Иэстэһэр санаа
Иэстэһэр санаа диэн иэс ылыыны тэҥэ иэһи хайдах төлүүр туһунан санаа ааттанар.
«Иэс төлөнүөхтээх» диэни саха киһитэ барыта билэр. Иэскэ киирэн баран төлөөбөт буолуу куһаҕан майгыга киирсэр, утарар иэстэһэр санааны хардары үөскэтэр. Иэстэһэр санаа аһара бардаҕына өһүөҥҥэ кубулуйар. Куһаҕан санаалар аһара барбаттарын хааччыйыы киһи буолуу сүрүн сыала буолар.
Сахалар хайаан да иэстэһэр санаалаах киһини «Өһүөннээх» диэн ааттыыллар. Иэстэһэр санаа аһара барыытын суох оҥорор сыалтан «Өһүөннээмэ» диэн оҕолорун үөрэтэллэр.
Киһи санаата киһини ыҥыран, инники олоҕор сирдээн иһэрин сахалар «Санаатын сорук оҥостон» диэн бэлиэтээн этэллэр. Ханнык баҕарар дьыаланы киһи оҥоруоҕун баҕардаҕына аан маҥнай санаатыгар оҥорон көрөр, бары өттүттэн ыараҥнатан, дириҥник толкуйдаммыт дьыаланы олоххо киллэрии быдан судургу буолар.
Атаҕастаммыт, баттаммыт киһи куһаҕан, иэстэһэр санаалары да санаталыыра баа буолан бобуллар кыаҕа суох. Киһи бэйэтин өйүгэр-санаатыгар куһаҕан, иэстэһэр, өлөрөр-алдьатар санаалары куруук саныы сырыттаҕына, бу санаалара элбэхтэ хос-хос хатылананнар ийэ кутугар иҥэн ууруллан хаалалларынан хаһан баҕарар бэйэтигэр куһаҕаны оҥоруохтарын сөп. Киһи ийэ кутугар иҥмит өйдөбүллэрин өйө көппүт эбэтэр өйө баайыллан ыллаҕына хаһан баҕарар өйдөөн кэлэн толорон кэбиһиэн сөп.
Куһаҕан, өлөрөр-алдьатар санаалар киһи ийэ кутугар иҥэн хаалыыларыттан бары алдьархайдар саҕаланаллар. Ыар, араас ситиһэр, өлөрөр-өһөрөр санаалар иҥмит киһилэрэ итирэн «Өйө көтөн» эбэтэр «Өйө баайыллан» хааллаҕына ийэ кутун салайыытыгар киирэрэ улахан уустуктары оҥорор. Арыгы иһэн итирбит дьон олус куһаҕан быһыылары оҥорон кэбиһэллэрэ элбэх.
Киһи санаатын күүһүнэн бэйэтин ийэ кутугар аналлаах программаны, былааны оҥорон уурунан кэбиһэр. Итирбит кэмигэр киһи салгын кута көтөн, өйүн-санаатын туормастара босхо бараллар. Урукку бэрээдэк, сиэр-туом диэн билиилэрэ, үөрэхтэрэ соҕотохто умнуллан хаалаллар. Бу кэмҥэ киһи ийэ кутугар ууруммут араас былааннарын табылыннар эрэ хаһан баҕарар толорор кыахтанар. Киһи өйүгэр-санаатыгар итинник былааны илэ оҥостуутун уонна итирбит кэмигэр олоххо киллэриитин холобурун маннык түбэлтэттэн билиэххэ сөп.
Итирэн вытрезвительгэ түбэһэн баран тахсарыгар сурунаалга суруйалларыгар биир да докумуона суох эбит. Аатын-суолун ыйыппыттарыгар фамилиятын эҥин этэн баран: «Улуустан киирэ сылдьабын», диэн эбэн биэрбит. Хата ыстараабын төлүүргэ харчылаах уонна итирэн баран уулуссаҕа хаама эрэ сылдьыбыт буолан, улаханнык ыйыталаһан эрэйдээбэккэлэр эрэ ыытан кэбиспиттэр.
Ити быһыытын ырытан толкуйдаан баран, аны түбэһэр түбэлтэҕэ букатын атын фамилияны этэн биэриэххэ сөп эбит диэн быһаарыммыт. Холобур, «Сивцев»- диэтэххэ ордук табыллыан сөп эбит. Хайа да улууска тарҕаммыт фамилия буоллаҕа дии. Эстэн-быстан дьиэлээн иһэн айанын кэмигэр ити быһаарыыны ылынан кэбиспит.
Төһө эмэ өр кэм буолан баран вытрезвительгэ эмиэ түбэспит. Табаарыһынаан ыаллары кэрийэн аһаан баран дьиэлээн истэҕинэ туппуттар. Ороҥҥо сытан эрэ өйдөнөн кэлбит. Утаппыта олус буолан уу иһээри тура сылдьыбыт. Кини турбутун харабыллар көрөннөр: «Сивцев»,- диэн ыҥырбыттар. Киһибит миигин ыҥырбаттар дии санаан баран төттөрү сытынан кэбиспит. Хата урут тугу быһаарыммытын таһы-быһа умнубут. Ырааппыта да бэрт буоллаҕа дии. Икки сылтан лаппа ордубут буолуон сөп.
