Аан дойдутааҕы эргиэн тэрилтэтэ

Аан дойдутааҕы эргиэн тэрилтэтэ (АЭТ) (ааҥл. World Trade Organization, нууч. ВТО) - аан дойдуга атыыны-эргиэни кэтээн көрөр тэрилтэ. Женеваҕа баар. 1995 с. 104 дойду урукку Тарифтар уонна атыы-эргиэн генеральнай сөбүлэҥин (ГАТТ) оннугар тэрийбиттэрэ. Атыыга-эргиэҥҥэ хааччах кыччыырын уонна элбэх өрүттээх эргиэн сайдарын ситиһэр соруктаах. ГАТТ сөбүлэҥнэрин дойдулар эҥкилэ суох тутуһууларын кэтиир, саҥа сөбүлэҥнэри бэлэмниир. Бу тэрилтэни кириитикэлээччилэр АЭТ национальнай суверенитеты суох гынар, бөдөҥ корпорациялар интэриэстэрин көмүскүүр, экономика либерализациятын түмүгэр экология проблемаларын үксэтэр, үөрэҕэ суох үлэһиттэр балаһыанньаларын мөлтөтөр дииллэр[4].

Кириитикэ

Бу тэрилтэни Холбоһуктаах Штааттар аан дойду үбүн хонтуруоллаары тэрийбиттэр дииллэр. АХШ кини көмөтүнэн саамай күүстээх дойду стаатуһун бигэргэтэр, өссө күүһүрэр, Куйаары (Вселеннай) барытын бас билэргэ кыһаллар дииллэр.

Өссө маны көр

  • {{салааҕа источниктара суох}}

Быһаарыылар

  1. General Information on Recruitment in the World Trade Organization, World Trade Organization
  2. WTO Secretariat budget for 2008, World Trade Organization. Сигэнии күнэ: 25 Атырдьах ыйын 2008.
  3. Overview of the WTO Secretariat All WTO staff are based in Geneva.
  4. Britannica Большой иллюстрированный энциклопедический словарь, 2009, Астрель