Буутбал

УРУБИИКИ диэн сиртэн ылыллыбыт
Буутбал
Football in Bloomington, Indiana, 1996.jpg
An attacking player (No 10) attempts to kick the ball past the goalkeeper to score a goal.
Үрдүк салалтата FIFA
Nickname(s) Футбол
Характеристикалара
Таарыйсыы Баар
Хамаанда кыттааччылара 11 биир кэм
Категорията Indoor or Outdoor
Мөкүчүгэ Футбол мөкүчүгэ
Олимпик 1900

Футбол (ааҥл. football — атах мээчигэ) диэн бөлөх оонньуута. Аан дойдуга саамай киэҥник тарҕаммыт уонна оонньонор спорт көрүҥэ. Икки 11-дии киhилээх бөлөх ыккардыгар оонньуу. Уhун түөрт көнө муннуктаах оттоох (дьиҥнээх эбэтэр оҥоhуу) хонууга футболлууллар. Оонньуу бастыҥ сыалынан буолар утары бөлөх ааныгар мээчиги киллэрии. Ооньуу буола турар кэмигэр, мээчиги илиитинэн голкипер эрэ таарыйыан сөп. Атын футболлааччылар атахтарынан, түөстэринэн уонна төбөлөрүнэн оонньууллар. Футбол матча икки 45 мүнүүтэлээх таймнаах. Ол икки ардыларыгар 15 мүнүүтэ тохтобул буолар. Матч устата элбэх голу киллэрбит бөлөх кыайар. Арай сүрүн кэмҥэ кыайыылаах тахсыбатаҕына эбии кэм уонна, сороҕор, пенальти тэбиитэ эбиллэр.

Футбол, билиҥҥи барыла Англияҕа FIFA Аан Дойду Кууба (FIFA World Cup) планетабыт саамай суолталаах футбол күрэҕинэн буолар.

Футбол кулууба-спортивнай тэрилтэ (спортивнай кулууп, спортивнай общество) футбол күрэҕэр кыттар. Дьиҥинэн, футболистар (футбол хамаандата), кулууп састаабыгар тренердэр уонна кини көмөлөһөөччүлэрэ, кулууп менеджердэрэ, быраастар уонна да атын персоналлар. Быһаччы сүрүн хамаанда сүүрбэттэн тахса оонньооччулартан турар[1].

Биир кулууп араас дивизиоҥҥа киирсэр хас да хамаанда, ыччат хамаандата, спортивнай оскуолалар, стадион уонна эрчиллэр базалар киириэхтэрин сөп.

Быһаарыылар