурчуок!
Ол буоллаҕына -
Эйиигин күүһүлээн сырдьан
Атаҕастаабыт айыым суох,
Эйиигин көрөн туран
Күөмчүлээбит көлөһүнүм суох!"
- дии тоһуйда.
Маныга Эрэйдээх-Буруйдаах-Эр-Соҕотох
Обургу субугурдук дии кэллэ:
-"Уой, доҕорчуок!
Дьэ,эн буруйуҥ
Туох баарыгар уордайыамый?
Дьэ, кыбыстыбакка
Кыһаммакка кэл,
Толлубакка
Дьулайбакка чугаһаа,
Иҥнибэккэ
Эрэйдэммэккэ иһит
Мин киһи эрэһэлээх
Этэр тылым иччитин!
Үтүө киһи буолларбын
Бэйэм өрүһүйүөм этэ!
Куһаҕан киһи буоламмын
Бэйэм куоттарбыт
Буруйдаах буолбаппын дуо?"
- диэн баран
Түһэ эккириэн
Үөһэ уоһуттан
Үс хамыйах
Үүттээх хаан
Тахсыар диэри
Үстэ уураан ылла,
Аллараа уоһуттан
Алта хамыйах
Арыылаах хаан
Тахсыар диэри
Уураан ылла.
Ол кэннэ
Элик Дьаҕыл самыытыгар
Дьахтарын ылан олорто.
Дьэ, онтон
Тус илин диэки
Элик Дьаҕылы
Эргитэ тардан баран
Элбэҥ-сэлбэҥ
Сиэллэрэн истэ,
Өгүрук-төгүрүк
Үктэтэн истилэр.
Дьэ, онтон
Сотору соҕус
Уурдаран оҕустаран
Тиийэн кэллилэр
Аастыйбыт астаах,
Алтаннаах хоҥуруулаах,
Акырсыйбыт быһыылаах
Эр тойон аҕаларын
Аан алаһатыгар,
Күрэҥсийбит астаах,
Көмүстээх хоҥуруулаах
Күн күбэй
Хотун ийэлэрин
Көмүс уйатыгар.
Дьэ, бу кэлбиттэригэр
Үөрүү үтүөтүн
Үөрэннэр,
Көтүү үтүөтүн
Көтөннөр
Хат малааһын
Үтүөтүн малааһыннааннар,
Күндү үтүөтүн
Күндүлээннэр
Үөрэ-көтө көрсүбүттэр.
Дьэ, субугурдук олордохторуна-
Дьахтар кэмнээх кэмэ
Кичэйэ баттаан
тиийэн кэллэ,
Добугуордаах хонууга
Туолан тиийэн кэллэ:
Ыардьан
ынчыктаан барда,
Дьүрүһүттэн
дьүһүлэнэн барда,
Дьаралыттан
Дьаабыланан барда.
Бу да эрээри
Этэр тыла хоһоонноох,
Ол хоһооно маннык :
-"Чиэ, абытайбын аҕай,
Оҕолоор!
Икки чараас
Кургумум аҕай!
Чиэ,татайбын
Икки иэччэҕим
Уута аҕай даа!
Чиэ, айакабын!
Икки сис балык
Этим аҕай даа!
Чиэ, дьокобун!
Икки ылгын таас
Ойоҕоһум төрүттэрэ
Аҕай даа!"
- дии дии энэлийэ
Туойа сытта.
Саманы истээт дьонноро
Тимир килиин
Сүгэлэрин туппутунан
Таһардьа саһан тахсаннар
Соҕуруу диэкки
Тумул чараҥҥарыттан
Чаллах хахыйаҕы
Быһа охсон түһэрэннэр,
Икки салаалаах мутугу
Быһан ылан
Икки тоҕоһо оҥордулар,
Биир көнө мутугу
Быһан ыланнар
Тардыһар мас оҥордулар;
Онтон кыбынан киллэрэн
Хаҥас диэкки
Быыс иһигэр
Туруору саайаннар,
Үс сиринэн
Эриэн ситиинэн
Эрийэннэр,
"Дьоллоох тоҕоһо
Буоллун!"- диэннэр
Үс төгүл
Домноон баран
туруордулар;
Онтон сэттэ сиринэн
Сиэл баайан бараннар-
"Талааннаах буоллун!"-
Диэн тардыһар маһын
Уурдулар ;
Онтон уунньа отунан
Орон оҥордулар;
Онтон эмэн эмээхсини
Эмэрийээччи буллулар,
Көрсүө эмээхсини
Көтөҕөөччү буллулар,
Талыылаах дьахтары
Тардааччы буллулар;
Онтон ньирэй торбос
Сымнааһынынан
Киин баайыыта
Бэлэмнээтилэр,
Улаан кулун тириитинэн
Оҕо суута буллулар,
Эриэн ситиинэн
Оҕо эрийиитэ хаттылар,
Чараҥ хатыҥ туоһунан
Хабычах туоһа буллулар.
Дьэ,ийэ буолааччы
Аһын сүөрэн,
Ньалҕарыччы тараан,
Араҕастай арыынан
Аҥыныахтаах,
Икки өттүгэр
Нэлбигийдии түһэрэн баран,
Икки түүлээх
Суон түһэҕин
Төлө баттаан баран,
Дьахтары икки удьуҥаҕыттан
Көтөҕөн олорон
Икки ытыһын арыынан
Ньалҕарыччы
угунуохтаан баран
Молоочук курдук
Оһоҕоһун түгэҕиттэн
Эмэрийэ олордо.
Дьэ, дьахтар хорон
Талыыта киирэн
Дьүрүһүттэн
дьүһүлэнэн барда;
Дьэ, баар хорсун дьахтар
Кэлэн дьахтары
Икки хонноҕун анныттан
Ыйыы татта;
Дьэ, бу хорон талыыта
Киирэрэ хоһоонноох;
Бу хоһооно маннык:
-"Дьэ,
Аан дойдум,бурастыы!
Бу айылаах буоллахпын
Муҥмуон!
Дьэ, үрүҥ күнүм, бурастыы!
Бу айылаах буоллахпын
Көрөллөөр!
Бар дьонум
Баар буолларгыт
Абырааҥ!
Арахсар күнүм кэллэ!
Абаккабын көрөҕүөт?!"
-диэн баран,
Чиччигинии түһэн баран,
Үннэрин кытта -
Саннын байаатыгар диэри
Түспүт куударалаах
Кыһыл көмүс
Өҥүн курдук астаах,
Эт эттиир
Мас саҕа
Балхаллыбыт куҥнаах,
Туктэри диэн
Үтүө дьүһүннээх
Кыыс оҕо
Кылбайбытынан түстэ.
Дьэ, дьахтар
Тарайа уҥан барда.
Дьэ, бу
Кыыһы Сулбу
тардан ылан,
Кылыкынай уус
Кырбыытаан оҥорбут
Кыптыыйынан
Киинин быһан баран,
Хардаҥ от үрдүгэр
Халтарытан сырдьан
Хара далай уутунан
Хасты анньан
Хааннаах хара дьайын
Халбарытан кэбистилэр,
Күөх от үрдүгэр
Күөлэһитэн сырдьан
Көмнөхтөөх күөх дьайын
Күөх далай уутунан
Көҥү анньан
Кэбистилэр,
Онтон улаан кулун
Тириитигэр эриэн
Ситиинэн хончоччу
Кэлгийэн кэбистилэр.
Дьа, онтон
Дьахталлара уҥан-уҥан баран
Тыын киллэрэн кэллэ.
Дьэ, онтон
Дьиэлээхтэр буоллаҕына-
Үөрүү бөҕөнү
Үөрэннэр,
Көтүү үтүөтүн
Көтөннөр
Күһүлгэннээх күндүнү
Көрдөрдүлэр
Күрүөх билэ
Дьонноругар,
Махтааттаах мааныны
Бар дьонноругар
Бачыамнаттылар.
Дьэ,
Үс хонон баран
Айыыһыты атаарар
Тиийэн кэллэ.
Дьэ, бу Айыыһытын
Атааралларыгар бэлэмнээтилэр
Аас тэллэх үрдүгэр
Арыылаах суораты,
Ол кэннэ
Икки чабычахха
Арыыны тоҥорон уурдулар,
Ол кэннэ
Байтаһын ынах
Иһин ыдырыччы
Буһараннар таттылар.
Ол кэннэ
Дьахтар олорбут
Сирин инньигэр
Киһи илиитин
Туруору туттаҕына
Тоҕоноҕор диэри
Дириҥ оҥкучаҕы
Хаһан баран
Иһигэр үс сүүмэх
Маҥан сылгы
Сиэлин уктулар,
Ол үрдүгэр
Тордуйалаах дьахтар
Оҕотун ийэтин уктулар,
Ол үрдүгэр
Быһаҕастыы буорун
Түһэрэн бараннар,
Маһы тырыыҥкалааннар,
Ураһа туттулар,
Ол таһыгар,
Сэргэ оҥорон
Туруордулар,
Ол таһыгар
Туоһунан
Быа быһаннар,
Эриэн ситиинэн
Быалааннар баайдылар,
Ол иннигэр
Туоһунан күн
Кырыйан уурдулар,
Ол кэннигэр,
Ый кырыйан уурдулар,
Ол таһыгар
Туоһунан кыптыыйы
Быһан уурдулар,
Ол кэннэ
Ураһа иһигэр
Уоту отуннулар,
Ол оттон баран
Арыылаах суораты
Ол уоттарыгар кутаннар
Айыыһыт хотуҥҥа
Айах тутан
Атаардылар.
Ол атаараллара
Алгыстаах,
Ол алгыһа маннык :
-" Дьэ эрэ,
Бэттэх көрөн мичээрдээ,
Сэттэ суол
Айыыһыт ийэтэ буолбут
Нэлбэгэлдьин Айыыһыт!
Аал уотунан
Айахтаан алыастаан
Атаарабыт!
Айыы өттүгүнэн
Айхаллаан таҕыс!
Аҕыс суол
Айыыһыт аҕаһа буолбут
Ахтар хаам
Айыыһыт хотуон,
Бэттэх көрөн
Күлүмнээ эрэ!
Ардахтаах аспыт үрдүнэн,
Ахтаах арыыбытынан
Айхаллаһа хааллыбыт!
Эһиилги дьыл
Баччатыгар
Уол оҕо куттаах
Сүрүн тойон
Түүлээх ох кынан
Уҥуо хонноҕум анныгар
Эрчийэн кулу!
Кыыс оҕо
Сүрдээх кутун
Алтаннаах хайырҕастаах
Буттаах кыптыый кынан
Хаҥас хонноҕум анныгар
Эрчийэн кулу!
Эппит тылбыт
Ыралаах буолуо
Буоллаҕына -
Ахтаах аспыт
Төлөөнө
Хайабытыгар охсор?
Уруй айаҕал
Сии-һик саа-һах!
Айхал мичил
Сии-һик саа-һах!
Күөгэл нусхал
Сии-һик саа-һах!"
- дэһэ олорбуттар
Онно төһө мустубут
Дьахталлар бары.
Дьэ, бу төлөн
Сорохторугар охсубут,
Сорохторугар охсубатах.
Дьэ, бу төлөн
Охсубатах дьахталлара
Кэри куру буолбуттар;
Дьэ, төлөн охсубут
Дьахталлара
Хааннара-сииннэрэ кэйдэ,
Уҥуохтара - иҥиэхтэрэ
Итийдэ
Эттэрэ-сииннэрэ
Сымнаата,
Тыллара-өстөрө
Үксүйдэ,
Харахтара-сырайдара
Сэгэлдьийдэ
Сүрэхтэрин тыаһа
Тиҥинээн буолла,
Тилэхтэрин тыаһа
Дибдигирэс буоллулар.
Дьэ, бу кэннэ,
Бу уоттара
Омуллубутун кэннэ,
Буору толору
Куттулар ;
Дьэ, ол кутан баран
Тиҥиргэччи симнилэр,
Дибдигирэччи
Тилэхтэринэн
Күнү көрсүһэ
Эргийэ сырдьан
Тэбистилэр.
Ол бүппүтүн кэннэ
Айыыһыкка бэлэмнээбит
Астарын бары
Баар дьон
Мустан олорон
Аһаатылар.
Дьэ, онтон сотору
Үрүө-дүрүө бардылар.
Дьэ, онтон
Хаалбыт дьоммутун
Өйдүөн көрдөххө -
Дьэ, бу
Төрүөбүт дьахтар
Сэттэ хонуга туолан
Алтан чопчу саҕа
Аал уотун
Инньинэн бараары
Ас аһата,
Алгыс алгыы олорор.
Дьэ, бу
Алгыһа маннык:
"- Дьэ, эрэ,
Алтан чопчу саҕа
Аал уотуом ирчитэ,
Аал уххан эһэкэм,
Бэттэх көрөн
Мичээрдээ эрэ!
Араҕас арыынан
Аһатан тураммын,
Атахтаах бэйэм
Аартаһан эрэбин:
Арыһыйа көрүмэ!
диэммин, -
Быыра бырдьа,
Хатан тэбиэрийэ
Кыырык төһө
Тойон эһэкэйбин
Тоноҕостоох бэйэкэйим
Токуйан эрэбин :
Оруһуйа көрүмэ!
Диэммин,-
Үөрбэ көҕүллээх
Көҕүлүнэн
Өҥөлөһөн тураммын
Көрдөһөн эрэбин:
Иэримэ дьиэм
Иччитэ буолбут
Дьиэрдиилэ Бахсыла
Тойон эһэкэйим,
Бэттэх хайыһан
Көрөн күлүм аллай эрэ!
Хаардаахтан хахсыйбыт
Ардахтаах арыым
Үрдүнэн
Күндүлүү тураммын -
Көмнөхтөөх күөх
Санааҕын көлбөрүт!
Диэммин көрдөһө турабын.
Халыҥ халҕаҥҥын
Аһыма,
Ардахтаах сырайдаах
Атыыр үөргэ
Атаҕастатыма!
Диэммин,
Айхаллаан тураммын
Аартастым.
Түөрт түүлээх
Дулҕам ирчитэ!
Ис куҥугар
Имэҥнээх,
Тас куҥугар
Дьалыннаах,
Хабычаҕар халаннаах,
Кубучаҕар куланнаах,
Кубулҕаттаах хойноох,
Дьиибэлээх истээх,
Бэттэх көрөн
Мичик кынааччы,
Антах көрөн
Курус кынааччы,
Түтүм тэллэх,
Түрбүөн олох,
Түптэ кутурук,
Төгүрүк тэллэх
Дьэгэйииһэ-Хоппойууһа
Хотун эбэкэйим,
Бэттэх көрөн
Күлүмнээ!
Күөх уокка
Күһүҥҥүттэн көөйнүбүт
Күндү аһым
Көлбөҕүн күрүлэччи
Кутан тураммын
Көрдөһөн эрэбин!
Тымныы атахтаахха,
Хатан харах
Уоттаахха,
Көмнөхтөөх күөх
Харыйа саҕа субурҕан
Хара санаалаахха
Суон сүлүгэскин
Төлөрүтэр буолаайаҕын,
Халыҥ халҕаҥҥын
Аһар буолаайаҕын!
Диэммин алгыс алгыы,
Тыл этэ,
Сахалыы туойан
Дьалыһыйа олоробун!"
- диэн баран
Үс төгүл
Күрүлэччи-барылаччы
Уотугар аһы
Кутан биэрэ турбут үһү.
Дьэ, онтон буоллаҕына -
Бу саҥа төрүөбүт
Кыыспытыгар тиийэн
Кэллэхпитинэ -
Саха оҕотун майгытынан
Салайаннар,
Киһи оҕотун быһыытынан
Кичэйэннэр ииттилэр,
Урааҥхай оҕотун
Туһунан тутаннар
Улаатыннардылар.
Дьэ, бу төрүөбүт
Ийэтэ-аҕата
Баран хааллылар.
Дьэ, бу
оҕонньордоох эмээхсин
Иитэн олордулар.
Дьэ, бу иитэннэр
Уон үс сааһыгар
Тиэртилэр.
Дьэ, бу уон үһүгэр
Тиийэн баран
Баардаах быһыылаах
Буолла,
Чор баппат
Майгыннанан барда,
Кыдьыктаах быһыылаах
Кыыс буолла,
Чор кыаттарбат
Буолан барда,
Туспа ойулгулаах
Оҕо буолла,
Чор тохтообот
Буолан барда.
Дьэ, маннык майгытын
Эһэтэ сэрэйэр буолла.
Дьэ, бу кыыс
Бу сырдьан
Көтөрү кытта көттө,
Сүүрэри кытта сүүрдэ,
Быһыйы кытта сырыста,
Бөҕөһү кытта туһунна,
Хаҥылы хамнаппата,
Дохсуну тулуппата,
Дьэллиги тэһиппэтэ,
Эмниги эммэниттэ,
Күүстээҕи күлкэдиттэ,
Уохтааҕы уҕарытта.
Дьэ, субугурдук
Көҥүлүнэн көрчүйэн,
Санаатынан дьалкыйан,
Баай ыал оҕотун
Майгытынан бардамнаан,
Тот ыал оҕотун
Быһыытынан дохсуннаан
Үөскээтэ.
Дьэ, бу быһыытыттан
Эһэтэ бэккэ диэн
Кыбыстар саатар
Буолан барда...
Онтон арай
Биир сасыарда
Оронугар сытан эрэн
Эмээхсинигэр субукурдук
Саҥарда :
-"Дьэ, эмээхсиэн!
Бу биһиги
Иитэн эрэр кыыспытын
Сөптөөх ыалга сыыттыах!
Биһиэхэ иҥэн батан
Сырдьыа суоҕа
Диэн саныыбын!"
Диэтэ.
Онуга эмээхсин эттэ :
-"Чиэ, доҕоор,
Ханнык ыалга
биэрээри кынаҕын?"
Диэтэ.
Онуоха оҕонньор эттэ:
-" Хайа дуоҕаар!
Бу арҕаа
диэки олорор
Баай Харахаҥҥа
Биэриэххэ сөп.
Ол кини
Ылгын уола баар,-
Ол сөптөөх киһи
Буолуо этэ!"
Диэтэ.
Онтон эмээхсин эттэ :
- "Чиэ, дуоҕаар!
Кыыс оҕо икки
Уол оҕо икки
Бэйэлэрэ сөбүлөһөн
Ылсыһаллара сөп
Буолар эбээт!
Эмиэ урукку
Кыыспытыгар дылы
Буолар буолла...
Ханнык буолла?"
Диэтэ.
Онуга оҕонньор эттэ :
-"Э-эй, үөдэн,
Нүлү балай,
Тугу эрэ билэҥҥин
Лахсыйан эрэҕин?
Сугун да дэлби
Сытыйан сыппаккын?"
Диэтэ.
Онуга эмээхсин эттэ :
-"Э-ээ, чэ,
Бэйэҥ бил!
Аны кэлэн мин
Көрбүтүм көрү
буолуо дуо,
Аны кэлэн мин
Билбитим били
Буолуо дуо,
Аны кэлэн мин
Сэрэйбитим сэрэх
Буолуо дуо?
Хойут ол эрээри
Дьүһүммүтүн
Дьон көрүөхтэрэ!"
Диэтэ.
Дьэ, онуга
Оҕонньор эттэ :
-"Чэ, көрдүннэр,
Лахсыйыма!" диэтэ.
Инньэ диэн баран
Оҕонньор киһи
Оронуттан
Ойон турда,
Онтон сыыйа-баайа
Сырдьыбахтаан баран
Сырыта хааман
Тахсан барда.
Ол тахсан
Көдьүгэ Көҕөрчөрүн
Үрдүгэр -
Туйаҕас күүгэс
Сылгы тумсугар
Хатан түһэрин курдук -
Көдьүгэ Көҕөрчөр
Үрүт мындаатыгар
Хатана түһэн баран,
Тус арҕаа диэки
Эргитэ салайан баран
Айаннатан дьалкытан истэ.
Ол көрдүк айаннаан тиийдэ
Баай Харахааҥҥа.
Онно тиийэн туран
Субугурдук диэн
Саҥаран эрэр:
"-Уой, дуоҕаар!
Үөлээннэһэн үөскээбит
Үтүө доҕорум,
Бааралаһан үөскээбит
Баай Харахаан ыалым!
Эйиэхэ тиийэн кэллим!
Ол буоллаҕына -
Мин киһи
Албаннаах ааппын
Тоҕо ааттаатыҥ
Диэтэргин -
Киһи буолар
Кэскилбитин
Кэпсэтээри кэллим,
Урааҥхай буолар
Олохпутун
Оҥороору кэллим,
Саха буолар
Салааһыммытын
Салайа кэллим!"-
Дии турбут.
Дьэ, дьиэ иһинээҕи
Баай Харахаан иһиттэ.
Дьэ онтон
Аайдаан айгыстан
Таҕыста.
Ол тахсан туран
Субугурдук дии турар үһү :
-"Дьэ, үөлээннэһэн үөскээбит
Үтүө доҕоруом,
Тугунан тупсара кэллиҥ?
Кэс тылгын кэпсиэ эрэ!"
Диэтэ Харахаан.
Дьэ, онуга
Күл-күл Бөҕө
Субугурдук диэн эрэр:
-"Дьэ, дуоҕаар!
Мин киһи
Көрдөр хараҕым
Иччитэ буолбут,
Көтүрдэр тииһим
Эрэһэтэ,
Этэр тылым
Тоҕоһото буолбут,
Истэр кулгааҕым
Кулугута буолбут
Түөрт түргэн
Хара былыт
Олбохтоох,
Үс үргүк
Үрүҥ былыт
Үктэллээх,
Икки мэкээрсин
Сиэр ат
Энньэлээх,
Түөрт хаардаах бугулу
Түҥнэритэ аспыт курдук
Түөрт чарчыма
Таас туйахтаах,
Балдьыат ыал
Түөрт бадьыр мас
Баҕанатын
Туруорута туппут курдук
Дьэҥкир таас
Бүлтэстээх;
Ол урут өттүнэн
Өрүһүйэн көрдөххө -
Баай ыал
Аҕыс баараҕай
Баҕанатын
Атахтаһыннары уурбут курдук
Аҕыс кырыылаах
Дьэҥкир таас
Аҕыс адаар
Мүһэлээх ;
Ол үрүт өттүнэн
Өйдүөн көрдөххө -
Ыҥыыр сиппэт
Ыллам систээх,
Сөрүө сиппэт
Үрдүк мындаалаах,
Бото сиппэт
Халыҥ куҥнаах,
Холуп сиппэт
Кэтит хоҥнуолаах,
Дьирим сиппэт
Киэҥ таһаалаах,
Кычым сиппэт
Киэҥ ойоҕостоох,
Чаппараак сиппэт
Кэтит самыылаах;
Ол үрүт өттүн
Өйдүөн көрдөххө -
Үрүҥ көмүс
Аалыытын курдук
Үрүҥ чыллырыыт түүлээх;
Онтон иннин диэки
Аһары көрдөххө -
Балдьыат ыал
Түгэх түөһүн
Тэниччи ыйаабыт курдук
Нэлим көмүс сиэллээх ;
Ол илин өттүгэр
Көрдөххө -
Былыргы ыал
Тойон айаҕын
Туруорута туппут курдук
Икки кунньалы
Көмүс кулгаахтаах;
Ол алын кырыытын
Диэки көрдөххө -
Былыргы дьон
Икки кэриэн ымыйатын
Кэккэлэһиннэри
Туппут курдук
Икки күн
Чаҕаан харахтаах ;
Онтон аллараа диэки
Көрөн түһэрдэххэ -
Аллаах ат
Икки харытын
Туруорута туппут курдук
Икки тарбалдьыгас
Таныылаах,
Былыргы дьон
Чороон айаҕын
Туруору туппут курдук
Чобуо көмүс бастаах,
Былыргы киһи
Холуста курун
Таҥнарыта ыйаабытын курдук
Өрүкүйэр үрүҥ көмүс
Көҕүллээх,
Улуу ыал
Ураһатын маһын
Дьөрбөлүү туппут курдук
Оҥочо көмүс
Кутуруктаах,
Үрүҥ күн
Көдьүгэтин курдук
Көнтөстөөх,
Тэргэн ый
Ситимин курдук
Тэһииннээх,
Баай ыал
Бакаайытын курдук
Бас быалаах,
Үтүө ыал
Өтүүтүн курдук
Үүннээх,
Босхо былыт курдук
Ботолоох,
Сүөмэх былыт курдук
Сөрүөлээх,
Кыыһар былыт курдук
Кычымнаах,
Үрдүк халлаан
Чогулун курдук
Ыҥыырдаах,
Тараах былыт курдук
Чаппараактаах,
- дьэ, саманнык
Сэптээх-сэбиргэллээх ат
Дьүдьүн бараан
Дьүһүнэ хайтаҕа
Эбитэй диэтэргин -
Үрүҥ көмүс
Өҥүн курдук
Үүт кэрэ ;
Кэй бараан
Киэбэ ханныгый диэтэххинэ-
Үс үүт бүтэйи
Үрдүнэн илин күөнэ
Өндөлдьүйэн көстөр
Үүт кэрэ ат.
Бу ат кэҕийэр кэтэҕэр
Сэттэлээҕиттэн ыла
Чиэстэнэн иитиллибит,
Сэттэ уон
Үрэх баһын
Тэлэ тэлэкэчитэн
Үөскээбит
Дьэрэн кулан
Санаалаах,
Сытыы сындыыс
Сырыыта сырыылаах,
Уоттаах чолбон
Сүүрүүтэ сүүрүүлээх,
Саллар чаҕылҕан
Айана айаннаах,
Хотуттан соҕурууттан
Охсуллар
Көй салгын өйдөөх
Арҕааттан илинтэн
Эҥсиллэр
Сай күдүө санаалаах,
Аҕыс салаа быалаах,
Куо дьэллик
Кымньыылаах,
Аҕыс салаа
Кутуруктаах
Айдаарыкы-сиэр аты
Атахтанан айыллыбыт
Айталыын-куо диэн
Кыыстаахпын.
Дьэ, саманнык дьахтар
Кэй бараан киэбэ,
Дьүдьүн бараан дьүһүнэ
Хайтаҕый диэтэргин -
Суллаабыт тиит
Орто чуулкатын курдук
Дьороҕуркаан сотолоох,
Уолах тиит
Орто чуулкатын курдук
Бойболлубут уллуктаах,
Үс кэбиһэ булас
Үөһэҕиркээн өттүктээх,
Биэс кэбиһэ былас
Бээгэҕиркээн бииллээх,
Алта кэбиһэ былас
Дараҕыркаан сарыннаах,
Муҥур харыйаны
Быһа охсубут курдук
Модун моойноох,
Кибириис маһы
Кэлтэччи охсон
Түһэрбит курдук
Кикпэ кэтэхтээх,
Баараҕай ыал
Бастыҥ баҕаҕын
Быһа охсубут курдук
Хончоллубут бастаах,
Икки эрэһэлээх
Үүн тиэрбэһин
Кэккэлэтэ уурбут курдук
Икки күн чаҕаан
Харахтаах,
Икки тэргэн ый
Тэҥнээҕэ буолбут
Кэй чуор кулгаахтаах,
Икки саарба кыыл
Атахтаһыннары уурбут курдук
Сурааһын хаастаах,
Соломо кыылы,
Туруору туппут курдук
Субугур муруннаах,
Үс булас
Нуолур солко курдук
Долгуннаах астаах,
Хастаабыт тиит
Хаба ортото
Чууркатын курдук
Хатыллаҕас харылаах,
Икки хоппо
Күрдьэҕи кэккэлэтэ
Уурбут курдук
Дэбилгэ маҥан
Ытыстаах,
Уон сыр кырынааһы
Кэккэлэтэ туппут курдук
Уон бабыа дьобуо
Тарбахтардаах,
Уон кириэстээх
Атыыр манньыыты
Кэккэлэтэ туппут курдук
Хабырыттаҕас тыҥырахтаах.
Сабачча буолуор диэри
Оноолооххо ороһо илик,
Биллээххэ билсиһэ илик,
Дьайыҥнаахха таарыйа илик.
Дьэ, саманнык
Көрдөр харахпын,
Көтүрдэр тииспин
Эн ылгын оҕоҕор
Аныыбын!" -
Диэтэ.
Дьэ, маныга
Харахаан субугурдук
дии турар:
-"Чиэ, үөлээннээх
Үтүө доҕоруом!
Эн эппит тылгын
Ирчилиэхпит...
Ол буоллаҕына -
Быа быстарынан
Кэтит сэтиилээх,
Ураҕас тосторунан
Уһун үрбэлээх
Буоламмыт тиийиэхпит.
Бото болдьохто кулу,
Кэтэ кэрдиитэ эт!"
- диэтэ.
Онуга Күл-күл-Бөҕө
Субугурдук дии турар :
-"Чиэ, доҕуор!
Балаҕан ыйын
Бастыҥ күнүгэр күүтүөм!"
- диэн баран
Төттөрү сүүрдэн
Ахталыйан үөскээбит
Аан ийэ дойдутугар
Тиийэн кэллэ.
Дьэ, онтон
Иэримэ дьиэтигэр
Киирэн кэллэ.
Дьэ, онно көрдөҕүнэ -
Хотун,ойоҕо,
Хоргута тоһуйда,
Айталыын-куо, кыыһа,
Кыыһыра күүппүт.
Дьэ, ол да эрээри
Абарбыттарын аралдьыттылар,
Уордайбыттарын угарыттылар,
Күлсэн күлүмнэспитинэн бардылар,
Астаан-үөллээн
Айбардаабытынан бардылар.
Субугурдук үчүгэйдик
Үөрэ-көтө олордулар.
Дьэ, онтон
Добугуордаах хонук
Туолан барда,
Кэмнээх кэрдии
Ситэн барда,
Балаҕан ыйын
Бастыҥ күнэ
Буолан барда.
Дьэ, тус арҕааттан
Айдаан-бөҕө
Аарыгыран иһилиннэ,
Силлиэ-бөҕө
Сирбиэтэнэн
Иһэрин иһиттилэр.
Дьэ, маны истээт
Былыргы дьон
Урууга оҥостор майгытынан
Оҥостубутунан бардылар.
Дьэ, сотору
тиийэн кэллилэр.
Дьэ, тэһиин тутан,
Дьиэл аһан,
Тэллэх кэбиһэн
Киллэрдилэр.
Арай Харахаан
Ылгын уола
Буоллаҕына -
Кииримээри
Кэтэҕинэн тиэйэ турда.
Дьэ, ону сэттэ киһи
Кэтэҕиттэн дьиэҕэ
Умсары анньан
Киллэрдилэр.
Дьэ, саха уруутун
Майгытынан
Уруурҕаһан тарҕастылар.
Дьэ, күтүөттэрэ
Күтүөттүү хаалла.
Дьэ, аҕыс салаа быалаах
Куо-дьэллик
Кымньыылаах,
Айдаарыкы-сиэр
Аттаах
Айталыын-куо
Төттөрү таары
Хаама сырдьан
Субугурдук диэн
Алтаннаах айаҕын
Атыҥнатан,
Көмүстээх күөмэйин
Көбүөхтэтэн эрэр:
-"Дьэ, бу
Алтаннаах хоҥоруулаах,
Аастыйбыт астаах,
Акырсыйбыт быһыылаах,
Торумтуйбут уорсуннаах,
Дорҕоонноох куоластаах
Тойон аҕаккайым!
Күрэҥ сылгы сиэлин
Кутуругун булуу-тэлии
Туппут курдук
Күрэҥсийбит астаах,
Көмүс хоҥуруулаах,
Күн күбэй ийэкэйим!
Икки кэй чуор
Кулгаахкытынан
Истэ сэҥээрэн
Олоруҥутууй эрэ!
Дьэ, бу
Баай Харахаан
Ылгын уолугар
Биэрэҕит мийигин...
Дьэ, мин
Бардарбын
Баһым быһыннын,
Хайыстарбын
Халдьыгым хайыннын,
Сөблүөтэрбин
Сүрэҕим быата
Быһыннын,
Эргийдэрбин
Иэччэҕим эмтэрийдин,
Баҕардарбын
Мас таҥарам
Батары көрдүн,
Чугаһаатарбын
Туос таҥарам,
Тобулу көрдүн,
Сылҕарыйдарбын
Сытынньаҥ таҥарам
Сытыардын,
Бу этэр тылбын
Төннөрдөхпүнэ-
Түктүйэлээх таҥарам
Түҥнэри көрдүн,
Бу санаабыт санаабын
барахтахпына-
Баһык уһукка олорор
Бах таҥарам
Батары көрдүн!
Бу андаҕарбын
Алдьатар буоллахпына-
Аал уотум ирчитэ,
Аал уххан эһэкэм,
Аҕыс кырыылаах
Айыы атара үөрбэтинэн
Ситии саҕа
Чиркэйэн турар
Сиһим үөһүн
Быһа быраҕан
Түһэрдин!
