Ийэ куту иитии
иитии диэн оҕо кыра эрдэҕинэ ийэтэ үчүгэй үгэстэри иҥэрэн биэриитэ ааттанар.
Кут-сүр үөрэҕэ былыргы саха дьоно киһи өйүн-санаатын быһаарар этиилэригэр быһаччы олоҕурар. Сахалар оҕо ийэтиттэн быһалыы, үтүктэн, көрөн үөрэнэр үөрэҕин ийэ кут диэн ааттаабыттара, киһи салгыы олоҕор, өйө-санаата сайдыытыгар олус улахан суолталаах.
Сахалар кут-сүр үөрэхтэрэ этэринэн ийэ кут оҕоҕо иитии көмөтүнэн кыра эрдэҕиттэн 4 эбэтэр 5 сааһыгар диэри түргэнник үөскүүр, онтон салгын кут оҕо 5 эбэтэр 6 сааһыттан ыла сайдан үүнэн барар.
Төрөппүттэриттэн бэриллэр кут буор кут диэн ааттанар. Бу кут хамсаныылартан үөрүйэх буолбут эккэ-сииҥҥэ үөскүүр уонна кэлэр көлүөнэлэргэ салгыы бэриллэн иһэр.
Макбеттар, маргиналлар диэн бас-баттах иитиилээх, көҥүллэринэн барбыт эдэрдэрбитин билигин итинник ааттыыллар. Омуктар бэйэ-бэйэлэрин кытта холбоһууларыттан, үйэлээх үгэстэри умнууларыттан, төрөөбүт тылы, өй-санаа үөрэҕин үөрэппэттэн уонна аһара үөрэҕи эккирэтииттэн үлэни-хамнаһы хаалларыыттан, атаахтатартан итинник бас-баттах иитиилээх эдэрдэр элбииллэр.
Сэбиэскэй былаас оҕо төрүөҕүттэн ыла «үчүгэй киһи» буолар диэн сымыйа үөрэҕэ дьайыытыттан төрөппүттэр оҕолорун кыра эрдэхтэринэ ийэ куттарын ииппэккэ, аһаран кэбиһэллэриттэн, итинник иитиилээх дьон билигин элбээтилэр.
«Оҕону иитии-үөрэтии» диэн сахалар этэллэр. Оҕо кыра эрдэҕинэ аан маҥнай иитиллэр. Kыра эрдэҕинэ бэйэтэ быһаарар, толкуйдуур өйө киирэ илик, ол иһин өссө киһи буола илик, оҕо диэн ааттанар. Бу кэмҥэ ханнык баҕарар дьиэ кыылын курдук аан маҥнай бэрээдэккэ үөрэтиллиэхтээх. Оҕо ийэ кутун иитиллэр. Бэрээдэккэ үөрэммэтэх оҕону «Куһаҕаннык иитиллибит» диэн этэллэр. Кыра эрдэҕинэ сыыһа иитэннэр, атаах оҕо оҥорон кэбиһэллэр.
Сахалар сайдан иһэр кут-сүр үөрэхтэрэ киһи өйө-санаата сайдан барыытыгар ийэ кут өйүн-санаатын аан бастаан сайыннарарга ыҥырар. Ийэ кут өйө-санаата, киһи төрүт өйө-санаата буолан, кини ханнык баҕарар быһыытын хонтуруоллуу сылдьар. Манна ордук оҕо кыра эрдэҕинэ бэйэтэ көрөн, улахан дьону, төрөппүттэрин батыһа сылдьан үтүктэн үөрэнэр кэмэ ылар. Бу кэмҥэ оҕо өйүгэр-санаатыгар иҥэриммит өйдөбүллэрэ хаһан да сүппэт гына кытаанахтык, дириҥник иҥэллэр. Бу өйдөбүллэр үгэс буолан, хос-хос хатыланан иҥэр үөрэх буоланнар хаһан баҕарар киһи быһыытын хонтуруоллуу сылдьаллар.
