Говоров Иннокентий Иннокентьевич

УРУБИИКИ диэн сиртэн ылыллыбыт

Говоров Иннокентий Иннокентьевич — Чурапчы көhүүтүн кыттыылааҕа, Арассыыйа тыатын хаhаайыстыбатын туйгуна, Мэҥэ-Хаҥалас улууhун Бочуоттаах гражданина, «Аҕа дойду иннигэр үтүөлэрин иhин» II истиэпэннээх уордьан мэтээлин кавалера, үлэ, тыыл ветерана.

Олоҕун олуктара

Говоров Иннокентий Иннокентьевич, 1933 сыллаахха балаҕан ыйын 7 күнүгэр Чурапчы оройуонун Алаҕар нэhилиэгин Ворошилов аатынан колхоз сиригэр Дьоху диэн эбэ арҕаа баhыгар Варвара Александровна уонна Иннокентий Федорович Говоровтар диэн колхозтаах дьиэ кэргэнигэр иккис оҕонон төрөөбүтэ.

Төрөппүт ийэтэ Варвара Александровна 1936 сыллаахха, 26 саастааҕар, кини 3 саастааҕар, сэллик ыарыыттан өлбүтэ. Аҕата иккис кэргэниттэн 2 быраат, 4 балыстары бэлэхтээбитэ. Сэрии сылларыгар, кини 9 саастааҕар, Чурапчы оройуонун көhөрүүтүгэр түбэhэн, Кэбээйи оройуонугар Кыыл Бастаах диэн сиргэ олорбуттара, сут, сэрии, кураан сылларыгар аччыктааhын, хоргуйуу кыhалҕатын этинэн-хаанынан билбитэ. Кини 10 саастааҕар, аччыктыыр кыhалҕаттан, сайынын Кэбээйи кумаарын ортотунан, окко оҕус сиэтэн үлэтин саҕалаабыта. Убайа Семен 15 сааhыгар кыhын улахан дьону кытта, тоҥорун-хатарын кэрэйбэккэ, кыhыны быhа муҥхаҕа муус анньара. Онтон тымныйан ыалдьан, 28 сааhыгар күн сириттэн барбыта.

Көhөрүүттэн төннөн кэлэн баран, Төҥүлү орто оскуолатын 1954 сыллаахха үөрэнэн бутэрбитэ. Ити сыл Советскай Армияҕа ыҥырыллан Приморьеҕа, Туркестаҥҥа танковай чааска взвод командирын солбуйааччытынан үс сыл сулууспалаабыта. 1947 сыллаахха кинилэр уон буоланнар комсомолга киирбиттэрэ, онон 13 комсомолецтаах сэрии кэнниттэн бастакы оскуола үөрэнээччилэрин комсомольскай тэрилтэтэ тэриллибитэ, онно кинини, 6 кылаас үөрэнээччитин, секретарынан талбыттара. Советскай Армияҕа сулууспалаан кэлбитин кэнниттэн, комсомол райкома кинини «Октябрь» колхозка босхоломмут комсомольскай тэрилтэ секретарынан быыбарданан үс сыл үлэлээбитэ.

1959 сыллаахха комсомол райкомун рекомендациятынан «Октябрь» колхоз правленията кинини Иркутскайдааҕы тыа хаhаайыстыбатын институтугар үөрэххэ ыыппыта.

1964 сыллаахха, Иркутскайдааҕы тыа хаhаайыстыбатын институтун бүтэрэн, инженер-механик идэтин ылан, дойдутугар Төҥүлүгэ бөдөҥсүйбүт «М.Горькай» колхозка главнай инженер-механигинэн үлэлии кэлбитэ. Оччотооҕуга «Октябрь» уонна «М.Горькай» колхозтар холбоhон Төҥүлү эҥэрэ бүтүннүү биир улахан колхоз буолбута.

1965 сыллаахха бу холбоhуу сыыhатын өйдөөннөр, икки колхозка арахсан «М.Горькай» уонна «Октябрь» колхозтар буолбуттара. Кинини онно «Октябрь» колхозка главнай инженеринэн, солбуйааччы бэрэссэдээтэлинэн ыыппыттара, барыта 9 сыл устата үлэлээбитэ.

1973 сыллаахха партия райкомун бюрота кинини Майаҕа оройуоннааҕы «Сельхозтехникаҕа» бастаан управляющайы солбуйааччынан, кэлин управляющайынан анаан улэлэппиттэрэ. Иннокентий Иннокентьевич үлэлээбит биэс сылын устатыгар «Сельхозтехника» оройуоҥҥа биир бөдөҥ, куустээх тэрилтэ быһыытынан оройуон тыатын хаһаайыстыбатын сайдыытыгар улахан оруоллаах этэ. Совхозтарга ходуһа, бааһына сирин оҥорууга; ходуһаҕа, бааһынаҕа агрономическай, минеральнай уоҕурдууну киллэриигэ, таһаҕас таһыытыгар, техниканы өрөмүөннээһиҥҥэ, ыарахан үлэлэри механизациялааһыҥҥа үгүс өрүттээх үлэни ыыппыта. Сельхозтехника 200-тэн тахса үлэһиттээх коллектива сыл ахсын социалистическай куоталаһыыга Саха Республикатыгар, Россияҕа бастакы күөҥҥэ сылдьара.