Эппит тылбын
Ситэрбэт буоллахпына-
Иэримэ дьиэм ирчитэ
Дьиэрдиилэ Бахсыыла
Дьиэттэн дьиэгиниттин!"-
Диэн баран тахсан
Ахталыйан үөскээбит
Аҕыс иилээх-саҕалаах
Атааннаах-мөҥүөннээх
Аан ийэ дойдутун
Хоту диэки
Саҕатын устун
Сиэлэн тэбиллэн истэ,
Хааман халыйан барда.
Сүүрэн дьүһүлэнэн истэҕинэ -
Арай тус хоту диэкиттэн
Үс күннүктээх сиртэн
Кулгаахтаах хараҕа
Чөрбөлдьүйэн көстөр
Үүт кэрэ ат
Илин күөнэ
Өрүкүйэн көһүннэ.
Ол урут өттүгэр көрдөххө -
Дэгдэҕэр соҕус
Иҥнээх,
Суптугур соҕус
Сэҥийэлээх,
Уоттаах соҕус
Харахтаах,
Хара бараан соҕус
Сирэйдээх,
Нөрүгүр соҕус
Быһыылаах,
Маадьаҕар соҕус
Сотолоох,
Саар тэгил соҕус
Уҥуохтаах киһи
Нөрүччү олорон кээспит
Бу тиийэн кэллэ.
Дьэ, маны көрөн баран
Айталыын-куо
Субугурдук дии
Иһэр үһү :
-" Дьэ, бу
Эн кимтэн кииннээх,
Хантан хааннаах
Киһи иһэҕин?
Ол буоллаҕына -
Бу мийигин
Киэҥнээх буолларгын
Саһыар,
Кыараҕастаах буолларгын
Хорҕот,
Үрдүктээх буолларгын
Ытыар,
Намтыһахтаах буолларгын
Түһэр!
Эн кимтэн кииннээхкин,
Хантан хааннаахкын,
Туохтан төрүттээхкин
Диэтэргин -
Самантан тус соҕуруу
Диэки бардахха,
Күл-күл диэн
Оҥонньор эһэлээхпин,
Нүлү балай
Эмээхсин эбэлээхпин.
Дьэ, ол
Эһэм буоллаҕына -
Бэйэтэ күүһүнэн
Мийигин Баай Харахаан
Ылгын уолугар
биэрээри кыммытыттан
Тэскилиэн иһэбин!" -
Диэтэ.
Дьэ, маныга
Анарааттан иһэр киһи
Субугурдук дии турар:
-"Дьэ, доҕор,
Эн этэриҥ
Бэт сөп!
Мин да эн
Суон модун
Сурахкын
Сураан иһэбин!
Дьэ,
Тэгэл дойдуттан
Тэҥнээхтэр көрүстэхпит,
Улуу дойду
Улаҕатыттан
Уоба дьон көрсөммүт
Көрүлэттэхпит,
Киэҥ дойду
Кэтэҕиттэн
Кэрэ дьон көрсөн
Кэккэлэстэхпит...
Дьэ, ол буоллаҕына -
Мин киһи
Төрдүбүн төргүөтэргин,
Уҥуорбун умсуйдаргын-
Субу самантан
Тус хоту диэки
Баран истэххэ -
Иччитэ биллибэт
Иэрэгэй маҥан халлаан
Ис кырыытыгар
Эҥэрдэһэн үөскээбит
Сири сабан олорор
Сабыйа-баай-тойон
Диэн аҕалааҕым үһү,
Сабантай-баай-хотун
Ийэлээҕим үһү,
Баһымньы-баатыр диэн
Убайдаахпын.
Бэйэм аатым буоллаҕына -
Үүт кэрэ аты
Үктэллэнэн үөскээбит
Үрүҥ Уолан диэн
Ааттаах киһибин!" -
Диэн баран
Үүт кэрэ үрдүттэн
Түһэ оҕуста.
Дьэ, бу түһэн баран
Кыыһы икки иэдэһиттэн
Хаайа хабан ылла.
Дьэ, бу ылан баран
Үөһээ уоһуттан
Үс хамыйах
Үүттээх хаан
Тахсыар диэри
Уураан ылла,
Аллараа уоһуттан
Алта хамыйах
Арыылаах хаан
Тахсыар диэри
Чубурҕаччы
Оборон ылла,
Сырыылаах сырайыттан,
Сырылаччы сыллаан ылла,
Туналҕаннаах ньууруттан
Тобурҕаччы
Оборбохтоон ылла,
Килбиэннээх иэдэһиттэн
Төттөрү таары
Эргитэ сырдьан
Сыллаан уураан барда.
Онтон эр киһи
Эр ылан барда.
Дьэ,
Айталыын-куо барахсан
Молоочук курдук
Оһоҕоһуттан
Хоппо күрдьэх саҕа
Түүлээх дэбилгэ
Маҥан ытыһынан,
Уон сур кырынааһы
Кэккэлэтэ туппут курдук
Уон бабыа дьобуо
Тарбаҕынан
Ибигирэппитинэн барда.
Дьэ, мантан
Иҥнэрин хаана
Иэдэйбитинэн бардылар...
Дьэ, онтон
Эдэр дьон быһыытынан
Былыргыласпытынан бардылар,
Оҕо дьон майгытынан
Оонньообутунан бардылар,
Ыччат дьон быһыытынан
Ылсыбытынан бардылар.
Дьэ, субугурдук
Оонньоон көрүлээн бараннар
Ойон турдулар.
Дьэ, ол тураннар
Субугурдук дэһэ тураллар:
-"Чиэ, доҕоруом,
Эн эппит тылгын
Ардьатар буолаайаҕын!
Мин да санаабыт санаабын
Халбарытыам суоҕа!"-
Диэтэ бу эр киһи.
Инньэ дэһэн баран
Икки аҥы бардылар.
Кыыс буоллаҕына -
Тугу да билбэтэх-көрбөтөх
Буолан дьиэтигэр
Тиийэн кэллэ.
Дьэ, дьоно буоллаҕына -
Тугу да саҥарбатылар.
Дьэ, субугурдук
Үчүгэйдик олордулар.
Дьэ, онтон сотору
Баай Харахаан
Кийиитин көрдүү кэллэ.
Дьэ, маныга
Эһэтэ эбэтэ кыыстарын
Дьэ биэрээри
Обуо курдук оҥордулар,
Сир курдук симээтилэр,
Тах курдук таҥыннардылар,
Чараҥ курдук чаастаатылар,
Арыы тыа саҕаны
Аналлаатылар,
Үрүйэ үрэх курдук
Үтүө тылларынан
Өлүүлээтилэр,
Хара тыа саҕа
Халыҥ алгыстарынан
Аналлаатылар,
Хатыҥ арыы курдук
Хара сүүрүктэринэн
Хатаҕалаатылар.
Дьэ, субугурдук
Тэрийэннэр оҥороннор
Кыыстарын биэрэргэ
Бэрийдилэр,
Барарга барҕалаатылар,
Ыытарга ыйдылар.
Дьэ, ол быһыытынан
Арыы тыа курдук
Аймах билэ дьонноро
Араллааннаан сырдьаннар
Аартастылар,
Күөх ойуур курдук
Күрүөх билэ дьонноро
Мөрөйдөөн сырдьаннар
Көрдөстүлэр:
"Бу кэпсэтиини
Көтөрүмэ!" диэннэр,
Догдоон хара тыа курдук
Дьоһуннаах үтүө дьонноро
Тула мөрөйдөөн сырдьаннар
Сыаналаах тылынан
Сыҥалаатылар:
"Бу киһиэхэ сырыт" диэннэр.
Дьэ, онуга
Субугурдук дии сырдьар
Кыыстара:
-" Дьэ, эһиги эппит тылгытын
Сүтэриминэбин
Барыым даҕаны...
Ол кэннэ
Санаам хаһан араарар,
Дьэ, оччоҕо эһиги
Мийигиттэн тугу
Хоргутуохкутуй?"- диэтэ да
Сир курдук
Симэммитинэн барда,
Ой курдук
Оҥостубутунан барда,
Намыл курдук
Таҥныбытынан барда.
Дьэ, онтон
Арыы тыа курдук
Аймах билэ дьонноро
Араллааннаан сырдьаннар
Айхалласпытынан бардылар,
Дьэ "аттанар ас"
Диэн ас астаан
Айгыстыбытынан бардылар,
Дьэ онтон
Күөх ойуур курдук
Күрүөх билэ дьонноро
Күөйэ көтөн сырдьаннар
Үөрэн
күлүмнэспитинэн бардылар,
Көтөҕүллэр
күндү күөһү
Күөстээн
Күөгэлдьиспитинэн бардылар,
Баай хара тыа курдук
Бар дьонноро
Кини барарыттан
Махтананнар
"Барар малааһын"
диэн ааттаах
Аһы астаан
Барылаппытынан бардылар.
Дьэ, онтон
Улуу куруҥ курдук
Улахан дьонноро:
"Уларыйбат олоххор олор"
Диэннэр,
Уруйдаан тураннар
Олохтоон этэн эрэллэр;
Дьэ, онтон
Атыыр үөрүн курдук
Аҕамсыйа барбыт
Аймахтара:
"Аралдьыйбат аналлааҕыҥ
Буоллун!" диэннэр
Алгыс алҕаан эрэллэр.
Хатыҥ чараҥ курдук
Хатын эдьиийдэрэ
Үөрсэн эйэҥнэстилэр:
"Кыыспыт итэҕэллээх
Иһирэх тылын
Эттэҕэ" диэннэр,
Хойуу ойуур курдук
Хотун саҥастара:
"Кыыспыт кырдьыктаах
Хомо суох хоһоонун
Хобугунайдаҕа" диэннэр
Бэркэ холкутуйдулар.
Дьэ, онтон
Сатыы ыарҕа курдук
Кэриэн ыччат дьонноро
Кистии саба
Ибир сабыр
Кэпсэттилэр:
-" Оо, кыыспыт
Бэт да ыар андаҕары
Андаҕайан баран
Дьэ "сөп!" диэн
Барара бэт, доҕор!"
Дэһистилэр.
Дьэ, манан
Сорох дьон
Сөблүөннэр,
Сорох дьон
Сөблүөмүнэлэр
Сырыттахтарына -
Арай сасыарда
Күтүөттэрэ,
Ол кэннэ
Тустаах түҥүрдэрэ
Тиийэн кэллилэр.
Дьэ, бу кэлэннэр
Субугурдук дэһэ
Олороллоро үһү :
-"Дьэ, биһиги киһибитин
Көрдүүр күммүт буолла.
Ол буоллаҕына -
Төһө киһи барсарын
Билиэх тустаахпыт,
Төһө сүөһү сиэниллэрин
Истиэх этибит,
Төһөҕө тиийэргитин
Өйдүөх этибит!"
Диэтилэр.
Дьэ, онуга
Дьиэлээх дьон
Субугурдук дэһэ
Олороллор:
-"Дьэ, эн оҕоҥ
Хааллын:
Дьиҥ тийэри
Киһи билэн
Тийиэх тустаах.
Онтон хайата да буоллар
Түҥүр ходоҕой
Барсыах тустаах,
Ол кэннэ
Ииппит эбэтэ кытта
Барсыах тустаах...
Бэккэ тугу алыс
Дарбыдыйдахпытый?
Биһиги даҕаны
Дарбаана-дүрбүөнэ суохтук
Им-ньим барыахпыт!" диэтилэр.
Дьэ, онтон
Түҥүрдэрэ баран хаалла.
Дьэ, күтүөттэрэ
Күтүөттүү хаалла,-
Биирдэ да
Киһини кытта
Кэпсэппэт киһи
Түбэстэ, -
Дьэ, ойоҕун кытта
Утуйарын умнубут
Киһи түбэстэ.
Дьэ, ойоҕун оронун
Оҥорон бараннар
Сиэтэн ирдьэн
Сыыньахтаан сытыарар
Киһилэрэ буолла.
Дьэ, бу киһи
Хайтах уот диэки
Хайыһан сыппыта баарай
Сасыарда биирдэ
Сонтон эргийэн көрбөккө
Турар киһи буолла.
Ойоҕо буоллаҕына -
Улаҕа диэки
Хайыспытынан
Уларытымына турар
Дьахтар буолла.
Дьэ, бу дьон
Күнүс син күлэ-ойнуу
Сырдьар буоллулар, -
Дьэ, онон
Тас дьон көрүүтүгэр
Син эйэлээх курдук
Көстөллөр,
Бэйэ бэйэлэрин
Икки ардыгар
Син халы маалы
Курдуктар.
Дьэ, субугурдук
Хас да хоннулар.
Дьэ, онтон
Кыыс тэриирэ
Ситэн барда,
Дьэ барар
Майгы буолла-
Малааһыны астаан
Барыгыдыппытынан бардылар,
Аттанар айылгы
Билиннэ -
Астаан аҥаарыппытынан
Бардылар,
Көтөҕүллэр күн
Көһүннэ -
Күөстээн күөҕэлдьиппитинэн
Бардылар.
Дьэ, ыраах ыалларын
Ыҥырталаан аҕаланнар
Бастыҥ ындыыларын
Ыылаатылар,
Чугас ыалларын
Угуйталаан аҕаланнар
Дьоһуннаах астарын
Сүрүн-кэбин
Көтүттэрдилэр.
Дьэ, онтон сотору
Кыыстарын
Таҥыннараллара буолла.
Дьэ, дьиэ иһигэр
Аҕыс салаалаах
Оту аҥаарыччы
Тэлгээтилэр;
Дьэ, онтон
Кэтэҕэриин уот
Иннигэр
Аас тэллэҕи
Тэлгээтилэр,
Икки баһын
Бүк тутан
Уурдулар ;
Дьэ, ол үрдүгэр
Кыыстарын
Үктэтэн туруораннар
Таҥыннардылар.
Дьэ, кыыстара
Биирдэ да
Минин таттаран көрбөтө,
Биир да таммах уу
Сүүрбэтэ хараҕыттан.
Дьэ, ону
Көрөн бараннар
Дьоннор эттилэр:
-"Дьэ, кыыспыт
Харам да
харах уулаах оҕо
Тоҕо баҕас
Сүрүккэтэй!
Биирдэ да
Хараҕыттан уу
Тахсыбата,
Биирдэ да
Хаанын хамнаппата -
Хайтах эрэ
Санаалаах дьахтар
Буолар нии!"
Дэһистилэр.
Сорох дьоннор
Эттилэр:
-"Иээ, ханныгы
Баран олордоҕой!
Итиччэ далай
Айыытын
Оҥостон баран
Олорбутун да иннигэр
Хантан киһи
Буоллаҕай!"
Дэсиһэн таҥхалаатылар.
Дьэ, ити
Ибир сабыр саҥа
Итинэн хаалла.
Дьэ, кыыстарын
Таҥыннаран бүтэрдилэр.
Дьэ, онтон
Дьиэ айаҕыттан
Сэргэ төрдүгэр диэри
Тоҕус салаалаах
Локуора күөх оту
Толору тэлгэтэн
Кэбистилэр,
Аҕыс салаа кутурук
Айдаарыкы-сиэри
Ып дьып
Ыҥыырдааннар,
Хоп дьоп
Холуннааннар,
Обуо курдук
Оҥороннор,
Атах сэргэҕэ
Баайан тэлэкэчитэн
Кэбистилэр.
Дьэ, онтон
Дьиэттэн суугунаһан
Таҕыстылар,
Дьэ, кыыстарын
Айдаарыкы-сиэр
Үрүт мындаатыгар
Үтэн биэрэн
Олоттулар,
Дьэ, түҥүрэттэр
Ходоҕоттор бука бары
Аттарын миинньитэлээтилэр,
Бука барылара
Сэргэлэрин
Күнү көрсүһэ
Үстүүтэ төгүрүйдүлэр,
Дьэ, ол кэннэ
Бука бары
Илим хотоҕоһун
Субуйбут курдук
Субуруһан бардылар:
Тойот түһүмэх
Биир суоллаан,
Хотут түһүмэт
Биир суоллаан.
Дьэ, ирдьэ баран
Иһэр кыыстарын
Ходоҕоттор оттолоругар
Ирдьэ истилэр.
Дьэ, мантан
сотору соҕус
Айаннааннар чугаһаатылар...
Дьэ, онтон сотору
Сиэл ыйыыр
сиргэ тиийдилэр.
Дьэ, онно
Тиийэннэр,
Тобоон тохтоон
Тураннар,
Сиэл ыйыыр маһы
Буланнар
Кыыс миинэн иһэр
Атын сиэлиттэн
Бэлэх биэрэн
Аастылар.
Дьэ, онтон
Сотору тиийдилэр
Харахааҥҥа.
Дьэ, ол тиийэн
Көрдөхтөрүнэ -
Арыы тыа курдук
Аймах билэ дьоннор
Аалса тоһуйдулар,
Күөх ойуур курдук
Күрүөх билэ дьоннор
Күгүнэһэ күүттүлэр.
Дьэ, онтон
Сирийэн көрдөххө -
Сэргэ төрдүттэн
Суол айаҕар диэри
Күөх оту тэлгэтэн
Кэбиспиттэр.
Дьэ, онтон
Сирийэн көрдөххө -
"Кийиит сэргэтэ" диэннэр
Дьиэ хаҥас өртүгэр
Саҥа сэргэни
Аспыттар.
Дьэ, онно тиийэн
Түһэрин кытта
Икки кыыс оҕо
Дьахталлар тиийэн
Кэлэннэр
Кийиит миинэн кэлбит
Атын икки иэдэһигэр
Иилистэ түстүлэр;
Дьэ, сиэтэн ирдьэннэр
Аты баайан кэбистилэр ;
Дьэ, онтон
Өйдүөн көрөннөр
Ат икки
Уостуганыттан
Икки сэтии
Көмүс биһилэҕи
Баайбыттарын
Сүөрэн ыллылар,
Кийииттэрин дьэ
Өйөөн түһэрдилэр ;
Дьэ, түҥүрэттэри
Ходоҕоттору
Барытын
Тэһиин тутаннар
Түһэрдилэр.
Дьэ, онтон
Ийэ буолааччы
Диэн дьахтар
Сиэтэн аҕалла
Дьиэ айаҕар.
Дьэ, онно
Кэлэрин кытта
Тойоно хотуна
Кэккэлэһэ туран
Биэрдилэр;
Дьэ, онуга
Кийииттэрэ кэлэн
Сүһүргэстээн олорон
Үстүүтэ атахтарыгар
Үҥүтэлээтэ.
Дьэ, онтон
Анарааттан кэлбит
Дьоннору кытта
Бэтэрээттэн тоһуйбут
Дьоннор
Утарыта үҥүстүлэр.
Бу үҥсүбүт
Малааһыннарын
Икки тойон айахха
Толору куппут
Арыалыас кус
Сымыытын курдук
Адьырыччы тоҥмут
Арыылаах кымыһынан
Айах тутустулар.
Дьэ, онтон
Көрсөн бүтэн бараннар
Дьэ, дьиэҕэ
Киирэллэрэ буолла.
Дьэ, онно кийииттэрин
Ийэ буолааччыта кэлэн
Хаҥас илиититтэн сиэттэ,
Эрэ буолааччы
Ойоҕун уҥуо (уҥа)
Илиититтэн сиэттэ.
Ол кэннэ
Биир түрбэ
Тымтыгы
Биир эр бэрдэ
Туттаран кэбистэ.
Дьиэҕэ киирэн
Истэхтэринэ -
Дьэ, маны киллэрэн-
"Аал уоту
Отто кэллим" диэн баран
Оһохтоох уокка
Барахта.
Дьэ, онтон
Сиэтэн киллэрэннэр
Хаҥас диэки
Ороҥҥо олоттулар;
Дьэ, онно
Олордоҕуна-
Сыгынньахтаатылар.
Дьэ, онтон
Итии киллэрэр
Аһы аһаатылар.
Дьэ, ону
Бүтэрэллэрин кытта
Тус хотуттан
Сытыы тыал
Тыалырда.
Дьэ, онтон
Сотору соҕус
Сытыы анньыы
Тыаһын курдук
Тыас чыбырҕаччы
Сиэлэн кэллэ.
Дьэ, ол кэлбит тыаһы
Өйдүөн көрдөхтөрүнэ-
Үүт кэрэ ат
Үрдүгэр дьороччу
Олорон кэбиспит
Үрүҥ Уолан обургу.
Дьэ, субугурдук
Тиийэн кэлэн баран,
Атыттан түһүмүнэ туран
Субугурдук саҥара турар,-
Дьэ, бу саҥарара
Хоһооно маннык:
-"Дьэ эрэ,
Баай Харахаан оҕонньор,
Мин киһи
Эрэһэлээх тылым
Ирчитин истэн
Сыаналаа,
Мин киһи
Көрдөһөр көрдөһүүм
Көлүөнэтин
Көрө чинчилээ эрэ!
Дьэ, туох туһугар
Бу дойдуга
Тиийэн кэллиҥ
Диэтэргин -
Ити эн
Халыҥ халыымы
Биэрэҥҥин,
Суон сулууну
Кутаҥҥын,
Уһун үрбэни үүрэн,
Кэтит сэтиини
Сиэтэн ирдьэн
Биэрэн ылбыт
Айталыын-куо
Кийииккин мин
Ылаары кэллим
Төһө хоромдьугун
Төлүөн бараммын.
Дьэ, бу мин киһи
Этэр тылбын
Сөблүүр буоларгын
Биир биллэр,
Сөблүөбэт буоларгын
Биир биллэр!"- диэтэ.
Дьэ, онуга Харахаан
Субукурдук саҥара турар:
-"Дьэ, дуоҕаар,
Эн киһи
Кырдьык үгүс
Үскэм үптээхкин дуо?
Дьэ, сэгэтэр,
Эн кырдьык
Хаҥыл халыҥ
Баайдаахкын дуо?
Онтукаҕын тоҕо
Миэхэ өҥҥө кэлбит
Кэлбит чугуччугунуй?
Мин киһи
Эйиигиттэн
"Аһа суохпун" диэммин
Ас көрдүөтүм дуо,
Мин киһи
"Үбэ суохпун" диэн
"Үптэ салҕаа" диэтим дуо?
Хайтах атаҕастабыл
Тылгынан кэллиҥ?
Дьэ, эйигин
"Төрүт киһи
Төрүөҕэ" диэн
Истэрим,
"Ытык киһи
Ыамата" диэн
Саныырым;
"Былыргы дьон
Былалара" диэн
Кэпсииллэр,
"Уруку дьоннор
Оргунньуктара" диэммин
Бэт күндүтүк
Көрөрүм.
Дьэ, ол
Киһим баара
Хомурдуостаах үөнүнэн
Күлгүйэн хомоттуҥ
Кээһэхтээх үөнүнэн
Кэҕэрдэн кэлэттиҥ...
Дьэ, киэр буола тардый,
Үтүөнү булуоҥ суоҕа!
Дьэ, үгүс тыл сыпсах, -
Дьэ, аҕыйах тыл
Минньигэс:
Кэлбит суолуҥ устун
Кэбэлийэ тур!"- диэтэ.
Дьэ, маны
Истэн баран
Үрүҥ Уолан
Субугурдук саҥара турар:
-"Дьэ, Харахаан оҕонньор,
Эн биһикки
Сайыа тайах курдук
Сайыаластахпыт,-
Дьэ, буур тайах курдук
Бултастахпыт...
Дьэ, биирдээҕиттэн
"Миэнэ" эттэ,
Иккилээҕиттэн
Илии охсуспуппут,
Үстээҕиттэн
Үлэспиппит,
Түөртээҕиттэн
Төрдүн оҥорбуппут,
Биэстээҕиттэн
"Бэйэм киэнэ" эттэ,
Алталааҕыттан
Айыыһыт хотун
Анаабыта,
Сэттэлээҕиттэн
Эдьэн Иэйэхсит хотун
Эппитэ
"Эйиэнэ" диэн,
Аҕыстааҕыттан ыла
Хаам Айыыһыт хотун
"Эн аналлааҕыҥ!" диэн
Алгыс алҕаабыта,
Тоҕустааҕыттан
Дьөһөҕөй тойон
Төлкөлөөбүтэ:
"Эн дьүөрэҥ бу!" диэн,
Уоннааҕыттан
Үрүҥ Айыы тойон
Олохтообута:
"Эйиэхэ оҥоруулаах!" диэн...
Дьэ, оннук улахантан
Оҥоруулаах дьоммут,-
Дьэ, оннук ыраахтан
Ыйаахтаах ыччаттарбыт,
Оннук чыҥыстан
Дьылҕалаах киһилэрбит...
Дьэ, ол буоллаҕына -
Биир уҥуох
Тосто илигинэ
Урайбат киһибин,
Биир эт сааһа
Быста илигинэ
Эппит тылбын
Төннөрбөт киһибин,
Биир хамыйах
Хаан тахса илигинэ,
Санаабыт санаабын
Хаалларбат киһибин...
Дьэ, ол буоллаҕына -
Төһөҕө диэри
Ирдьэ олороҕут?
Хайата да буоллар
Аналлаахпын
Аралдьытыам суоҕа,
Ыйаахтаахпын
Ыһыктыам суоҕа,
Кэскиллээхпин
Кэбиһиэм суоҕа!" - диэтэ.
Дьэ, ол диэн баран
Тус хоту диэки
Киирэн үрдэрэн
Оҕустаран хаалла.
Дьэ, дьиэлээх
Дьоннор буоллахтарына-
Кини кэлэн барбытын
Ыт да ыырдарыгар
Киирэн тахсыбытыгар
Холуйумна хааллылар,
Кини саҥарбытын
Чыычаах да чыып диэбитигэр
Тэҥнээминэ хааллылар.
Кини сааммыт сааныытын
Баҕа да баҕырҕаабытыгар
Тэҥниэминэ олордулар.
Дьэ, бу санааларын
Быһыытынан
Ас үтүөтүн аһааннар
Ойнуу үтүөтүн
Ойноотулар,
Тыл үтүөтүн
Кэпсэттилэр...
Дьэ, субугурдук
Аһаан-сиэн
Ойноон-күлэн
Уруурҕаһан тарҕастылар.
Дьэ, хаалбыт дьиэлээх
Дьон буоллахтарына-
Субугурдук кэпсиир курдук-
Убаҕастарыгар чачайаннар,
Хойууларыгар бөтөннөр,
Көйүү кымыһынан
Күөмэйдэрин оҥороннор,
Саамал кымыһынан
Санааларын тарҕатаннар,
Көмүрүө уҥуоҕунан
Тиистэрин саайаннар,
Суон саалынан
Мохсуо кэбиһэннэр
Халыҥ хаһанан
Халҕаһа тарҕата
Ойнуу олордулар.
Дьэ, субугурдук
Көҥүллэринэн көрчүйэ,
Санааларынан дьалкыйан
Олордулар.
Саас кэлбитин -
Ахса аата биллибэт
Хаҥыл хара сүүрүктэрэ
Күнүстэри түүннэри
Кулуһун туоһун курдук
Төрүөн төлөһүйбүтүттэн
Өйдүөннэр
Эргэ дьыллара
Эстибитин биллилэр.
Дьэ, дьыл бачча
Буолуор диэри
Туох да
Этэҕэ-бытаҕа суох,
Туох да
Иһитэ-хоһута суох
Олордулар.
Дьэ, онтон
Көтөрдөөх-сүүрэрдээх,
Күлүүлээх-ойнуулаах,
Көйүү кымыс
Күөннээх,
Күөх унаар
Урсуннаах,
Көҥүлүнэн
Көрчүйэн ааһар
Көҥүл сайын
Ийэкэйдэрэ
Эргийэн тиийэн кэллэ.
Дьэ, бу кэлбитигэр
Кийииттээх уолларыгар
Үргүүк үрүҥ
Сүүрүктэрин үтүөтүттэн
Үүрэн сырдьаннар
Үллэрэн биэрдилэр,
Хаҥыл хара
Сүүрүктэрин
Хайҕаллааҕыттан
Хаайан сырдьаннар
Аналларын арааран
Биэрдилэр.
Дьэ, субугурдук
Икки ыал буоланнар
Тэллэх баттаһа
Сириэдийэн олордулар.
Дьэ, бу
Кийииттээх уол
Майгыларын
Кэпсиэтэххэ-
Күнүн аайы
Көйгөтүк көрсүһэр
Буолан бардылар,
Хонук аайы
Хомолтолоохтук санаһар
Буолан бардылар,
Киэһэ аайы
Кэри курутук
Көрсөр
Буолан бардылар,
Сарсыарда аайы
Сах сук буолан
Турар буоллулар,
Түүнүгэр буоллаҕына -
Көҕүс көҕүстэринэн
Сытан турар
Дьон буоллулар.
Дьэ, субугурдук
Буолан сырдьан
Кийииттэрэ
Бардам санаата
Баһыгар таҕыста,
Күүстээх санаата
Күөнүгэр таҕыста,
Дохсун санаата
Дьулайыгар таҕыста,
Чору диэн
Тулуйбата,
Айыы диэн
Аралдьыйбата,
Арахсар санаата
Ааҥнаата,
Кылбаччы диэн
Кыаммата,
Кыыһар санаата
Кыаһаата,
Экчи диэн
Иҥмэтэ
Иҥнибэт санаата
Иэдэттэ.
Дьэ, субу
Санаатын кытта
Кыыллыйда,
Кыһыл саһыл
Оҕото буолан
Киирэ диэн
Дьиэрэҥкэйдээтэ,
Тахса диэн
Сырбаҥнаата,
Дьэ тэһийбэтэ,
Тэһииргээтэ,
Тулуйбата,
Тууллайда,
Баппатта,
Барда,
Тус илин диэки
Киирэн сиэлэн
Дэгэйэн истэ,
Хааман дьалкыйан истэ,
Сүүрэн тэбигирээн истэ.
Дьэ, этэн баран
Эгирийиэх
Бэтэрээ өттүгэр,
Көрөн баран
Чапчылыйыах
Бэтэрээ өттүгэр
Ахталыйан үөскээбит
Аҕыс иилээх саҕалаах,
Айыллан үөскээбит
Аан ийэ дойдутун
Арҕаа диэки
Саҕатыгар киирэн
Киис кыыл
Оҕото буолан
Кистэнэн сытта.
Бу сыттаҕына -
Тус хоту диэкиттэн
Үүт маҥан аттаах,
Үүт маҥан таҥастаах,
Буор күрүн
Дьүһүннээх киһи
Лиһигирэтэн тиийэн кэллэ.
Ол кэлэн
Субугурдук саҥара турар:
-"Дьэ, эрэ
Сэгэртэйиэм!
Мин киһи
Этэр тылбын
Истэн туруй!
Ол буоллаҕына :
Эн кимтэн кииннээх
Хантан хааннаах
Киһи кэллиҥ
Диэтэргин-
Субу самантан
Тус хоту
Диэки бардахха-
Дойду киэнэ
Нуундарата дойдулаах,
Сир киэнэ
Симилэҕэ сирдээх,
Алаас киэнэ
Аабылаана
Алаастаах дьоммут.
Баһымньы-баатыр диэн
Мин буолабын,
Үрүҥ Уолан диэн
Мин иним буолар.
Эн ону кытта
Тыл бэрсибитиҥ
Баара эбитэ үһү.
Ол киһи
Бу кэмҥэ суох...
Ол кини кэллэҕинэ,
Эн сөблүүр
Буоллахкына -
Биһиги ыҥыттарыах
Тустаахпыт"- диэтэ.
Маныга бу кыыс оҕо
Субугурдук саҥара турар :
-"Дьэ, эрэ
Мин этэр
Тылым ирчитин
Истэн туруй!
Дьэ, эн этэриҥ
Бэт сөп...
Ол да эрээри
Мин субугурдук
Саныыбын:
Эн этэриҥ курдук
Бардахпына-
Аар тойон аҕам
Алгыһыттан матарым
Далайын айыыта буолуо,
Күбэй хотун ийэм
Дьоллоох алгыһыттан
Матарым
Тоҕуһун үйэ
Бодотугар диэри
Ньочоот буолуоҕа,
Кэриэс кырдьаҕастарым
Дьоллоох алгыстарын
Ылымына барарым
Кэнэҕэһин үйэтигэр диэри
Кэнчиэ буолуоҕа.
Ол буоллаҕына -
Мийигиттэн
Бото болдьохто,
Кэтэ кэрдиитэ
Ылан бар!" -диэтэ.
Онуга Баһымньы-баатыр
Субугурдук саҥара турар:
-"Чиэ, сэгэриэм,
Бу эн этэриҥ
Бэт сөп...
Ол да эрээри,
Бу биһиги кэпсэтиибитигэр
Сытаммат...
Ол хайтаҕынан
Сытаммат?диэтэргин -
Эн буоллахкына-
Киһиттэн арахсан
Кэлээри кынныҥ,
Дьэ эн аҕаҥ
Буоллаҕына -
Сүдү киһи буолар,
Эн тойонуҥ
Буоллаҕына -
Сүдү киһи,
Ол буоллаҕына -
Бу икки сүрдээх
Сүдү дьон
"Арахсыма!" диэннэр
Эттэхтэринэ-
Ханна да
Хамнаталлара суох.