Кыра оҕо өйө-санаата төрүөҕүттэн кураанах буолар. Оҕо өйө-санаата кураанах буоларын бэлиэтинэн ханнык да кыра оҕо айылҕаттан кыбыытын кыанар буолан төрөөбөт. Кини өр кэмҥэ, хас да сыл үөрэннэҕинэ эрэ, этэҥҥэ горшокка олорор буола үөрэнэр. Оҕо бу өр кэмҥэ, элбэхтик үөрэннэҕинэ эрэ баһылыыр быһыыта кини өйө-санаата төрүүрүгэр букатын ырааһын, кураанах буоларын туоһулуур, айылҕа киниэхэ ханнык даҕаны бэлэм өйү уган биэрбэтэҕин бэлиэтээн көрдөрөр.
Кыра да өйү-санааны оҕо бэйэтэ үөрэнэн, мэйиитигэр олохсутан, иҥэрэн истэҕинэ эрэ табыллар. Дьон-аймах билэллэринэн биир эмэ киһиэхэ Айылҕа биэрэр ураты дьоҕурдара, талааннара бааллар. Талаан уонна дьоҕур эккэ-сииҥҥэ иҥэн сылдьаллар. Уус дьоҕура сатаан хамсанарыттан, онтон ырыаһыт талаана күөмэйин уратыларыттан ордук улахан тутулуктаахтар.
Кыра оҕоҕо улахан киһи өйө-санаата быһаччы бэриллибитэ биллибэт. Оҕо улаатан иһэн өйө-санаата эбиллэн, ситэн, төрөппүттэрин үөрэхтэрин ылынан иһэр.
Хас биирдии төрөппүт оҕото «Үчүгэй оҕо» буолуон баҕарар. Кини үчүгэй оҕо диэн өйдөбүлэ улаатан истэҕинэ төрөппүттэрэ иҥэрбит өйдөбүллэрэ буолар. Төрөппүт бэйэтин кыра эрдэҕинээҕитин санаан, хайдах улаатан испитин курдук оҕотун үөрэттэҕинэ, оҕото кини курдук майгылаах, өйдөөх-санаалаах буола улаатарын ситиһиэн сөп. Бэйэтэ кыра эрдэҕинэ хайдах үлэлээбитин, үөрэммитин, эрэйдэммитин курдук оҕотун ииттэҕинэ, үөрэттэҕинэ эрэ, бэйэтин курдук өйү-санааны иҥэрэр.
Оҕо киһи саҥатын арааран истэр кэмиттэн «Оҕом үчүгэй, чээ» диэн этиини кытта улаатан иһэр. Оҕото үчүгэй диирин элбэхтик оҥордоҕуна төрөппүтэ үөрэр, хайгыыр: “Оҕом үчүгэй оҕо”,- диир. Үөрдэҕинэ, хайҕаатаҕына оҕото өссө үөрэр уонна бу оҥорбутун хос-хос хатылаан оҥорон көрдөрөр. Элбэхтик хатылааһынтан бу быһыы үгэскэ кубулуйан оҕо ийэ кутугар иҥэн умнуллубат гына өйдөнөн хаалар.
Оҕото куһаҕаны оҥордоҕуна төрөппүтэ мөҥөр, сэмэлиир: “Куһаҕан оҕо буолума”,- диир. Сыыһаны оҥордоҕуна: “Маннык оҥорума”,- диэн тохтотор, салгыы ону оҥорорун бобор. Оҕо оҥорбут быһыыта хос-хос оҥоруллан хатыланара суох буолан өйүгэр иҥэн хаалбат, умнуллан хаалар. Оҕо куһаҕаны оҥороро суох буола тохтуур кыахтанар.
Кыра оҕону үөрэтиигэ кыратык манньалаан биэриини ордук тиийимтиэ. Оҕо манньа ылаары үчүгэй быһыылары оҥороро лаппа элбиир. «Оҕом үчүгэй, сайыспат» диэн үөрэтиини кыратык манньалаан бэриллэр. Сайыспат, ытаабат оҕоҕо кыра кэмпиэт сыыһа биэрии, сайыспатын чиҥэтэн биэрэр.
