Инфаркт

УРУБИИКИ диэн сиртэн ылыллыбыт

Киирии чааhа

Сайдыылаах олохпут араас содула, күннэтэ ылар охсуубут, аҕыйахтык хамсанарбыт бырыта сурэхпитигэр дьайар. Кэнники кэмҥэ инфарктыыр киhи ахсаана элбээн иhэр… Сүрэх тымырдара кыарыырын эбэтэр бүѳлэнэрин түмүгэр үѳскүүр ыарыылары ишемия диэн ааттыыллар. Бу ыарыылар хас да кѳрүҥҥэ арахсаллар, ол курдук стенокордия, инфаркт миокарда, инфаркт кэнниттэн хаалар уларыйыылар, сүрэх үлэтин ритмэ кэhиллиитэ, эмискэ соhуччу ѳлүү. Сүрэх тымырдара кыарыылларын түмүгэр хаан сүүрүүтэ мѳлтүүр, кислород үѳскээhинэ намтыыр. Оччоҕуна сүрэх былчыҥын ханнык эмэ учаастага аhыттан матан, ѳлѳн барар. Стенокардия дуу, инфаркт дуу буолуута тѳhѳ бириэмэҕэ сүрэх былчыҥа маннык усулуобуйаҕа киирбититтэн тутулуктаах. Бу уларыйыылары электрокардиограмма, анализтар кѳмѳлѳрунэн быhаарабыт[1].

Ыарыыны кѳбѳтѳр дьайыылар

Бу ыарыылар түргэнник, эмискэ сайдалларыгар тѳрүѳт буолар тас эйгэттэн дьайар биричиинэлэр бааллар. Ол курдук: билиҥҥи сайдыылаах олохпут содуллара, араас стрессовай ситуациялар, ѳр олорон үлэлээhин түмүгэр аҕыйахтык хамсаныы, элбэҕи мээнэ, кээмэйэ суох аhааhын содулугар уойааhын, хааммыт састаабыгар холестерин диэн вещество элбээhинэ, хаан баттааhынынан үрдүгэ, табахтааhын, аргылааhын уо.д.а.

Инфаркт кѳрүҥэ

Инфаркт диэн ыарыы араас кѳрүҥүнэн киhи киhиэхэ тус-туhунан биллиэн сѳп:

- асматическай кѳрүҥ- тыыҥҥын бобон, салгын тиийбэт буолар, аҕылатар.

- абдоминальнай кѳрүҥ- куртаҕын ыалдьан, иhиҥ аhыйан бырааска баран кѳрдѳрѳҥ, гастрит диэн эмтэммиккит кэннэ электрокардиограмма оҥобуттара инфаркт буолар.

- аритмическай кѳрүҥ- сүрэххит «айаххынан тахсыах айылаах» бүллүгүрээн, тэбиитэ кэhиллэн, бобута тутар, тыыҥҥын хаайар.

- церебральный кѳрүҥ- ордук кырдьаҕас саастаах дьон эмискэ ѳйдѳрүн сүтэрэн охтуохтарын сѳп.

- ангинознай кѳрүҥ- бу олус ыарыылаах элбэхтик кѳстѳр ыарыы. Эмискэ «сытыы быhаҕынан анньар», «итийэр, түѳhүҥ иhэ аhыйар», хам тутар ыарыыта уҥа эбэтэр икки илиигэр, лаппаахыҥ икки ардыгар, аллараа сыҥааххар, искэр биэриэн сѳп. Тымныы кѳлѳhүн сарт түhэр, тыыҥҥын бобор, аҕылатар, «ѳлѳн эрэбин» диэн куттал үѳскүүр.

Бастакы кѳмѳ

Нитроглицерин таблетката кылгас бириэмэҕэ ыарыыны устар, тыыҥҥын кэҥэтэр. Онтон приступ эмиэ хатыланан, уhуна хас эмэ чаастан хас да сууккаҕа тэнийиэн сѳп. Ыарыыны укуол кѳмѳтунэн эрэ, скорай массыынатын ыҥыран устарга тиийэллэр. Ѳйдѳѳҥ, ардыгар инфаркт «сытыы» ыарыыта суох буолуон сѳп. Ол иhин хас биирдии киhи электрокардиограмма барарыгар интэриэстээх буолуохтаах, ордук 40 саастарын ааспыт дьон.

Сүрүҥ чааhа

Инфаркт диэн ыарыыттан мүлчү кѳтүѳххэ уонна киниттэн харыстаныахха сѳп. Бу маны мин тоhоҕолоон эдэр, үлэлэрин үгэнигэр сылдьар дьоҥҥо этиэхпин баҕарабын. Онтон инфарктаабыт дьоҥҥо бу ыарыы хатыламматын туhугар охсуhуохха сѳп. Санаан кѳруҥ, инфаркт, инсульт киhини босхоҥ оҥорбот, илиигин-атаххын хасмсаабат гына тимир ороҥҥо хам кэлгийбэт эбээт! Ыалдьыбыт дьон үксүлэрэ бэйэлэрин урукку улэлэригэр тѳннѳн, киhиттэн итэҕэhэ суох сылдьаллар. Бастатан туран, сүрэххит ыалдьарыгар тѳрүѳт буолбут биричиинэлэри ѳйдүѳхтээххит, ону хаhан да хатылаабат туhугар охсуhуохтааххыт. Ол биричиинэни уонна ону утары охсуhар ньымалары хайаан да булуоҥ дии саныыбын. Онтон быраас сүбэлэрин, анаабыт эмтэрин хайаан да булгуччулаахтык тутуhарыҥ эрэйиллэр. Балыыhаттан тахсыар диэри ыарыhах ыарыытыгар сѳптѳѳх эмтиир гимнастика комплексын үѳрэтэр, ону ситимин быспакка дьиэтигэр эмиэ салҕаан, онтон ѳссѳ кэҥэтэн-эбэн, кардиолог- быраас кэтээн кѳрүүтүгэр киирэр. Бу комплекс- хамсаныылар туох да хара баhаам элбэхтэр.

Түмүк

Хас биирдии киhи бэйэтин доруобуйатын тупсаран, үѳhэ этиллибит тас эйгэттэн дьайар биричиинэлэри туоратан, бэйэ – бэйэбитигэр харысхаллаахтык сыhыаннаhан, ѳйѳhѳн-ѳйдѳhѳн олордохпутуна сүрэх ыарыыларынан ыалдьарбыт аҕыйыа. Эн доруобуйаҥ – бэйэҥ илииҥ иhигэр!

Туhаммыт литература

• Хаhыат « Саха сирэ»

Быһаарыылар