Дьэ, эйигин -
Ол буоллаҕына -
Санаабыт санааҕын
Халбарыппат буоллахкына-
Мин киһи
Ыыттарбын эрэ
Барыах кэриҥнээхкин.
Бу икки сүдү киһи
Этэр тылын
Истиминэҕин
Араҕыстахкына-
Ордук куһаҕан
Буолуоҕа,
Ыар тылы
Этиэхтэрэ,
Ыарахан санааны
Саныахтара,-
Оччоҕо ордук
Куһаҕан буолуоҕа...
Онтон билигин
Арахтахкына-
Тугу да
Саҥараллара суох,
Бүтэр бүтэн
хаалтын кэннэ
Тугу да
Этэллэрэ суох.
Хата билигин эн
Мийигин кытта
Бардахкына-
Ордук буолуо этэ!" диэтэ
Баһымньы-баатыр.
Онуга Айталыын-куо
Субугурдук этэр:
-"Чиэ, эн да
Этэриҥ курдук буоллун!
Арай эн иниҥ
Кэллэҕинэ -
Туһааннаах
Суорумньута ыытаар,
Итэҕэллээх
Ирдьиттэ ирдьиттээр!
Дьэ, мин бу
Аар тойон аҕабар
Бардым,
Күбэй хотун ийэбэр
Киирдим...
Көҥүлбүнэн үөскээбит
Көй кииммиттэн
Булуохкут!" - диэтэ.
Дьэ, онтон
Икки аҥы
Бардылар.
Дьэ, Айталыын-куо
Аар тойон аҕатыгар
Киирэн тиийэн кэллэ.
Дьэ, аар тойон аҕата
Ахта олорор эбит,
Күбэй хотун ийэтэ
Көһүтэ олорор эбит,
Дьэ, бу быһыытынан:
"Эн тоҕо кэллиҥ?"
Диэннэр биир тылы
Ыйыппатылар.
Манан уруку
Сырдьарын курдук
Сырытта.
Дьэ, бу,
Эһэтэ буоллаҕына -
Дайҕа баһын
Тайаммыт,
Үрэх баһын
Өҥөйбүт оҕонньор...
Ол быһыытынан
Эмиэ баран хаалла.
Дьэ, Айталыын-куо
Нүлү балай
Эбэтинэн иккиэйэҕин
Олордохторуна -
Арай Баһымньы-баатыр
Үрүҥ Уолан иккиттэн
Туһааннаах суорумньу,
Итэҕэллээх ирдьит
Тийэн кэллэ.
Дьэ, бу кэлээт
Субугурдук эттэ:
-"Чиэ, Айталыын-куо,
Мин эйиэхэ тустаах
Суорумньу кэллим:
Эн кинилэргэ
Барыах буолтуҥ үһү :
Ол быһыытынан
Кэллэҕим...
Дьэ, оҥосто тат!" - диэтэ.
Дьэ, ону истэн баран
Айталыын-куо
Сыыйа хааман
Тахсан барда.
Дьэ, кини
тахсарын кытта
Ийэтэ ыйытта:
-"Мин кыыһым
Ханна барыах
Буолбутай?
Миэхэ тугу да
Этиминэ сырдьар" - диэтэ.
Онтон анараа киһи
Тугу да этиэн иннинэ
Кыыһа киирэн
Тиийэн кэллэ,
Онтон анараа киһи
Тугу да этиминэ хаалла.
Дьэ, онтон
Кыыһа киирэн
Ийэтигэр субугурдук
Саҥара турар:
-"Дьэ, эрэ,
Күөнэх саҕа
Эрдэхпиттэн
Күрүөлээн
Хаһаалаан ииппит
Күн күбэй ийэкэйиэм!
Итэҕэллээх
Иһирэх тылбын
Этэр күнүм буолла...
Икки тэргэн ый
Тэҥнээҕэ буолбут
Көй чуор
Кулгаахкынан
Истэн чинчийэ
Олоруй эрэ!
Дьэ, ол буоллаҕына -
Мин туһааннаах
Доҕорбор барар
Күнүм буолла,
Кырдьыктаах кырдьаҕаспар
Кыттыһар күнүм буолла,
Чахчалаах аналлаах
Эрбэр барар күнүм буолла.
Ол буоллаҕына -
Дьоллоох алгыскын кулу,
Аһыныктаах алгыскыттан
Матарыма!" - диэтэ.
Дьэ, онуга
Ийэтэ субугурдук
Дии олорор:
-"Чиэ, сэгэртэйиэм,
Туох саҥатын
Саҥардаҥый да нии?
Туох тылын эттэҥий?
Бу кэнэҕэски
Тоҕуһун үйэ
Бототугар диэри
Өс хоһоонун
Оҥороору кыннаҕыҥ дуо?
Өһүк номоҕун
Оҥордоҥуй?" -диэтэ.
Дьэ, онуга
Кыыс иккиһин
Эмиэ субугурдук
Саҥара турар :
-"Чиэ, күбэй хотун
Ийэкэйиэм,
Мин үгүс тылы этэрим
Сыпсах буолуоҕа,
Аҕыйах тылы этэрим
Минньигэс буолуоҕа...
Дьэ, ол буоллаҕына -
Бэйэҕин бэйэҥ билин!
Эн үтүөнү да
Эппитиҥ иннигэр
Истэммин иҥнэрим суох,
Куһаҕаны да
Эппитиҥ иннигэр
Дьигиргэнэн иҥнэрим
Аата суох.
Дьэ, ол
Эн төһө үтүө тылы
Этэргин харыстыыр
Буоллахкына -
Бэйэҕин бэйэҥ билин!
Мин айыым инньэ,
Бэйэҥ айыыҥ инньэ
Буоллун!- диэтэ
Айталыын-куо.
Дьэ, маны истэн баран
Ийэтэ ойон тура
Эккириэн
Кыыһын эҥэриттэн
Тутан туран
Энэлийдэ,
Оноотуттан
Тутан туран
Онолуйда.
Ол онолуйар
Саҥата маннык
Хоһоонноох :
-"Чиэ, сэгэртэйиэм,
Аастыйбыт астаах,
Алтаннаах хоҥоруулаах
Аар тойон аҕаҥ
Алгыһыттан матарыҥ
Далайын айыыта
Буолбат дуо?
Күрдьүгэс саҕа
Эрдэхкиттэн
Күн бүгүнүгэр диэри
Тараһалаах түөспэр
Көтөҕөн төлөһүппүтүм,
Үрдүк арҕаспар
Сүгэн үөскэппитим...
Ол үтүөм иннигэр
Маннык кытаанах
Тылы этэҥҥин
боруостаатаҕыҥ дуо?"-
Диэтэ.
Дьэ, онуга
Кыыһа үсүһүн
Эмиэ маннык
Тылы этэр ийэтигэр :
-"Уой, күбэй хотун
Ийэкэйиэм!
Мин этэн баран
Хаһан төҥүннүм этэ,
Санаан баран
Хаһан ардьаттым этэ?
Тугу үгүһү этэҥҥин
Эрэйдэнэҕин?
Урут да мин
Сөблүүрбүнэн барбатаҕым,
Эһиги бэйэҕит
Сөблүүргүтүнэн
Биэрбиккит...
Оччоҕо да мин
Сөблүөбэтэҕим,
Билигин да
Сөблүөбэппин!"- диэтэ.
Дьэ, онтон
Суорумдьу
Кэлбит киһини
Ыҥыран таһаарда,
Таһардьа.
Дьэ, онно туран
Субугурдук диэн
Ирдьиттээтэ:
-"Хайата да буоллар
Халтарыйбат хатан,
Туох да иннигэр
Мүлчүрүйбэт бүтүннээх
Тылбын этэбин.
Ол буоллаҕына -
Тылбын ардьата
Сырдьар суох.
Хотун ийэм
Хомолтото бэт буолсу,
Аар тойон аҕакайым
Айыылаах тылы этэрэ
Ыарахана бэт буолсу...
Оччоҕо мин син
Барарын барыам,
Ол да эрээри
Билигин барыахпар
Сытаммата.
Онон буоллаҕына -
Аны күһүн
Атырдьах ыйыгар
Кэлэн кэпсэтии
Оҥороннор
Ылаллара сөп
буолуо этэ!"- диэтэ.
Дьэ, бу кэлбит киһи
Бу тылынан барда.
Дьэ, бу
Хаалбыт кыыстаах
Эмээхсиммит диэки
Эргийэн көрдөххө-
Дьэ, субугурдук
Куччу маччы
Буола олорбуттар.
Арай онтон
Сотору соҕус
Чугас ыалга
Ыһыах ыһар иһилиннэ.
Дьэ, Айталыын-куо
Барда онно, -
Дьэ, арыы тыа курдук
Аймах билэ
Дьону кытары
Аргыстаста.
Дьэ, бу
Аргыстаһаннар тиийдилэр
Бу ыһыах ыһар ыалга.
Дьэ, онно
Кинини бастыҥ
Олоххо олоттулар,
Үтүө күндүнү
Күндүлээтилэр.
Дьэ, субугурдук
Бары дьон
Маанылааннар,
Үгүс дьон
Күндүлээннэр
Бу Айталыын-куону-
Дьэ, субугурдук
Бары онно баар дьон
Күндүтүк көрөннөр,
Маанытык санааннар,
Бастыҥ айах
Үрдүнэн аһатаннар-
Бэккэ диэн
Ытыктаатылар.
Дьэ, онно олордоҕуна-
Үрүҥ Уолантан
Орбой-удаҕан диэн
Дьахтар кэллэ
Бу ыһыахха;
Дьэ, бу кэлэн
Хаҥас диэки
Ойуурдарыгар
Тахсан сытта.
Дьэ, ол сытан
Айталыын-куону
Ыҥыттаран ылла.
Дьэ, бу
Ыҥыттаран ылан баран
Субугурдук саҥара
Олорор үһү :
-"Дьэ эрэ, сэгэртэйиэм!
Мин эйиэхэ кэллим...
Дьэ, ол буоллаҕына -
Эппит тылыҥ быһыытынан
Барыах тустаахкын.
Ону барбат Буоллахкына-
Биллэр миэхэ!" - диэтэ.
Дьэ, онуга
Айталыын-куо
Субугурдук саҥара-иҥэрэ
Турар үһү :
-"Чиэ, хотун эдьикэйиэм!
Барбаппын диэн этиэхпин
Хайтах да сытаммат.
Ол буоллаҕына -
Сүбэтин бул:
Барсыахпын баҕара
турабын!" - диэтэ.
Дьэ, онуга
Анараа дьахтар
Субугурдук диэн
Сүбэлээтэ :
-"Чиэ, сэгэриэм!
Ол сүбэтэ
Дөбөҥ буолбат дуо?"-
Диэтэ.
-"Дьэ, бу
Үрүҥ Уолан
Көтөр кыната буолбут,
Сүүрэр атаҕа буолбут,
Халлаан Халбас Хаҥыла
Диэн аты
Ирдьэ кэллим.
Дьэ, бу үрдүк
Мындаатыгар олор, -
Дьэ, мин
Кэтит тэһээтигэр
Олоруом, -
Дьэ, көрүөх бэтэрээ
Өттүгэр тийиэхпит,
Орчоҕо тугу да
Кыналлара суох!"- диэтэ да
Орбой-удаҕан
Дьиэҕэ көтөн түстэ.
Бу киирэн туран
Дьиэлээх дьоҥҥо
Субугурдук саҥара турар:
-"Уой, уойбун, оҕолоор!
Ол буоллаҕына -
Мин айах үрдүн
Аһаабыт аймахтааҕым,
Иһит үрдүн
Испит ийэлээҕим...
Бу күҥҥэ кэлэммин,
Аанньа аҕыннарымнабын,
Ааппын аартатымынабын,
Удьуордуун умнулламмын,
Кэдьиэрдиин кэбиһиллэммин
Кэриэн киһи
Кэлкэтиттэн тэйэн хаалбыт
Абабын тугунан
Ситиэм баарай?" -
Диэтэ да,
Үс төгүл
Кулан дьаһыйыыны
Дьаһыйда,
Үс төгүл ытыһын
Хобурҕаччы оҕуста.
Субугурдук кыннаҕына -
Дьиэ иһэ
Кутаа уотунан
Өрө кырбаһа түстэ,
Олорор дьон
Олоро уҥнулар,
Турар дьон
Тура туймаарыйдылар.
Онтон аан дойдулара
Үс түүннээх
Күн тохору
Ытыс таһыйар
Ыыс быдаан
Буолан хаалла.
Дьэ, маны
Айталыын-куо
Сөблөөтө,
Ол кэннэ бэйэтэ
Орбой-удаҕан
Атын самыытыгар
Олоруста да
Көтүтэ сүүрдэ турдулар.
Дьэ, онтон сотору
Сүүрдэн
Лиһигирэтэн тиийдилэр
Орбой-удаҕан дьиэтигэр.
Дьэ, онно олорон
Ыҥыттарда
Үрүҥ Уолан икки
Баһымньы-баатыр иккини.
Дьэ, түүннэри түккүрээн
Тиийэн кэллилэр.
Дьэ, онтон түүннэри
Түлүгүрээн
Төнүннүлэр дьиэлэригэр.
Дьэ, онно тиийэннэр,
Түргэн ууларыгар
"Түк" кынаат,
Баһымньы-баатыр,
Үрүҥ Уолан,
Айталыын-куо буоланнар
Халлаан сарыыта
Аттаннылар,
Үс ат үрдүгэр түһэннэр,
Сүрдээх Сүгэ-тойоҥҥо
Сүбэлэтэ.
Дьэ, дибдигирэтэн истилэр.
Дьэ, субугурдук
Айаннаан дьалкытан,-
Дьэ, субугурдук
Сиэллэрэн дьигиһитэн,-
Дьэ, субугурдук
Уурдаран оҕустаран
Дьэ тиийдилэр
Сүрдээх Сүгэ-тойон
Килбиэннээх чигдитигэр,
Туналҕаннаах туһаҕатыгар.
Дьэ, Баһымньы-баатыр
Бастатан
Дибдигирэтэн тиийэн
Бастыкы
Тойон сэргэҕэ түстэ.
Дьэ, ол кэнниттэн
Үрүҥ Уолан икки
Айталыын-куо икки
Утуу субуу
Кэнники икки сэргэҕэ
Түстүлэр.
Дьэ, онтон
Баһымньы-баатыр
Бастаан тиийэн
Кини киһи
Силбиктээх дьип
Хаан дьиэлин
Тэлэйэ баттаан
Иһирдьэ киирдэ.
Дьэ, ол кэнниттэн
Утуу субуу
Батысыһан киирдилэр.
Дьэ, бу манна
Киирэн иһэн
Айталыын-куо
Көрдөҕүнэ -
Биир хаар курдук
Аттаах,
Хатырык курдук
Элээннээх,
Ханталлыбыт быһыылаах,
Халыйбыт хаһалаах,
Хатан ньаһаалаах
Саҥалаах,
Моҥол ураһаны
Лаглаччы олордон
Кээспит курдук
Томтоллубут
Быһыылаах хотун
Кинилэри көрө түһээт
Түҥкэтэх өттүнэн
Кынчаччы таттаран барда,-
Дьэ, ол кэннэ
Дьайаан эккин саҥатын
Саҥарбытынан барда,
Элээһин-туоһун тойугун
Туойбутунан барда.
Дьэ, онтон
Аһары көрдөҕүнэ-
Биир хаар курдук
Баттахтаах,
Түөһүн быһаҕаһынан
Түспүт хаар маҥан
Бытыктаах,
Икки уоттаах
Чолбон курдук
Сытыы харахтаах,
Саар тэгил
Уҥуохтаах,
Хатан хаалбыт курдук
Быһыылаах
Оҕонньор киһи
Көһүннэ.
Дьэ, кэтэһэн олордулар
Дьиэлээх дьону.
Ол олордохторуна -
Дьиэлээх оҕонньор
Тиийэн кэллэ кинилэргэ.
Дьэ, бу кэлэн
Субугурдук
Саҥара-иҥэрэ турар:
-"Чиэ, сэгэрдээр!
Эһиги мин
Аабан дьаһах ааппын
Ааттаан кэлбиккит
Буолуоҕа...
Дьэ, ол буоллаҕына -
Мин сөптөөх сүбэни
Сүбэлиибин
Эһиги тускутугар:
Бу мин
Кус-Хаҥыл-Хотунум
Иккинэн сөблүөбэт,
Ол кэннэ иккиһин
Үрүҥ Аар тойон
Аҕабытыттан ыйытыыта суох
Эмиэ сатаммат, -
Онон эһиги
Кэлбит суолгут хоту
Төҥнө турдахкыт!" - диэтэ.
Дьэ, маныга
Баһымньы-баатыр
Субугурдук саҥара турар:
-"Чиэ, ытык кырдьаҕаспыат!
Инньэ диэбэтэргин
Абырыаҥ этэ...
Түскэ төлкөлөө,
Томторго соргулаа,
Эрэйи уһатыма,
Өһү ыраатыннарыма!
Сыыһа сырыыны
Сырдьарбыт
Кэнэҕэски тоҕуһун
Үйэ бототугар диэри
Куһаҕан буолуоҕа,
Онтон бэйэбит да
Дьигиргэнэбит
Тутурҕанабыт.
Онон буоллаҕына -
Уруулуу дьон
Буолбатахтар -
Онон буоллаҕына
Куттарын сүрдэрин
Холбоон көрүөхкүн
Төһөлөөх буолуой?" - диэтэ.
Дьэ, ону истээт
Кус-Хаҥыл-Хотун
Дьэ икки оччо
Түҥкэтэх өттүнэн
Түҥнэри таттаран барда,
Ол кэннэ
Субугурдук саҥара олорор:
-"Чиэ, күтүр өстөөхтөр!
Киэр буола тардыҥытый,
Хаптаһын быыстааҕынан
Халбарыйыҥ,
Уллуҥах устата
Уларыйыҥ,
Киэр буола тардыҥ!" -диэтэ.
Дьэ, ону Баһымньы-баатыр
Иккиһин саҥара
Олорор үһү
Субугурдук диэн:
-"Чиэ, күрэҥсийбит астаах,
Көбүөлээх уостаах,
Көйгөрүйбүт быһыылаах
Күн күбэй ийэкэйбиэт!
Күһүлгэннээх күндү
Көрдөһүүбүн көтөҕүй,
Ыарахан тылбын ылый!
Аһыныктаах санааҕынан
Абарбыт бэйэкэйгин
Аралдьытаҥҥын
Ахталҕаннаах аартаһыыбын
Атаарҕаан көрүөхкүн
Төһөлөөх буолуоҕай?" - диэтэ.
Дьөрсө уон орчо
Саар булгунньах саҥа
Сараччы үллэн таҕыста,
Дьөрсө сэттэ орчо
Муус булгунньах саҕа
Буксайа үллэн таҕыста,
Сэттэ орчо киэр
Үүрэн кэбистэ.
Дьэ, онтон сотору
Оҥостоннор
Барар күннэрэ буолла.
Дьэ, бу
Баһымньы-баатыр
Атын тэһиинин
Тоҕоноҕор иилэн туран
Субугурдук дии турар үһү:
-" Сүрдээх-Сүгэ-тойон,
Истэн туруҥуй эрэ
Мин киһи эрэһэлээх
Тылым ирчитин!
Мин киһи
Эйиэхэ аны биирдэ
Эргийэр
Күннээх буоллахпына-
Сүгүнүнэн сүктүөм суоҕа,
Аанньанан аттаныам суоҕа,-
Ону эппэтэҕэ диэйэҕит!"
- диэтэ.
Дьэ, ол кэннэ
Үһүөн аттарын
Миинэн бараннар,
Тус илин диэки
Эргитэ тардан бараннар
Уурдаран оҕустаран истилэр,-
Дьэ өгүлүк төгүлүк
Үктэтэн,
Үөп-чүөп
Көтүтэн истилэр,-
Дьэ, субугурдук
Айаннаан дьалкытан,
Уурдаран оҕустаран
Дьэ истилэр.
Дьэ алаастарын барааннар
Аабылааннарыгар
Тахсан бардылар,
Толооннорун туорааннар
Нуундараҕа
Тахсан бардылар,
Хонууларыттан тахсаннар
Ходьулааҥҥа тиийдилэр,
Үрэхтэриттэн тахсаннар
Үрүйэҕэ тиийдилэр,
Симилэхтэн ааһаннар
Сискэ таҕыстылар.
Дьэ, онтон
Бу сиһи уҥуоргу өттүгэр
Таҥнары баттаан
Түһэн бардылар.
Дьэ, бу түһэн иһэн
Көрдөхтөрүнэ -
Нуучча дьон
Көнньүөс торҕотун
Көннөрүтэ таппытын курдук
Күөх унаар
Таҥнары намылыйан түстэ.
Ол аллараа өттүнэн
Таҥнары көрдөхтөрүнэ -
Арылыйа уста турар
Аҕыс үөстээх
Араат-Байаҕал
Тус соҕуруу диэкиттэн
Тус хоту диэки
Таҥнары дьалкыйан
Түһэн барда.
Ол байаҕал
Бэтэрээ кытылын устун
Сиэллэрэн дьигиһитэн истилэр.
Дьэ, онтон
Бу үрэҕи
Өрө уурдаран
Оҕустаран истилэр,-
Дьэ, онтон
Бэтэрээ биэрэгэр
Дибдигирэтэн тиийдилэр.
Дьэ, онно тиийэн
Көрдөхтөрүнэ -
Бэтэрээ өттө
Биэрэгэ биллибэт,
Уҥуоргу өттүн
Одуулаан көрдөххө -
Оппуоһа көстүбэт
Улуу үрэх урсуна
Унаарыйан көһүннэ,
Кэтэх өттүн
Кэтиэн көрдөхтөрүнэ -
Кэмэ биллибэт
Кэтит киэптээх эбит.
Дьэ, манна тиийэннэр
Уһун санаалара
Саптааҕар синньээтэ,
Киэҥ көҕүстэрэ
Соннорун бэгэччигинээҕэр
Кыараата,
Дэлэй булас өйдөрө
Көҕүс түстэ.
Дьэ, халлааннаан көтүөхтэрин
Халлаан ыраах
Буолан хаалла,
Сирдээн тимириэхтэрин
Сир кытаанах
Буолан хаалла.
Дьэ, субугурдук
Таар муҥурдарыгар
Тиийэн иҥнэн хааллылар.
Дьэ, арай бу
Турдахтарына-
Бу байаҕал кытылын
Үөһэ өртүн диэкиттэн
Биир киһи
Киирэн кэллэ.
Бу киһини
Өйдүөн көрөн турдулар.
Дьэ, бу турдахтарына -
Бу киирбит киһи
Субугурдук саҥара турар үһү:
-"Чиэ, доҕоттоор!
Тугу көһүтэн
Турар дьоҥҥутуй?
Хайа ааттаах
Аҕа ууһуттан
Туран кэлбит дьонноргутуй?
Кэскиллээх кэс тылгытын
Кэпсиэҥ эрэ!" - диэтэ.
Дьэ, маныга
Баһымньы-баатыр
Субугурдук саҥара турар:
-"Чиэ, доҕорчуок!
Кэскиллээх кэс тылбытын
Кэпсиирбит эмиэ
Кэриэннээх буолуо дуо,
Доҕорчуок!
Ол буоллаҕына -
Субу самантан
Тус соҕуруу диэки
Бардар баран истэххэ -
Соҕуруу суостуганнаах
Сүөдү-бэди халлаан
Бэтэрээ эҥэригэр
Эҥэрдэһэн иитиллибит
Икки ини бии
Диэн биһиги буолабыт.
Мин аатым буоллаҕына -
Бастаан төрүөбүт
Баһымньы-баатыр
Диэн буолар,
Бу иним буоллаҕына -
Аата Үрүҥ Уолан
Диэн буолар.
Дьэ, бу Айталыын-куо диэн
Бу буолар.
Дьэ, бу икки дьон
Холбоһоору кыналлар.
Дьэ, ол туһуттан
Аҕыс үөстээх
Араат-Байаҕал
Анараа өттүгэр олорор
Сүҥкэн Эрилик тойоҥҥо
Тиийэр наадалаахпыт.
Дьэ, туох сүбэ саргы
Баар буолуой?" - диэтэ.
Дьэ, маныга анараа киһи
Субугурдук саҥара турар:
-"Чиэ, эһиги мийигин
Билэҕит дуо?
Мин Кэндэл-Бухатыыр диэн
Аартаах киһибин.
Дьэ, ол буоллаҕына -
Миэхэ суон сулуута,
Кэтит кэһиитэ,
Уһун үрбэтэ
Кэбиһэн кулуҥутуй,
Орчоҕо мин
Таҕааран биэриэҕим!" - диэтэ.
Дьэ, онуга
Баһымньы-баатыр
Субугурдук саҥара турар үһү :
-"Чиэ, доҕорчуок!
Билигин кыһайыма:
Дьэ, хайата да буоллар
Эйигин эрэйдиэхпит суоҕа,
Манньаҕын балбыччы,
Сулуугун сулбуччу биэриэхпит.
Хара көлөһүҥҥүн
Харыстаама,
Хаан күүскүн
Харыһыйыма!" - диэтэ.
Дьэ, онуга бу киһи
Сотору кытылы өрө
Сүүрэн таҕыста;
Бу тахсан
Үс туспалаах
Хардаҕас тыыны
Соһон киллэрдэ;
Бу иһигэр
Субуруһа олордулар;
Бу кэннэ
Бу аҕыс үөстээх
Араат-Байаҕалы
Хаба ортотунан
Быһа эрдэн бардылар.
Дьэ, субугурдук
Айаннааннар
Урбачытан истилэр;
Дьэ, субугурдук айаннаан
Уҥуоргу оппуоһугар
"Тиҥ" кына астардылар.
Дьэ, онтон
Эт атахтарынан
Хаамсан ханаҥнаһан истилэр.
Дьэ, онтон
Сотору соҕус
Көрө истэхтэринэ,
Уҥуоргута биллибэт
Улуу толоон
Уҥуоргу өттүгэр
Одуулаан көрдөхтөрүнэ -
Үрүҥ көмүс дьиэ
Күлүбүрдээн көһүннэ.
Ол аллараа өртүн устун
Одуулаан көрдөхтөрүнэ -
Икки аҕыстыы кырыылаах
Мас дьиэлэр көһүннүлэр.
Ол диэки баран истилэр.
Дьэ, онтон сотору
Тиийдилэр ол
Көстөр дьиэлэргэ.
Дьэ, бу тиийэн иһэн
Көрдөхтөрүнэ -
Бу үс дьиэ
Икки ардыгар
Төттөрү таары
Хаамыталыы сырдьар эбит
Биир сиргэ тийэ
Таҥастаах,
Үс кэбиһэ булас
Уһун уҥуохтаах,
Түөһүн быһаҕаһыгар диэри
Түспүт бытыктаах,
Хатааһын чолбонун курдук
Харахтаах,
Хороҥ оту
Салҕаатаабыт курдук
Уҥуохтаах
Хатан хаалбыт киһи
Төттөрү таары
Хаамыталыы сырдьарын
Көрө тиийдилэр.
Дьэ, онтон
Салгыы көрдөхтөрүнэ -
Биир үөрбэ курдук
Быһыылаах,
Өркөс курдук
Өрө көрбүт харахтаах,
Тимир Дьиэһинтэй диэн
Бухатыыр киһи кытта
Төттөрү таары
Хаамыталыы сырдьыһар.
Дьэ, кинилэри
Көрөн баран
Утары хааман
Тиийэн кэллэ ;
Бу кэлэн баран
Субугурдук саҥара-иҥэрэ турар:
-"Чиэ, доҕоттоор,
Туох туһугар
Бу дойдуга
Чугуулаатыгыт?
Кэскиллээх кэс тылгытын
Кэпсиэн көрүҥ эрэ!" - диэтэ.
Дьэ, маныга
Баһымньы-баатыр
Субугурдук саҥара турар :
-"Чиэ, доҕорчуок,
Биһиги кырдьык
Кыһалҕалаах буолан
Кэллибит.
Дьэ, бу кыһалҕабыт маннык.
Бу биир киһи миэнэ
Иним буолар,
Үрүҥ Уолан диэн.
Бу дьахтар аата-
Айталыын-куо диэн буолар.
Бу икки дьон
Холбоһоору кыналлар.
Дьэ, бу биһиги кэлбит
Кыһалҕабытын биллэр
Ити Күн Өлкөт тойоҥҥор.
Дьэ, кини дьылҕата
Билиэх тустаах!" - диэтэ
Баһымньы-баатыр.
Дьэ, онуга
Тимир Дьиэһинтэй
Күн Өлкөт тойонун диэки
Дьарбаҥалаан хаалла.
Дьэ, онтон сотору
Өрө дьиэрэҥкэйдээн
Таҕыста.
Ол тахсан,
Субугурдук саҥара турар :
-"Дьэ, сөблүүр...
Бу көстөр
Үрүҥ көмүс дьиэҕэ
Кириэхкит үһү!" - диэтэ.
Дьэ, онно киирдилэр.
Ол киирэн турдахтарына-
Таһардьаттан киирдэ
Биир түктэри бэйэлээх
Үтүө дьүһүннээх
Билиги таһардьа
Көрбүт киһилэрэ
Уон орчо ордук
Дьүһүннээх буолан киирдэ.
Дьэ, бу киирэн туран
Баһыттан атаҕар диэри
Кылбалдьыйар
Кыһыл көмүс таҥаһы
Таҥнан кэбистэ.
Дьэ, ол кэннэ
Алаас сыһыы саҕа
Араҕас маҥан
Аркыыбатын
Арыйа баттаата.
Дьэ, ол кэннэ
Бу араҕас маҥан
Аркыыбатын арыйбытынан
Кинилэргэ утары
Хааман тиийэн кэллэ.
Бу кэлэн туран
Субугурдук саҥара турар:
-"Дьэ, бу эһиги икки
Одун-биистэн
Оҥоруулаах дьоҥҥут,
Кырдьык Чыҥыс-хаантан
Дьылҕалаах дьоҥҥут,
Кырдьык киирэн эрэр
Күн килбиэнин курдук
Килбиэннээх кирилиэстээх,
Тахсан эрэр күн
Сандаҥатын курдук
Сандаҥалаах дьарбаҥнаах,
Ойор маҥан күн
Туналҕанын курдук
Туналҕаннаах туһаһалаах,
Сырдык сыркыама
Таас дьиэлээх,
Күндү көмүстээх
Чүмэчи уота манаардаах,
Араҕас даадаҥ түптэлээх,
Уордаах этиҥ ойнуулаах,
Күүстээх этиҥ сүргүүрдээх,
Саллар чаҕылҕан арчылаах,
Арыы хатыҥ саҕа
Араҕас маҥан дэйбиирдээх,
Үүт күөл үктэллээх,
Үкэр куйаас тыыннаах,
Үүт ас бэйэлээх
Үрүҥ-Айыы-тойон
Аҕакайбытыттан
Ананан айыллан
Үөскээбит дьон эбиккит
Эһиги икки биир
Буоларгытыгар" - диэтэ.
-Дьэ, ол буоллаҕына -
Эһиги иккини мин
Сөблүүрбэр
Тылбын биэрэбин;
Ол бэлиэтин
Биллэрэбин манныгынан:
Бу мин илиибэр баар
Кыһыл көмүс биһилэҕи
Эр биир атастаһан
Баран кэтиҥ,
Ол кэннэ бэйэҕит
Үстүүтэ уураһыҥ!"- диэтэ.
Дьэ, кинилэр
Кини эппитин хоту
Оҥордулар ;
Дьэ, онтон сотору
Бары таҕыстылар;
Бу тахсаннар киирдилэр
Бу тылын биэрбит
Тойон дьиэтигэр.
Бу киирэннэр
Күһүлгэннээх
Күтүр күндүнү
Күндүлэттилэр,
Махтааттаах бастыҥ
Мааныны
Маанылаттылар,
Дьэ, бу кэннэ
Сотору соҕус
Үөрүү үтүөтүн
Үөрэннэр,
Көтүү үтүөтүн
Көтөннөр,
Махтал үтүөтүн
Махтананнар
Дьэ, бу
дойдуттан бардылар
Бэйэлэрэ
Ахталыйан үөскээбит
Аҕыс иилээх-саҕалаах
Атааннаах-мөҥүөннээх
Аан ийэ дойдуларыгар.
Дьэ, онтон сотору
Аҕыс үөстээх
Араат-Байаҕалларыгар
Тиийэн кэллилэр.
Бу кэлэннэр киирдилэр
Аттаран оҥорбут
Аҕыс мастаах
Хандалыы тыыларыгар.
Дьэ, бу киирэннэр
Төттөрү эрдэн
Лаһырҕата турдулар.