Ийэтин, аҕатын этэр тылын истэригэр үөрэтии оҕону иитиигэ сүрүн көрдөбүл буолар. Ийэ сымнаҕас майгылааҕыттан, атаахтатан, манньалаан үөрэтэр, онтон аҕа туруору, көнөтүк этэн үөрэтэрэ табыллар. Аҕа тылын истибэтэххэ дьарыйыыга тиийэрэ оҕоҕо ордук тиийимтиэ. Манньалаан уонна дьарыйан үөрэтии бэйэ-бэйэлэрин толорсон, ситэрсэн биэрдэхтэринэ ордук туһалаах, тиийимтиэ буолаллар. Оҕо кыра эрдэҕиттэн аһара туттууну оҥордоҕуна, ханнык эрэ, ол оҥоруллубукка сөп түбэһэр, эппиэккэ тардыллара, итинник быһыыны хатылаан оҥорботугар үөрэтэр. Кэлин оҕо өйө-санаата сайдан истэҕинэ бэйэтэ үөрэнэн, үчүгэйи уонна куһаҕаны арааран билэн тугу оҥороору гыммытын толкуйдаан, куһаҕан буоллаҕына, бу сыыһа эбит диэн тохтотунарга үөрэнэрэ киһи буолууну ситиһэригэр тириэрдэр.
Оҕо тугу оҥорорун толкуйдаан, ыараҥнатан көрөргө үөрэниитэ олус уһун, барыны-бары бэйэтэ оҥорон боруобалаан көрдөҕүнэ эрэ табыллар. Олох кыра эрдэҕиттэн тугу оҥорорун быһааран, туох содул үөскүөн сөбүн билэргэ үөрэниэ этэ. Кыра оҕо бэйэтэ тугу аан маҥнай оҥорор наадалааҕын кыайан араарбат. Үчүгэйгэ үөрэтии барыта үтүгүннэрэн, көрдөрөн биэрэн үөрэтиинэн ситиһиллэр кыахтанар.
Билигин сайдыылаах дойдуларга кыра оҕо өйүгэр-санаатыгар, ийэ кутугар ханнык да өйү-санааны укпакка, кураанах кэриэтэ хаалларан, эбэтэр кыра эрдэҕинэ наар оонньотон эбэтэр компьютер ытыалыыр оонньууларынан толорон кэбиһии оҥоруллар буолла. Оҕо мэниктээбэтин, ону-маны оҥорботун диэн телевизоры, компьютеры холбоон биэрэн баран: «Олорон эрэ ытыалыы оонньоотун ээ, аралдьыйдын», - диэн быстах санааҕа оҕустаран элбэхтик оонньотоллор эбэтэр элбэх киһини өлөрүүлээх видик киинэлэрин үгүстүк көрдөрөллөр. Оҕо бэйэтэ санаатыгар өйдөөбөтөҕүн да иһин, маннык оонньуу эбэтэр киинэ көстүүлэрэ элбэхтэ хатыланнахтарына, кини ийэ кутун өйүгэр-санаатыгар үгэс буолан суруллан ууруллан иһэллэрэ, кэлин улааппытын кэннэ өйүн-санаатын бутуйан, сыыһа-халты тутуннарар.
Хаһан эмэ киһи ийэ кутун баһылааһыныгар киирдэҕинэ, оччотооҕу кэмҥэ өйдөөн хаалбыт түгэннэринэн салаллан, дьону ытыалааһыннары да оҥорон кэбиһиэн сөп. Оҕолор бэйэлэрин кыайан туттуммакка куһаҕан быһыылары оҥоруулара, кинилэр ийэ куттарын өйө-санаата үчүгэй быһыылары оҥорууга иитиллибэтэҕин, сайдыбатаҕын туоһута. Оҕо кыра эрдэҕинэ ийэ кутун өйүгэр-санаатыгар үчүгэйи оҥорор үгэстэр иҥэриллэн, мунньуллан ууруллубатахтарына, оҕо аан бастаан бэйэтин быстах баҕа санааларын толороругар тиийиэн сөп.
