Беверли Хиллс
Беверли Хиллс (ааҥл. Beverly Hills) диэн Калифорния штатын Лос Андьелес аймаҕын арҕаатыгар баар хото. Арҕаа Холливуд хотолуун кэккэлэһэр. Беверли Хиллс Лос Андьелес хото биир аатырбыт тас хотото буолар. 2020 сыл сурутуутунан олохтоохторун ахсаана 32,701.
Беверли Хиллс Америка биир бастыҥ үрдүк дьиэ сыаналаах хотото буолар. Манна элбэх Холливуд сулустара олороллор. Беверли Хиллс Родео Драйв диэн көчөтө мааны люкс табаардаах маҕаһыыннарынан аатырар.