Дьэ, субугурдук
Айаннаан төттөрү
Тиийэн кэллилэр
Бэтэрээ биэрэккэ.
Дьэ, бу кэлэннэр
Таҕыстылар.
Дьэ, бу тахсан бараннар
Бу ирдьэ сырдьыбыт
Киһилэригэр тугу да
Биэрбэтилэр.
Дьэ, бу киһи
Аба-бөҕөнү
Абаланна,
Сүттү-бөҕөнү
Сүттүлэннэ.
Дьэ, ол кэннэ
Субугурдук диэн
Саҥара-иҥэрэ турар үһү:
-"Чиэ, сэгэрдээр,
Мин киһи
Хааннаах хара көлөһүммүн
Бырдьаан бардыгыт...
Ол буоллаҕына -
Мин киһи
Ыар санааны
Санаабыппын,
Ыараххан тылы
Эппиппин
Уйумаайаҕыт!" - диэтэ.
Дьэ, маныга
Бу дьон
Биир да тылы
Утары саҥарбатылар,
Биир да муннуларын
Буччуппаттылар,
Биир да анныларын
Анчыппатылар;
Үһүөн аттарын
Үрдүгэр түстүлэр да
Дойдуларыгар
көтүтэ турдулар.
Дьэ, субугурдук
Айаннаан
Дьалкытан истилэр,
Сиэллэрэн
Дьигиһитэн истилэр,
Хаамтаран
Халыһытан истилэр.
Дьэ, субугурдук
Айаннаан-сэмэлээн
Тиийэн кэллилэр
Ахталыйан үөскээбит
Аҕыс иилээх саҕалаах
Атааннаах-мөҥүөннээх
Аан ийэ дойдуларыгар.
Дьэ, бу кэлэннэр
Үөрүү үтүөтүн
Үөрэннэр,
Көтүү үтүөтүн
Көтөннөр,
Ахсыылаах хонукка
Аһаан сиэн бараннар
Үрүҥ Уолан ойоҕунан
Кыннын-аахха бардылар.
Бу баран иһэн
Көрүстүлэр
Нүлү балай эмээхсини
Аара сир хаба
Оттотугар.
Дьэ, бу көрсөн баран
Субугурдук саҥара турар үһү
Нүлү-балай эмээхсин :
-"Чиэ, сэгэттэйиэм,
Хайтах сирэйдээх харахтаах
Киһи буолаҥҥын
Мааны бэйэлээх
Биэбэккэбин
Батыһыннаран бардыҥ
Буолла да нии?
Харахтаах буоламмын
Көрүөм баара дуо?" -диэтэ.
Дьэ, маныга
Үрүҥ Уолан
Субугурдук саҥара турар :
-"Чиэ, эмээхсин,
Мин киһи
Хаан чаҕаан
Сэбэрэбин,
Дьүдьүн бараан
Дьүһүммүн
Икки илииҥ иминэн
Эмэрийэн көрүй эрэ, -
Оччоҕо санааҥ
туолуоҕа!" - диэтэ.
Дьэ, маныга
Өс киирбэх эмээхсин
Ойон тура эккириэтэ,
Бу туран
Күтүөтүн тула
Эмэрийэн көрдө ;
Бу эмэрийэн баран
Кыыһын даҕаны
Күтүөтүн даҕаны
Төгүрүччү эмэрийэ сырдьан
Үөһээ уостарыттан
Үстүү хамыйах
Үүттээх хаан
Тахсыар диэри
Чубурҕаччы
Уураталаан ылла,
Аллараа уостарыттан
Алталыы хамыйах
Арыылаах хаан
Тахсыар диэри
Чабырҕаччы
Обортолоон ылла,
Бу кэннэ
Субугурдук саҥара-саҥара
Биэрдэ кыыһыгар
Биир түү мээчиги;
Ол кэннэ
Саҥатын хоһооно маннык:
-"Чиэ, сэгэрдэриэм,
Мин бу да буолларбын
Былыргы киһи
Былата буолабын,
Уруку киһи
Оргунньуга буолабын,
Эргэтээҕи киһи
Элээмэтэ буолабын.
Ол буоллаҕына -
Мин киһи
Этэр тылым ирчитин
Истэн олоруҥутуй эрэ!
Дьэ, мин ол курдук
Этэбин эһигини :
Кырдьык эһиги
Сөптөөх дьон
Холбоспуккут, -
Дьэ, ол да эрээри эһиги
Биһиги дьоллоох
Алгыспытын ылымына
Барбыккыт туһугар
Өр үйэҕэ
Үгүс хонукка
Кыайан-хотон
Бииргэ олорумаҥ диэммин
Алгыс алгыыбын,
Элбэх дьылга
Уһун үйэҕэ диэритин
Түптээх уугутун
Табан утуйумаҥ,
Сынньалаҥ олоххо
Табан олорумаҥ,
Төрөтөр оҕоҕут
Түбүн булумаҥ,
Иитэр сүөһүгүт
Түбүн булумаҥ диэммин
Кырыыс кырыыбын,
Ууруу уурабын!" - диэтэ.
Дьэ, маны бу дьон
Хаар самыыр курдук
Истэн кэбистилэр.
Дьэ, субугурдук
Саҥарсан бараннар
Бардылар дьиэлэригэр,
Бу курдук
Айаннааннар тиийдилэр
Күлкүл-Бөҕө дьиэтигэр.
Бу тиийдэхтэринэ -
Арыы тыа курдук
Аймах билэ дьонноро
Бары мунньуһуннулар.
Дьэ, бу мустубут дьоннор
Бука бары
Айталыын-куо
Хайтах кини хаамарын,
Хайтах кини кэпсэтэрин,
Хайтах кини аһыырын,
Хайтах кини
Киирэрин-тахсарын
Бука бары
Кэтэһэн олорбохтоон бараннар
Субугурдук саҥарыстылар :
-"Чиэ, сэгэттэйбит,
Эйигин хайтахха дылы
Маанылаан күндүлээн
Ииттибит этэ?
Хайтах бар дьонуҥ
Махтааттаах
Үтүө махталын
Бараҕан бардаҥый да нии!
Мааҥы бэйэлээх
Күл-күл Бөҕө аҕакайыҥ
Дьоллоох алгыһыттан
Матан бардаҥый да нии,
Сэгэттэйбиэт оҕокото!
Мааҥы бэйэлээх
Аар тойон аҕакайгын
Хара сирэйгинэн
Көрсүһүөх бэйэҕиний да нии!"
- диэтилэр.
Дьэ, маныга
Айталыын-куо
Субугурдук
Саҥара-иҥэрэ турар:
-"Дьэ, доҕоттор,
Эһиги туохкут
Кыһалҕата баарый?
Мин ханна хараҕым
Хайҕаабытыгар,
Ханна сүрэҕим
Сөблүөбүтүгэр,
Ханна санаам
Таптаабытыгар барарбар
Бэйэм көҥүлүм
Курдук сананабын...
Дьэ, онуга
Көҥүлү биэрбэт
Ким баарый -
Ол киһи үөһээ
Үрүҥ-айыы-тойонтон
Арахсар төрдүн булан
Киллэрэн баран бу дьиэҕэ
Чабырҕахтаатын
Чаабыйдаатын...
Ол иннинэ ким да
Мээлэ лахсыйарын
Кырдьык сөблүөбэппин!"
- диэтэ.
Дьэ, маныга бары дьон
Сырайдара кытара
Түһэн баран
Уоска охсубукка дылы
Саҥата суох бардылар.
Дьэ, онтон бары дьон
Тахсан бардылар.
Дьэ, онтон
Үрүҥ Уолан
дойдутугар барда.
Дьэ, дьиэлэригэр хааллылар
Нүлү балай эмээхсин икки
Айталыын-куо икки.
Дьэ, бу хаалан олорон
Айталыын-куо
Киэҥ көхсө
Сонун бэлэнньигинээҕэр
Кыараата,
Дэлэй булас санаата
Саптааҕар синньээтэ,
Көҥүл булас өйө
Аһынааҕар кылгаата:
Бу Күлкүл-бөҕө диэн
Аҕата кэллэҕинэ -
Кини хайтах
Көрсүһэриттэн
Тараччы таар
Муҥуругар түһэн хаалла.
Дьэ, субугурдук
Буола олордо.
Дьэ, толбонноох ньуура
Суһуктуйда,
Килбиэннээх сирэйэ
Дьэ киттийдэ.
Дьэ, субугурдук сырдьан
Нүлү балай ийэтиттэн
Субугурдук диэн ыйытан эрэр үһү:
-"Чиэ, күрэҥсийбит астаах
Күн күбэй ийэкэйиэм!
Уһун санаам кылгаата,
Киэҥ көхсүм кыараата...
Ол туохтан
Оннук буоллуҥ?- диэтэргин
- Мааҥы бэйэлээх
Күлкүл-бөҕө аҕакайбын
Хайтах да кыайан
Көрсөрбүн
Кыайан-хотон санаабатым...
Толбонноох ньуурум
Суһуктуйан барда,
Килбиэннээх сирэйим
Киттийэр күнэ буолла!
Туох үтүө сүбэ
Баар буолуой?" - диэтэ.
Дьэ, маныга
Нүлү балай эбэтэ
Субугурдук саҥарар:
-Чиэ, сэгэттэйиэм,
Мин эйиэхэ тугу
Эттим этэ?
Дьэ, мийигиттэн ситимнэнэн
Үөскээбиккин дьэ
Биллиҥ дуо?
Баскынан тур,
Атахкынан тур,
Бэйэҥ иннигин
Бэйэҥ илиннээ,
Мийигиттэн тугу да
Ыйытыма!" - диэтэ.
Дьэ, мантан ордук
Уһун санаата кылгаата,-
Дьэ, киэҥ көхсө
Ордук кыараата:
Халлааннаан көтүөҕүн
Халлаан ыраах
Буолан хаалла,
Сирдээн тимириэҕин
Сир кытаанах
Буолан хаалла.
Дьэ, субугурдук буолан
Сырыттаҕына,
Арай биир киэһэ
Күн дьааһыгыран эрдэҕинэ-
Тус соҕуруу диэкиттэн
Күлкүл-бөҕө
Күөкэри дьаҕыл
Атын үрдүгэр
Өкөччү олорон кээспит,
Ол кэннэ
Тумул арыы
Хара тыатын
Ис кырыытыттан
Биирдэ көстө түстэ.
Дьэ, маны Айталыын-куо
Көрөн баран
Утары хааман тиийдэ;
Бу тиийэн баран
Эһэтин иннигэр
Киирэн туран
Субугурдук дии турар:
-"Чиэ, аастыйбыт астаах,
Алтаннаах хоҥоруулаах
Аар тойон аҕакайыам!
Мин киһи этэр тылым
Ирчитин истэн
Сыаналаан туруй эрэ!
Ол буоллаҕына -
Мин эй ыйбыт
Ыйаахкын ылбатым,
Эн анаабыт
Аналгын ардьаттым,
Сүрдээх-Сүгэ-тойон
Ууруутунан көтүрдүм...
Дьэ, сүһүөхтээх бэйэм
Сүгүрүйэн эрэбин,
Халдьыктаах бэйэм
Хаҥкыйан эрэбин,
Тоноҕостоох бэйэм
Токуйан эрэбин,
Иэччэхтээх бэйэм
Имиллэн эрэбин,
Бу этэр ыар тылбын
Ыллараайабын диэммин
Көмүс тылбын
Көтөҕөн эрэбин!
Ол буоллаҕына -
Эп курдук эһэҕэ
Иитиллэн бараммын
Сүрэҕим сөблүөбэт
Киһитигэр сырыттахпына-
Саллар сааһым
Өлөр үйэм тохору
Муҥу көрөн
Буору сөҕөн сырдьарым
Эйиэхэ да үчүгэй
Буолуо дуо?" - диэтэ.
Дьэ, маныга
Аастыйбыт астаах,
Алтаннаах хоҥоруулаах
Аар тойон аҕата
Субугурдук
саҥара-иҥэрэ турар:
-"Чиэ, сэгэртэйиэм,
Мийигин саҥарыа диэҥҥин
Санааҕар да тутума,
Хата эгэ эрэ үчүгэй
Буоллаҕа диибин
Мин баһым уҥуоҕа
Баарына
Эн сөблүүр киһигэр
Оннугун буларыҥ" - диэтэ.
Дьэ, кинилэр
Бу тылынан
Саҥарсан бараннар
Кэнники тугу да
Ахтыспакка ылы чып,
Им ньим,
Үүт тураан
Үчүгэйдик олордулар.
Дьэ, бу олордохторуна -
Аҕыс булас суһуохтаах
Айталыын-куо
Барахсан икки
Үрүҥ Уолан
Барахсан икки
Ойнообуттара оҕус буолан
Айталыын-куо барахсан
Оһоҕоһун түгэҕэр
Былыргы уоннаах
Лос саҕа уол оҕо
Сүрдээх кута
Лоһурҕаан билиннэ,
Арай баара
Таптаспыттара
Талыылааҕынан таайда,
Кыттыспыттара
Кыһалҕалааҕынан кыһайда,
Айталыын-куо барахсан
Сүдүрүүн сүһүөх
Сүүдүйэн барда,
Иэдьэҕэй эт
Иэдэйэн барда,
Эммэнийэн барда,
Ньуулдьаҕай уҥуох
Уйадыйан барда,
Кэлэр кэмнээх
Кэмэ тиийэн кэллэ,
Туолар хонуктаах хонуга
Туолан тийэн кэллэ,
Ситэр ыйдаах ыйа
Ситэн тиийэн кэллэ.
Дьэ, былыргы дьон
Быһыытынан
Аҕыс хос хаҥырҕастаах
Хаппачыларыттан таҕаарбакка
Хам баттаан олоттулар.
Дьэ, манна
Хааттаран олорон
Айталыын-куо барахсан
Ийэтигэр эппэтэх
Иҥин тылын
Этэн энэлийэ сытта,
Аҕатыгар саҥарбатах
Арааһынай саҥатын
Саҥара сытта.
Дьэ, бу
Саҥарар саҥата
Хоһоонноох,
Ол хоһооно маннык:
-"Уой, доҕоттоор,
Өлөр күнүм үтүрүөтэ,
Туох сүбэ баар буолуой?
Эчигийэ!
Икки эргичийэр
Иэччэҕим үүтэ
Аҕай да нии
Абаккабыын!" - дии сытта.
-"Чиэ, эдьиийдэриэм,
Икки чараас
Ньамылдьыарым
Аҕай да нии!
Хаалар күнүм
Хаххалаата,
Туох саргы
Баар буолуой?"
Диэн баран уҥан
Талбаарбытынан барда.
Онтон уһуутаан уйдаан
Тыын киллэрэн баран
Эмиэ энэлийэ сытта:
-"Аа, доҕоттоор!
Маҥан күнүм
Алаатыйда эбээт,
Икки үллэр буорум
Аҕай да нии,
Муҥмуун!" - диэн баран
Эмиэ көҕөрө
Уҥан барда.
Онтон мэҥийэн бэтиэхтээн
Тыын киллэрэн кэллэ ;
Бу кэлэн баран
Эмиэ ытыы-соҥуу
Сытар үһү :
-"Икки самыым хараҕа
Аҕай да нии!
Үрүҥ күнүм
Өлбөөдүйдэ!
Үтүө дьон
Баар буоллахкытына -
Өрүһүйүҥ!
Өлөр күнүм үтүрүөтэ,
Өллүм!" диэн баран
Эмиэ уҥан
Күөгэйбитинэн барда.
Дьэ, онтон сотору соҕус
Тыын киллэрэн кэллэ.
Дьэ, онтон үрүтүн үөһээ
Үөс биэрбэккэ
Хорон талыыта киирэн
Тойук туоттарбата,
Саҥа саҥаппата,
Тыл этиппэтэ,
Итии чох үрдүгэр олотто,
Сылаас чох үрдүгэр
Сытыарда,
Иһин түгэҕин
Итии симиниэһинэн
Таҕайда,
Оһоҕоһун түгэҕин
Убайа турар
Уотунан кутта,
Тарбахтыын дьаралыйда,
Тыҥырахтыын дьырылаата,
Ийэттэн төрүөбүт
Эрчимнээх иҥиирэ
Эттиин эммэнийдэ,
Аҕаттан айыллыбыт
Аҕыс адаар бүлтэһэ
Силгэлиин айгыраата,
Көмнөхтөөх күөх
Көлөһүнэ көхсүнэн
Күөх самыыр курдук
Күрүлэччи сүүрүгүрдэ,
Хааннаах хара
Көлөһүнэ арҕаатынан
Хара самыыр
Уутун курдук
Саккыраччы таммалаата.
Дьэ, субугурдук
Буолан баран
Аҕатыттан айыллыбыт
Аҕыс адаар бүлтэһэ
Силгэтиттэн араҕыста,
Ийэтиттэн иитиллэн
түспүт ситимнээх
силгэлэрэ-тиһиктэрэ
Барыта тэнийдилэр,
Үөскүөҕүттэн
Үөлээннэһэн үүммүт
Үгүс үдэһинэ барыта
Үрэллэригэр тиийдэ,
Ыпсыы ыпсыыта
Барыта ырытынна,
Дьайҕа дьайҕата
Барыта ньамньырайда.
Бу кынан баран
Үс төгүл
Чиччигинии түһэн баран
Үннэн кычыгыраттаҕына-
Чаан олгуй саҕа
Саллайбыт бастаах,
Куйах хатыытын курдук
Кылайбыт харахтаах,
Улар туһаҕын курдук
Кэкэллибит мойноох,
Чоччугунуор оҕотун
Иһин курдук
Лэскэйэ сытыйбыт истээх,
Дьүүкэрбит ньээт оҕотун
Атаҕын курдук
Хатылла хатан хаалбыт
Атахтаах,
Ньылба торбос
Түүтүн курдук
Онно манна батыгыраабыт
Баттахтаах
Уол оҕону
Мүччү үннэн кэбистэ,
Ол кэннэ бэйэтэ
Уҥан нусхайбытынан барда.
Дьэ, онтон өйдөнөн
Тийэн кэллэ.
Бу өйдөнөн баран
Көрдөҕүнэ -
Үрүҥ Уолан барахсан
Хайыы үйэҕэ
Ытыһын үрдүгэр
Түһэрэн турар эбит.
Дьэ, онтон
Урудуйан уоскуйан
Кэҥээн тэнийэн барда.
Дьэ, онтон
Бу төрөппүт оҕолорун
Айыы Күөрэгэлдьин ойууна
Ытыһыгар түһэрэн
Баран хаалбыт.
Дьэ, онтон
Айталыын-куо барахсан
Эт сааһа тардарын курдук
Күнтэн күн аайы
Тиллэн тийэн кэллэ;
Бу тиллэн баран
Суунаҕалыы ойнуур
Туналҕаннаах көрдүгэнигэр
Көтөн киирдэ;
Бу киирэн
Үс түүннээх
Күн тохору
Умсаах кус буолан
Сэмсиэтэ;
Ол сэмсиэн баран
Уҥуоргу өттүгэр
Соҕотохто
Майаҕас балык буолан
Быһа дьурулаан таҕыста,-
Дьэ, онтон
Уҥуоргу өттүгэр
Үрүҥ көмүс
Үтүмэх буолан
Дьурулаан таҕыста,
Онтон хонууга тахсан
Кыталык кыыл буолан
Хааман кынталдьыйа сырытта.
Бу сырыттаҕына -
Тус арҕаа диэкиттэн
Сүрдээх тымныы
Тыал тыалырда,
Ол кэннэ
Сүрдээх күүстээх
Этиҥ эттэ,
Ол кэннэ
Сүрдээх хаардаах
Хара самыыр түстэ,
Онтон дьэ сотору
Сүрдээх наай хара
Былыт көтөн
Аҥаарыйан тиийэн кэллэ;
Бу кэлэн баран
Кини туһугар
"Саньылыс" кына түстэ,
Бу түһэн баран
Тохтоон турда,
Бу туран баран
Төбөтүттэн түгэҕэр диэри
Хайа ыстанан барда.
Бу хайдыбытын диэки
Одуулаан-суһуннаан турда.
Бу турдаҕына -
Сытар ынах
Ханнын саҕа
Хара таас
Таҥнары куугунаан
Түстэ;
Бу түһэн баран
Үҥкүрүйэргэ-күөлэһийэргэ
Дылы кынан баран
Ойон тура эккириэтэ.
Бу турбутун
Көрөн турда
Айталыын-куо.
Бу көрдөҕүнэ -
Саар тэгил уҥуохтаах,
Хара бараан хааннаах,
Икки үүн тиэрбэһин
Кэккэлэтэ уурбут курдук
Икки эрилкэй харахтаах
Дьап курдук киһи
"Дьырас" кына түстэ;
Бу түһэн туран
Кини диэки
Уулааҕынан унаарыччы
Көрөн туран
Саҥара-иҥэрэ турда:
Бу саҥатын
Хоһооно маннык:
-"Чиэ, Айталыын-куо,
Эн үөмэн тиийбэт
Үрдүк ааккар,
Уунан тиийбэт
Уһун толбонноох
Сураххар
Албан алкыйан,
Суол тобулан
Тиийэн кэллим.
Дьэ, эн мийигин
Сөблүүр сөблүөбэт
Тылгын биллэр!
Ол да эрээри
Эйигиттэн
Өс күөрсүнэ
Эрэ ыйытабын, хотуой!
Үрүҥ Уолан обургуну
Муҥарытыам эрэ кэрэх...
Эйигин баҕас
Ханна хамнаттамый,
Сэгэртэйиэм!" - диэтэ.
Маныга Айталыын-куо
Субугурдук саҥара турар :
-"Чиэ сэгэриэм
Диэбиттээх буола буолаҕын...
Ханнык ааһар былытым
Албына кэллиҥ?
Ханнык көтөр былыт
Көлдьүнэ кэллиҥ?
Кэлбит суолуҥ
Ханан баарый -
Ол устун бара тур!"
- диэтэ.
Бу инньэ диирин кытта
Төҥкөйөн туран
Хойнун хостуурга
Дылы кынна да
Хойнуттан таһаарда
Уолан киһи
Сутуругун саҕа
Ооҕуй оҕус
Ситимин курдук
Дьүһүннээх
Күөх чалахайы.
Бу манан барахта
Айталыын-куону.
Бу бараҕарын кытта
Этэ-сиинэ итийдэ,
Уҥуоҕа-иҥиэҕэ
Хамнаата,
Хаана-сиинэ кэйдэ.
Дьүһүнэ-бодото
Уларыйда,
Хардыыта кэҥээтэ,
Сүүһүн анныттан
Бычыр-бычыр
Көлөһүн таҕыста,
Тыла-өһө үксүйдэ,
Бу үксүйэн баран эттэ:
-"Чиэ, сэгэриэм,
Хантан хамнаан кэллиҥ?
Туох дойду
Улаҕатыттан
Урбаччыйан кэллиҥ?
Уой, доҕорчуок!"
Диэн уостаах тииһэ
Ходьойо турда.
Дьэ, маныга
Анарааҥы киһи
Субугурдук саҥара турар:
-"Чиэ, доҕорчуок,
Мин кырдьык
Эн аллаах ат тиийиэҕинэн
Албан дьаһах ааккын
Аартаан кэллим.
Дьэ, ол буоллаҕына -
Мийигин хайтах саныыгын?
Кырдьык сөбүлүүр
Буоллахкына -
Тараһалаах түөскүн
Тэлгэтэн кулу,
Кырдьык санааҥ
Баар буоллаҕына -
Айгырастаах аманахкын
Арыйан кулу,
Кырдьык сүрэҕиҥ
Сөблүүр буоллаҕына -
Обуйукаан уоскуттан
Уурат,
Сырыылаах сырайгыттан
Сыллат!" - диэтэ.
Дьэ, маныга эттэ
Айталыын-куо :
-"Чиэ, доҕорчуок,
Сөблүүбүн -
Ол кэннэ хайтах
Аркаастыамый?
Мин, дьэ,
Сүрэхпин быһан
Кэбиһиэм дуо?
Бэйэҥ талбыккынан
Дьаамнаа,
Сөблүүргүнэн көрүлээ!"
- диэтэ.
Дьэ, маны истэн баран
Эрдэҕэс улар
Эргиэнэ хара тыа
Ис кырыытыгар
Эриэхэлээх хахыйах
Мас мутугар
"Хап" кына түһэрин курдук
Хатана түстэ
Айталыын-куо
Илин күөнүгэр.
Бу курдук
Буолан бараннар
Ойон тура эккириэтилэр.
Бу кэннэ,
Дьэ, төрдүлэрин
Төргүөтүлэр,
Удьуордарын умсуйдулар,
Хааннарын ылҕаатылар.
Маныга эттэ
Анарааттан кэлбит киһи:
-"Мин төрүөбүт
Төрүт дойдубун -
Ханна этэй?"
диэн - ыйытар
Буоллахкына -
Субу көстөр халлаан
Алын кырыытынан
Кырыйа көтөн
Баран истэххэ -
Тус арҕаа диэки
Саппахтаах сабыдал
Араҕас халлаан
Бэтэрээ саҕатыгар
Дайдыланан үөскээбит
Аан Дьалбаатыыр диэн
Оҕонньор аҕалаахпын,
Аан Малтайа диэн
Ийэлээхпин .
Бэйэҥ ат тиийиэҕинэн
Албан дьаһах
Аатыҥ кимий?
Диэтэргин -
Үөлэн Өксөкүлээх Миэкэстэй
Диэн мин буолабын!"- диэтэ.
Дьэ, онтон
Айталыын-куо тугу да
Билбэтэх-көрбөтөх буолан
Дьиэтигэр дьылыҥнаан таҕыста.
Бу тахсан
Дьиэтигэр киирдэҕинэ -
Үрүҥ Уолан барахсан
Хаана-сиинэ алдьаммыт,
Сүүһүн тымыра
Сүллэри тардан барбыт,
Хараҕын тымыра
Ханньары тардан барбыт,
Иҥин хаана
Иэдэйбит,
Кыыһыраары кыыһырбыт,
Уордайаары уордайбыт,
Абараары абарбыт.
Бу кэннэ
Түҥкэтэх өттүнэн
Түҥнэри хайыспытынан
Тура эккириэн
Хап дьып курдук
Хааламахтаан кэбистэ,
Хоп дьип курдук
Оҥостумахтыы оҕуста,
Дьап кып курдук
Таҥныбахтыы
Охсон баран
Тахса сүүрдэ.
Бу кэннэ
Үүт кэрэ
Үрүт мындаатыгар
Сэбин-сэбиргэлин
Иилбэхтии охсон кэбистэ,
Ол кэннэ бэйэтэ
Атын үрдүгэр
Харалаабыт хара куртуйах
Хатыҥ мутугар
"Хап" кына түһэрин курдук
"Хап" кына түстэ,
Ол кэннэ атын
Ый тэһиинин курдук
Тэһииниттэн
Тус арҕаа диэки
Салайа баттаан баран
Ис куҥун
Илби тыбыйда,
Тас куҥун
Далбы тилэхтиэтэ,
Ол кэннэ
Аҕыс салаалаах
Халлаан сындыыһа
буолбут куо
Дьэллик кымньыытынан
Күөс эти
Көҥү охсон кэбистэ,
Хаарбах эти
Хайа охсон кэбистэ,
Бу кэннэ
Тус арҕаа диэки
Күөргэллэтэн истэ.
Бу иһэн көрдөҕүнэ -
Алааһын киэнин
Аҥаарыйар бастыҥар
Толоонун киэнин
Туналыйар ньургунугар
Уурдаран оҕустаран
Урбачытан киирэн
Тиийэн кэллэ.
Бу кэлэн көрөн турда.
Бу турдаҕына -
Аҥаархай алааһын
Арҕаа саҕатыгар,
Туймааххай толоонун
Хотугу тумулун үрдүгэр
Хара бараан соҕус
Хааннаах,
Саар тэгил соҕус
Уҥуохтаах
Эдэр соҕус киһи
Кинини көрөн баран
Чаачыгыраччы күллэ,
Ол кэннэ утары
Хааман тийэн кэллэ,
Бу кэлэн баран
Үс төгүл уҥан
Төҥкөлдьүйдэ,
Ол кэннэ
Субугурдук дии турар:
-"Чиэ, доҕоруом,
Эн биһикки
Хол дойдуттан
Холоонноохтор көрсөммүт
Холборустахпыт,
Тэгэл дойдуттан
Тэҥнээхтэр көрсөммүт
Тэмтэстэхпит,
Аартаах дайдыттан
Атылыылар көрсөммүт
Алтыалластахпыт!" - диэтэ.
Маны истэн баран
Саар булгунньах саҕа
Сахсайа үллэн таҕыста,
Муус булгунньах саҕа
Буксайа үллэн таҕыста,
Ол кэннэ эттэ:
-"Уой, дуоҕаар,
Тугу сананан кэлбитиҥий?
Иккиттэн биирдэспит
Ананнын
Айталыын-куону!" - диэтэ.
Дьэ, маныга эттэ:
-"Мин оннук
Санаам суох;
Хата эн оннук
Санаалаах
Буоллахкына -
Мин да киэр
Диэбэт киһибин...
Чиэ эрэ,
Бастаан көр!" -
диэтэ анарааҥы киһи.
Онуга Үрүҥ Уолан
Атын үрдүттэн
ыстанан түстэ,
Бу түһэн баран
Уолан киһи
Уостаах тииһэ
Ырдьалдьыйан көстөр
Уһун турба батаһын
Субуйа баттаан ылла да
Киһини төбөтүн сиигинэн
Түһэрбитинэн барда,
Онтон анараа киһи
Харытыгар түһэрэн истэ,
Онтон харытын уҥуоҕар
Уһун турба батаһын
Хампы сынньан кэбистэ.
Онтон кыыс дьахтар
Хаастаах хараҕа
Кырталдьыйан көстөр
Кыырыктаах үҥүүтүн
Сулбу тардан ылан
Киһини оҥойон турар
Уолугун үүтүн
Устан түһэрдэ;
Бу маны аһара көтөн
Биэрбитин
Сири үс булас
Дьөлө анньан кэбистэ.
Онтон өрө
Батыгырайан баран
Иккиһин хара быарын
Туһунан дьөлө түстэ ;
Маны анарааҥы киһи
Ытыһыгар түһэрэн ылла,
Бу ылан баран
Холдьугунан
Булгу тутан кэбистэ.
Ол кэннэ
Иккиэн эт илиилэринэн
Киирсибитинэн бардылар.
Дьэ, иккиэн тэҥҥэ
Ат биэ курдук
Ойнообутунан бардылар.
Дьэ, субугурдук
Хатыһан сырыттылар.
Дьэ, үөгүлэһэ-үөгүлэһэ
Өртүктэспитинэн бардылар;
Хаһыытаһа-хаһыытаһа
Хапсыбытынан бардылар;
Дьэ, онтон сотору өрүтэ
Көтөхсө-көтөхсө
Өртүктэспитинэн бардылар,
Онтон өрүтэ
Кыбдьыгыраһа-кыбдьыгыраһа
Кыыратыспытынан бардылар.
Субугурдук көрүлээннэр
Үс ый хонуга
Тоҕус уон хонугу быһа
Тайбаһан тахсыбыттар,
Субугурдук
Дьаабылаһан бараннар
Хайалара да
Кыайан-хотон барбатах.
Бу кынан баран
Сыра күүстэрэ быстыбыт,
Күөх көлөһүннэрэ
Көхсүлэринэн
Күөх өньүөс
Үрэх буолан
Сүүрүгүрбүт,
Хара көлөһүннэрэ
Арҕааларынан
Хара халаан
Уута буолан
Халдьаайы устун
Таҥнары сүүрүгүрэн түстэ.
Истэрин түгэҕиттэн
Тардыытын кыайбатах
Оҕус курдук
Өрүтэ мэҥилдьистилэр,
Бу кэннэ иккиэн
Илии илиилэрин
Ыһыктыһан кэбистилэр,
Ол кэннэ
Сүүс сүүстэриттэн
Өйөнсөн баран
Атахтарын баҕаналыы
Тэпсэн баран турдулар.
Маныга анарааттан кэлбит
Үөлэн Өксөкүлээх Миэкэстэй
Обургу
Субугурдук диэн
Саҥара турар үһү:
-"Чиэ, дуоҕаар,
Эн биһикки
Субугурдук тураммыт
Хайабыт да
Абыранара суох.
Хата сүбэлэһиэх:
Биһиги ыһыктыһан бараммыт
Иккиэн эт атахпытынан
Орто дойдуга
Сырсан көрүөх,
Бу кэннэ
Самантан тус арҕаа
Диэки баран истэххэ-
Сир тийэн хайыһар
Мас баһын курдук
Өрө иэгэллиитин
Ис кырыытыгар,
Халлаан буоллаҕына -
Тоҥус киһи
Дьиэтин туоһун
Таҥнарыта
ыйаттаабытын курдук
Таҥнары намылыйан
Түһүүтүн
Бэтэрээҥи кырыытыгар
Төбөтүнэн айахтаах
Таас булгунньах
Баар буолуоҕа,
Ол иһигэр
Көтөн түстэххэ -
Икки тимир
Ыаҕайа оҕотугар
Уу баара буолуоҕа,
Ону иккиэннэрин
Хайабыт бырдьаан иһэр да
Ол киһи ылыаҕа
Айталыын-куону" - диэтэ.