Оҕо кыра эрдэҕинэ, бэйэтин толкуйдуур өйө, салгын кута сайда илигинэ, ийэ кута кинини баһылаан салайар. Үгэс буолбут, оҥоро үөрэммит быһыыларын оҥорор. Бу кэмҥэ кини тугу көрбүтэ, истибитэ ийэ кутун өйүгэр-санаатыгар суруллан ууруллан, иҥэн иһэллэр диэн биһиги быһаарыыбыт сүрүн төрүтэ буолар. Кыра оҕо телевизорга эбэтэр компьютерга элбэх киһини өлөртөөһүнү, ытыалааһыны көрбүтэ, соһуйбута, үөрбүтэ хос-хос хатыланан үгэскэ кубулуйан ийэ кутун өйүгэр умнуллубат гына өйдөнөн хаалан иһэллэр.
Бу өйдөнөн хаалбыт өйдөбүллэр эбэтэр үгэстэр оҕо быстах кэмҥэ олус кыыһыран дуу, соһуйан дуу, итирэн дуу, «Өйө баайыллан», “Өйө көтөн” ыллаҕына, ийэ кутуттан быһа киирэн, кинини итинник ытыалааһыннары оҥороругар күһэйэн кэбиһиэхтэрин сөп.
Оҕо кыра эрдэҕинэ ийэ кута сайдар кэмигэр тугу көрбүтэ, истибитэ хос-хос хатыланнахтарына үгэскэ кубулуйаннар кини ийэ кутун өйүгэр-санаатыгар суруллан хаалаллар. Оҕо бу өйүгэр-санаатыгар ууруллан иһэр өйдөбүллэр эбэтэр үгэстэр кини төрүт өйүнэн-санаатынан ааттаналлар. Ити иһин аан бастаан ийэ оҕотугар иҥэрбит өйө-санаата ийэ кут диэн сахалыы ааттанара өй-санаа сайдыытыгар олус сөп түбэһэр.
Кини кэлин улахан киһи буолан иһэн «Өйө баайыллан» эбэтэр туохха эмэ түбэһэн «Өйө көтөн» хаалбыт кэмигэр урут төрүт өйүгэр-санаатыгар, ийэ кутугар ууруллубут өйдөбүллэринэн туһанан салаллар. Бу быстах буолан ылар кэмнэргэ кини араас урут үөйбэтэх-ахтыбатах дьыалаларын оҥорон кэбиһиэн сөбө, билигин эдэр ыччаттарбытыгар, компьютер ытыалааһыннаах оонньууларынан дьарыктаммыттара ырааппыт Америка оҕолоругар куһаҕан өрүтэ биллэн эрэр.
Киһи атын киһиэхэ туһуламмыт куһаҕан санаата кыра, быстах санаа буоллаҕына, салгын кутун өйүгэр-санаатыгар сылдьар. Бу санаа ыараан, сотору-сотору хатыланан иһэр буоллаҕына, үгэскэ кубулуйан киһи ийэ кутун өйүгэр-санаатыгар көһөн ууруллар. Киһи өйүгэр-санаатыгар өссө дириҥник иҥэн, хаһан да умнуллубат гына ууруллар. Итинник санааны өр кэмҥэ иитиэхтэммит, ууруллубут санаа, өһүөн диэн быһаараллар. Куһаҕан санаа киһи өйүгэр бу курдук уларыйыытын түмүгэр, киһи итирэн дуу, хайаан дуу «Өйө көтөн» ийэ кутун салайар кэмигэр киирэн хааллаҕына, ити ийэ кутун өйүгэр-санаатыгар иҥмит куһаҕан санаатын өйдөөн кэлэн соһуччу оҥорон кэбиһэр кыахтанар.
