Даака
Даака диэн Баҥладеш киин уонна саамай улахан куората. Ганг өрүс дельтатыгар Буриганга хаҥас кытылыгар турар. Дьон бу сиргэ бастаан түөлбэлээн VII үйэҕэ олохсуйбуттара биллэр.
Олохтоохторун ахсаана 7 мөл кэриҥэ киһи, агломерацияҕа барытыгар — 12,8 мөл кэриҥэ (2008 сыллаахха). Олохтоохторун ахсаана сыл аайы 4,2 % элбиир, тыалартан дьон көһөн киирэр. Суругу-бичиги билэр дьон ахсаана — 68,3 %. Олохтоохторун үксэ (90 % кэриҥэ) ислам итэҕэллээх, 9 % — индуизм. 1 % — христианнар уонна буддистар. Дьон баһыйар үксэ бенгаал тылынан саҥарар.