Дедюкин Василий Георгиевич

УРУБИИКИ диэн сиртэн ылыллыбыт

Дедюкин Василий Георгиевич — поэт, 1991 сылтан суруйааччылар союзтарын чилиэнэ.

1940 сыл балаҕан ыйын 4 күнүгэр Верхоянскай куоракка учуутал дьиэ кэргэнигэр төрөөбүтэ. СГУ историко-филологическай факультетын саха салаатын бүтэрбитэ. Отуттан тахса сыл саха тылын уонна литературатын учууталын быһыытынан үлэлээбитэ. Дьааҥы бочуоттаах гражданина, Саха омук Конгреһын Координационнай Киинин чилиэнэ.

Кинигэлэрэ: Айылҕам алгыһа (1967), Кынаттарым (1975), Звезды мои (1982), "Быйаҥ хаар" (1990)...[1]

Быһаарыылар

  1. "Писатели земли Олонхо": биобиблиографический справочник / Сост. Д.В.Кириллин, В.Н.Павлова, С.Д.Шевков; Фото А.Винокурова, В.Яковлева, И.Николаева, Е.Порядина: - Якутск: Нац.кн.изд-во "Бичик", 1995 - 304 с., ил. со стр.148