Бу быһаарыы улахан да дьоҥҥо эмиэ сөп түбэһэр. Үгүстүк атын киһиэхэ куһаҕан санааны санааһын үгэскэ кубулуйан, хаһан эрэ киһи ийэ кутун салайар кэмигэр киирэн хааллаҕына, бу куһаҕан үгэскэ кубулуйбут быһыытын бэйэтэ оҥорон кэбиһиэн сөп. Сахалар таҥараларын үөрэҕэ ханнык да куһаҕан санаалары куруук саныы сылдьыма, умнан кэбис, өйү-санааны ыраастыы сырыт уонна үчүгэй санаалары элбэхтик санаа диэн үөрэтэр.
Киһи өйө-санаата итирбит кэмигэр уларыйан, салгын кута көтөн ийэ кутун салайыытыгар киирэн хааларын эдэр дьон оҥорон кэбиһэр куһаҕан быһыылара дакаастыыллар. Биирдэ арыгы иһэн итирэн хаалбыт эдэр киһи билэр киһитин кытта тыл-тылга киирсибэккэ гынан баран быһаҕынан анньан кэбиһэрэ, бу киһи ийэ кутун өйүгэр-санаатыгар куһаҕан быһыылары оҥорор туһунан өйдөбүллэр уурулла сылдьалларын көрдөрөр. Итирбит кэмигэр өйдөөбөккө, алҕас оҥорбут диэн буолбакка, уруккуттан саныы сылдьыбыт үгэс буолбут куһаҕан санаатын толорбут диэн быһаарыллара таба буолар.
Оҕо бэйэтин толкуйдуур өйө киирэн салгын кута сайдыар, үчүгэйи уонна куһаҕаны арааран билиэр диэри элбэх өлөрсүүлэри, киһи киһини кырбааһынын, арыгылааһыннары көрбөтө ордук. Көрөр да буоллаҕына улахан, ытыктыыр киһитин быһааран, өйдөтөн биэриитэ хайаан даҕаны наада. Быһааран, өйдөтөн биэрии кэнниттэн кини ийэ кутугар чахчы олох сиэригэр сөп түбэһэр өйдөбүллэр, үчүгэйи оҥоруулар өйдөнөн, ууруллан хаалаллара буоллар кэлиҥҥи олоҕо быдан ыраас, сырдык диэки тардыһыылаах буолар.
Сахаларга былыр-былыргыттан «Киһи илиитэ барбат» диэн олохсуйбут өйдөбүл баар. Бу өйдөбүл оҕо өйүгэр-санаатыгар үөскээн олохсуйарыгар ийэ уонна аҕа бэйэлэрэ көрдөрөр холобурдара сүрүн оруолу ылаллар. Ийэ уонна аҕа бэйэлэрэ эйэлээх, охсуспат, этиспэт буоллахтарына уонна оҕолоругар бэйэлэрин холобурдарын көрдөрөн, охсуһума, киһини охсуолаама, кырбаама диэн ииттэхтэринэ, үөрэттэхтэринэ, оҕо ийэ кутугар итинник өйдөбүл үөскээн, үгэс буолан иҥэн хаалар. Ити иһин урукку кэмҥэ иитиллибит кырдьаҕас дьон хаһан даҕаны киһиэхэ илиилэрин көтөхпөттөр, дьону кырбаабаттар, куһаҕаны оҥорорго «Илиилэрэ барбат буола» кыра эрдэхтэринэ үөрэммиттэр.
Кыра эрдэхтэринэ ийэ куттарыгар тохтотор туормаһа суох буола иитиллибит, туохха эмэ баҕардахтарына ытаан, сарылаан туран ылларар оҕолор, улаатан баран улахан сэрии сэбин баһылаатахтарына, биир эмэ түбэлтэҕэ «Өйдөрө баайыллан» хааллаҕына, улахан сэриини да төлө тардан кэбиһиэхтэрин сөп. «Өйдөрө көппүт» кэмигэр ийэ куттарыгар тохтотор, «Илиилэрэ барбат» буоларга үөрэҕэ суох буоллахтарына, кинилэри туох да өй-санаа тохтоппот дьонугар кубулуйаллар. Билигин эдэр оҕолор арыгылаан баран, «Өйдөрө көппүт» кэмигэр араас ыар буруйу оҥорууларын ийэ кут итинник өйдөбүлэ олус чуолкайдык быһаарар. Биирдэ арыгы иһэн, итирэн хаалан баран ыарахан буруйу оҥоро охсон хаайыыга киирэр эдэрдэр элбээн иһэллэр.