Өссө уу иһээри турбутугар ыҥыран ылан аатын-суолун ыйыппыттар. Хайдах баарынан кэпсээн биэрбит. Арай эмиэ тыаттан сылдьабын диэбит.
- Хайа доҕоор, онтон бэҕэһээ фамилияҕын бу «Сивцев» диэн суруттарбытын сылдьар дии,- диэн ыйыппыттарыгар соһуйан мух-мах барбыт эрээри:
- Итирик буоламмын алҕас эттэҕим дии,- диэн аһарына сатаабыт.
- Докумуонун суох дии. Барсаммыт докумуоҥҥун көрдөхпүтүнэ табыллар буолла,- диэбиттэр.
Таҥна сылдьан бинсээгэ суоҕуттан бэйэтэ да муодарҕаан:
- Докумуонум бинсээкпэр баар этэ, билигин суох дии,- диэн быһаарсан көрбүт да ылымматахтар.
Арай диэтигэр тиийбиттэрэ эдьиийэ баар эбит. Сүтэн хаалбыт киһилэрэ аны милиция арыалдьыттаах тиийэн кэлбитигэр улаханнык соһуйбуттар. Докумуоннаах бинсээк манна да көстүбэтэх.
- Оччоҕо ханна хаалбыта буолаарай?- диэн милиционер ыйыталаһан көрбүт. Онуоха киһитэ:
- Киэһэ ханна-ханна сылдьыбыппын өйдөөбөппүн ээ, бинсээгим букатын да сүппүт быһыылаах,- диэн чахчы буккуллубутугар атаарааччыта хаалларан баран барарыгар эрэ тиийбит.
Киһи бэйэтин санаатынан ийэ кутугар аналлаах программа оҥостунан уурунан кэбиһэрин холобура итинник буолар. Куруук иэстэһэр, кырбыыр, охсуһар санаалаах киһи итирэн өйө көтөн хаалбыт кэмигэр, эрдэттэн мунньуммут, ууруммут санааларын толорор. Иэстэһэр, өлөрсөр санаалар киһиэхэ мунньустан хаалбыттара хаһан баҕарар, түгэн түбэстэр эрэ тахсан хаалыахтарын сөп. Оннук түгэннэр киһи олоҕор олус элбэхтик буоллалларын холобурдары аҕалан дакаастаан көрүөхпүт.
Ыга кыыһырбыт киһи өйө баайыллан хааллаҕына сорох хамнаныылары оҥорбутун өйдөөбөккө хаалар. Хаһыытыы түһэн баран чааскыны элитэн кэбиһэр дьону элбэхтик кэпсииллэр. Сорох улахан да тойоттор остуолу охсон дьону соһуталлара биллэллэр. Ити кыра хамсаныылар үчүгэй санаалаах дьон кыыһырдахтарына туттар сымнаҕас быһыыларыгар киирсэллэр уонна сотору умнуллан хаалаллар.
Куһаҕан, өлөрөр-алдьатар, иэстэһэр санаалары элбэхтик өйүгэр оҥорон көрөн саныы сылдьар киһи өйө баайыллан ылбытын кэнниттэн киһи өлүгүн тутан олорор буолан хаалара элбэхтик кэпсэнэр буолла. Үгүстэр куһаҕан быһыыны хайдах оҥорбуттарын бэйэлэрэ өйдөөбөккө хаалаллара кэнники кэмҥэ элбээтэ.
Саха дьоно куһаҕан, иэстэһэр, өлөрөр-алдьатар санаалары санаабат буолуҥ диэн оҕолорун үөрэтэ сатыыллар. Аналлаах бэлэмнэниини баран киһи бэйэтин куһаҕан санааларыттан ыраастанар буоллаҕына эрэ үчүгэй санаалар киирэннэр үчүгэйи оҥорор кыахтанар. Кэлин кэмҥэ арҕааҥҥы үөрэх баһыйан оҕолору кыра эрдэхтэриттэн итинник үөрэппэт буолан хаалыы тэнийдэ. Эдэр көрүөнэ дьоммут туруктаах өйдөрө-санаалара суох буолуулара аҕыйах ахсааннаах саха дьонугар ыар охсуулары оҥороллор. Кыайа-хото үлэлиэх-хамсыах, сайдыыны аҕалыахтаах дьоммутун ситэ үөрэппэккэ хаалар кутталлаахпыт. Kыра эрдэхтэринэ ийэ куттарын туруктаах өйгө-санааҕа үөрэппэппит быстах дьыалаларга киирэн биэрэллэрин үксэтэр. (1,44).
Туһаныллыбыт литература.
1. Каженкин И.И. Киһи буолуу. - Издательский дом "Якутия", 2005. - 80 с.