Дьэ, маны истэн баран
Үрүҥ Уолан сөблүөтэ.
Дьэ, онтон иккиэн
Тус арҕаа диэки сырсан
Көрүлээн истилэр.
Бу курдук
Айаннааннар
Өр да өтөр да
Барбыттарын
Бэйэлэрэ билбэтилэр.
Субугурдук иһэн
Көрдөхтөрүнэ -
Халлааҥҥа тийэр
Уот байаҕал көһүннэ.
Бу манна сырсан кэлэн,
Иҥнэ түстүлэр.
Бу туран
Көрдөхтөрүнэ -
Кыһыл уотунан
Кыйыыра уста турар
Дойду эбит.
Дьэ, маны көрөн туран
Анарааҥы киһи
Субугурдук саҥара турар :
"Чиэ, кыйыыра уста турар
Кыһыл уот байаҕал-хотун
Ирчитэ буолбут,
Кэлтэҕэй тыылаах,
Биир булаа хара
Кэлтэҕэй эрдиилээх,
Көрбүтүнэн
Көрө мээлэ буолбут,
Истибитинэн
Илэ дьүлэй буолбут,
Түөһүҥ бүттэҕэр
Соҕотох булаа
Хара илиилээх,
Самаҕыҥ туорайыгар
Соҕотох күҥ
Мээлэ атахтаах,
Соҕуруу киэнэ
Солбоннооҕо буолбут,
Тимир Кулгуйуоха оҕонньор!
Үрүҥ көмүс талаһаҕын
Ууран кулу эрэ!
Манньаҕын балбыччы
Баайыахпыт,
Сулуугун сулбуччу
Туттарыахпыт!" - диэтэ.
Дьэ, онуга
Иннилэригэр соҕотохто
Кэлтэгэй тимир
Отуу килэс кына түстэ,
Ол иһигэр
Сол эппиттэрин курдук
Киһи соҕотохто
Былтас кына түстэ,
Бу кэннэ илиитинэн
Уу диэки ыйа-ыйа
Субугурдук диэн
Хаҥынайан эрэр:
-"Биэрэр бэримньигитин
Аҕалыҥ!
Аһаабатаҕым
Аҕыс хонно,
Топпотоҕум
Тоҕус хонно,
Сиэбэтэҕим
Сэттэ хонно...
Күүһүм быстан
Күдэҕим эстэн олоробун,
Сэгэрдээр!" - диэтэ.
Маныга
анарааттан кэлбит киһи
Субугурдук диэн
Саҥара-саҥара
Хойнуттан сулбу
Тардан таһаарда
Үс сүүмэх кыылы,
Бу кэннэ
Субугурдук дии турар:
-"Чиэ, бу
Үс сүүмэх кыылым
Үс хара маҥаас
Ат сылгы буолан
Кулуҥ эрэ!"
Диэн баран
Үс төгүл
Күн өртүнэн
Талбаатаан баран
Барахта.
Бу баран түстүлэр
Үс хара маҥаас
Ат сылгылар буоланнар
Кистэспитинэн.
Маны көрөн баран
Иккиһин субугурдук
Саҥара турар:
-"Дьэ, тойон эһэкэйиэм,
Сымара таас
Сырайыҥ сылаанньыйдын,
Күлэр хоҥурууҥ
Дьуххардын,
Болуо таас сүрэҕиҥ
Сымнаатын!" - диэтэ.
Дьэ, маны көрөн баран
Бу нудулу
Уот байаҕал
Ирчитэ буолбут
Көрбүтүнэн көрө
Мээлэ киһи
Үс төгүл
Эҕэрдэлээн баран
Хаҥас ытыһыгар
Түһэрэн ылла,
Бу кэннэ үөһээ
Сырайын тириитэ
Сымыыт буһарбыт
Тордуйа курдук
Сылары тардан таҕыста.
Бу курдук
Үөрэн-көтөн баран
Кинилэри
Хаҥас ытыһынан
Чарапчыланан
Көрөн туран эттэ:
-"Кыйыра уста турар
Кыһыл уот байаҕалым,
Намтаан кулу эрэ!" - диэтэ.
Маныга байаҕал уута
Үс төгүл
Өрө үллэн баран
Таҥнары суодуйан
Түстэҕинэ -
көрбүттэрэ:
Ортотунан быһа
Кыһыл кумах
Буола түстэ.
Дьэ, бу устун
Быһа сырсан
Таҕыстылар.
Оо уҥуоргу өртүгэр
Тахсан туран көрдөхтөрүнэ-
Тус арҕаа диэки
Кыыс дьахтар
Иҥин хаана
Тэтэрэн турарын курдук
Кыһыл кумах
Аартык тэтэрэн көһүннэ,
Ол устун
Таҥнары сырсан истилэр.
Бу истэхтэринэ -
Тус арҕаа диэки
Аҥаарыйан көһүннэ -
Уҥуоргу өртүн
Одуулаатахха -
Опуоһа көстүбэт
Туох да ото-маһа суох
Улуу дойду
Унаарыйан көһүннэ.
Бу диэки
Анарааттан кэлбит киһи,
Дьэ, киирэн сүүрэн
Ойноон истэ.
Бу сүүрэн тиийдэ -
Бу улуу киэҥ толоон
Хаба ортотугар
Сиргэ кутан оҥорбут
Сиртэн көстө
Көстүбэт турар -
Чугуун дьиэҕэ
Сүүрэн тиийдэ да
Иһигэр дьылыс
Кынан хаалла.
Үрүҥ Уолан барахсан
Кэнниттэн
Даҕаспытынан кэллэ да
Көтөн түстэ.
Бу кини киирэрин кытта
Төттөрү ыстанна
Анарааҥы киһи.
Өйдүөн көрөн турда
Үрүҥ Уолан.
Бу көрдөҕүнэ -
Кэтэҕэрииҥҥитинэн
Биир уһун оронноох
Дьиэ эбит;
Бу орон үрдүгэр
Биир чугуун
Ыаҕас олорор ;
Бу иһин баран
Өҥөс кына
Көрө түстэҕинэ -
Түгэҕэр быычыкайык уу
Кылайан олорорун көрдө.
Маны көрөөт
Урукуттан мэккиһэн
Кэлбитин
Санаата да
Сүрэҕэ көптө,
Көхсө куоста,
Тамаҕа хатта,
Иһин түгэҕиттэн
Өрө тыынан
Мэҥилдьийдэ.
Субугурдук буолан баран
Тэһийбэтэ,
Үрдүгэр түһэн
Испитинэн барда.
Бу иһээт
Эт этэ
Дьаҥҥа өлбүт
Сүөһү этин курдук
Дыгдайа үллэн таҕыста,
Онтон үөстээбит
Сүөһү курдук
Иҥиир ситиитин
Таттаран чиччигинээтэ,
Бу чиччигинээн баран
Муннуттан уоһуттан
Тураҕас сылгы сиэлин
Кутуругун курдук
Кыа хаан
Таҥнара сыыйыллан
түстэ.
Бу курдук буолаат
Кэриэһин кэбиринэ,
Төрдүн төргүү,
Уҥуорун умсуйа
Сытар үһү.
Сол курдук
Муҥнана сытан
Саҥарар саҥатын
Хоһооно маннык:
-"Чиэ, доҕоттоор,
Мин үтүөнү
Эппитим иһин
Аһынааччы
Ким баар буолуой,
Куһаҕаны эппитим иннигэр
Дьигиргэнээччи
Ким баар буолуой?
Ол да эрээри
Этэбин:
Мин ойохпун
Эн илдьэ сырдьарыҥ
Биллибэт,
Хас да эн
Илдьэ кэлэр
Күннээх буоллахкына -
Сэрэн,
Кэлин өртүттэн
Батыһыннарыылаах
Дьахтар буолуоҕа...
Алыс илиигэр тутума!...
Бэйэм хааммыттан
Хаалла биир икки хаар
Хаар аҥардаах уол, -
Онтукайым
Сытаатар киһи тылын
Өйдүөн истэр баҕас
Буоллаҕа ду?
Сытаатар онтукайбын баҕас
Сүһүөҕүн дьүүлүн
Буллардаҕым баҕас дуу?
Хайдыаннаах
Үрүҥ күнүм,
Хаарыаннаах
Аан дойдум,
Мааҥы бэйэлээх
Бар дьонум,
Бурастыыларыҥ!"
Иннэ диэт айаҕын
Аппытынан барда.
Онтон
Өлбүт өлбүтүнэн
Хааллаҕа.
Дьэ, тыыннаах киһибитигэр
Тийэн кэллэхпитинэ -
Төттөрү сүүрэн кэллэ
Бу Айталыын-куоҕа.
Дьэ, бу кэлэн баран
Субугурдук саҥара турар:
-"Чиэ, доҕорчуок,
Билиги күтүр
Өстөөхпүтүн муҥарыттыбыт...
Дьэ, кэскиллээх
Кэс тылгын
Кэпсиэ эрэ!
Аан дойду
Ахтылҕаннаах
Бар дьон
Махтааттаах,
Иитиллибит ийэ дойду
Иһирэхтээх...
Ол буоллаҕына -
Мин дойдубар барыах!"
- диэтэ.
Дьэ, маныга дьахтар
Субугурдук дии турар:
-"Чиэ, доҕоруом,
Мин барсарым
Ханна барыай!
Арай бу дойду
Аҕыс ардай
Аһыылаахтара
Эйиигин тулутуохтара суоҕа,-
Ол сүбэтин булан баран
Илдьэ бар!" - диэтэ.
Маныга анарааҥы киһи
Субугурдук саҥара турар:
-"Чиэ, доҕорчуок!
Хайа мин киһи
Хатан чаҕаан санаабын
Ким
Хардары хаамыаҕай,
Мин киһи
Сытыы чаҕаан тылбын
Ким
Утары этиэҕэй?
Ол туһуттан
Ончу куттаныма!" - диэтэ.
Дьэ, дьахтар санаата
Аһынааҕар кылгас диэн -
Өс хоһооно,
Өһүк номоҕо,-
Ол быһыытынан
Кини барсыах буолла.
Бу буоларын кытта
Баһымньы-баатыр
Хантан да кэлбитэ
Билиминэ эрэн
Иннилэригэр соҕотохто
Хорус кына түстэ,
Бу түһэн баран
Субугурдук саҥара турар:
-"Чиэ, хотуой,
Мин киһи этэр тылым
Ирчитин истэ
Сэҥээрэ туруй эрэ!
Эн барар күннээх
Буоллахкына -
Мин киһи
Айдааннаах айахпын
Тугунан толоруоҥуй,
Мин киһи
Кудулу куолайбын
Тугунан ситэриэҥий,
Мин киһи
Ньыгыл таас оройбун
Тугунан табыаҥый!
Күлэр боҕуугун
Төлөрүттэхпинэ -
Мин төлөрүтүөм этэ,
Улуу дойду улаҕатын
Буллардахпына -
Мин булларыам этэ!"
- диэтэ.
Инньэ диирин кытта
Аҕыс булас суһуохтаах
Айталыын-куо
Субугурдук утара
саҥара турар :
-"Чиэ, ытык тылгын
Ырыарыма,
Бастыҥ тылгын
Барҕамнаама,
Үтүө тылгын
Үскэмнээмэ...
Мин эйиэхэ тугу даҕаны
Уһаты уунарым суох, -
Дьэ, ол иннигэр
Мийигин ханна
Тиэрдэҕин?" - диэтэ.
Дьэ, маны истээт
Баһымньы-баатыр обургу
Бар Дьаҕылын
Тус арҕаа диэки
Эргитэ тардан баран
Бар Дьаҕылын
Ис куҥун
Илби тыбыйда,
Тас куҥун
Далбы тыбыйда да,
Уурдаран оҕустаран хаалла.
Дьэ, бэтэрээҥи дьоннорбут
Санаалара табыллан,
Өйдөрө холбоһон,
Дьэ, барарга тэриллэннэр
Оҥостубутунан бардылар.
Дьэ, Айталыын-куо обургу
Аҕыс иилээх-саҕалаах
Атааннаах-мөҥүөннээх
Аан ийэ дойдутугар
Сыыйа-баайа хааман
Киирэн барда.
Бу киирэн туран
Уҥуоргу тыа
Улаҕатын одуулаата,
Бэтэрээҥи дойду
Кэрискэтин кэтиэмэхтээтэ,
Аҕыс салаа кутуруктаах
Айдаарыкы-сиэр барахсаны
Көрдүү сырытта.
Бу сырыттаҕына -
Тус арҕаа диэкиттэн
Сиэр дьоруо аттаах,
Сиэгэн кыыл тириитэ
Таҥастаах киһи
Сүүрдэн тийэн кэллэ,
Айталыын-куо иннигэр
Бу кэлэн туран
Субугурдук саҥара турар:
-"Чиэ, дуоҕаар,
Эн ат тиийиэҕинэн
Албан дьаһах ааккын
Ааттаан тийэн кэллим...
Кимтэн кииннээх,
Хантан хааннаах
Киһигиний? диэтэргин -
Субу самантан
Тус арҕаа диэки
Баран истэххэ -
Халлаан буоллаҕына -
Тоҥус киһи дьиэтин
Туоһун курдук
Таҥнары намылыйыытын
Бэтэрээҥи өртүгэр,
Сир буоллаҕына -
Хайыһар мас
Эҕиитин курдук
Өрө матарыйан тахсыытын
Илин кырыытыгар
Ахталыйан
Ааҥнаан үөскээбит
Сири сабан олорор
Сабыйа-баай-тойон сиэнэ,
Сиэр дьоруо ат сиһин
Үрдүгэр
Үҥкүрүйэн-күөлэһийэн
Үөскээбит
Сиэгэн-бөҕө диэн
Аартаах киһи кэллим.
Туох туһугар кэллиҥ?
Диэтэргин - субу самантан
Тус хоту диэки
Баран истэххэ -
Муус хайа
Муннуктаах
Будулуйа уста турар
Муус байаҕал
Бэтэрээ эҥэригэр
Эҥэрдэһэн иитиллибит
Икки ини бии
Бааллара үһү;
Онтон улахан уол аата
Баһымньы-баатыр диэн
эбитэ үһү ;
Аччыгый уол аата
Үрүҥ Уолан диэн
эбитэ үһү;
Онуга эн ойох
Баран сырыттахкына -
Субу самантан
Тус арҕаа икки
Тус соҕуруу икки
Ардын устун көрдөххө -
Кытара уста турар
Кыһыл уот байаҕал
Бэтэрээ өттүгэр үөскээбит
Үөлэн Өксөкүлээх Миэкэстэй
Обургу өлөрөн кэбиһэн баран
Эйигин илдьэ бараары
Кыммытыгар мийигин ыытта
Баһымньы-баатыр.
Хантан көрсөн,
Хаһааҥҥыттан билсэн
Соруйда? диэтэргин -
Мин кини бастыҥ кыыһа
Ытык Оньоохой диэн
Аартаах дьахтары
Ойох ылан барбытым,
Ону баран төннөрөн
Ылан баран эйиэхэ
Ыйан-кэрдэн ыыппыта.
Дьэ, эн мийигин
Сөблүүгүн ду
Сөблүөбэккин ду -
Ону билиэхпин баҕаран
Тиийэн кэллим!"
- диэтэ.
Маныга Айталыын-куо
Субугурдук дии турар:
-"Чиэ, доҕорчуок,
Кырдьык этэр
Буоллахкына -
Эйиэхэ барбатахпына
Кимиэхэ барыамый?
Хата, чэй эрэ,
Барар суолуҥ төрдө
Ханна баарый -
Бастаан бара туруй!" -
диэтэ.
Маны истээт
Сиэгэн-бөҕө
Атын тус арҕаа диэки
Эргитэ тардан баран
Субугурдук дии турар:
-"Чиэ, доҕорчуок,
Мин эрэһэлээх тылым
Ирчитин истэн туруй эрэ!
Хас да барбат
Күннээх буоллахкына -
Атым эттээх,
Бэйэм эрэйдээх
Кэлиэҕим!" -диэтэ да
Тус арҕаа диэки
Уурдаран оҕустаран хаалла.
Дьэ, бу хаалбыт
Дьоннорбут буоллахтарына-
Сүүс киһи сүбэтинэн
Сүбэлэһэн эрэллэр үһү.
Ол сүбэлэрэ маннык.
Айталыын-куо
Сото кэбиһэн дьороллон,
Өртүк баттанан
Өрбөллөн ,
Быар куустан
Быакаллан туран
Субугурдук дии турар:
-"Чиэ, доҕоччуйуом,
Туох сүбэ соргу
Баар буолуоҕай?
Туох кэскил
Тэрилтэ баар буолуоҕай?
Эн биһиккини
Түптээх уубутун
Утутумаары кыннылар,
Түрбүөннээх олохпутугар
Олордумаары кыннылар...
Туох сүбэ
Баар буолуой?" - диэтэ.
Маныга анарааҥы киһи
Субугурдук дии турар:
-"Чиэ, доҕорчуок,
Эн биһикки
Санаабыт санаабытын
Хайтах хаалларыахпытый,
Эппит тылбытын
Тоҕо өһүлүөхпүтүй?
Ол буоллаҕына -
Айбыт айыыбытыгар
Астылаҥнаах тылбытынан
Андаҕаһыах,
Иитиллибит
Ийэбитигэр эмиэ
Итэҕэллээх тылбытын бэрсиэх.
Ол кэннэ
Эн бар киниэхэ -
Хайтах кини
Олорор майгытын
Билиэх тустаахпыт,
Хайтах киниттэн
Куотар сүбэҕин
Булуох тустаахкын.
Ону билэн баран
Кэлээр миэхэ
Субу хаалбыт сирбэр!"
- диэтэ.
Бу инньэ диирин кытта
Дьахтар эргиллэ түһэн баран
Эр киһини хам кууһан ылан
Үөһээ уоһуттан
Үс хамыйах
Үүттээх хаан
Тахсыар диэри
Чубурҕаччы уураан ылла,
Аллараа уоһуттан
Алта хамыйах
Арыылаах хаан
Тахсыар диэри
Сабырҕаччы оборон ылла да
Тус арҕаа диэки
Киирэн ласпар испэр үктүү,
Намыл имил хаама турда.
Дьэ, субугурдук
Айаннаан айдалдьыйан
Алааһыттан тахсан
Аабылааныгар тиийдэ,
Толоонуттан туораан
Нуундаратыгар таҕыста,
Сыһыытын бараан
Сыбарыгар киирдэ.
Бу курдук айаннаан
Сэмэлээн өр да өтөр да
Барбытын бэйэтэ
Билиминэ истэ.
Бу иһэн
Аабылаанын баратан
Алааска киирдэ,
Нуундаратын баратан,
Толооҥҥо киирдэ,
Симилэҕин баратан
Сиргэ тиийдэ.
Бу тиийэн
Көрө истэҕинэ -
Үрүҥ хомурах диэбитэ
Үрүҥ сүүрүк буолан барда,
Хара сыҥынахтар диэбитэ
Хара сүүрүктэр буоллулар,
Хара ыарҕа диэбитэ
Хара сэрии буолан барда.
Онтон толооннорун туораан
Тусаһаларыгар киирдэ,
Сыһыыларын чиэрэстээн
Чигдилэригэр киирдэ.
Бу тиийэн туран көрдөҕүнэ-
Тэгэс тиэстибит
Сирэ эбит,
Букас мустубут
Дойдута эбит,
Соххор харахтаммыт,
Доҕолоҥ атахтаммыт
Сирэ эбит,
Чопчу бастаах
Доҕордоспут,
Кэриэн айах
Кэккэлээбит,
Тойон айах
Чуоҕуспут
Дойдута эбит.
Дьэ, мантан
Иҥниэх толлуох
Кыыс оҕо буолбатах,
Өтүрү батыры
Хааман киирдэ дьиэҕэ.
Бу киирэн көрдөҕүнэ -
Дьиэ иһэ баппат
Үөмэс аамас курдук
Дьоннор мустубуттар.
Онтон сырыта баттаан
Кэтэҕэриин диэки орону
Сырыта көрдөҕүнэ -
Биир эмээхсин
Өлөн чиркэйэн сытар.
Дьэ, онтон дьиэ иһин
Эргитэ көрдө
Сиэгэн-бөҕө
Ханна баарын көрөөрү.
Бу көрдөҕүнэ -
Дьиэ иһигэр
Ончу көстүбэт.
Онтон таһардьа тахсан
Ол бу диэки көрө турда.
Бу көрдөҕүнэ -
Дьиэ уҥуо өттүгэр
Үс ампаар
Субурусса тураллар,
Бу кэннэ
Дьиэ хаҥас өртүгэр
Түөт ампаар
Субуруһан турар эбит.
Дьэ, онтон кини
Төттөрү таары
Хаама сырытта;
Бу сырдьан көрдөҕүнэ -
Тус арҕаа диэкиттэн
Сиэр дьоруо аттаах
Сиэгэн-бөҕө иһэр эбит.
Маны көрөн баран
Айталыын-куо
Субугурдук саҥара турар:
-"Чиэ, доҕоччуок,
Ханна баран хаалан
Хойутаатыҥ?
Күүтэрбэр
Күнүм уһаата,
Күнүүлүүрбэр
Түүнүм уһаата...
Дьэ, аал уоккун
Өттө кэллим,
Алаһа дьиэҕин
Атара кэллим,
Күр үпкүн
Тутаары кэллим,
Күдэн сүөһүгүн
Күрүөлээри кэллим!"
- диэтэ.
Маны истэн баран
Сиэгэн-бөҕө
Тоҕус токур ойоҕоһун
Дугуйданан үөскээбит
Тойон болуо сүрэҕэ
Толугураччы мөҥүстэ,
Аҕыс адаар ойоҕоһун
Хаххаланан үөскээбит
Хайхах хара быара
Халырҕаччы тэбиэлээтэ.
Ол кэннэ
Субугурдук диэтэ :
-"Чиэ, дуоҕаар,
Астаммытынан ас,
Бэлэмнэммитинэн үп,
Оттуллубутунан уот,
Көрүллүбүтүнэн сүөһү,
Киирбитинэн дьиэ,
Оҥоһуллубутунан орон,
Өрүллүбүтүнэн күөс...
Талбыккын таҥын,
Таптаабыккын аһаа!
Мин эбэм
Бэҕэһээ өлөн хаалла,
Ону ирдьэммин
Алтан уҥуоҕун
Араҥастыах тустаахпын,
Көмүс уҥуоҕун
Көтөҕүөх кэриҥнээхпин,
Кырамтатын кыбытыах
Ыйаахтаахпын!" - диэтэ.
Иннэ диэн баран дьиэтигэр
Тэлэкэчийэн киирэн
Арыы тыа курдук
Аймах билэ дьонун
Алтыаллаһан туран,
Күөх ойуур курдук
Күрүөх билэ дьонун
Доҕордоһон туран
Билиги эбэтин
Ирдьэ баран хаалла.
Бу баралларын кытта
Айталыын-куо
Таһардьа тахса сүүрэн
Сэттэ ампаар үбүттэн
Талбытын таптаабытын
Дьукку хомуйан ылан,
Булуу-тэлии тутан
Биир матаҕачаан
Оҥорон кэбистэ.
Онтон аҕыс иилээх-саҕалаах
Аан ийэ дойдутугар киирэн
Хаҥыл хара сүүрүгүн
Хамчаакы баһын аайы
Кыйдаан кэбистэ,
Онтон тоҕус иилээх-саҕалаах
Толомон туруу дьаҕыл
Дойдутугар киирэн
Үргүүк үрүҥ сүүрүгүн
Өлөбүүт омук
Дойдутун устун
Үүртэлээн кэбиспитин
Өлөбүүт омук дьоно
Үөл маска
Өрүтэ үөлэн
Сиэбитинэн бардылар.
Онтон дьиэтигэр киирэн
Үҥкүрүс-күөлэһис
кына түстэ да
Тоҕус сиринэн
Кудурҕаннаах далан
Хара халарык буолла да
Дьиэтин иһигэр
Туох баар үбүн сэбин
Барытын үүрэн таһааран
Ый күн ыһыаҕа оҥордо.
Онтон бэйэтэ
Тус илин диэки
Таҥнары ытыллан
Түһэн истэ.
Субугурдук айаннаан кэллэ
Билиги хаалбыт киһитигэр.
Бу кэлэн
Далан хара холоругун
Уста бараҕан кэбиһэн баран
Бэйэтэ бэйэтинэн
Дьорос кына тура түстэ ;
Бу кэннэ субугурдук
Саҥара-иҥэрэ
Уостаах тииһэ
Ходьолдьуйа турбут:
-"Дьэ, доҕорум,
Эн биһиккини
Сүгүн бу дойдуга
Олордоллоро суох.
Дьэ, ханна бараммыт
Киһи буолуохпутуй?
Дьэ, сүүс киһи
Сүбэтин сүбэлээн
Кулу эрэ!" - диэтэ.
Дьэ, маныга
Анарааҥы киһи
Субугурдук саҥара турар:
-"Чиэ, доҕорчуок,
Самантан тус илин диэки
Баран истэххэ -
Эт арыытын курдук
Эргичийэ уста турар
Иҥэрэ далай
Баар буолуоҕа.
Ол анарааҥы өртүгэр
Ааһа баттаан истэххэ-
Халлааҥҥа тийэр
Сиикэй буһурук төлөннөөх
Ооҕуй оҕус бадараанныыр
Өһүк бадараана
Баар буолуоҕа.
Ол анараа өттүгэр
Ааһа баттаан истэххэ -
Халлааҥҥа тийэр
Тимир иһирик
Ойуур баар буолуоҕа.
Ол анарааҥы өттүгэр
Ааһа баттаан истэххэ -
Халлааҥҥа тийэр
Таас суорба
Хайа баар буолуоҕа,
Ол анараа өттүгэр
Ааһа баттаан истэххэ -
"Халлааҥҥа тийэр
Муус суорун
Баар буолуоҕа.
Ол анараа өттүгэр
Ааһа баттаан истэххэ-
Көстөр күөх халлаан
Арыый алын кырыытынан
Үүнэн турар
Төттөрү хатыллаҕас оттоох,
Таҥнары бэһиргэй мастаах,
Тиҥэһэ оҕус саҕа
Дэриэспэ таас тибиилээх,
Бургунас ынах саха
Болуо муус буурҕалаах,
Байтаһын биэ саҕа
Маҥан хаар хомурахтаах,
Уолан киһи
Сутуругун саҕа
Дьэҥкир мууһунан
Тобурахтыы турар дойду
Баар буолуоҕа.
Ол анарааҥы өттүгэр
Ааһа баттаан
Баран истэххэ -
Кунан оҕус хабарҕатын
Тиэрэ быспыт курдук
Таас халарыыт
Аартык баар буолуоҕа.
Ол анараа өттүгэр
Аһа баттаан истэххэ -
Кытыылыыр кытыт биэ
Тииһин кылаана
Кыбыгырыы хабыгырыы
Аалса туралларын курдук
Адырҕай таас дойду
Баар буолуоҕа.
Ол анараа өттүгэр
Ааһа баттаан истэххэ-
Алталаах атыыр сылгы
Таҥалайын туруору
Туппут курдук
Дьабырҕас таас
Тахсыы баар буолуоҕа.
Ол анараа өттүгэр
Аһара баттаан истэххэ-
Күрүҥ оҕус
Көхсүн тириитин
Көннөрүтэ аспыт курдук
Дьапталҕа таас ойоҕостоох
Таас күҥкүй
Таҥнары түһэн барыаҕа.
Ол устун түһэн истэххэ-
Кунан оҕус
Куолайын таҥнары
Туппут курдук
Таас хоҥкуйа
Түһэн барыаҕа.
Ол устун
Түһэн истэххэ -
Хааллаҥҥа тийэр
Төлөннөөх
Кытара уста турар
Уот байаҕал
Баар буолуоҕа.
Ону туораатахха -
Хол этиттэн
Хонуктаспыт,
Буут этиттэн
Бултаспыт,
Кубарыйа куурбут
Ньуурдаах,
Сыларыта сытыйбыт
Сырайдаах,
Ардьайа хаппыт
Айахтаах
Сотуун тириитэ
Сонноох,
Ытык тириитэ
Ыстааннаах,
Кэрэх тириитэ
Кэтинчэлээх,
Бэриппиэс тириитэ
Бэргэһэлээх,
Өлүү тириитэ
Үтүлүктээх,
Үс былас быалаах
Кымньыы саҕа
Кыһыл чиэрбэ идимэрдэрэ
Айахтарынан таҥнары
Субуллан түһэн
Кэлбит-барбыт киһини
Хонноҕун быттыгын аннынан
Суптурута кирэ олорор
Дьоннор баар буолуохтара.
Ол анараа өттүгэр
Ааһа баттаан истэххэ -
Сиһин баратан
Сиригэр тийиллиэҕэ.
Ол анараа өттүгэр
Нуундараны туораан
Толооҥҥо киириллиэҕэ,
Сыбартан тахсан
Сыһыыга киириллиэҕэ.
Дьэ, ол киирэн
Көрө истэххэ -
Кый барбыт
Кырылас сылгылаах,
Бырах барбыт
Бырылас ынахтаах,
Кыһыл саһыл
Кыдьымахтаах,
Хара саһыл
Халҕаһалаах,
Күөх тииҥ
Көмүөллээх,
Өҥнөөх сарыы
Үктэллээх,
Түүнүктээх түнэ
Түөрэхтээх,
Дьаардаах кырынаас
Чайдаах,
Буур таба тириитэ
Булгунньахтаах,
Тыстаах баттахтаах
Хардаҥ эһэ тириитэ
Олбохтоох
Дойду баар буолуоҕа.
Дьэ, онно хайа
Күүспүтүнэн тиийиэхпитий?"
- диэтэ.
Маныга Айталыын-куо
Субугурдук дии турар:
-"Чиэ, доҕоруом,
Бу күҥҥэ
Киһи туохха төрүүр?
Таптаабыт сиригэр
Сырдьаары,
Талбыт суолун батыһаары.
Үтүө ат
Биир кымньыылаах,
Үтүө киһи
Биир тыллаах диэн -
Өс хоһооно,
Өһүк номоҕо дииллэр.
Ол буоллаҕына -
Биир сымыыт
Ханна сытыйбатай?
Ыыргын батыһан иһэн
Ыкка сиэтиэҕим,
Суолгун батыһан иһэн
Суорга сиэтиэҕим...
Хата туох сүбэ баарый?
Баран көрүөх!" - диэтэ.
Дьэ, маныга
Анарааҥы киһи эттэ:
-"Мин да
Кэннибинэн кэхтээри,
Иннибинэн чугуруйаары
Булуом дуо,
Доҕоччуок?" - диэтэ.
Дьэ, субугурдук
Дэсиһэн бараннар
Аҕыс булас суһуохтаах
Айталыын-куо
Аал уотугар,
Алаһа дьиэтигэр
Тиийэн кэллилэр.
Дьэ, бу кэлэннэр
Үргүүк үрүҥ
Сүүрүгүттэн
Үтүөтүн
Үргүтэ сырдьаннар
Үөстээтилэр,
Хаҥыл хара сүүрүгүттэн
Талыытын
Хаамтара сырдьаннар
Хабарҕатын бысталаатылар.
Дьэ, субугурдук
Өлөрөн өһөрөн тураннар
Үксэ дьүүлэ биллибэт
Үгүс өйүөнү оҥостубуттар.
Дьэ, икки киһини
Доҕор ыланнар,
Тоҕус ат
Көтөлүн оҥостоннор,
Дьэ, айаннаатылар.
Дьэ, бу айаннааннар
Кыһыны кырыатынан билэннэр,
Сааһы сылгынынан
билэннэр истилэр.
Дьэ, бу иһэн тиийдилэр
Эт арыытын курдук
Эргичийэ уста турар
Иҥэрэ далай
Эпси тоҥон баран -
Саҥардыы эттээх аты
Иҥэһэ тэбэринэн -
Хаар сиҥэлээх
Күөх уу буолан
Көҕөрө устан турарыгар
Түбэстилэр.
Дьэ, бэтэрээ эҥээрин
Ырбыыта атан хаалбыт...
Арай өлүү болдьохтоох
Дьоллоохторго
Үрэх үөһээ өртүттэн
Муус быстан кэлэн
Били ырбыы икки
Кытыл икки ардынан
Ыга анньан кээспит.
Бу усту талаһалааннар
Үрэх ортотугар киирдилэр.
Бу киирэн бараннар
Анарааҥы кытыыга тиийдилэр.