Билигин оҕолору иитиини буортулууллар диэн видик, телевизор уонна компьютер программаларын этэллэрэ оруннаах. Бу буорту оҥоруу хантан саҕаланан ханнык өйү-санааны буортулуура ситэ биллэ илик. Оҕо өйүгэр-санаатыгар үөскүүр «Илии барбат» буолуутун өйдөбүлүн суох оҥороруттан, араас куһаҕан быһыылары оҥорортон тохтотор быһыыта суох киһи буола улаатар. Оҕо компьютерга элбэх киһини тохтоло суох ытыалыырга үөрэнэн хаалбыта итинник ыар буруйу оҥорорго тириэрдиэн сөп. Тоҕо диэтэххэ кини ийэ кутугар дьону ытыалыыр туһунан өйдөбүл иҥэр, олохсуйар. Хаһан баҕарар, саа дуу, туох дуу булла даҕаны ытыалаан барыан сөп киһиэхэ кубулуйар. Маннык иитиллибит киһи тохтотор, сыыһаны, куһаҕаны оҥороору гыннаҕына туормастыыр майгына суох буола улаатарыттан дьону ытыалыыр ыар быһыыны оҥорор.
«Кыыһырбат киһи кыыһырбыта киһиттэн таһынан барар» диэн кырдьаҕастар этэллэр. «Хайа да киһини мээнэ кыйахалаабат баҕайы» диэн киһи киһиэхэ сыһыаныгар ханнык эрэ тохтотор быыс баарын биллэрэр этии баар. Сымнаҕаһынан да биллэр киһи, тулуйа сатаан баран тоҕо баран кыыһырыан, сыыһа-халты туттунуон сөп. Аһара кыыһырбыт киһи тугу гынарын дьүүллээн быһаарбат түгэнэ баар буолар. «Кыыһырбат киһи кыыһырбыта киһиттэн таһынан барар» диэн этии киһи бэйэтин туттунар күүһэ ханнык эрэ кэмнээҕин-кэрдиилээҕин биллэрэр. Аһара кыыһырбыт, ыгыллыбыт кэмҥэ киһи «Өйө көтөн» эбэтэр баайыллан ылар кэмэ киирэн ылыан сөп. Маннык кэм киһиэхэ киирэн кэлиитин суруйааччылар таба көрөн бэлиэтииллэр.
Аркадий сүрэҕэ мөҕүл гынна, уҥа илиитин сутуруктуу туттубутунан утары хоско ыстанан таҕыста - кини абарбыта, уордайбыта олус буолан, иннин-кэннин соччо быһаара турбата. (1,233). Өлөксөөс хараҕа хараҥара түһэр да, Симакову сырбатан кэбиспитин бэйэтэ да өйдөөбөккө хаалар. (2,136). Суруйааччылар бэлиэтээбиттэрин курдук, бу олус соһуччу буолан ылар күүстээх хамсаныылар үчүгэйгэ тириэрдэр быһыылар буолбатахтар.
Киһи олоҕор биирдэ эмэтэ да буоллар куттара солбуйсан ылар кэмнэрэ тиийэн кэлэр. Киһи салгын кута көттөҕүнэ, сүрэ эмиэ көтөр. Итирбит киһи бэйэтин киһилии туттунар күүһэ, сүрэ суох буолан букатын сүөһүтүгэр түһэр. Сүр – киһи куттарын холбуу тута сылдьар сүрүн күүс буолара итинник быһаарыллар.
