Дьөһөгөй Айыы

УРУБИИКИ диэн сиртэн ылыллыбыт

Дьөһөгөй Айыы — сылгы таҥарата. Кини үһүс халлааҥҥа олорор. Киһиэхэ үлэһит, хаһаайын буолууну биэрэр.

Дьөһөгөй Айыы киһиэхэ күүһү, үлэлиир дьоҕуру, хаһаайын буолууну биэрэр. Хаһаайын диэн бэйэ бас билэр күрүөлэниитэ-хаһааланыыта, дьиэлэниитэ-уоттаныыта, сүөһүлэнии, сылгыланыы.

Дьөһөгөй бэрдэриилээх киһи сылгыһыт, отчут-масчыт, тутааччы буолар.

Дьөһөгөйтөн Айыы ыйыгар төрөөбүт дьон биһиктэрэ таҥха онус оронугар олорор. Кинилэр аһаҕас майгылаахтар, алгыстаах тыллаахтар уонна хаһаайыстыбаны тэринэр дьодурдаахтар. Кинилэри Дьөһөгөй таҥаралаах дьон диэн ааттыыллар.

Ылыллыбыт сирэ

  • Саха халандаара, 2009, Диодорова-Лаврентьева С. В., «Бичик», 2008