Кашкайдар

УРУБИИКИ диэн сиртэн ылыллыбыт

Кашкайдар (бэйэлэрин ааттаналлара – qaşqaylar, б.а. — qaşqay, азерб. qaşqaylar, перс. قشقایی‎) – Ирааннааҕы Фарс, Хузестан уонна соҕуруу Исфахан сирдэригэр олорор түүр тыллаах көс биистэрэ[1]. Ирааннааҕы азербайдьаан омугун шахсэвэн диэн бииһин кытта биир төрүттээхтэр[2][3]. Сорох чинчийээччилэр саныылларынан кашкайдар азербайдьаан тылыгар чугас кашкай тылынан саҥараллар[4], атыттар этэллэринэн кашкайдар тыллара азербайдьаан тылын диалега эрэ[5].

Төрүттэрэ уонна ааттара

XIX-с уонна XX-с үйэ бастакы аҥарыгар Эуропа уонна нуучча чинчийээччилэрэ кашкайдар төрүттэрин туһунан араас сабаҕалааһыннары эппиттэрэ. Бу сабаҕалааһыннар сүрүннээн араас кашкай биистэрэ бэйэлэрэ эппит көрүүлэргэ олоҕурар этилэр[6].

Холобур, В.В. Бартольд уонна XIX үйэтээҕи Ираан сорох чинчийээччилэрэ сабаҕалыылларынан кашкайдар халач диэн оҕус бииһиттэн арахсан XI үйэҕэ Ираан киин сирдэригэр олохсуйбуттар. Бу сабаҕалааһыны кашкайдар ахсааннарыгар халач диэн биис баара бигэргэтиэн сөп[7].

Пьер Оберлинг диэн Америкатааҕы историк сабаҕалыырынан кашкайдар төрүт сирдэрэ Ирааннааҕы Азербайдьаан буолар. Бу чинчийээччи этэринэн кашкайдар биистэрин ааттара Азербайдьаан сирдэрин ааттарын кытта ситимнээхтэр, холобур диэн эттэххэ: Муганлу, Ак-Койунлу, Кара-Койунлу, Бэйгдэли уонна Мусэллу. Ону таһынан П. Оберлинг бэлиэтээбитинэн кашкайдар Тэбриз сирин дойду дииллэр эбит[8].

Тыллара

Кашкай тылын таһымын туһунан биир кэлим санаа суох эрээри, үгүс тыл үөрэхтээхтэрэ саныылларынан кашкай тыла азербайдьаан тылын диалега буолар[9].

Кашкайдар бэйэлэрин тылларын түрки диэн ааттыыллар[8].

Быһаарыылар

  1. Луры и бахтиары. Кашкайцы // Народы Передней Азии. — М.: Изд-во Академии наук СССР, 1957. — С. 276.
  2. Richard Tapper — Shahsevan in Safavid Persia (1974). — С. 24.
  3. Б. П. Балаян, «К вопросу об общности этногенеза шахсевен и кашкайцев», с. 361
  4. О. Л. Вильчевский, А. И. Першиц. «Переднеазиатский этнографический сборник» —И. Академии наук СССР, 1958 — стр. 97
  5. Н. А. Баскаков. «Введение в изучение тюркских языков» — ИВШ, 1969 — стр. 267
  6. М. С. Иванов. Племена Фарса: кашкайские хамсе, кухгилуйе, мамасани. — Труды Института Этнографии им. Н. Н. Миклухо-Маклая. — Москва: Издательство Академии Наук СССР, 1961. – С. 30–32.
  7. М. С. Иванов. Племена Фарса: кашкайские хамсе, кухгилуйе, мамасани. — Труды Института Этнографии им. Н. Н. Миклухо-Маклая. — Москва: Издательство Академии Наук СССР, 1961. – С. 30–31.
  8. 8,0 8,1 Oberling, P. "QAŠQĀʾI TRIBAL CONFEDERACY i. HISTORY"[1]
  9. О. Л. Вильчевский, А. И. Першиц. «Переднеазиатский этнографический сборник» —И. Академии наук СССР, 1958 — С. 97.

Литература

  • Народы Передней Азии, М., 1957.
  • Кисляков В. Н. Кашкайцы // Народы и религии мира / Глав. ред. В.А. Тишков. М.: Большая Российская Энциклопедия, 1999. С. 230–231.
  • Кашкайцы // БРЭ. Т.13. М., 2008.
  • Б. П. Балаян. К вопросу об общности этногенеза шахсевен и кашкайцев // Востоковедческий сборник I. – Издательство АН Армянской ССР, 1960. — С. 331–376.
  • М. С. Иванов Племена Фарса: кашкайские хамсе, кухгилуйе, мамасани. — Труды Института Этнографии им. Н. Н. Миклухо-Маклая. — Москва: Издательство Академии Наук СССР, 1961. — Т. 63.
  • Н. А. Кузнецова Иран в первой половине XIX века. — Москва: Наука, 1983. — 264 с.