Варфоломей түүнэ

УРУБИИКИ диэн сиртэн ылыллыбыт

Варфоломей түүнэ - Париижка 1572 сыллаахха атырдьах ыйын 24-һэ буолар түүнүгэр католиктар гугеноттары өлөрүүлэрэ.

Сибэтиэй Варфоломей бырааһынньыгар буолбутун иһин ааттаммыт. Бу дьону күргүөмнээн өлөрүү кэнники күннэргэ провинцияларга (Лион,) тарҕаммыта.

Ийэ-королева Екатерина Медичи уонна Гиз ууһун дьоно тэрийбиттэрэ. Төрүөтэ - гугеноттар күүһүрүүлэрэ, кинилэр баһылыктара адмирал Колиньи Карл IX хоруолга сабыдыала күүһүрүүтэ.

Бу иннинэ гугенот дворяннар Париижка сыбаайбаҕа кэлбиттэр эбит: гугенот Генрих Наваррскай (кэлин Генрих IV хоруол) хоруол балтын Маргаританы ойох ылбыт.

Екатерина Медичи гугеноттар саагыбар тэрийэллэр диэн хоруолу куттаан киниттэн сөбүлэҥ ылбыт. 3 тыһыынчаттан тахса киһини өлөрбүттэр (ол иһигэр баһылыктара Колиньини эмиэ). Генрих Наваррскай уонна эмиэ гугенот Конде принц католицизмҥа көһөн өлүүттэн мүччү көппүттэр.

Кэлин "Варфоломей түүнэ" элбэх киһини күргүөмнээн өлөрүүнү ойуулуур сомоҕо домох буолбута.