Жохов арыыта
Жохов арыыта. Илин Сибиирдээҕи байҕалга Де Лоҥ арыыларыттан биирдэстэрэ. Иэн 58 кв.км. Үрдүгэ муора таһымыттан 123 м. тиийэр. 1914 "Вайгач" уонна "Таймыр" борохуоттарынан сылдьыбыт гидрографическай экспедиция арыйбыта. Экспедиция кыттыылааҕа Жохов А.Н. атынан ааттаммыта.
Саха сиригэр Жохов арыытыгар (Саҥа Сибиир арыылара) х.к. 76° анныгар турар сумнагин култууратын мезолитическай туру сирин булбуттара. Жохов туру сирэ диэн ааттаабыттара. 9-8 тыһ. сыл анараа өттүгэр баар буола сылдьыбыта быһаарыллыбыта[1].
Ылыллыбыт сирэ
Якутская АССР, словарь - справочник, Якутск, 1980 г.