Дьэ, бу тиийэн
Көрдөхтөрүнэ -
Анараа өртүн ырбыыта
Билигитээҕэр ордук
Киэҥ буола аппыт.
Дьэ, маны көрөн бараннар
Ордук дьулайдылар.
Дьэ, субугурдук
Таар муҥурдарыгар
Түһэн турдахтарына -
Үөһээ халлаан диэки
Сүрдээх улахан тыас
Тыаһаата,
Бу кэннэ
Киһи саҥата иһилиннэ;
Бу киһи саҥатын
Хоһооно маннык:
-"Чиэ, доҕоттоор,
Тугу кына тураҕыт?
Бэт ыар бэриккэ,
Улахан уһун өҥөҕө
Мин туоратан биэриэм этэ!"
- диэтэ.
Дьэ, маныга өрө хантайан
Көрбүттэрэ :
Таас хайа аҥарын
Хайа суоран
олоппут курдук
Туос хандалыы
Тыыны мииммит,
Хайыһар быһаҕаһын саҕа
Кубарыйа куурбут
Сирэйдээх,
Муҥур харыйа
Быһаҕаһын быһа
Баттаан ылан
Олоппут курдук
Көҕүстээх,
Сул тиит аҥарын
Хайа суоран
Олоппут курдук
Түөһүн бүлтэҕиттэн
Үүнэн тахсыбыт
Икки булаа
Илиилээх,
Икки тимир тирэҕи
Кэккэлэтэ туппут курдук
Атахтаах киһи
Кинилэр төбөлөрүн
Оройунан түһэн
Тийэн кэллэ.
Дьэ, маны
Көрөн бараннар
Үөрээри үөрдүлэр,
Көтөөрү көттүлэр,
Бу кэннэ субугурдук
Дэһэ тураллар:
-"Чиэ, хайа көстөр
Үрүҥ айыыбыт
Тийэн кэллиҥ?
Хайа илэ
Иэйэхсиппит
Көстө кэллиҥ?
Биһиги биир хонуох
Оҥоруубутугар
Түбэспитиҥ буолуоҕа...
Дьэ, манньаҕын
Балбыччы биэриэхпит,
Сулуугун
Сулбуччу биэриэхпит...
Дьэ, биһигини
Туоратан абыраа!"
- дэһистилэр.
Дьэ, маныга
Түһэн тиийэн кэллэ да
Төһө киһилэри сүөһүлэри
Бука барытын
Хомуйа тутан ылла да
Соҕотохто уҥуоргу
Чайыгар таһааран кэбистэ.
Дьэ, бу таһааран баран
Манньатын көрдүү турда;
Бу көрдүүр хоһооно маннык:
-"Дьэ эрэ, доҕоттоор,
Мин манньабын
Кулуҥ эрэ!" - диэтэ.
Дьэ, маныга биэрдилэр
Үс хардаҥ
Маҥаас атыыр сылгыны.
Дьэ, маны ылан баран
Турар сиринэн
Соҕотохто куоҕастыы
Таҥнары умсан хаалла.
Дьэ, бу дьон манна
Уҥуоргу арыытыгар
Тахсаннар хоннулар.
Дьэ, бу ындыылара
Субугурдук чайга хаалла.
Аттарын уһулталаан кэбистилэр.
Дьэ, саһыыныр дьон
Турар майгытынан
Турдулар.
Дьэ, бу туран баран
Айталыын-куо
Тус илин диэки
Көрбүтүнэн
Ойон турда.
Бу турдаҕына -
Арай халлаан
Хайдарга дылы,
Сир сиҥнэстэргэ дылы
Тыас тыаһаата.
Дьэ, маны
Одуулаан турдаҕына -
Билиги арылыйа уста турар
Араат-Байаҕал мууһа
Көтөҕүллэн
Билиги кинилэр
Таһаҕастарын
Бука барытын
Бу өрө үтэн
Таһааран иһэр.
Дьэ, маны көрөн баран
Хаһыытаата Айталыын-куо:
-"Чиэ, доҕоттоор,
Туох үтүө сүбэ
Баар буолуоҕай?
Алдьахай буолла!
Мааҥы бэйэлээх
Үрүҥ тыыммыт
Толугун бырдьаттыбыт -
Туох өрүһүйүөх
Киһи баарый?" - диэтэ.
Дьэ, маныга
Манна баар дьоннор
Тахсаннар үрэх диэки
Мээлэ сырыстылар.
Дьэ, бу сырсан киирэннэр
Тугу да кыныах
Өйө суох ууга
Охтубут курдук
Мээлэ турдулар.
Дьэ, бу турдахтарына -
Айталыын-куо
Отуутугар тахса сүүрэн
Уотугар арылыас кус
Сымыытын курдук
Араҕас арыытыттан
Бачыгыраччы баһан ылан
Кутан биэрэ-биэрэ
Субугурдук диэн
Алгыы турар үһү:
-"Дьэ, бу
Аҕыс үөстээх
Хайах арыытын курдук
Арылыйа уста турар
Араат-Байаҕал
Ирчитэ буолбут,
Кэлтэҕэй тыылаах,
Эрдии аҥара
Эрдиилээх,
Аттаахтан кымньыытын
Ылан олорооччу,
Сатыыттан тайаҕын
Ылан хаалааччы,
Сараһын сырай,
Сарыы таҥалай,
Атара кутурук,
Дьэгиэ тыҥырах,
Дьойуо тумус,
Түрбүөн олох,
Түптэ Буурай обургу,
Икки тэргэн ый
Тэҥнээҕэ буолбут
Кэй чуор
Кулгаахкынан
Истэ туруй,
Икки үрүҥ күн
Үөлээннээҕэ буолбут
Күн чаҕаан
Харахкынан
Көрө саҥара
Туруй эрэ!
Биһиги халлааннааҕы
Аҕабытыттан
Айыллан түстэхпинэ -
Орто дойду уутун
Отун-маһын ирчитин
Ыҥыран аһатарга
Ыйыллан түспүппүт,
Ону алҕаһаабыт
Айыыбыт баар буолуоҕа,-
Ону хаалларан тураҥҥын
Кэлэн өрүһүйэн абыраа!
Халдьыктаах бэйэбит
Хаҥкыйан,
Тоноҕостоох бэйэбит
Токуйан,
Сүһүөхтээх бэйэбит
Сүгүрүйэн эрэбит!
Биэс тарбаҕыҥ
Бэримдьитэ тугуй,
Уон тарбаҕыҥ
Уунуута тугуй?
диэтэргин -
Арылыас кус
Сымыытын курдук
Араҕастай арыынан
Айах тутан
Айхаллыы көһүттүбүт!
Халыҥ халҕаһаҕын
Халбарыт,
Дохсун сүүрүккүн
Мөлтөт!"
Дьэ, иннэ
Диирин кытта
Тус хотуттан
Сүрдээх тыал
Тыалыран кэллэ,
Ол кэннэ,
Сүрдээх дорҕоон
Этиҥ эттэ,
Бу кэнниттэн
Сүрдээх уот
Самыыр түстэ.
Бу иннэ кынарын кытта
Билиги арылыйа уста турар
Арылыа байаҕал
Мууһа ортотунан
Хайа солонон барда.
Бу барарын кытта
Билиги өрө
үтэн иһэр муус
Балаҕан үрдүн курдук
Эндэрдэнэн хаалла.
Бу иһигэр туох баар
Сэптэрэ балаҕаҥҥа
Хаалаабыт курдук
Халҕаһа иһигэр
Хааланан хаалла.
Дьэ, бу
Ааһарын кытта
Бу үрэх ортотуттан
Билиги Айталыын-куо
Эппитин курдук
Дьүһүннээх көтөр
Өрө күөрэс
Кына түстэ.
Дьэ, бу тахсан олорон
Субугурдук саҥара
Олорон ыллаата:
-" Көр даа,эчиэйэ
Сэгэрдээр!
Мин киһи
Чуумпурбут көхсүгүтүн
Дьөлөрүттүм,
Санньылыйбыт санааҕытын
Дьайҕаттым...
Ол буоллаҕына -
Мин киһи
Топпотоҕум
Тоҕус хонно,
Аһаабатаҕым
Аҕыс хонно,
Сиэбэтэҕим
Сэттэ хонно,
Үрсэммэтэҕим
Үс хонно...
Уон тарбахкыт ууннуутун,
Биэс тарбахкыт
Бэримньитин көрдөрүҥ эрэ,
Дьэ, мин киһиэхэ!"
- диэтэ.
Дьэ, маныга
Бастыҥ уоллара
Сигиргэй Бөҕө диэн
Ааттаах киһи
Батыгырайан барда да
Биир бастыҥ аттарын
Сүнньүн анньан кэбистэ,
Ол кэннэ субугурдук
Дии турар:
-"Чиэ, хотун эбэккээм,
Биһиги дьон
Биэс тарбахпыт
Бэримньитин,
Уон тарбахпыт
Уунуутун көрүй эрэ!
Хааныгар халаахтаа,
Сытыгар сыламнаа,
Этигэр элиэлээ!
Сымара таас
Сырайыҥ сылаанньыйдын,
Күлэр хоҥурууҥ
Дьуххардын,
Болуо таас сүрэҕиҥ
Уйадыйдын,
Хайыыр таас быарыҥ
Манньыйдын,
Өлүү уута үөһүҥ
Сүлүйдүн!
Үүс киис
Түүтүн түүлэн,
Сыалыһар балык
Быарын быардан!"
- диэтэ.
Дьэ, иннэ диирин кытта
Көтөн купсуйан кэллэ да
Билиги сылгы үрдүгэр
Догдос кына олоро түстэ да
Ат сүлдьүүлээх сүрэҕин
Ойоҕоһун быыһынан
Хостуу тардан таһааран
Тобулута тоҥсуйан
Сии олордо;
Бу олорон
Субугурдук диэн
Алгыс алгыы олорор үһү:
-"Эчиэйэ, эчиэйэ диибин да!
Эһиги дьоннор
Аҕыс ньаймахтаах
Аартык хотуну
Арыйар күҥҥүт буолла...
Ол буоллаҕына -
Мин киһи
Аллаах ат
Атаҕа тиийиэҕинэн
Албан дьаһах
Ааппын ааттыыр
Буолаарыҥ хайа да күҥҥэ!
Мин киһи
Соноҕос ат
Хоҥнорбот
Дьоһуннаах
Суо тойукпун,
Кунан оҕус
Ыатарбат
Ыар нүһэр тылбын,
Баараҕай ат
Кыайан таппат
Астылаҥнаах алгыспын
Истэн туруҥутуй эрэ!
Дьэ, ол буоллаҕына -
Илин атахкыт
Ибирэ суох буоллун,
Кэлин атахкыт
Кэбирэ суох буоллун,
Уоттаах харахтаах
Утары көрбөтүн,
Татаар тыллаах
Таба эппэтин,
Уон адаар
Хара тарбахтаах
Уһаты уумматын,
Субурҕан хара
Тыыннаах тыына
Таба түбэспэтин!
Охтоохтон охтумаҥ,
Саалаахтан самнымаҥ,
Түөстээхтэн түҥнэстимэҥ,
Бүлгүннээхтэн мөлтүөмэҥ,
Атахтаахтан алларыйымаҥ,
Тилэхтээхтэн тэмтэрийимэҥ!
Иннигитинэн
Чугуруйар буолаайаҕытый,
Кэннигитинэн
Кэхтэр буолаайаҕытый!
Тахсар дабаан
Намтаатын,
Киирэр кирбии
Кэдэйдин,
Адаар таас
Сылаанньыйдын,
Дириҥ уу
Чычааһырдын!
Илин өртүгүтүгэр
Тоҕоһо от саҕа
Дьол хаан тосхойдун,
Кэлин өртүгүтүттэн
Сыарҕалаах от саҕа
Саргы хаан сайыстын!"
- диэтэ.
Дьэ, кини иннэ дии дии
Аһыы олорон хаалла.
Барар дьон
Оҥостон баран хааллылар.
Дьэ, субугурдук
Айаннаан сэмэлээн,
Сааскыны чалбаҕынан
Билэннэр,
Сайыны самыырынан
Билэннэр,
Күһүнү үксүөнүнэн
Билэннэр,
Кыһыны кырыатынан
Билэннэр истилэр.
Дьэ, бу истэхтэринэ -
Күн уота
Төбөлөрүн оройунан
Эргичийэн ааһар
Аппа сиргэ киирдилэр.
Дьэ, бу киирэн тураннар
Түөрт өттүн
Төгүрүччү көрдөхтөрүнэ -
Иин эркинин курдук
Ханан да
Тахсар ыллыга суох
Дойдуга түбэстилэр.
Аллараа диэки
Өҥөйөн көрдөхтөрүнэ -
Алта атахтаах
Ааҕый оҕус
Бадарааннаан тахсар
Өһүк бадылҕаҕа
Күөс күгэнин курдук
Өрө оргуйа турар
Дойдута көһүннэ.
Дьэ, субугурдук
Тууга хааттарбыт
Баҕа курдук
Таар муҥурдарыгар
Түһэн хаалан турдулар.
Халлааннаан көтүөхтэрин
Кынаттара суох,
Сирдээн тимириэхтэрин
Уһуктаах тумустара суох
Буоланнар
Хааттаран хаалан турдулар.
Дьэ, бу турдахтарына -
Улахан уоллара
Сигиргэй-Бөҕө
Субугурдук саҥара-саҥара,
Алтан чопчу саҕа
Аал уоту оттон баран
Арылыас кус
Сымыытын саҕа
Араҕас арыыны
Бачыгыраччы кутан
Биэрэ-биэрэ
Алгыс алгыы сырдьар;
Ол алгыһын хоһооно маннык:
-"Буйакайбын, оҕолоор!
Ол буоллаҕына -
Аҕыс ньаймахтаах
Аартык хотун ирчитэ,
Тоҕус тоҕойдоох
Суол хотун ирчитэ буолбут
Түрбүөн олох,
Түптэ кутурук,
Дьэгиэ тыҥырах,
Дьэһин Тураахай обургу!
Эн ааккар
Аал уотунан олохтооммут
Ахтаах араҕас
Арыынан айах тутан
Айхаллаһа көһүттүбүт...
Өлүү бидилгэх
Бадарааҥҥын
Экитэн кулуй эрэ!" -диэтэ.
Дьэ, иннэ диирин кытта
Билиги нуората
Ат саалын курдук
Араҕас кырдал
Буола түстэ.
Дьэ, ол устун тахсан
Бара турдулар.
Дьэ, бу баран истэхтэринэ -
Биир сиргэ тиийдилэр.
Бу тиийэн көрдөхтөрүнэ -
Халлааҥҥа тийэр
Тимир иһирик
Ойуурга тийэннэр
Хааттаран хаалан турдулар.
Бу турдахтарына -
Тойонноро атыттан
Түһэ эккириэтэ да
Көхсүттэн Кимээн-имээн
Үрэх киилэ кииллээх,
Хааман-имээн
Үрэх хатыҥа хатыҥнаах,
Томоон-имээн
Үрэх туоһа туостаах,
Буур тайах муоһа
Бэтиннэриилээх,
Кэй кыыл иэнин
Иҥиирэ таспалаах,
Өлүү тимир
Дьирибинэ балык
Сиһин иҥиирэ
Иҥэччэлээх,
Хахай кыыл хаана
Харыанчакалаах,
Өксөкү кыыл
Үөһэ соһолоох
Улуу от үрэх
Тоҕойдуу охсон
Түспүтүн курдук
Аҥаачыккы муос саатын
Сулбу тардан ылла,
Балдьыат ыал
Бастыҥ мас
Баҕанатын саҕа
Балтахай мас
Оноҕоһун сулбу тардан
Ылан туран
Уҥуоргу кулгаах
Тааһыттан
Уҥуоргу кулгаах
Тааһыгар диэри
Аҥаабыллаан туран
Субугурдук алгыс
Алгыы турар үһү:
- "Чиэ, буйакайбын, оҕолоор!
Ол буоллаҕына -
Субу тоҕус тоҕойдоох
Суол хотун ирчитэ буолбут,
Аҕыс ньаймахтаах
Аартык хатын
Айыыта буолбут,
Халлааҥҥа тийэр
Тимир иһирик ойуур
Ийэтэ буолбут!
Арҕаа диэки
Далан халарык
Буолан бардахкына -
Алдьахайы туруорааччы,
Илин диэки
Күүстээх силлиэ буолан
Бардахкына -
Илбиһи тэрийэриҥ,
Соҕуруу диэки
Дохсун холорук буолан
Бардахкына -
Содуому туруорарыҥ,
Хоту диэки
Куп куп тайбаан
Купсуйдахкына -
Хобуоһайга хобулууруҥ,
Оттоҕунан быстаҥҥын
Оһол буоларыҥ,
Төбөҕүнэн хайдаҥҥын,
Төрүөт буоларыҥ!
Аҥар харахтаах
Арҕаа кыыһа
Алып Хандалыы обургу,
Соҕотох харахтаах
Соҕуруу кыыһа
Суордаах Куохтуйа обургу!
Тахсар дабааммытын
Намтатан кулу,
Киирэр кирбиибитин
Кэтэтэн кулу,
Тимир иһирик ойууру
От үрэх саҕа кына
Тоҕо солоон кулу!"
Диэн баран
Аҥаачыккы- муҥаачыккы
Саатын тардан кэбистэ.
Бу таппыт тыаһа
Буоллаҕына -
Сүүлүн саҕынааҕы
Этиҥ маска түһэрин курдук
Икки иҥэччэтин тыаһа
Өрө сатарыы түстэ.
Бу түһэрин кытта
Өйдүөн көрбүттэрэ:
Билиги тимир
Иһирик ойуурдара
От үрэх саҕа
Тоҕо охсуллан түспүт.
Дьэ, ол устун айаннатан
Дьалкытан испиттэр.
Дьэ, субугурдук
Айаннаан истэхтэринэ -
Халлааҥҥа тиийэр
Суорба таас
Хайаҕа тиийэн кэллилэр.
Бу кэлэн туран
Көрдөхтөрүнэ -
Үөһээ өртүнэн
Туйаҕас күүгэс
Өрө көтөн тахсыбатах,
Алын өртүнэн
Уһуктаах тумустаах
Сур күүдээх
Супту сургуйбатах
Килэгир таас хайаҕа
Кэлэннэр
Иҥнэн хаалан турдулар.
Бу турдахтарына -
Арчыгый уоллара
Элэс-баатыр обургу
Сытар анах
Ханнык саҕа
Хара хайыры
Сулбу тардан ылан
Өрө көтөҕөн туран
Субугурдук диэн
Алгыс алгыы турар үһү:
-"Чиэ, буйакайбын, оҕолоор!
Ол буоллаҕына -
Бу адаар тааһым
Ирчитэ буолбут,
Хаҥкылдьыйар
Халдьыккыттан ыла
Хара маҥаас
Халлаан харгыйар
Хара суора буолбут
Хаан Халыыктай обургу!
Адырыыннаах аартыккын
Сылаанньытан кулу,
Суорба тааскын
Суодутан кулу,
Хайыр тааскын
Хаптатан кулу,
Болуо тааскын
Үнтүрүтэн кулу!
Манньаҕын балбыччы,
Сулуугун сулбуччу
Биэриэҕим!
Уон тарбахпар
Оботто уган кулу,
Биэс тарбахпар
Мэнэгэйдэ кэбиһэн кулу,
Эрбэхпэр имэҥнэ
Эрчийэн кулу,
Ытыспар ымырдахта
Ыһан кулу!" -
Диэн баран
Билиги көтөҕөн турар
Тааһынан хайа хаба
Ортотун көрбүтүнэн
Бараҕан кыһыгыратта.
Бу барахпыт тыаһа
Буоллаҕына -
Аныгы сытыы буулдьа
Тыаһын курдук
Чыһыыра түһэн хаалла.
Ол кэнниттэн
Өйдүөн көрдөхтөрүнэ -
Хатын дьахтар
Хаппачытын айаҕын саҕаны
Ортотунан дьөлө
Бараҕан кыһыгыраппыт.
Ол устун тахсаннар
Айанныы турбуттар
Тус илин диэки.
Субугурдук айаннаан
Дьалкытан истэхтэринэ -
Сүрдээх түҥ
Болбукта иһигэр
Киирэллэрин кытта
Кинилэри уун утары
Тоҕус торҕон бөрө
Өрө улуһа
Олороллор эбит.
Дьэ, кинилэри
Көрдүлэр да
Түү түүлэрин
Өрө күүрдэн бараннар,
Сырайдарын
Өрө ньолоччу
Туттан бараннар,
Тиистэрин
Ытыгыратан бараннар
Утары сырсан
Кэллилэр да
Миинэн иһэр аттарын
Кэлин борбууйугар
Олорбутунан бардылар.
Дьэ, субугурдук кынаннар
Илин да арҕаа да
Ыыппакка хаайдылар.
Дьэ, хаайыллан тураннар
Үс эр киһи аттарыттан
Түһэ оҕустулар да
Уолан киһи
Уостаах тииһэ
Урдьалдьыйан көстөр
Уһун дурба батастарын
Субуйа баттаан
Ыллылар да
Уҥуоргу тыа
Улаҕатыттан
Урбачытан аҕаланнар
Охсон улааннаабытынан
Бардылар да
Көрүөх бэтэрээ өттө
От хотуула,
Мас чаппата
Кынан кэбистилэр да
Эмиэ айаннаан
Сэмэлээн истэхтэринэ -
Эмиэ күтүр болбукталаах
Сэҥнэкэ үрдүттэн
Аҕыс сырҕан эһэ
Өҥөс кына түстүлэр.
Бу түһэн иһэр
Дьүһүннэрин
Өйдүөн көрбүттэрэ:
Түү түүлэрин
Адаарыппыттар,
Тиис тиистэрин
Ырдьаппыттар,
Тыҥырах тыҥырахтарын
Сарбаппыттар, -
Субугурдук дьүһүлэнэн
Кинилэргэ түһэн кэллилэр.
Бу кэлэллэрин кытта
Үс эр киһи аттарыттан
Ойон түстүлэр да
Кыыс дьахтар
Хаастаах хараҕа
Кырталдьыйан көстөр
Кыырыктаах үҥүүлэрин
Сулбурута тардан
Ыллылар да
Аҥар өртүлэриттэн
Сүрэхтэригэр дьөлүтэ
Түспүтүнэн бардылар.
Дьэ, субугурдук
Үнтү кэйэннэр
Өлөртөөн кэбистилэр.
Дьэ, субугурдук
Өлөрөн өһөрөн кэбиһэннэр
Эмиэ үөрэ-көтө айаннаан
Сэмэлээн истилэр.
Дьэ,субугурдук үчүгэйдик
Туох да эрэйэ-буруйа суохтук
Били тойонноро
Эппит иҥин
Эҥин аартыктары
Барытын этэҥҥэ
Туорааннар
Билиги уот байаҕалга тийдилэр.
Бу тийэн туран
Айталыын-куо обургу
Аҕыс салаа кутуруктаах
Айдаарыкы-сиэр үрдүттэн
Түһэ охсон баран,
Айдаарыкы-сиэр
Кутуругуттан
Үс сүүмэх кылы
Сыыйа тардан ылан баран,
Күн өртүнэн
Үс төгүл
Төгүрүйэн баран
Күнү көрсүһэ
Талбаатыы-талбаатыы
Алгыс алгыы
Турар үһү;
Ол алгыһа маннык:
-"Чиэ... дуо...
Чэбинэбин...
Кэл...
Күөх...
Уой-уойбун, оҕолоор!
Субу буоллаҕына -
Мин этэр тылым ирчитин,
Эбэм,
Обуннаах уот байаҕал
Ирчитэ буолбут,
Обун-томтой-уот-купсуйуку обургу,
Истэ сэргэҥнээн,
Көрө бүдүлээн
Туруй эрэ!
Ол буоллаҕына -
Мин күһүлгэннээх
Көрдөһүүбүн көтөҕүй,
Ахтылҕаннаах
Аартаһыыбын атаарҕаа!
Тугу тоҕоһолоон туран
Чуо көрдөстүҥ?
Диэтэргин -
Бу уот байаҕал
Обуннаах дохсун
Сүүрүгүн тохтот диэммин
Дьол көрдөһөн эрэбин,
Хатан халҕаһатын
Халбарытаарай диэммин
Аартаһан эрэбин!
Мин биэс тарбаҕым
Бэримньитин көрөҥҥүн
Мичик аллай эрэ,
Уон тарбаҕым
Уунуутун өйдүөн көрөҥҥүн
Күлүм аллай эрэ!"
Диэн баран
Билиги үс сүүмэх кылын
Өрүкүйэ уста турар
Байаҕалга барахта.
Бу бараҕарын кытта
Билиги үс сүүмэх кыла
Хаан тураҕас
Атыыр сылгылар буоланнар
Кистэспитинэн түстүлэр
Уот байаҕалга.
Дьэ, бу түһэллэрин кытта
Бу уот байаҕал
Үс төгүл
Өрө үллэн баран
Таҥнары суодуйан
Түһүүтүгэр
Хаба ортотунан
Быһа ыстанан
Кыһыл кумах буола түстэ.
Бу устун тахсаннар
Тус илин диэки
Баран истилэр.
Дьэ, бу истэхтэринэ -
Өйүөлэммит өйүөлэрэ баранна,
Мииммит аттара ырда,
Таҥныбыт таҥастара
Эттэригэр сыстаччы
Хатан хаалла,
Аһаабыт астара баранна-
Өлөр үөстэринэн,
Быстар кырча тыыннарынан
Иэгэлдьитэн истилэр.
Дьэ, субугурдук
Муҥу көрөннөр,
Буору сөҕөннөр,
Уньулуйа ууланнар,
Илбиритэ сытыйаннар,
Иэдэйэн бараннар,
Дьэ буллулар
Кый барбыт
Кырылас сылгылаах,
Бырах барбыт
Бырылас ынахтаах сири.
Дьэ, маны көрөннөр-
Күннэрэ тахсан
Халлааннара сырдаата.
Дьэ, сыыйа-баайа
Сыбыгыраччы
Хаамтаран халытан истилэр.
Дьэ, бу иһэн көрдөхтөрүнэ -
Алаас муҥунан
Аан алаһата атарбыт-
Аан атайбыт,
Толоон муҥунан
Дьоллоох туоната
Туругурбут -
Хон хотойбут ыал
Чэлгиэннээх чигдитэ
Килбэйэн көһүннэ,
Чугдааннаах тусаһата
Туналыйан көһүннэ.
Бу дьон маны
Көрө-көрө
Бу ыал диэки
Баран истилэр.
Дьэ, бу иһэн
Көрдөхтөрүнэ -
Арыы хатыҥ саҕа
Араҕас маҥан
Чачыр анньыллыбыт,
Алаас сыһыы саҕа
Араҕас маҥан
Далбар тардыллыбыт,
Чөҥөрө чүөппэ саҕа
Дириҥ түһүлгэ
Түһүрүйбүт,
Сэттэ сириэ
Баҕарахтан тэриллибит
Сириэһиннээх,
Сэттэлии сиринэн
Сииктээх,
Түөртүү сиринэн
Туспалаах,
Аҕыстыы сиринэн
Хараҕалаах,
Үстүү сиринэн
Кулугулаах
Сэттэ сири
Иһити сириэдиппиттэр;
Түөрт Дьөһөгөй айыыттан
Төрүттэммит
Түөртүү сиринэн
Курдаах талахтаах
Таҥалайдаах
Танылҕан чабычахтар
Тардыллыбыттар.
Эйэн Иэйэхситтэн
Ситимнээх иччэхтээх
Талахтаах таҥалайдаах
Ыаҕастар тардыллыбыттар;
Дьоллоох Хомпоруун-хотой
Айыыттан
Тускуулаах томторҕолоох
Дьоллоох тойон айахтар
Чуоҕуспуттар;
Кэбиһэн биэрбэт
Кэскиллээх Күрүү-кэрэмэстэн
Тэрилтэлээх
Кэрдиис ойуулаах ыпсыылаах
Кэриэн ымыйалар
Кэккэлээбиттэр;
Маннык баараҕай ыал
Туох төлкөтүн
Оҥостубуттарай?
Диэн одуулаан көрдөхтөрүнэ -
Уҥуо диэки алаастарыгар
Аҕыс атыыр үөрүн
Хаайан лаһыгыратан
Кээспиттэр,
Ол кэннэ
Тоҕустуу тоҕойдоох
Тоҕус суол сэлэни
Тиһэ тардан кэбиспиттэр,
Ол кэннэ
"Бастыҥ кулун тутуллар
Малааһынын ыһыаҕа"
диэннэр тэрийбиттэр:
Бу иһиттэргэ
Арылыас кус
Сымыытын курдук
Араҕас арыылаах
Кымыһы бачыгыраччы
Кутан кээспиттэр,
Ол үрүтүгэр
Сиэллээх эбир
Ыһыах хамыйаҕын
Олоччу уган кэбиспиттэр,
Сири иһиттэргэ
Ойуулаах уктаах
Удьурхай уһаайаҕы
Умсарыта угуталаан
Кэбиспиттэр.
Ол кэннэ -
Маннык уйгу быйаҥы
Олохсуппут,
Кэтит кэһиини
Тэлгэппит
Туһааннаах тойонноро-хотуннара,
Кэргэннэрэ-чаҕардара,
Көрдөрө-нардара
Хайтаҕый? диэн
Өйдүөн көрө истилэр.
Бу көрдөхтөрүнэ:
Хара ыарҕа диэбиттэрэ-
Хара бараан
Аймахтара эбиттэр,
Үрүҥ үөт мастар
Үүнэн үтүрүһэн
Тураллар диэбиттэрэ -
Илин кэлин өртүлэригэр
Үлдьүрүйэр оруолдьут
Уолаттара кыргыттара
Эбиттэр.
Ол кэннэ
одуулаан көрдөххө -
Омук омуктан
Ой хохтон
Тэгэс тиэстибит,
Букас мунньустубут,
Соххор харахтаммыт,
Доҕолоҥ атахтаммыт,
Кылыыһыт манна кылыйбыт,
Сүүрүк манна сырсыбыт,
Бөҕөс манна тустубут,
Сүүрүк аттар манна
Сырсыбыт дойдута эбит.
Дьоннорун майгыларын
Көрдөххө -
Харахтара халлааны
Билбэт буолбуттар,
Улуҥахтара сири
Билбэт буолбуттар,
Былыкка быччайбыттар,
Халлааҥҥа хантаспыттар,
Чолбоҥҥо чолоспуттар.
Кинилэри биирдэ да
Кырыы харахтарынан
Кынчайан көрбөтүлэр.
Дьэ, ол кэннэ
Бу дьон туһааннаах
Тойон хотун
Ханна баарын
Болҕойон көрбөтүлэр.
Дьэ, субугурдук
Айаннаан кэлэннэр
Кинилэртэн тэйиччи соҕус
Ойдомҥо бараннар түстүлэр.
Бу түһэн баран
Улаххан уоллара
Бу ыалга барда.
Бу дьоннор
Манна олордулар.
Дьэ, бу уоллара
Ыалга тийэн
Тустаах хотун
Иннигэр киирэн туран
Субугурдук саҥара
Турар үһү:
-"Чиэ, көмүскэстээх санаалаах
Күн эдьикэйиэм!
Хайыстаргын -
Хаан урууҥ,
Эргийдэргин -
Эт урууҥ,
Одуулаатаргын -
Уҥуох урууҥ
Муҥу көрөн
Мунан-мунан
Буруоҕун буллум,
Тэнэн-тэнэн
Тэлгэһэҕэр киирдим...
Ол буоллаҕына -
Хантан хааннаахкын?
Диэтэргин -
Сабыйа-баай-тойон
Аҕалааҕыҥ үһү,
Ылгын инитэ
Сытыы Дьыппыала
Диэн баара үһү,
Ол уола буолабын.
Ол бу дойду
Удаарыгар
Тоҕо оҕустаран кэллиҥ?
Диэтэргин -
Мааҥы бэйэлээх дойдуга
Икки уол оҕону
Таҥалайдаан кэбиһэн
Кэлбитиҥ;
Онтон арчыгый оҕоҥ
Үрүҥ Уолан барахсан,
Аҕыс салаа кутуруктаах
Айдаарыкы-сиэр аттаах
Аҕыс булас суһуохтаах
Айталыын-куо диэн
Аартаах дьахтары
Ойох ылбыта;
Бу кубаҕай кутуругар
Сөрөнөн кэлэн
Арҕаа халлаан
Бэтэрээ өртүгэр үөскээбит
Төрдө-ууһа биллибэт
Түөкүн ирдьэн
Өлөрөн-өһөрөн
Кэбиһэн баран
Бу дойдуга
Баһымньы-баатыртан
Тэскилиэн кэллилэр, -
Ону тыллаарыбын,
Кинилэргэ хамначчыт
Буолан кэллим...
Хайҕах хара быарыҥ
Хамнаатар -
Бу дойдуттан
Халбарыттар,
Тойон сүрэҕиҥ
Долгуйдар -
Бу олоххор
Олохсутума!" -
диэтэ.