Кыыл булан ылан ииппит, үөрэппит оҕолоро кыайан киһилии хаампаттар, ат буолан сылдьаллар. Уһун кэмҥэ үөрэтэ сатааһын киһилии хаамарга кыайан үөрэппэт, көнөтүк туттан хаамарга үөрэнэр кэмнэрэ ааһан хаалар.
«Киһи буолабын»,- диэн санаа киһиэхэ сүрү биэрэр. Оҕо төрөппүттэрин көрөн үтүктэр күүһэ ордук элбэх буоларын бэлиэтиир быһыы буолар. Дьоно көнөтүк туттан хаама сылдьалларын көрөн оҕо, икки атаҕар туран хаама үөрэнэр. Олус хойутаан хаампакка хаалбыт оҕо, төһө да бэйэтин өйө киирбитин иһин, аны куттанан хаампат түбэлтэлэрэ бааллар. Бу быһыы үөрэҕи ылыныы кэмэ ааһан хааллаҕына олус ыараханнык көнөрүн көрдөрөр холобур буолар.
Ийэ кут өйө-санаата үөскээн киһини бэйэмсэх оҥорорун холобурун оҕолоох ийэттэн булуохха сөп. Оҕолоох ийэ олус бэйэмсэх, оҕом бэйэм киэнэ диэн өйдөбүлэ хаһан да уларыйбат. Тоҕус ыйы быһа «Бэйэм киэнэ» диэн санаабыт санаата иҥэн, ийэ кутугар олохсуйан хаалар. Икки да оҕо ийэ, ити санаатын кыайан уларыппат, иккиэннэрин көтөҕө да сылдьыан сөп. Арай үһүс оҕотун кэнниттэн ийэ бэйэмсэҕэ лаппа аҕыйыыр, суох да буолар диэххэ сөп. Улахан оҕотун кыайан көтөхпөтүттэн “Эн улахан буоллуҥ, бэйэҥ хаамп, кыралары көрүүгэ көмөлөс” диэн дьэ үөрэтэр буолар. Ити курдук үс оҕолоох ыаллар оҕолоро киһилии майгылаах буола улааталлара, улахан оҕо буола охсубут маҥнайгы оҕолоро атыттары көрөн-истэн үөрэтэриттэн быһаччы тутулуктанар.
Ийэ өйө-санаата үһүс оҕотун кэнниттэн бу курдук уларыйыыта оҕону иитиигэ уонна үөрэтиигэ улахан туһаны аҕалар. Улахан оҕо диэн ааттаммыт оҕо бэйэтин бэйэтэ салайынара эрдэлиир, атыттары, кыралары көрөр-истэр, көмөлөһөр өйдөөх-санаалаах буола улаатар уонна кыралары эмиэ соннук үөрэтэр. Бу ыаллар кэлэр көлүөнэлэрэ туруктаах өйдөөх-санаалаах буола улаатыыларыгар олук ити курдук ууруллар. (3,83).
Оҕону киһи быһыылаах буолууга иитии дьахталлар элбэх, үс эҥин оҕолоннохторуна эбии көрдөбүлэ суох ситиһиллиэн сөп. Арай дьон, төрөппүттэр аныгы тупсубут үөрэх-билии этэрин истэн-билэн, иҥэринэн, олору халбаҥнаабакка кытаанахтык тутуһан, толорон биир эмэ оҕолоннохторуна даҕаны, атаахтаппакка, киһи быһыылаахтык иитэллэрэ кыаллар.
Туһаныллыбыт литература
1. Г.Г.Окороков, И.К.Сивцев. Саха литературата. Хрестоматия. 10 кылаас. Якутскай: Кинигэ изд-вота, 1981.- 280 с.
2. Николай Якутскай. Алмаас уонна таптал. Сэһэннэр. Якутскай: Кинигэ изд-вота, 1983.- 344 с.
3. Каженкин И.И. Кут-сүр үөрэҕэ. - Дьокуускай: Бичик, 2004. - 128 с.