Бородулин, Рыгор Иванович
Рыгор Бородулин (Беларуус тыла: Рыгор Барадулін) (1935 сыл олунньу 24, - 2014 сыл кулун тутар 2, ) диэн Беларуус поэта, эссэиһа, суруйааччыта уонна тылбаасчыта. Барадулиҥҥа Беларуссияҕа тиһэх Норуот поэта аата иҥэриллибитэ(1992).2006 сыллаахха Литератураҕа Нобель бириэмийэтигэр туруоруллубута.
Барадулин Версовка диэн сэлиэнньэҕэ төрөөбүтэ. Минскайга баар Беларусь ил университетын бүтэрбитэ. 2014 сыл кулун тутар 2 күнүгэр сүрэҕэ тохтоон 79 саастааҕар өлбүтэ..[1]
Айамнньылара
1953 сыллаахха бэчээттэнэр буолбута, бастакы хоһооннорор Кыһыл Смена(бел. «Чырвоная змена») хаһыакка тахсыбыта. 1959 сыллаахха «Истиэп үрдүгэр ый» (белор. «Маладзік над стэпам») бастакы хоһооннорун хомуурунньуга тахсыбыта. Барыта холбоон 70-тан тахса хомуурунньуктара бэчээттэммитэ, ол иһигэр сатира уонна күлүү хомуурунньуктара, оҕолорго аналлаах хоһооннор уонна тылбаас айамньылар тахсыбыттара. Иккитэ поэт талыллыбыт хоһоонноро бэчээттэммиттэрэ: 1984 уонна 1996-2002 сыллаахха. 2006 сыллаахха Литератураҕа Нобель бириэмийэтигэр туруоруллубута.
Барадулин биллэр хоһооннору беларуус тылыгар тылбаастаабыта, ол иһигэр «Федерико Гарсиа Лорка («Голубой звон Гренады», 1975), Габриэла Мистраль («Ветролист», 1984), Омар Хайям кинигэлэрэ, Шекспир, Байрон, Неруда, Мицкевич уонна Есенин айамньылара уонна да атыттар.
2006 сыл сайыныгар «Руны Перуновы» диэн ааттаах талыллыбыт хоһоонноро бэчээттэн тахсыбыта.
Быһаарыылар
- Халыып:Be icon