Дьэ, маны истэн баран
Сабыантай-баай-хотун
Сабыантай-баай-тойоҥҥо
Субугурдук саҥара олорор:
-"Ыый-ыыйбын
Аай-аайбын да нии,
Доҕорчуок!
Уой-уойбун да нии,
Оҕонньорум оҕотоо!
Уолуйан
Өлөөрү кынным эбээт!
Сүрэҕим
Уолугум үүтүгэр
Тахсан мөҥүстэҕэ
Тоҕо сүрүкэтэй даа!
Аанай абакайбын даа!
Уой, оҕонньоруом!
Ончу истиминэ
Олороҕун ду,
Истэ-истэ
Сири саары курдук
Иҥэрэн олороҕун ду?
Киэр кыннара
Таттар бу дойдуттан!
Харахпар көрдөрүмэ,
Кулгаахпар иһитиннэримэ,
Дьоллоох оппут-маспыт
Төрүттэрин быртахтатыма!"
- дии олордо.
Дьэ, маныга
Дьиэлээх тойон
Субугурдук дии олорор
Бу кэлбит киһиэхэ:
-"Уой-уойбун, оҕолоор!
Ол буоллаҕына -
Бараҥҥын эт:
Субу самантан
Тус хоту диэки
Бардар баран истэххэ -
Муус байаҕал
Баар буолуоҕа;
Ол арҕаа чанчыгар
Баран истэххэ -
Ый уота ыыспалаах,
Күн уота түптэлээх,
Тоҕус бургунас ынах
Муоһун өрүтэ туппут курдук
Муус моһуура
Хайа баар буолуоҕа;
Ол арҕаа тэллэҕэр
Тоҕус көс туоралаах,
Уон көс усталаах,
Суорба таас суорҕаннаах,
Дэриэспэ таас тэллэхтээх,
Сымара таас сыттыктаах,
Турар хайа тулуурдаах,
Бухатыыр киһи сототун
Харытын уҥуоҕа
Урусхаллаах,
Көхсүн хаана
Сүүрүктээх чысхааннаах
Чыыстай буолак-хотун
Баар буолуоҕа -
Онно бардынар,
Мийигин кытта
Күөн көрсүөхтэрин
Баҕалаах дьон
Буоллахтарына!
Бэтэр киэр
Буола тартынар!
Бу дойдуга
Тыыннаахпына
Олордуом суоҕа!" - диэтэ.
Дьэ, маны истэн баран
Барда билиги киһи.
Бу баран
Бу оҕонньор туох диэбитин
Барытын үтүктэн биэрдэ,
Ол кэннэ бэйэтэ
Иккиһин субугурдук
Саҥара турар үһү :
-"Буор сырай,
Бурҕалдьы сото,
Хааннаах айах,
Хара бэлэс!
Мин хааннаах
Хара көлөһүммүн
Туоҕунан
Хардалаан бараҕын-
Биллэрэ тардый!
Биэрбэт күннээх
Буоллахкына -
Халыҥ тириигин
Хайытыам,
Хара хааҥҥын
Таһаарыам,
Дьэҥкир бүлтэскин
Тоһуталыам!" -
дии турда.
Дьэ, маныга баара -
Анарааҥы киһи
Тыыныах биэриминэ
Тыгыластаан барда,
Этиэх биэриминэ
Эппэҥнээн барда,
Саҥарыах биэриминэ
Саппаҥнаан барда.
Субугурдук дьүһүлүннэ да
Билиги уолун охсон
Улааннаабытынан барда.
Дьэ, уола хардары эмиэ
Охсубутунан барда.
Дьэ, субугурдук
Иккиэн охсуһан
Улааннаспытынан,
Эттэһэн элкэхтэспитинэн,
Кырбаһан кыһыласпытынан
Бардылар.
Дьэ, субугурдук
Эт илиилэринэн
Эттэспэхтээн иһэннэр
Эргиллэн кэлэннэр
Кыырыктаах үҥүүлэринэн
Анньыспытынан бардылар-
Кыырыктаах үҥүүлэрэ
Хороҥ от курдук
Тоһута баран хаалла;
Онтон сарбынньахтаах
Уктаах саабылаан
Батастарынан
Хайыта кырбаспытынан
Бардылар -
Сарбынньахтаах
Уктаах саабылаан
Батастара
Тоҥмут быта
Угун курдук
Булгурута баран хаалла.
Дьэ, онтон
Эт илиилэринэн
Имитиспитинэн бардылар,-
Дьэ, онтон
Хаһыытаһа-хаһыытаһа
Хапсыбытынан бардылар,
Үөгүлэһэ-үөгүлэһэ
Өртүктэспитинэн бардылар.
Дьэ, бу
Хамначчыт уол
Охсоро улам улаатан,
Тэбэрэ кэм-кэм
Чиҥиргээн,
Анньара улам-улам
Түргэтээн барда.
Дьэ, маныга
Анарааҥы киһи
Субугурдук саҥара сырдьар:
-"Чиэ, доҕоруом,
Аҕыс булас суһуохтаах
Айталыын-куо,
Баар буолларгын -
Өрүһүй!
Үрүҥ күнүм
Өлбөөдүйэн барда,
Маҥан күнүм
Балаадыйан барда...
Абыраан атаарҕаан
Көрүөхкүн
Төһөлөөх буолуоҕай?"
- дии сырытта.
Дьэ, маны истэн баран
Айталыын-куо
Аччыгый уолугар
Субугурдук саҥара сырдьар:
-"Чиэ, нойоон,
Мин эрэһэлээх этэр
Тылым ирчитин
Истэн туруй!
Ол буоллаҕына -
Бу тойонуҥ
Аҥаачыккы муос
Саатын ылаҥҥын
Ол түөкүн уолу
Аҥар атаҕын
Тосту ытаҥҥын
Санаатын түһэрэ түс!"
- диэтэ.
Инньэ диирин кытта
Уол үөрбүт-көппүт курдук
Ойон тура эккириэтэ да
Сүүрэн баран
Тойонун аҥар хараҕын
Тэһэ ытан кэбистэ.
Дьэ, бу ытарын кытта
Тойоно ыһыктан кэбиһэн баран
Икки илиитинэн
Хараҕын саба туттубутунан
Сиргэ умса түстэ,
Ол кэннэ субугурдук диэн
Иэйэ-туойа сытар:
-"Ыый-ыыйбыан,
Аай-аайбыан!
Бу куотар кубаҕайы
Куудьуһабын диэммин
Бу айылаах буоллахпын
Көрөллөөр!
Бу барар маҥаны
Батыһабын диэммин
Баһым бардаҕын
Көрөллөөр!
Бу ааһар араҕаһы
Батыһабын диэммин
Алдьаннахпын
Көрөллөөр!" - диэтэ.
Дьэ, маны истэн баран
Айталыын-куо
Сүүрэн батыгырайан барда да
Икки уолаттарын
Икки илиитинэн
Хардарыта охсубутунан барда,
Икки атаҕынан
Хардарыта тэппитинэн барда,
Бу иннэ кынарын кытта
Икки уолаттара
Субугурдук саҥара
Сырдьаллар :
-"Чиэ, хотукабыат!
Биһиги эн үс күлүккүн
Быһа хаамыа суох
Буоламмыт
Аҕыс ахтар айыыбытыгар
Андаҕайан кэлсибиппит,
Тоҕус сөҥнөр
Дьөһөгөйбүтүгэр
Үҥэн холбоспуппут...
Ол буоллаҕына -
Бэйэҥ хайыыгын:
Өлөрдөргүн -
Көҥүлүҥ,
Тилиннэрдэргин -
Көҥүлүҥ!"
- дэһэ сырыттылар.
Дьэ, бу иннэ дииллэрин кытта
Уурайа охсон кэбистэ.
Ол кэбиһэн баран
Субугурдук саҥара турар:
-"Чиэ, нойоттоор!
Чэ, оннук буоллаҕына -
Мин ахталыйан үөскээбит
Аан ийэ дойдубар
Төттөрү барыаҕыҥ!
Ону буолбат
Буоллахкытына -
Төбөҕүтүн
Түөрт кыныаҕым,
Ортоҕутун
Отут кыныаҕым,
Бэйэлэри мэлитиэҕим!"
- диэтэ.
Дьэ, иннэ диирин кытта
Иккиэн:
-"Дьэ, тиэрдэрбит
Ханна барыай,
Хотукабыат!" - дэһистилэр.
Онтон Айталыын-куо
Иккиһин субугурдук
Саҥара турар:
-"Чиэ, дуоҕаар,
Мин эйигин
Ат аттанан,
Оҕус оҕустанан,
Бэтэр аллаах
Атахтаах буоламмын
Эйигин булугас
Атахпынан булбуппар
Миэхэ сэлээннэнниҥ дуо,
Бэтэр мин
Бу уолаттаргын кытта
Кыргыс диэбиппэр
Миэхэ курутуйдуҥ дуо?"
- диэтэ.
Дьэ, субугурдук
Хаҥыр куҥур
Саҥарсан бараннар
Төттөрү дойдуларыгар
Кэлэн истилэр.
Дьэ, бу кэлэн иһэннэр
Аҕыс үөстээх
Араат-Байаҕалга
Тийэн кэллилэр.
Бу кэллэхтэринэ -
Аҕыс үөстээх
Араат-Байаҕал
Арылыйа уста турар эбит.
Маны аттарынан солбоон
Тахсаары кыммыттара -
Тоҕус көтөл ата
Тохсуон ууга
Түһэн хааллылар.
Дьэ, онтон бу
Айталыын-куо
Дойдутугар тиийэн кэллилэр.
Дьэ, бу кэлэн бараннар
Икки уоллара
Субугурдук саҥара тураллар:
-"Уой, хотуннаатар
Хотуммуот,
Ийэлээтэр ийэкэйбиэт!
Биһиги эйигиттэн
Арахтыбыт:
Эн айыыҥ инньэ,
Биһиги айыыбыт инньэ!"
- дэһистилэр да
Тус хоту диэки
Сырса турдулар.
Айталыын-куо
Алтаннааҕынан аҥаарыччы,
Көмүстээҕинэн күөгэлдьиччи
Көрөн туран хаалла.
Онтон аҕыс иилээх-саҕалаах
Атааннаах-мөҥүөннээх
Аан ийэ дойдутугар
Киирэн туран
Субугурдук саҥара турар
Билиги доҕоругар:
-"Уой, доҕурчуок,
Эн биһикки
Сүүс киһи
Сүбэтин субэлэһиэх...
Ол буоллаҕына -
Эн самантан
Сырыта дойдугар
Бара тур!
Мин барыаҕым
Эн кэннигиттэн...
Манна арчыгый
Наадалаахпын...
Ол наадаҥ тугуй?
Диэтэргин -
Самантан тус хоту
Диэки баран истэххэ -
Алаас баранан
Аабылаан буолуутугар,
Сир ырааһа баранан
Симилэх буолуутугар,
Үрэх үтүөтэ баранан
Үрүйэ буолуутугар,
Дойду үтүөтэ баранан
Тукулан буолуутугар
Кэлэн олорор биир киһи.
Ол киһи хантан хааннаах,
Туохтан туруудалаах,
Кимтэн кииннээх киһиний?
Диэтэргин -
Бу күлүгэ көстүбэт
Күндүл маҥан халлаан
Үрүт өртүгэр,
Тоҕус хартыҕастаах
Дьулуо маҥан халлаан
Уу дьулайыгар
Олохсуйан үөскээбит
Дьулуо-мойбор-тойон
Дьуххары-маҥан-хотун
Уоллаах кыыс оҕону
Ииппиттэрэ.
Онтон уолларын буоллаҕына -
Үөһээҥи отут тоҕус
Биис ууһун үөрэҕэр
Үөрэттэрбиттэрэ,
Аллараа уокаан-аакаан
Арсан Дуолай Буор Маҥалай
Үс бүүрүктээх
Дьөлөркөй үөдэнин
Түгэҕэр түһэрэннэр
Сүүрбэ сэттэ
Биис ууһун кэриимэр
Кэритэн таһаарбыттара.
Ол тахсан
Киирэн эрэр күн
Килбиэнин курдук
Килбиэннээх кирилиэстээх,
Тахсан эрэр күн
Сардаҥатын курдук
Сардаҥалаах дьаарбаҥнаах,
Ойор маҥан күн
Туналҕанын курдук
Туналҕаннаах тусаһалаах,
Сырдык сыралҕаннаах
Таас дьиэлээх,
Күндү көмүстээх
Чүмэччи уота
Манаардаах,
Араҕас даадаҥ
Түптэлээх,
Уордаах этиҥ
Ойнуулаах,
Күүстээх этиҥ
Сүргүүрдээх,
Саллар чаҕылҕан
Дьалбыырдаах,
Арыы хатыҥ саҕа
Араҕас маҥан
Чачыр дэйбиирдээх,
Үүт күөл үктэллээх,
Үкэр куйаас тыыннаах,
Үүт ас бэйэлээх
Үрүҥ-айыы-тойон
Ыйбыт ыйааҕын,
Оҥорбут оҥоруутун
Сөблүөбэтэҕин иһин
Уолан симэлийэр уулаах,
Охтон баранар мастаах,
Ойон көстөр күннээх,
Кэнчиэрэлээн кэхтэр
Кэрэ кэрэмэс
Ыччаттаах,
Төрүөн үөскээн төннөр
Төлөккөй сүөһүлээх,
Өлөн көҕүрүүр киһилээх
Орто туой
Бороҥ дойдуга
Таҥнары утааран
Түһэрбиттэрэ.
Ол киирэн
Бу дойду
Кэнчиэрэ киһитин,
Ырчат оҕотун мунньан
Үөһээ аллараа
Кэриимэр үөрэтэн
Эрэр үһү.
Мин онно бараммын эмиэ
Орто дойду кэриимэр
Уһуттаран кэлиэх тустаахпын.
Ол киһи аата кимий?
Диэтэргин -
Тордохтоох дьиэҕэ
Киирбэтэх,
Тобурахтаах аһы
Аһаабатах,
Кирдээх чигдитэ
Кэлбэтэх,
Кирээстээх таҥаһы
Таҥныбатах,
Оноолооххо ороспотох,
Бииллээххэ билсиспэтэх,
Дьайыҥнаахха таарыспатах,
Тоҕус айыы
Ыйааҕыттан тумнубут
Дьулуонтай-бэргэн диэн
Аартаах киһи.
Дьэ, эн бара тур
Ахталыйан үөскээбит
Аан ийэ дойдугар...
Өр буоллахпына -
Үс ыйынан,
Өтөр буоллахпына -
Икки ыйынан тийиэм!"
- диэтэ.
Дьэ, бу иннэ диэн баран
Тус хоту диэки
Баран хаалла.
Биирдэрэ
Тус арҕаа диэки
Бара турда.
Дьэ, бу хоту барбыт
Дьахтарбытын
Өйдүөн көрдөхпүтүнэ -
Тус хоту диэки
Баран истэ.
Бу баран тиийдэ
Аҕыс кырыылаах
Тимир бабаарына ампаарга.
Бу иһигэр көтөн түстэ.
Бу киирэн көрдөҕүнэ -
Үс арсыын
Үрдүк киһи
Төттөрү таары хааман
Дьирэлдьийэ сырдьар.
Бу киһи
Дьүдьүн бараан
Дьүһүнүн көрдөҕүнэ -
Икки тобук чөҥкөйү
Олордо уурбут курдук
Уоттаах харахтаах,
Икки эһэ лэпсэни
Атахтаһыннары уурбут курдук
Көп хаастаах,
Улуу кыыл
Уллугун уҥуоҕун
Туруору туппут курдук
Субугур муруннаах,
Өрүскэ дьахтар
Икки түнэ үтүлүгүн курдук
Көбүөлээх уостаах,
Ол үрдүнэн
Буулур атыыр сылгы
Сиэлин тэлгии
Бырахпыт курдук
Күрүө кэрэмэс бытыктаах.
Маннык киһи
Кэй бараан киэбэ
Хайтаҕа эбитэй?
Диэн көрдөҕүнэ -
Киһиттэн
Кириһинэн ордук,
Урааҥхайтан
Ураҕаһынан ордук,
Сахаттан
Саадаҕынан ордук.
Дьэ, бу киһини
Өрө көрөн туран
Айталыын-куо
Субугурдук дии турар:
-" Уой, тойокоом!
Мин эйигиттэн көрдөһө
Тийэн кэллим...
Тугу көрдөһө кэллиҥ?
Диэтэргин -
Эн үтүө үөрэхтээх
Ааккар тийэн кэллим:
Мийигин бу орто дойду
Үөрэҕэр үөрэтэн ыыттаргын
Диэммин көрдөһө турабын...
Манньаҕын балбыччы,
Сулуугун сулбуччу биэриэм!"
- диэтэ.
Маныга анарааҥы киһи
Тохтоон хорус кына
Түһэн баран субугурдук
Саҥара олорор:
-"Чиэ, сэгэртэйиэм,
Мин эрэһэлээх тылым
Ирчитин истэн туруй эрэ!
Дьэ, мин үөрэтэн да көрүүм
Бараммат манньаҕа,
Уурайбат сулууга.
Ол манньаҥ тугуй?
Диэтэргин -
Умса түһэр күммэр
Сүүспүттэн өйүөҕүҥ,
Иттэнэ түһэр күммэр
Кэтэхпиттэн тирээбиллиэҥ...
Ону ылынар буоллахкына -
Үөрэтэн көрүөм!"
- диэтэ.
Маныга эттэ
Айталыын-куо:
-"Чиэ, тойокоом,
Ылынарым ханна барыай?"
- диэтэ.
Дьэ, иннэ диирин кытта
Түөрт муннуктаах
Сандалы маҥан остуолу
Тардан кэбистэ,
Ол кэннэ
Араҥа туос курдук
Араҕас маҥан аркыыбаны
Арыйа баттаан кэбистэ,
Ол кэннэ
Сул туос курдук
Суругун тэлгии барахта,
Ол кэннэ
Үс сиринэн
Кудурҕаннаах луо хаан
Оронугар олотто.
Дьэ, бу олордон баран
Хохудал бэс саҕа
Хотой кыыл
Бастыҥ хотоҕойо
Куорсуну туттаран кэбистэ,
Ол кэннэ
Хаардаах бугул саҕа
Хара көмүс иһити
Иннигэр ууран кэбистэ,
Ол кэннэ субугурдук
Саҥара турар:
-"Чиэ, хотуой,
Мин эппит тылым
Иччитэ
Иккилээх барҕан
Оҕо саҕа
Торҕон туос
Эмэгэт буолан
Эн чампарыктаах
Таллан таас оройгор
Таба түстүн,
Мин саҥарбыт
Саҥам иччитэ
Саарба кыыл саҕа
Икки салаа кутуруктаах,
Үс хос бастаах,
Садаҕа уот
Моҥой буолан
Эн үрүҥ сүнньүҥ
Үүтүнэн суолланан киирэн
Нохтолоох тойон
Сүрэҕиҥ иһигэр
Дугуйданнын,
Мин ыйар
Ыйааҕым иччитэ
Быалаах кымньыы саҕа
Тыһы тыймыыттар
Буоланнар
Эн үөс хоруктаргын
Ылҕаатынар,
Мин үөрэтэр
Үөрэҕим иччитэ
Үөл талах саҕа
Кыһыл чиэрбэлэр
Буоланнар
Ис тас халыҥ чараас
Куҥнаргын ылҕаатынар!"
- диэтэ.
- "Дьэ, маны үтүктэн,
Айталыын, мийигин
Субугурдук кынаар!"
диэн суруйан истэ.
Дьэ, маны бүтэрэн баран
Айталыын-куо
Барара буолла.
Дьэ, маныга
Дьулуонтай-бэргэн
Субугурдук саҥара турар:
-"Уой, хотуой!
Хайа, хаҥыл санааҕын
Хааллараҥҥын,
Дохсун өйгүн
Тохтотонҥун,
Кыдьыктаах өйгүн
Кыанаҥҥын,
Обуннаах оҕо
Санааҕын уурайаҥҥын,
Олохсуйан олороҥҥун
Үөһээ отут тоҕус
Биис ууһун үөрэҕэр
Үөрэттэрбэккин дуо?"
- диэтэ.
Дьэ, маны Айталыын-куо
Батан кэбиһэн бара турда.
Дьэ, бу баран тиийдэ
Билиги тийиэх
Буолбут киһитигэр.
Дьэ, бу тийэн
Бэт үчүгэйдик
Олордохторуна -
Икки ду үс ду ый
Буолбуттарын кэннэ -
Кэннилэриттэн
Баһымньы-баатыр обургу,
Ол кэннэ
Түөнэ-Моҥол-тойон икки
Бэт бухатыыр
Доҕордоох буоланнар
Тийдилэр.
Дьэ,бу тийэннэр
Ол киэһэ
Туох да айдаана суох
Им ньим
Үүт турааннык хоннулар.
Дьэ, онтон
Сарсына буолла.
Түөнэ-Моҥол-тойон икки
Баһымньы-баатыр икки
Субугурдук дэһэ
Олороллор:
-"Чиэ, хотуой,
Айталыын-куо,
Эйиэхэ кэллибит!
Миэхэ тоҕо кэллигит?
Диэтэргин -
Ахталыйан үөскээбит
Аан ийэ дойдугар
Төрөппүт оҕоҥ
Туун тулаайах хаалла,
Үөлээннэһэн үөскээбит
Үтүө доҕотторуҥ
Барылара ахтаннар
Тураҥсыйдылар,
Кэриэннэһэн үөскээбит
Кэрэ ырчат дьонноруҥ
Бары кэри куру
Буоллулар...
Ол буоллаҕына -
Тугу даҕаны
Туора уһаты
Саҥарбакка оҥоһун!
Мас курдук
Уох баах этиппэккэ
Ирдьэргэ кэллибит...
Ол кэннэ
Биир өртүнэн
Үөһээ Үрүҥ-айыы-тойоҥҥо
Тыл биэрэн тураҥҥын
Кэнчиэрэ киһини
Кэскиллээх буолбутуҥ,
Ол кэннэ онтукайгын
Эмиэ тоҥ тусаһаҕа
Тоҕо тэбиэн кэбиһэн
Сырдьаҕын?
Ханна да
Халбаҥнаппакка
Ирдьиэхпит!" - дэһистилэр.
Дьэ, Айталыын-куо барахсан
Уһун санаата
Саптааҕар кылгаата,
Киэҥ көхсө
Сонун бэлэнньигинээҕэр
Кыараата...
Халлааннаан көтүөҕүн
Халлаан ыраах буолла,
Сирдээн тимириэҕин
Сир кытаанах буолла...
Арай көмүскэтэрэ
Көмүскэтин уута буолла,
Харыһыттарара
Хараҕын уута буолла...
Дьэ, бачча тохору
Доҕордоспут доҕоруттан
Арахсарын санаатаҕына -
Хатан мас
Хайыта барарын курдук
Хатан бүлтэһэ
Халыгыраччы хамнаата,
Тоҥ туос
Тоһута ыстанарын курдук
Солоҕой өйө
Солудьуой буолла,
Тоҥ тууһу
Хатан уһуктааҕынан
Хайыта анньар курдук
Хатан санаата
Хамнаата,
Уктаалаах уот
Саҕаһа оту
Салаан барарын курдук
Тойон сүрэҕэ
Аһыйбахтаата.
Дьэ, субугурдук
Буолан сырдьан
Доҕоругар саҥара турар:
-"Ыый-ыыйбын,
Аай-аайбын да нии,
Доҕочуйуом оҕотоо!
Субугурдук буолан
Хаалыахпыт кэриэтин
Хара тыа хатан
Дьылҕан маһыгар
Хара быанан
Хабарҕабытыттан
Хандааланан өлбүппүт
Буолбатаҕын да нии!
Уой-уойбун, доҕоччуок!
Саманныкка тиксэн
Хаалыахпыт кэриэтин
Күөх бии
Хатан уһугунан
Хайыта тыытынан баҕас
Өлбүппүт буолбатаҕын
Абакабыан!
Бу күҥҥэ кэлэммин
Көмүс бэйэлээхпиттэн
Көрө матан
Барыам кэриэтин
Күөх далай түгэҕэр
Тимирэн хаалбытым
Буолбатаҕын нии!
Бачча тохору
Холбоспут доҕойбуттан
Көрө матыам кэриэтин
Күрүлэччи убайа турар
Кутаалаах уокка
Төбөбүнэн түһэн
Өлбүтүм буолбатаҕын,
Ээй, эрэйбин,
Оҕолоор!" - диэтэ.
Дьэ, маны истэн баран
Анарааҥы киһи
Иҥин хаана
Иэдэйэн барда,
Сүүһүн хаана
Сүүрүлээн барда,
Тойон болуо сүрэҕэ
Уолугун үүтүгэр тахсан
Толурҕаччы тэбиэлээтэ,
Хараҕын уута
Иҥин быһаҕаһыгар диэри
Субуруйан түстэ,
Ол кэннэ
Субугурдук саҥара турар:
-"Чиэ, доҕоруом,
Эн иннигэр
Халыҥ тириим
Хайдарын
Харыстыам суоҕа,
Хатан бүлтэһим
Халҕаһа буоларын
Харыстаныам суоҕа,
Эн иннигэр
Ииҥҥэ да киирдэхпинэ -
Кэмсиниэм суоҕа!" - диэтэ.
Дьэ, ол кэннэ
Билиги дьоннорго баран
Субугурдук дии турар:
-"Уой, буйакайбын, оҕолор!
Бу, маҥан аллаахтар,
Аанай абаҕытын,
Туонай сүттүгүтүн
Көрөҕүөт?
Ол буоллаҕына -
Мин биир уҥуох
Тосто илигинэ,
Биир иҥиир
Быста илигинэ
Биэрэн ыытарым суох!"
- диэтэ.
Дьэ, маны истэн баран
Анарааҥы дьон
Бухатыырдарыттан
Улаххана түҥнэстиэн иннинэ
Түҥнэри Холорук обургу
Субугурдук саҥара турар:
-"У-у-у-уой, нойоон,
Дьэ, көрүөх эрэ,
Хайа күүскүнэн
Ирдьэ хааларгын!
Дьэ, дойдулаах-сирдээх киһи
Бастаан хамнаан көр эрэ!"
- диэтэ.
Дьэ, иннэ диирин кытта
Дьиэлээх киһи
Ойон барда да
Түҥнэри Холоругу
Төбөтүн сиигин устун
Түһэрдэ аҕыс кырыылаах
Ньыгыл хара
Таас чомпо
Сүллүгэһинэн;
Маны анарааҥы киһи
Өрө көтө түһэн баран
Аһаран биэрбитин
Дьиэтин киэнин
Тоҕус холлоҕоһу көтүрү
Хайыр таас
Хаптаһыннаах,
Сымара таас
Сыҥаһалаах,
Луо хаан оронун
Оһоҕостоох
Субай хаан курдук
Хаба ортотунан
Быһа охсон,
Сири буоллаҕына -
Сырҕан эһэ
Арҕаҕын саҕаны
Дьөлө охсон
Чөмөрүтэн түһэрдэ.
Дьэ, онтон
Анарааҥы киһи
Харса суох
Абаран барда,
Ыйытыыта суох
Ылан барда.
Дьэ, биирдэрэ
Хардары хабан ылла.
Дьэ, субугурдук иккиэн
Хаһыытаһа-хаһыытаһа
Хапсыбытынан бардылар,
Үөгүлэһэ-үөгүлэһэ
Өртүктэспитинэн бардылар.
Дьэ, дьиэлэрин буоллаҕына -
Сытыган өтөх
Тэллэҕин курдук
Дэлби тэпсэн
Кэбистилэр.
Онтон толооҥҥо
Батыгыраһан киирдилэр.
Бу киирэннэр
Тоҕус түүннээх күн
Тохору
Тутуһан сырдьаннар
Тура охсустулар.
Дьэ, бу
Охсуһалларыттан
Чугас от-мас
Иэн иҥиирин курдук
Таҥнары сыйылынна,
Күөх далай уута
Таһырдьа дэбилийэн
Таҕыста,
Хара тыа маһа
Күөх далайга
Үнтү кумаланан киирдэ,
Күөх далай балыга
Хара тыа
Чуор мутугар
Ыйанан атан өллүлэр,
Хара тыа кыыла
Күөх далайга
Түһэн өллүлэр.
Бу дойду
Иитин саҕатын
Күөл кутатын курдук
Күөгэлдьиччи үктүөннэр
Өлүү уутун
Көрө дэбилитэн
Таһаардылар,
Тэргэн ый иэччэҕин
Эргитэ тарданнар,
Ыйы эргийбэт оҥордулар,
Үрүҥ күн өргөнүн
Түҥнэри тыытаннар
Күнү көстүбэт кыннылар.
Дьэ, субугурдук
Охсуһан улааннаһан,
Кырбаһан кыһылаһан иһэн
Холорук обургу
Өттүгэр мииннэрэн аҕалан
Сири сэттэ харыс
Кэдэс кына
Түһүөр диэри
Дэлби кэбистэ,
Ол кэбиһэн баран
Түөһүн үрдүгэр
Миинэ түһэн баран
Отут болгуо чээрэтэ
Олуй молуй быһыччатын
Сулбу тардан ылан
Муос хабарҕатын
Кириэтээбитинэн барда.
Дьэ, онуга
Анарааҥы киһи
Субугурдук саҥара сытар:
-"Чиэ, доҕоруом,
Мийигин кыайарын кыайдыҥ,
Хоторун хоттуҥ...
Ол буоллаҕына -
Үтүөнү эттэ диэҥҥин
Аһынарыҥ биллибэт,
Куһаҕаны эттэ диэҥҥин
Дьигиргэнэриҥ биллибэт...
Ол да эрээри
Хаалыа да буоллар
Этиэх тыллаахпын,-
Ону истэн бараҥҥын
Өлөрүөхкүн
Төһөлөөх буолуой?"
- диэтэ.
Дьэ, иннэ диирин кытта
Айталыын-куо
Сүүрэн батыгырайан
Тийдэ да
Түҥнэри Холоругу
Аҕыс салаа быалаах
Куо дьэллик
Кымньыытынан
Төбөтүн сиигинэн
Түһэрбитинэн барда.
Дьэ, иннэ кынарын кытта
Аччыгый бухатыыр
Айыы уола
Сандалы-бөҕө
Халлаан диэки
Өрө көрөн туран
Субугурдук саҥара турар:
-"У-у-уой уойбун,
Оҕолоор!
Бу көстөр
Күөх халлаан
Үрүт өртүгэр
Үөскээн олорор
Үрүҥ-айыы аймахтара
Аҕакайдарыам!
Мин киһи
Этэр тылым ирчитэ,
Сити дьоҥҥо
Иккилээх балчыр
Оҕо саҕа
Дьэс эмэгэт
Буолаҥҥын
Этэ дьиэһий:
Бу уолан
Симэлийэр уулаах,
Охтон баранар мастаах,
Өлөн көҕүрүүр киһилээх,
Ойон көстөр күннээх,
Отордоон ааһар
Орто туой бороҥ дойдуга
Бу аҕыс булас суһуохтаах
Айталыын-куо диэн
Дьахтары -
Кэнчиэрэ киһини,
Ыччат сүөһүнү
Үөскэттин диэҥҥит -
Айан-кэрдэн түһэрбиккит...
Бу дойду
Дьорҕоно сотолооҕун,
Эҥинэ иҥнээҕин,
Үс үкэр
Мүөрсүн дьүһүннээҕин
Улаат халаат
Умса төннө
Ыыталыыр
Күнэ буолла,
Кулан дойду
Хорсуннаахтарын
Холбооттоон
Кулан айдааны
Туруорда, -
Ону солбонута түһэр
Туох сүбэ соргу
Баар буолуоҕай?"
- диэтэ.
Бу иннэ диэн
Бүтэрин кытта
Тус илин диэкиттэн
Итии тыал
Тыалыран кэллэ,
Эрдэҕэстэй
Улар түөһүн
Түүтүн курдук
Эбир дьаҕыл былыт
Өрө иэнигийэн таҕыста,
Ньир-ньир
Этиҥ эттэ,
Дабдыр-дабдыр
Самыыр түстэ.
Дьэ, ол кэнниттэн
Өрө көрөн
Турдаҕына -
Тыстах баттахтаах
Маҥан атыыр сылгы
Тириитин тэлгии
Барахпыт курдук
Балаахай маҥан былыт
Өрө көтөн
Тиийэн кэллэ,
Бу кэлэн
Кинилэр үрдүлэригэр
Саньылыс кына
Тохтуу түстэ,
Бу түһэн баран
Төбөтүнэн
Хайа ыстанна.
Бу ыстаннаҕына -
Көһүннэ
Баһыттан атаҕар диэри
Өҕүллүбэт
Үрүҥ көмүс
Таҥастаах киһи.
Дьэ, бу киһи
Субугурдук саҥара турар:
-"Дьэ, буо,
У-у-уой, нойоон!
