Кэрээктэр
Кэрээктэр (нууч. коряки, бэйэлэрин туундара кэрээктэрэ чавчыв, чавчывав - табалаах, оттон кытыл кэрээктэрэ нымылъын, нымылъу дэнэллэр) - Камчаатка тумул арыы хоту өттүгэр олорор төрүт олохтоох омуктар. Кытыл кэрээктэрин төрүт дьарыктара - байҕал кыылын бултааһын, тыллара туундара кэрээктэриттэн туһунан, билим литэрэтиирэтигэр олютордар (ардыгар нымылааннар) тыллара дэнэр.
Ахсааннара
Арассыыйаҕа кэрээктэр ахсааннара:
Кэрээктэр нэһилиэнньэлээх пууннарынан (2002 с.)[1]
- Палана бөһүөлэк 1212
- Тымлат 706
- Манилы 565
- Седанка 446
- Лесная 384
- Вывенка 362
- Оссора 351
- Тиличики 329
- Карага 289
- Слаутнай 254
- Таловка 254
- Петропавловск-Камчатскай куорат 245
- Тигиль 203
- Хаилино 201
- Воямполка 163
- Ивашка 162
- Хайрюзово 102
- Верхний Парень 262
- Эвенскэй бөһүөлэк 234
- Тополовка сэлиэнньэ 160
Кэрээктэр олорор сирдэригэр олохтоохтор ахсааннарыттан өлүүскэлэрэ (2010 сыллааҕы биэрэпиһинэн)
(кэрээктэр олохтоохтор ахсааннарыттан 5 % тахсаны ылар муниципальнай тэриллиилэрэ ыйылыннылар):
муниципальнай оройуон, куорат уокуруга | РФ субъега | Кэрээктэр % |
Пенжинскэй оройуон | Камчаатка | 42,9 |
Палана | Камчаатка | 35,1 |
Карагинскай оройуон | Камчаатка | 31,7 |
Тигильскэй оройуон | Камчаатка | 28,7 |
Хотугу-Эбээн оройуона | Магадаан | 24,1 |
Олюторскай оройуон | Камчаатка | 21 |