Кумахы (ыарыы)

УРУБИИКИ диэн сиртэн ылыллыбыт
Малярия
Малярия ыалдьар кымаар ыстыырыгар тарҕанар
МКБ-10 B50.-B54.
МКБ-9 084
OMIM 248310 248310
DiseasesDB 7728 7728
MedlinePlus 000621 000621
eMedicine med/1385  emerg/305 ped/1357 med/1385  emerg/305 ped/1357
MeSH C03.752.250.552 C03.752.250.552

Кумахы эбэтэр Титириир ыарыы (паразиттарынан тарҕанар. Киһиэхэ паразиттар хаан иһигэр киирдэхтэринэ ыалдьар. Сыл аайы 300-700 мөл. киһи кумахынан ыалдьар, уонна 1-2 мөл киһи өлөр.

Кумахыны аҕалар паразит аата Плазмодиум диэн протозоа буолар. Протозоа диэн биир эрэ клектаттан тутар организмнары аатыыллар, бактерияттан быдан кыра уонна боростуой.

Киһи сүнньүнэн Анофелес эбэтэр Кулекс диэн кымаар көрүҥнэриттэн киһини ыстаатаҕына ыалдьар. Плазмодиум диэн кымаар оһуобай силэ. Ол силин киһини ыстыырыгар ыһар, оччоҕуна ыарыы саҕаланар.

Тыһы кымаардара эрэ тарҕаталлар, тоҕо диэн атыыр кымаардара хааны хомуйбаттар. Кинилэр үүнээйи нектардарын иһэллэр. Тыһы кымаар хааны сымыыт оҥороругар туттар.

Киһи атыннык эмиэ ыалдьыан сөп. Ол курдук оҕо ийэтин иһигэр ыалдьыан сөп. Эбэтэр хаан кутуутугар эмиэ сыстыһыахха сөп. Сорох дьон шприц инньэтин ыалдьыбыт киһи кэнниттэн иккистээн туттан ыалдьыан сөп.


Кумахы паразитын олоҕо

Билэ:Red blood cell infected with malaria parasites-NIAID RML.jpg
Хаан кыһыл клеткалара уонна малярия паразита микроскопка

Плазмодиум хас да көрүҥэ малярияны ыҥыраллар:

  • Кутталлаах:
    • Plasmodium falciparum[1]
  • Орто кутталлаах:
    • Plasmodium malariae
    • Plasmodium ovale
    • Plasmodium semiovale
    • Plasmodium vivax
  • Приматтан атын приматка тарҕаныан сөп:
    • Plasmodium knowesli


P. vivax уонна P. falciparum малярия улахан өттүн аҕалаллар.

Тарҕаныыта

Дьон нэһилиэнньэтиттэн 40% малярия баар сиригэр олорор, ол курдук:

Өлүү 90% Афркаҕа буолар. Ыалдьыбыт дьонтон ордук өлөр категорията - оҕолор. Оҕо өлбөтөҕүнэ даҕаны мэйиитигэр улахан дьайыылаах буолар.

Өлүү кэнники бириэмэҕэ олус аччаабытын да иһин дьадаҥы дойдуларга кымаардары кытта охсуһууга эбэтэр эми ыларга харчы суох, сороҕор харчы баар да буоллаҕына медицина системата суох буолар, ол курдук Африка орто дойдуларыгар сэрии буола турар, эбэтэр соторутааҕыта бүппүтэ, ол гынан иһин медицина системата олохтоммотох.

Ыарыы сибикилэрэ

Кумахы сибикилэрэ

  • Артралгия (сустааптарга ыарыы)
  • Төбө ыарыыта
  • Сылайыы уонна утуйуохха баҕарар
  • Сөтөл
  • Титирии
  • Үлүгүнэйии
  • Кома

Кумахы бэлиэлэрэ:

  • Анемия (хааҥҥа кыһын клекталар ахсааннара намыһах)
  • Саһарыы (тирии уонна харах араҕас буолаллар)
  • көлөһүннэнимтиэтэ
  • Хотуо
  • Түргэн сүрэх тэбиитэ
  • Намыһах хаан баттааһына
  • Уорганнар улаатыллыыта. Ол курдук быар, таал уонна атын иһинээҕи органнар

Быһаарыылар