Крылова Татьяна Ивановна
Крылова Татьяна Ивановна — Саха Сирин дьахталларыттан бастакы медицина доктора, профессор, Саха АССР уонна РСФСР үтүөлээх бырааһа, СГУ медфагын декана (1975—1979).
(1921 сыл кулун тутар 16 — 1979 сыл муус устар 2)
Олоҕун олуктара
Дьокуускайга төрөөбүтэ. Ийэтэ Ирина атыыһыт Яков Санников кыра кыыһа, аҕата Арҕаа Хаҥалас улууһуттан төрүттээх саха атыыһыта Иван Павлов эбиттэр. 1942 сыллаахха Омскайдааҕы мединститут педиатрия факультетын бүтэрбитэ. Онтон 1947 сылга дылы оҕо дьааһылатыгар, оройуон балыыһатыгар бырааһынан, Республикатааҕы Оҕо дьиэтин кылаабынай бырааһынан, оҕо-дьахтар консультациятыгар бырааһынан, Усуйаана оройуонун кылаабынай бырааһынан үлэлээбитэ.
1947 сылтан Сэллик институтун Саха Сиринээҕи филиалын клиникатыгар оҕо отделениетын сэбиэдиссэйинэн үлэлээбитэ. Кандидатскай диссертация суруйбута. 1964 сылтан педиатрия кафедратын арыйбыта уонна онно сэбиэдиссэйдээбитэ. 1970 сылтан 1975 сылга дылы СГУ наукаҕа проректора. 1975 сылтан 1979 сылга дылы — медицинскэй факультет декана.
Докторскай диссертацияны «Клиника, течение и лечение туберкулёза у детей в Якутской АССР» 1967 сыллаахха көмүскээбитэ.
Кэргэнин Д. М. Крыловтуун Саха Сиригэр медицинскай үрдүк үөрэхтээһини саҕалаабыт дьоннор.
Билэ:Creative-Tail-People-asistante.svg | Бу киһи туһунан сиппэтэх ыстатыйа. Көннөрөн уонна эбэн биэрэн УРУБИИКИ көмөлөһүөххүн сөп. |