Кремний

УРУБИИКИ диэн сиртэн ылыллыбыт
Поликристал кремний (99,9 %)

Кремний диэн аҥар аһардааччы. Йенс Якоб Берцелиус 1823 сылга кремнийы аан-бастаан ыраас быһыытынан арааран таһааран дьүһүннээбитэ. Кремний силикат диэн ааттаах кудай куйаарыгар ахсыс ордук дэлэй ууһук буолар. Космос быылыгар, планетоидтарга, Сир хаҕа 90% силикат минералларыттан турар. Кремний Сир хаҕар хайыр таас, фарфор, Карборунд курдук кремний холбоһуктарын чочуйар уонна бөҕөргөтөр компоненнар быһыытынан туһаналлар. Кремний силикон диэн биллэр синтетик полимердар олохторо буолар. Бүгүн аан дойду экономикатыгар кремний улахан сабыдыаллаах. Күүскэ ыраастаммыт ууһук кремнийы электроникаҕа туһаналлар. Смартфон уонна транзистордара уонна чиптара бары кремнийтан тутулуктаахтар.