Дапсы (киһи)
Дапсы, Михаил Петрович Алексеев — биллиилээх саха лиҥкибииһэ, тыл үөрэҕин хандьыдаата, араадьыйа биэриитин ааптара.
Саха тыла ыраас, туруктаах буоларыгар элбэх сыратын биэрбит киһи, Саха араадьыйатыгар «Биһирэм тыл» диэн өрөбүл аайы тахсар биэриилээх.
1936 (1937) с. сэтинньи 6 күнүгэр Үөһээ Бүлүү Боотулуутун Оноҕоччут сэлиэнньэтигэр төрөөбүт. 1943 сыллаахха Бүлүү куораттааҕы оҕо дьиэтигэр ииттэрэ биэрбиттэр.
1945 с. Боотулуу 7 кыл. оскуолатыгар үөрэнэ киирбитэ. 1954-57 сс. Үөһээ Бүлүү Ис. Барахов аатынан орто оскуолаҕа үөрэммитэ. 1957-62 сс. СГУ саха тылын салаатын маҥнайгы бүтзрээччи. 1962 сылтан Хоро 8 кыл., Далыыр, Үөһээ Бүлүү орто, киэһээҥҥи оскуолатын учуутала, хомсомуол кэмитиэтигэр оскуола салаатын сэбиэдиссэйэ. 1965 с. Тыл, литература, история институтугар үлэлиир. 2 сыл горисполкомҥа инженер дуоһунаһыгар олорбута. 2 сыл «Эдэр коммунист», 13 сыл «Кыым» хаһыакка үлэлээбитэ. 1982 с. ССРС Суруналыыстарын сойууһун чилиэнэ буолбута. 1989 с. «Түөлбэ тылын тылдьытыгар» кыттыгас үлэтин салҕыырга ТЛИИ кэлбитэ. Билигин CP НА ГЧИ-гэ наука аҕа үлэһитэ.
2000 с. «Саха тылын култуурата: тыл үйэлээх үгэһиттэн туорааһын» диэн тиэмэҕэ тыл үөрэҕин хандьытаата буолар диссэртээссийэтин көмүскээн, учуонай истиэпэнин ылбыта.
1992 сылтан Өрөспүүбүлүкэ араадьыйатыгар «Биһирэм тыл» диэн биэриини ыытар.
«Сүр тостубатын», «Уус — кыһатынан, суруйааччы — тылынан», «Дапсы биһирэм тыла» (А. С. Саввинов киирии тыла), «Биһирэм тыл» 500 биэриитэ" диэн кинигэ ааптара. Түөлбэ тылын икки тылдьытын оҥорорго кыттыбыта.
2006 с. «Саха тылын үйэлээх үгэһин тылдьыта» үлэтэ тахсыбыта.
«Кырастаньыын килбиэнэ», «Учууталлар учууталлара», «Үтүөнү билинии» диэн наҕараадалаах.
Өссө маны көр
Error: бастакы строкатыгар ойуу баар буолуохтаах | Бу ыстатыйаны тупсарарга?: |
- УРУБИИКИ:Тулаайах ыстатыйалар
- УРУБИИКИ:Биикилэниэхтээх ыстатыйалар
- УРУБИИКИ:Истиилэ көннөрүллүөхтээх ыстатыйалар
- УРУБИИКИ:Наһаа кылгас ыстатыйалар
- Дьон алпаабытынан
- 1937 сыллаахха төрөөбүттэр
- Сэтинньи 6 күнүгэр төрөөбүттэр
- Үөһээ Бүлүү улууһугар төрөөбүттэр
- Тыл үөрэхтээхтэрэ
- Чинчийээччилэр
- Саха биллиилээх дьоно
- Саха учуонайдара
- СГУ бүтэрбиттэр