Волков Иван Васильевич

Волков Иван Васильевич (1925 сыл от ыйын 14 күнэ, Сылгы Ыытар[d], Саха АССР2010 сыл ахсынньы 10 күнэ, Сылгы Ыытар[d], Саха сирэ) — Социалистическай Үлэ Дьоруойа. Саха АССР Орто Халыма оройуонун «Орто Халыма» совхоһун кадробай булчута. ССРС Үрдүкү Сэбиэтин 10-с ыҥырыытын дьокутаата[1]. Саха АССР Үрдүкү Сэбиэтин дьокутаата.

Олоҕун олуктара

1925 сыллаахха от ыйын 14 күнүгэр Сылгы Ыытар сэлиэнньэҕэ булчут кэргэнигэр төрөөбүтэ. 1942 сыллаахха Орто Халыма орто оскуолатын бүтэрбитэ, ол кэнниттэн төрөөбүт нэһилиэгэр төннөн, 1943 сылтан «Коммунизм суола» колхозка булдунан дьарыктанан барбыта. 1949 сылтан бу колхозка кладовщик. 1955 сылтан булчуттар биригээдэлэрин салайбыта. Онтон бириэмэ иһигэр колхоз бэрэссэдээтэлинэн үлэлээбитэ, 1861 сылтан үүт-товарнай ферма сэбиэдиссэйэ, «Коммунизм суола» колхоз (кэлин — «Орто Халыма» совхоз, өссө кэлин — ССРС 50 сыла аатынан) бэрэссэдээтэлин солбуйааччыта. 1965 сылтан төттөрү булчутунан үлэлээбитэ.

Ахсыс пятилетка (1966—1970) сылларыгар бу пятилетка сорудахтарын түөрт төгүл аһара толорбута. ССРС Үрдүкү Сэбиэтин Президиумун 1971 сыл муус устар 8 күнүнээҕи Уурааҕынан, тыа хаһаайыстыбатын бородууксуйатын таһаарыыга уонна сир оҥоруутун, сүөһү иитиитин бородууксуйатын судаарыстыбаҕа атыылыыр биэс сыллаах планы толорууга ситиспит ураты ситиһиилэрин иһин Социалистическай Үлэ Дьоруойа аат иҥэриллибитэ, Ленин уордьана уонна «Сиэрпэ уонна Балта» кыһыл көмүс мэтээл туттарыллыбыта.

Пенсияҕа тахсан баран төрөөбүт нэһилиэгэр олорбута, 2010 сыллаахха онно күн сириттэн барбыта.

Айымньылар

  • Иван Васильевич Волков [Текст] / [хомуйан оҥордулар: С. А. Третьякова, М. Л. Волкова]. — Дьокуускай : Бичик, 2015. — 150, [1] с., [8] л. ил. : ил., портр., табл.; 20 см. — (Саха киэн туттар дьоно = Ими гордится Якутия).; ISBN 978-5-7696-4943-1 : 200 экз.

Аатын үйэтитии

  • Кини аатынан Орто Халыматааҕы улуус гимназията ааттаммыта[2].
  • 2015 сыллаахха Орто Халымаҕа Иван Васильевич Волковка анаммыт бюст туруоруллубута.

Наҕараадалара уонна ытык ааттара

  • Социалистическай Үлэ Дьоруойа[3] (1971)
  • Орто Халыма улууһун Ытык олохтооҕо[4]
  • ССРС Үрдүкү Сүбэтин X ыҥырыыларын депутата[5].

Литэрэтиирэ

  • Владимир Пестерев. История Якутии в лицах. — Якутск: «Бичик», 2001.

Сигэлэр