Дэбдиргэ
Дэбдиргэ - сир иччитин маанылаары, аһатаары, манньытаары сиргэ уурар эбэтэр маска ыйыыр эгэлгэ бэлэх.
Дэбдиргэ туруоруу (тэрийии)
Дойду иччитигэр толоруллар сиэр. Тыа саҕатыгар ырааһыйаҕа сэттэ эдэр маһы (үс титирик, түөрт хатыҥ) кэккэлэтэ анньаллар. Ол мастарга сэттэ үрүҥ ат сиэлин ыйыыллар, олорго үс туос Аан Алахчын Хотуну алгыыллар[1].
Өссө маны көр
Быһаарыылар
- ↑ Саха тылын быһаарыылаах улахан тылдьыта. III туом, Новосибирскай, Наука, 2006 ISBN 5-02-032332-2