Кононов Николай Иннокентьевич

УРУБИИКИ диэн сиртэн ылыллыбыт
Николай Иннокентьевич Кононов
Төрөөбүт күнэ 1904({{padleft:1904|4|0}})
Төрөөбүт сирэ Оҥхой нэһилиэгэ, Үөһээ Бүлүү улууһа, Саха уобалаһа
Өлбүт күнэ биллибэт
Өлбүт сирэ Оҥхой нэһилиэгэ, Үөһээ Бүлүү улууһа
Сулууспалаабыт дойдута ССРСFlag of the Soviet Union.svg ССРС
Сулууспалаабыт сыллара 1943—1945
Кыргыһыылар/сэриилэр Аҕа дойду Улуу сэриитэ
Наҕараадалара
Аҕа дойду сэриитин I ст. уордьана — 1986
«Хорсунун иһин» мэтээл «Аҕа дойду Улуу сэриитигэр Германияны кыайыы иһин 1941-1945 сс.» мэтээл

Кононов Николай Иннокентьевич — Тардыысыйа, Аҕа дойду Улуу сэриитин кыттыылааҕа.

1904 сыллаахха Үөһээ Бүлүү оройуонугар Оҥхой нэһилиэгэр төрөөбүт.

Аҕа дойду Улуу сэриитигэр 1943 сыллаахха бэс ыйыгар ыҥырыллан барбыт. Бастаан Читаҕа, онтон 3-с Украинскай фроҥҥа 42-с стрелковай полкаҕа сулууспалаабыт. Николай Иннокентьевич өстөөҕү үүрсэн Румынияны, Венгрияны, Чехословакияны чиэрэстээн ыам ыйын 2 күнүгэр 1945 сыллаахха Берлиҥҥэ тиийбитэ. Атаакаҕа киирэн иһэн саннын тосту ыттарбыта. Кыайыы күнүн госпитальга сытан көрсүбүт. Хара муора таһынааҕы 4153 нүөмэрдээх эвагоспитальга сытан эмтэнэн 2-с группалаах инбэлиит буолан дойдутугар эргиллибит.

1994 сыллаахха төрөөбүт-үөскээбит Оҥхойугар олорон өлбүтэ.

Наҕараадалара

  • Аҕа дойду сэриитин I ст. уордьана (1986)[1]
  • «Хорсунун иһин» мэтээл (1945)
  • «Аҕа дойду Улуу сэриитигэр Германияны кыайыы иһин 1941—1945 сс.» мэтээл
  • Атын мэтээллэр

Быһаарыылар

  1. Карточка награжденного в электронном банке документов «Подвиг Народа»