Мин эрэһэлээх
Тылым ирчитин
Истэн туруй!
Ол буоллаҕына -
Бу Үрүҥ-айыы-тойонтон
Тийэн кэллим.
Эн ытаабыт
Ыар хараҕыҥ уутун
Уйумуналар
Ыыттылар мийигин.
Бу айыы оҕуругунан
Айталыын-куону
Мойнугар
Үс төгүл
Эрэбэччилээн бараммын
Бырахтым -
Сэрэнэн туруй,
Мүччү көтүтэҥҥин
Кулан айдааны
Оҥороойоҕун!"
- диэтэ да,
Дьэ, бараҕан
Кыһыгыратта.
Дьэ, бу кэлэн
Айталыын-куону
Хонноҕун анныттан
Түөһүн бүттэҕэр диэри
Хамса быатын курдук
Чороччу эрийэ
Көтөн кэбистэ.
Дьэ, маны тутан туран
Үөһээҥи киһи
Субугурдук саҥара турар:
-"Дьэ, хотуой,
Бу Үрүҥ-айыы-тойон,
Аҕаҥ,
Көҥүл барбытыҥ иһин
Көнтөстөттө,
Хаҥыл барбытыҥ иһин
Хаҥхалатта...
Ол кэннэ ирдьиттиир:
Бардам санааҕын
Бараҕыаҥ үһү,
Дохсун санааҕын
Тохтотуоҥ үһү...
Ол буоллаҕына -
Бар дьоҥҥо
Аан дойдугар
Тыл биэрбит
Тойон эргэр
Бараҥҥын
Иэримэ дьиэ иччитэ,
Баарыма дьиэ бахсыта
Буолан олоруоҥ үһү.,
Хотуой!" - диэтэ да
Ыытан кэбистэ.
Бу кэбиһэрин кытта
Айыы уола
Сандалы-бөҕө
Ытыһыгар түһэрэн
Ылла да
Эмньик кулун сэлэҕэ
Тэлэкэччийэ
Турарын курдук
Өрө мөҥтөрбүтунэн
Тус илин диэки
Элбэҥ-сэлбэҥ сиэлэ,
Өгүрук-төгүрүк
Үктүү турда.
Дьэ, бу истэхтэринэ -
Үөһээҥи киһи
Үсүһүн субугурдук
Саҥара иһэр:
-"Чиэ, хотуой,
Мийигин ким
Кэлэн барда диигин?
Көр:
Мин Үрүҥ-айыы
Улаххан уола,
Айыы уола
Адьы-Будьу диэн
Аартаах киһи буолабын.
Мин киһи
Эппит тылбын
Хаалларар күннээх
Буоллахкына,
Иккиһин эргийэр
Күннээх буоллахпына -
Куһаҕан буолуоҕа!"
- диэтэ да
Баран хаалла.
Дьэ, бу
Аллараанан
Баран иһэр дьон
Субугурдук
Айаннаан бара турдулар.
Дьэ, билиги
Өлөрсөн эрэр
Дьоммутугар
Тийэн кэллэхпитинэ -
Түҥнэри Холорук обургу
Кэриэс кэпсэппэккэ,
Саҥа саҥаппакка,
Тыл этиппэккэ
Муос хабарҕатын
Быһа баттаан,
Чиккэйэн турар
Ситии саҕа сиһин
Үөһүн быһа
Тардан кэбистэ,
Эттээх уҥуоҕун
Буоллаҕына -
Бэс чэппэтэ,
От хотуула,
Ый күн ыһыаҕа диэн
Ыһан оҥорон
Бурайан-сарайан кэбистэ.
Дьэ, онтон
Өстөөҕүн өлөрөн
Үөрэн-көтөн
Икки тойонугар
Тийэн кэллэ.
Дьэ, үһүөн
Өстөөхтөрүн өһөҕөйдөөннөр,
Саастаахтарын ньаныйаннар,
Түөстэрин уҥунуохтааннар,
Түһэхтэрин хааннааннар,
Бэстэрэ мэлчийэннэр,
Көстөрө көлчүйэннэр,
Үөрэн-көтөн
Аан ийэ дойдуларыгар,
Бар дьонноругар
Баран хааллылар.
Дьэ, бастаан барбыт
Дьоммутугар тийэн
Кэллэхпитинэ -
Билиги күр үбүн,
Күдэн сүөһүтүн,
Иэримэ дьиэтин
Идиэл ходоол кынан
Барбыт тойон эригэр
Аҕалан
Бастыҥ томторҕолоох
Тойон аар
Сэргэтигэр
Үс төгүл туора
Эрчийэн туран
Субугурдук дии турар:
-" Уой, нойоон,
Мин киһи
Эрэһэлээх
Этэр тылым
Иччитин
Истэн туруй!
Ол буоллаҕына -
Бу аҕыс булас суһуохтаах
Айталыын-куо
Ойохкун аҕаламмын
Тойон аар сэргэҕэр
Туора эрчийдим.
Аныгы басхолоон
Ыытар күҥҥэр
Эккирэтэн аҕалан
Субугурдук
Туора баайан биэрэр
Киһи суох буолуоҕа -
Ону бэйэҥ бил!
Биһиги түөрт киһи
Бараммыт
Хара көлөһүммүт тахсан,
Хам күүспүт
Быстан тураммыт
Аҕаллыбыт.
Тахсаҥҥын дьиэл аһан,
Тэһиин тутан,
Тэллэх кэбиһэн,
Диэрэ дэпсэ үрдүгэр
Түһэрэн киллэр!"
- диэтэ.
Дьэ, маны истээт
Эрэ дьиэтиттэн
Ойон тахсан
Сол курдук
Оҥорон киллэрдэ.
Бу киирбиттэрин кэннэ
Таһардьааҥы киһи
Субугурдук дии турар:
-"Чиэ, хотуой,
Иэримэ дьиэ иччитэ,
Баарыма дьиэ бахсыта,
Ороһу оҕо ийэтэ,
Кулан сүөһү
Төрдө буол!"
- диэтэ да
Баран хаалла.
Дьэ, дьиэлээх
Дьоммут буоллахтарына -
Биир хонукка бэттии,
Икки хонукка
Иһирэх тылларын
Ситэ кэпсээбитинэн
Бардылар.
Дьэ, бу кэпсэтэн баран
Айталыын-куо
Субугурдук саҥара олорор:
-"Чиэ, доҕорчугуом,
Сыыһа сырыыны
Сырдьыбыппын,
Алҕас айаны
Айаннаабыппын,
Мэник майгыны
Майгыламмыппын
Барытын хааллар!
Ол кэннэ биһиги
Киһи буолар
Кэскилбитин,
Саха буолар
Салааһыммытын,
Олохтоох сирбитин
Оҥостуох тустаахпыт.
Ону ханна
Оҥостуохпутуй? -
диэтэргин -
Самантан тус илин диэки
Баран истэххэ -
Эн төрүөн
Төлөһүйбүт,
Үөскээн үөдүйбүт
Үтүө дойдуҥ
Иһигэр киирэммит
Саҥа алаһа дьиэни,
Аал уоту
Оҥостуох тустаахпыт"
- диэтэ.
Дьэ, маны эрэ
Эриһин сөблүөтэ.
Дьэ, субугурдук
Сүбэлэһэн бараннар
Сол сиргэ тийдилэр.
Дьэ, бу тийэн туран
Айталыын-куо
Хойнуттан
Былыргы улуу
Удаҕан дьахтар
Күҥэһэтин
Сулбу тардан
Ылан баран
Түҥкэтэх өртүнэн
Холоруктуу-холоруктуу
Субугурдук саҥара сырдьар:
-"Уой-уойбун,
Аай-аайбын!
Ол буоллаҕына -
Мин киһи
Этэр тылым иччитэ,
Туойар тойугум
Доҕоро буолбут,
Тоҕус сиринэн
Дьөлөркөй,
Сэттэ сиринэн
Сэймэк дьөллүрү
Хара былыт
Олбохтоох
Ытык Тураахайдаан
Эдьикэйиэм!
Мин иэримэ дьиэни
Тэрийэр,
Аал уоту оттор,
Алаһа дьиэни атарар,
Тойон эри
Туора кууһар
Күнүм буолла...
Аҕыс хос
Хайыр таас
Хаппахтаах,
Үс сиринэн буоҕуллаах
Дьөлөркөй үөдэниҥ
Түгэҕин аһа тардый!"
- диэн баран
Билиги күһэҥэни
Үс төгүл
Түҥкэтэх өртүнэн
Холоруктаан баран
Өрө күөрэтэн
Олордо барахта.
Дьэ, бу
Үс төгүл түҥнэри
Холоруктаан баран
Олоро түстэ.
Бу түһэрин кытта
Көрүөх бэтэрээ өртө
Үрүҥ көмүс
Балаҕан буолан
Мөлбөс кына
Тура түстэ.
Дьэ, бу иһигэр
Киирэннэр
Ас үтүөтүн
Аһаатылар,
Тыл үтүөтүн
Кэпсэттилэр,
Ойнуу бастыҥын
Ойноотулар.
Дьэ, онтон
Сэттэ муҥха баачынатын
Тиэрэ баттаабыт курдук
Сиэр бараан түүн
Ийэккэйдэрэ
Тэнийэн тэлгэнэн кэллэ.
Түмэн сулус
Дьүүллэнэн барда,
Тэргэн ый
Иэрчэхтээн кэллэ, -
Дьэ, утуйар
Уочарат буолла.
Сытар сыаналара
Тийэн кэллэ.
Дьэ, онтон
Айталыын-куо баран
Ойуулаах оронун үрдүгэр
Дьэрэкээннээх
Киис тириитэ тэллэҕин
Тэлгии тарта,
Бэдэр тириитэ сыттыгын
Сыттыы оҕуста,
Дуобаттаах
Үүс тириитэ суорҕанын
Көннөрө оҕуста,
Ол кэннэ бэйэтэ
Ис тас таҥаһын
Ньылбырыта тыытан
Ылан бараҕаттаан
Кэбиһэн баран
Молооччук курдук
Оһоҕоһо төгүрүйбүтүнэн,
Мэкээрсин курдук
Эмиийэ тэрэйбитинэн
Оронун улаҕатыгар
Баран сытта да
Субугурдук саҥара сытар
Хараҕын уута
Иҥин быһаҕаһыгар диэри
Уруускай чөмчүүк курдук
Мөлбөрүс кына-кына:
-"Уой, доҕочуйуом,
Тоҕо кэлэн сыппаккын?
Сото хары
Уҥуоҕа хобдох,
Ыҥыыр сыттык
Ыарыылаах,
Титирик орон
Дьирискэннээх,
Дьаптал орон
Дьарылҕаннаах,
Тэллийэ тэллэх
Чэлгиэннээх
Диэн өс хоһооно,
Өһүк номоҕо буолар.
Ол буоллаҕына -
Дьэ, оттоох оронуҥ
Тубун дьэ бул,
Сылаас уотуҥ
Кытыытыгар
Дьэ сыламнаа,
Алаһа дьиэҕэр
Дьэ алтахтаа,
Амтаннаах аһыҥ баһын
Дьэ бил,
Толбонноох доҕорчугуом!
Чэй, кэл,
Холбоһо тардыах!
Төрөтөр оҕобут
Өҥүрүөҕэ,
Төрөл бэйэбит
Күлүгүрсүөхпүт!
Туохха саараан
Саантаан тураҕын да ни,
Доҕорчуок?" - диэтэ.
Дьэ, иннэ диирин кытта
Эр киһи
Сырыта хааман барда да
Сыыйа-баайа
Сыынньахтаамахтаан баран
Уот өртүттэн
Киирэн кум хам
Кууспутунан барда;
Дьэ, онтон
Өрүһүйэн өрө көтөн
Үрүт мындаатыгар
Дабайбытынан барда.
Дьэ, бу
Дабайарын кытта
Дьахтар кынарыйа
Түһэн баран
Халбарыс кынан
Биэрэрин кытта
Эр киһи
Икки кулгааҕын тыаһа
Арылыас кус
Кынатын тыаһын курдук
Биирдэ куугунаан хаалла.
Дьэ, бу
Куугунаан-куугунаан
Биирдэ тийэн
Туох эмэ үрдүгэр
Ньилт-ньалт кына түстэ,
Бу түһэн баран
Туймааран
Төйүөрэн сытта,
Бу кынан баран
Уоскуйан ойон
Тура эккириэтэ,
Бу туран
Ол бу диэки хааман
Көрөөрү кыммыта -
Баҕана иинин курдук
Омуһахха туруору
Түһэн хаалбыт;
Онтон үөһээ аллараа диэки
Хантайан көрүүм диэбитэ -
Сир харатынааҕы
Күһүҥҥү ый быыһа
Түүн курдук
Дойдуга түспүт.
Онтон илиитин иминэн
Аллараа диэки
Харбыалаан көрдөҕүнэ -
Алларааҥы өртүлэрэ
Алталыы харыс
Ардаҕырбыт,
Үөһээҥи өртүлэрэ
Үстүү харыс
Түүнүгүрбүт дьоннор
Үллэ даҕдайа
Сытыйан сыталлар.
Маны тобугун
Хараҕар диэри
Тоҕута үктүү,
Иэччэҕин үүтүгэр диэри
Ибилитэ тэпсэ сырытта.
Дьэ, бу сырдьан
Субугурдук
Иэйэ-туойа сырдьар:
-"Ыый-ыыйбыан,
Аай-аайбыан!
Кэнчиэрэлээн иһэн
Кэбэлийэр диэн
Бу буоллаҕа,
Үөскээн иһэн
Үөдэнниир диэн
Бу буоллаҕа,
Көтөн иһэн
Көтүүтүгэр
Көлөттөр диэн
Бу буоллаҕа,
Кылыйан иһэн
Кылыытыгар
Кымырар диэн
Бу буоллаҕа!
Хайдыан,
Аан дойдум,
Бар дьонум,
Тойон аҕакайым,
Күбэй хотун ийэкэйим,
Хааллахкыт ини?"
- дии сытта.
Дьэ, Айталыын-куо
Буоллаҕына -
Ойон тура эккириэн
Икки хоппо
Күрдьэх саҕа
Дэбилгэ маҥан ытыһын
Хобурҕаччы таһыйан,
Уон түүлээх
Кырынаас курдук
Бабыа дьобуо
Тарбаҕынан
Түүлээх суон
Түһэҕин
Лабырҕаччы оҕуста,
Ол кэннэ күлэн
Чачыгырыы-чачыгырыы
Субугурдук диэн турар:
-"Уруй, айхалыкпын,
Оҕолоор!
Эдьэҥ-ходьоҥ
Эккириэн-эккириэн
Элиэбэр
Эргитэн аҕалан
Иҥиннэрэргэ
дылы кынным,
Тоҥуубар
Торутарга
Дылы кынным,
Үөмэр-түөмэр
Үктүөн сырдьаммын
Хаппахтаах
Үөдэним түгэҕэр
Түһэрэргэ
Дылы кынным!"
- диэтэ да,
Улуу дойду
Улаҕатынан
Охсуллубутунан,
Киэҥ дойду
Кэтэҕинэн
Эргийбитинэн барда.
Дьэ, бу сырдьан
Дьорҕоно сотолооҕу кытары
Доҕордоспутунан барда,
Эҥинэ хааннааҕы кытары
Эҥэрдэспитинэн барда,
Тордохтоох хоҥуруулааҕы кытары
Холборуспутунан барда,
Ардахтаах сырайдааҕы кытта
Аргыстаспытынан барда,
Тоҥ диэн дьулайбата,
Ириэнэх диэн иҥнибэтэ.
Дьэ, субугурдук
Көҥүлүнэн көрчүйэн,
Санаатынан дьалкыйан
Сырытта.
Дьэ, бу сырдьарын
Үөһээҥи уолуйар
Отут тоҕус
Биис ууһун
Ньургуннаахтара
Сирэйдэригэр
Ап чарай былыты
Саба туттан сытаннар
Нөрүөннээх
Көхсүлэригэр диэри
Түһэн тураннар
Өҥөйөн көрдүлэр,
Бу көрөннөр
Сөҕө бахтайа турдулар.
Алларааҥы айдааннаах
Сүүрбэ аҕыс
Биис ууһун
Бэлиэ бэлэстээхтэрэ,
Кудулу куолайдаахтара,
Мойноох бастарыгар диэри
Өрө күөрэйэн тахсаннар
Сырайдарыгар
Кута нуора
Сир кырсын
Саптан олороннор
Бэри диэн
Бэккиһээтилэр,
Чору диэн
Дьулайдылар.
Дьэ, субугурдук
Үөһээ аллараа
Биис ууһа
Чору дьулайаннар,
Бэри бэккиһиэннэр,
Үөһээ суоруннаах
Үөһээ кэгиэрийэннэр,
Аллараа суоруннаах
Аллараа суодуйаннар,
Бука бары
Баран хааллылар.
Дьэ, кини субугурдук
Сырыттаҕына -
Билиги эрин
Ийэтэ-аҕата
Иэйикээн иэйиитин
Иэйэннэр,
Туойукаан туойуутун
Туойаннар,
Муҥу көрөннөр,
Буору сөҕөннөр
Бу кийииттэрин
Кырыыс үтүөтүн
Кыыраннар,
Ньаныар бастыҥын
Ньаныйаннар,
Тыллаахха
Этитэ сытааннар,
Харахтаахха
Көрдөрө сытааннар,
Кырыы өртүттэн
Биир тыҥырах
Харатын саҕаны
Кыларыппатылар,
Ойоҕос өртүттэн
Биир оҥооччу саҕаны
Ойуппатылар.
Ол иһин
Абааһы уола
Тимир Арсаанай бухатыыры
Буланнар
Үрүҥ хара
Сүүрүктэрин төбөтүнэн
Аҥардаан биэрэннэр
Кийииттэрин эккирэттэрдилэр.
Дьэ, абааһы уола
Тимир Арсаанай обургу
Хамыйан ылан
Барытын биирдэ
Хамырыйан кэбиһэн баран
Үс хос бастаах,
Икки салаа кутуруктаах,
Өрөҕөтүгэр
Аҕыс атахтаах
Садаҕа уот
Моҥой буола түстэ да
Соҕотохто субурус
Кынан хаалла.
Дьэ, бу баран
Улуу дойду
Улаҕатынан
Урбаччытта,
Киэҥ дойду
Кэтэҕинэн
Эргичиттэ.
Дьэ, бу сырыттахтарына -
Абааһы уола
Тимир Арсаанай киэнэ
Аҕыс атара атаҕа
Тугулугар тийэ
Соролоон түстэ,
Икки салаа кутуруга
Төрдүгэр тийэ
Чыпчаала
Кутуйа элэйэн хаалла,
Үс хос уот баһа
Уот сиэбит
Дулҕатын курдук
Куттуйа хатан хаалла.
Дьэ, субугурдук
Буолан баран
Айталыын-куону
Көрдөҕүнэ -
Кыһыл саһыл буолан
Кылбайа
Сүүрэн быысаһар
Тайах буолан
Быыдаттан истэ,
Ойуһар кыыл буолан
Ойуохалаан истэ.
Мантан бэри диэн
Бэккиһиэн,
Чору диэн
Дьулайан,
Субугурдук саҥара иһэр:
-"Ылаата, алаата,
Уой-уойбун,
Хотуойа!
Мин да киһи
Этэр тылым
Эгэлгэтин
Истэн иһий!
Ол буоллаҕына -
Эн өҥҥүн
Өҥнөөн иһэммин
Үөҥҥэ сиэтиэм,
Эн ыыргын
Ирдиэн сырдьаммын
Ыкка ытык
Унуохкун ыстатыам!
Эн умнарыҥ саҕына
Мин өйдөтүөм, -
Онуга диэри
Көҥүл сырыт!"
- диэтэ да
Тус илин диэки
Субурус кынан хаалла.
Ол баран
Эмиэ били
Аһаабыт ыалыгар
Тийэн субугурдук
Саҥара турар:
-"Ылаата-ылаата,
Алаата-алаата!
Мин да киһи
Муҥу көрөн,
Буору сөҕөн
Тийэн кэллим:
Аһаабыт
Аһым баранна,
Таҥныбыт
Таҥаһым илдьирийдэ,
Бэйэм этим-тириим
Баранна.
Арай аһаан-сиэн
Уоҕуланан бараммын
Эһиги оҕоҕут
Ир суолун ирдиэн,
Тор суолун
Тордоон көрүөм
Буоллаҕа!"
- диэтэ абааһы уола
Тимир Арсаанай.
Айталыын-куо
Буоллаҕына -
Айыллан үөскээбит
Аҕыс иилээх-саҕалаах
Атааннаах-мөҥүөннээх
Айгыр силик
Аан ийэ дойдутугар
Кырса кыыл буолан
Кылбайа сиэлэн истэ.
Бу истэҕинэ -
Төбөтүн оройун диэкиттэн
Сытыы кынат тыаһа
Тыаһаата,
Хатан саҥа
Саҥарда.
Маныга өрө хантас
Кына түһэн көрбүтэ:
Улар туһаҕын курдук
Кээкэллибит мойноох,
Чаан олгууй саҕа
Саллайбыт бастаах,
Уон Дьааҥы
Хотуурун курдук
Түрбүү хара
Тыҥырахтаах,
Икки уоттаах
Чолбон курдук
Харахтаах,
Балдьыат ыал
Түгэх түөһүн
Тэлгии кээспит курдук
Күкүр таас
Кынаттаах,
Харалаабыт аньыы курдук
Аҕыс кырыылаах
Ньэҥкир таас
Тумустаах кыыл
Субугурдук
Саҥара-саҥара
Түһэн иһэр:
-"Чиэ, дуоҕаар,
Мин киһи
Эрэһэлээх тылым
Иччитин истэн иһий!
Ол буоллаҕына -
Мийигин өйдүүгүн ду
Өйдүөбэккин ду?
Былыргы дьыл
Былатыгар,
Урукку дьыл
Оргуньугар
Эн аҕыс салаа
Кутуруктаах
Айдаарыкы-сиэр
Атыҥ үрдүгэр
Олороҥҥун
Тус соҕуруу диэки
Тоҕус уон
Туора омуктар,
Аҕыс уон
Арааһынай
Аҕа ууһа
Аймах-билэ
Дьоннор мустаннар
Ыһыах иһэр
Күннэригэр
Баран истэхкинэ -
Мин бараммын
Атыҥ самыытыгар
Олоро түһээри
Кыммыппын
Тиэр анньан
бараҥҥын
Куота сүүрдэн
Хаалбытыҥ.
Ол быйылгы дьыл
Уон төгүрүк сыла туолла,-
Ол тохору
Тоҕоостоох сиргэ
Тоһуйа сытаан
Кэбистим да
Түбэспэтим.
Дьэ, бу күн
Түбэстим
Сөптөөх кэмҥэ.
Мийигин билэҕин ду
Билбэккин ду
Билигин?
Ол буоллаҕына -
Хантан хааннаах,
Кимтэн кииннээх
Киһигиний?
Диэтэргин -
Бу көстөр
Күөх халлаан
Үрүт өттүгэр,
Хат халлаан
Анараа дьаҕатыгар
Хабырыттар халлаан
Диэн аҕалаахпын,
Хатан халлаан
Диэн ийэлээхпин.
Бэйэм аатым буоллаҕына -
Халлаан уола
Хаарылла-мохсоҕол
Диэн буолабын!" - диэтэ.
Онуга Айталыын-куо
Субугурдук саҥара иһэр:
-"Чиэ, доҕоруом,
Уруккуттан уҥуоргун
Тоҕо умсуйбатаҥый,
Төрдүгүн тоҕо
Түөспэтэҥий,
Ааккын тоҕо
Ахтыбатаҥый?" - диэтэ.
Дьэ, иннэ диирин кытта
Хаарылла-мохсоҕол
Ыастаах кустук курдук
Соҕотохто таҥнары
Курулаан түстэ
Айталыын-куо иннигэр;
Бу түһэн туран
Иккиһин субугурдук
Саҥара турар :
-"Чиэ, доҕоруом,
Сабарча сылы
Мэлдьи тугу кынаары
Ньаныйан-ньаныйан
Таба көрүстүм
Диэммин үөрбүппүнүй,
Баҕалаах санаабын
Батыспыккыный,
Ымсыылаах санаабын
Ыстаммыппыный?
Дьэ, ытык тылбын
Ылан көрүөхкүн?
Ымсыырарым ыксалаата-
Ыпсан көрүөхпүтүн,
Баҕарарым балааһалаата-
Баттаһан көрүөхпүтүн,
Дьалыннаах санаам
Чахча таайан кэллэ -
Таптаһан көрүөхпүтүн
Хайтаҕый?" - диэтэ.
Дьэ, маныга
Айталыын-куо эттэ:
-"Ээ, даарым,
Таптаһарбыт
Ханна барыай!" -диэтэ.
Дьэ, манан
Сөблөһөннөр
Тойон сүрэхтэрин
Доҕордуу,
Хайҕах хара
Быардарын
Алтыаллыы кыннылар.
Дьэ, онтон
Уохтаах санаалара
Угарыйаннар,
Баҕалаах санааларын
Баратаннар
Икки аҥы
Ойон тура эккириэтилэр.
Дьэ, бу кэннэ
Хаарылла-мохсоҕол
Субугурдук саҥара
Турар үһү:
-"Уой, доҕоруом,
Мин киһи
Этэр тылым
Иччитин истэн туруй!
Ол буоллаҕына -
Эн хайҕах
Хара быарыҥ
Тулаайаҕа,
Нохтолоох
Тойон сүрэҕиҥ
Ытарҕата буолбут,
Көрдөр хараҕыҥ
Дьүккэтэ,
Этэр тылыҥ
Тоҕоһото,
Көтүрдэр тииһиҥ
Эрэһэтэ
Биир уол
Оҕолоохкун.
Онтукайгын ирдьэ бар
Самантан тус хоту диэки.
Онно мин доҕорум
Дьулуонтай-бэргэн
Диэн аартаах киһи
Баар буолуоҕа.
Ол киһиэхэ тийэҥҥин
Оҕоҕун
Үөһээ аллараа
Кэриимэр үөрэттэр.
Ол кэннэ
Бэйэҥ онно
Тийэҥҥин
Түптээх уугун утуй,
Сынньалаҥ олоххо олор,
Сылаас уот
Кытыытын баһын бил!
Онтон ордук
Сынньалаҥ олох
Табыллыа суоҕа!" -диэтэ.
Дьэ, маныга
Айталыын-куо
Сөрү диэн сөблүөн,
Бары диэн
Махтанан туран
Субугурдук саҥара турар :
-"Чиэ, доҕорчуок,
Мин таллан таас
Оройбун
Таба саҥардыҥ...
Ол буоллаҕына - мин, дьэ,
Барарым кырдьык сөп...
Дьэ, эн мийигин
Сөптөөх кэмҥэ
Кэлэҥҥин өйдөппүккэр
Сиртэн халлааҥҥа диэри
Махтанабын.
Ол буоллаҕына:
Бу махтаммыт
Махталбын -
Киһи буолан
Олордохпуна -
Эн өйдүүргүнэн,
Мин кыайарбынан
Төлүөҕүм!" -диэтэ.
Дьэ, субугурдук
Кэрэ кэрэмэс
Кэриэс тылларынан
Кэпсэтэн бараннар
Үөһээ уостарыттан
Үстүү хамыйах
Үүттээх хаан
Тахсыар диэри
Чубурҕаччы уураһаннар,
Аллараа уостарыттан
Алталыы хамыйах
Арыылаах хаан
Тахсыар диэри
Сабырҕаччы оборсон
Бараннар
Биирдэрэ былыргы
Аан дойдутугар,
Бар дьонугар
Бара турда,
Биирдэрэ
Тус соҕуруу диэки
Бара турда.
Дьэ, Айталыын-куо
Былыргы
Таҥалайдаан
кэбиспит уолун
Баран
Үлүк буолан хаалбыт
Эһэтиттэн,
Бүдүк буолан хаалбыт
Эбэтиттэн
Булан ылан
Тус хоту диэки
Ирдьэ баран истэ.
Дьэ, бу бараннар
Былыргы бэйэтэ
Үөрэммит
Дьулуонтай-бэргэн
Тойоҥҥо тиийдилэр.
Дьэ, бу тийэн туран
Айталыын-куо
Субугурдук диэн
Көрдөһө турар:
-"Чиэ, тойоколоох
Тойокоом!
Халдьыктаах бэйэм
Хаҥкыйа,
Тоноҕостоох бэйэм
Токуйа,
Сүһүөхтээх бэйэм
Сүгүрүйэ кэллим...
Былыр
Эн эппит тылгын
Ситиминэ баран
Сырдьаммын
Уһуктаахха уолдьастым,
Түрбүөннээххэ
Түбэстим,
Кыдьыктаахха
Кыттыстым,
Сор-бөҕөнү
Сотобунан кэстим,
Муҥ-бөҕөнү
Муннубунан тыырдым,
Эрэй-бөҕөнү
Эҥэрбинэн тэллим.
Ол иннэ кынан
Дохсун санаам
Тохтоото,
Хаҥыл санаам
Хаалла,
Эмньик этим
Эммэнийдэ,
Халыан санаам
Халбарыйда,
Оҕотук санаам
Уурайда,
Өйдөөх хааммын
Туттум...
Быйылгы дьыл
Сүүрбэ ордуга
Тоҕуһум буолла;
Ол тохору
Илин өртүгэр
Иҥэмтэ диэн
Биир эрбэх саҕа
Иҥэмтэлээх суох буолла-
Сииккэ сиэллим,
Кэлин өртүгэр
Туһа диэн
Биир туорах саҕа
Туһалаах суох буолла-
Хаарга хаамтым.
Арай бу бэйэм
Бачча буолуохпар диэри
Көрдөр хараҕым
Ирчитэ,
Көтүрдэр тииһим
Эрэһэтэ,
Этэр тылым
Тоҕоһото
Бу биир уоллаахпын.
Маны эн үтүө
Дьаһалгар
Ымсыыраммын-баҕараммын
Үөрэттэрэ аҕаллым.
Бэйэм эн
Томоонноох олоххор
Баҕараммын
Олоро кэллим.
Эн үөлээннээх
Үтүө доҕоруҥ,
Халлаан уола
Хаарылла-мохсоҕол,
Эмиэ ыйан-кэрдэн
Сөблүөн-сүбэлээн
Ыыппыта" - диэтэ.
Маныга анарааҥы киһи
Уҥуоргу дойду
Улаҕатын одуулаабахтаан,
Бэтэрээҥи дойду
Кириһэтин
Кэтиэмэхтээн баран
Субугурдук саҥара олорор:
-"Чиэ, хотуой,
Онтон буоллун даҕаны...
Дьэ, мин ханна
Барар сирбэр
Барсыаҥ буоллаҕына -
Ылынан да көрүүм!"
- диэтэ.
Дьэ, Айталыын-куо:
-"Барсарым
Ханна барыай!" -диэтэ.
Дьэ, манан сөблөһөннөр
Дьулуонтай-бэргэн
Үҥкүрүс-күөлэһис
Кына түстэ да
Икки хос бастаах
Даллан өксөкү
Буола түстэ да
Билиги дьахтардаах
Оҕону сүгэн баран
Тус соҕуруу диэки
Көтөн күпсүйэн истэ.
Дьэ, бу
Көтөн-көтөн
Бу көстөр
Күөх халлаан
Алын кырсынан
Кырылаччы көтөн тийдэ
Маһа-ото суох
Күтүр киэҥ алааска,
Бу алаас
Илин саҕатыгар
Сурулаччы дайбаан тийдэ.
Бу тийэн көрдөхтөрүнэ -
Хомпоруун-хотой
Төрүөн көппүт
Үс тэҥкэ
Хара маһын
Төрдүгэр
Тураллар эбит.
Ол үс мас
Төрдүнэн
Аллараа диэки
Таҥнары көрдөхтөрүнэ -
Былыргы ыал
Хаппачытын
Айаҕын курдук
Таҥнары
Чөмөрүйэн түстэ.
Дьэ, ол устун
Бастаан хааман киирдэ
Дьулуонтай-бэргэн.
Бу кэнниттэн
Айталыын-куо
Оҕолуун киирдилэр.
Кунан оҕус
Хабарҕатын
Тиэрэ быспыт курдук
Таас халларыыт
Суол устун
Түһэннэр
Биир төбөтүнэн
Айахтаах
Таас булгунньахха
Түстүлэр.
Бу иһигэр киирэн
Көрдөхтөрүнэ -
Өрүллүбүтүнэн күөс,
Оттуллубутунан уот,
Астаныллыбытынан ас,
Оҥоһуллубутунан орон.
Дьэ, манна киирэннэр
Талбыттарын таҥна,
Таптаабыттарын аһыы
Күн бүгүнүгэр диэри
Аһыы-сии,
Ойнуу-көрүлүү,
Үөрэ-көтө үөрэнэ
Олороллор үһү.