1978 сыллаахха кинини Мэҥэ-Хаҥалас оройуонун тыатын хаһаайыстыбатын управлениетын начальнигынан, райсовет исполкомун председателинан бастакы солбуйааччытынан анаабыттара. Бу үлэҕэ уонча сыл улэлээбит кэмигэр оройуон тыатын хаһаайыстыбатын сайдыытыгар үгүс өрүттээх үлэлэр ыытыллыбыттара. Оройуон тыа хаһаайыстыбатын бородууксуйатын оҥорууга урукку сыллардааҕар үрдүк көрдөрүүлэр ситиһиллибиттэрэ, совхозтар материальнай базалара бөҕөргөөбүтэ. Оройуон, республика оҥорор тыатын хаһаайыстыбатын бородууксуйатын 10-16 % оҥороро ситиһиллибитэ. Оройуон совхозтара Республикаҕа, Россияҕа, Союзка социалистическай куоталаһыыларга кыайыылааҕынан тахсаннар, кыһыл знамянан, знактарынан наҕараадаланаллара. Үгүс ахсааннаах бастыҥ маяк үлэһиттэр, үрдүк көрдөрүүлэрин иһин правительство уордьаннарынан, мэтээлэринэн наҕараадаламмыттара.

Кэлин доруобуйата мөлтөөн бу үлэттэн тохтоон, 1987 сылтан оройуоннааҕы государственнай техническай надзор начальнигынан 1995 сылга дылы үлэлээбитэ. 1994 сыллаахха иһигэр ыарахан операцияны баран, 2 группалаах инвалид буолан үлэттэн тохтообута. Ити курдук отуттан тахса сыл устата Мэҥэ-Хаҥалас тыатын хаһаайыстыбата сайдыытыгар специалиһынан, салайааччынан үлэлээбитэ. Иннокентий Иннокентьевич үлэлээбит сылларыгар 1975-87 сс. 12 сыл устата райсовет депутатынан, 9 сыл райисполком чилиэнинэн, председатели бастакы солбуйааччынан үлэлээбитэ.

Дьиэ кэргэнэ

1959 сыллаахха олоҕун аргыһын Тарабукина Тамара Егоровнаны көрсөн ыал буолан 4 оҕо аҕата, 9 сиэн эһэтэ, 3 хос сиэн эһэтэ буолан олорор.

Үлэлээбит сыллара

  • 1949-59 сс. Комсомольскай тэрилтэ секретарынан үлэлээбитэ.
  • 1951-91 сс. Коммунистическай партия чилиэнинэн сылдьыбыта.
  • 1978-88 сс. 10 сыл устата 4 төгүл партия чилиэнинэн сылдьыбыта.

Наҕараадалара

Мэҥэ-Хаҥалас оройуонугар отуттан тахса сыл устата тыа хаһаайыстыбатын сайдыытыгар үлэлээбитин иһин:

  • 1970 сыллаахха В. И. Ленин төрөөбүтэ 100 сааһын туоларыгар «Үлэҕэ килбиэнин иһин» мэтээлинэн;
  • 1983 сыллаахха «Мэҥэ-Хаҥалас улууһун бочуотун кинигэтигэр» киллэриинэн;
  • 1984 сыллаахха «РСФСР тыатын хаһаайыстыбатын туйгуна» бэлиэтинэн;
  • 1985 сыллаахха «Ветеран труда» мэтээлинэн;
  • 1996 сыллаахха «1941-45 сс. Аҕа дойду улуу сэриитин сылларыгар үлэҕэ килбиэнинэн иһин» мэтээлинэн;
  • 1997 сыллаахха «СССР Маршала Жуков» үбүлүөйнэй мэтээлинэн наҕараадаламмыта;
  • 1995 сыллаахха Мэҥэ-Хаҥалас улууһун «Бочуотунай гражданина» оҥорбуттара;
  • 2011 сыллаахха «Аҕа дойду иннигэр үтүөлэрин иhин» II истиэпэннээх уордьан мэтээлин кавалера буолбута.

Быһаарыылар

  • Инчэҕэй тирбэҕэ быстыбат — олох остубат. / Уйбаан Бахсылыырап : — Дьокуускай : Сайдам, 2010. — 140—157 с.
  • Трудовая слава Якутии. / М. П. Габышев, К. Е. Павлов : — Якутск : Сахаполтграфиздат, 2003. — 217 с.
  • Төҥүлү оскуолата үөрэх-билии аартыга — 100 сыл. / И. Н. Тарабукин : — Төҥүлү : Якутский край, 2007. — 104—105 с.
  • М.Горькай совхоз — түмсүүлээх үлэ кэмэ. / И. Н. Тарабукин : — Дьокуускай : ЯГООУИ УПК ТРИ, 2014. — 63-66 с.