Баҕа санаа - таҥара

УРУБИИКИ диэн сиртэн ылыллыбыт

Баҕа санаа элбэхтэ хатыланан үгэһи үөскэттэҕинэ таҥараҕа кубулуйар.

Таҥара баарын билбэт курдук туттунуу быстах санааттан, өй-санаа сайдар, мунньуллар, күүһүрэр тутулуктарын билбэттэн үөскүүр. Сэбиэскэй былаас кэмигэр өй-санаа, таҥара үөрэхтэрин туоратыы, симэлитэ сатааһын түмүгэр итинник быстах санаа үөскээбитэ билигин да дьайа сылдьар.

Өй-санаа элбэхтэ хатыланнаҕына, күүһүрдэҕинэ үгэһи үөскэтэр. Үгэс уһун кэмҥэ уларыйбакка, симэлийбэккэ бэйэтэ туспа сылдьар кыахтанар. Түүлгэ тус-туспа сылдьар үгэстэр көстөллөр, ол иһигэр олус былыргы үгэстэри көрүөххэ сөп. Бу быһаарыы дакаастабылынан үгүс түүллэр түүлгэ көстөр бэлиэлэргэ иҥэн сылдьар өйдөбүллэринэн табатык тойонноноллоро буолар.

Үтүөҕэ баҕарар санаа үгэскэ кубулуйбута үтүөҕэ, үчүгэйгэ ыҥырар, сирдиир таҥараны үөскэтэр. Таҥара диэн төрүт саха тыла. Таҥ, таҥар диэн тыллартан өй-санаа үгэс буолан таҥылларын, хомулларын, мунньулларын биллэрэр ураты суолтата таҥара диэн тылга иҥэн сылдьар. (1,473).

Таҥара үөрэҕэ диэн өй-санаа туһунан сахалар үөрэхтэрэ, уһун үйэлээх билиилэрэ. Бу үөрэх оҕо кыра эрдэҕиттэн үчүгэй быһыылары оҥотторон, үчүгэй үгэстэри иҥэрэн көрсүө, сэмэй, киһилии майгылаах буолууга, үлэҕэ-хамнаска иитэр-үөрэтэр аналлаах. Оҕо, киһи үтүө, үчүгэй баҕа санааларын үгэс оҥостунан иҥэриниитэ таҥараны үөскэтэр. Сахалар бу былыргы үөрэхтэрин билигин даҕаны бэйэлэрэ да билбэттэринэн тутуһа, толоро сылдьалларыттан өйдөрө-санаалара сайдыытын ситиһэллэр, киһилии быһыылаах, көрсүө, сэмэй, бэрээдэктээх буоланнар ахсааннара бу уустук кэмҥэ эбиллэн иһэр.

Былыргы кэмнэргэ дьон баҕа санаалара элбэҕин курдук таҥаралар араастара элбэх эбит. Дьон өйдөрө-санаалара сайдан истэҕинэ киһи түүллэрин үөрэтэннэр өллөҕүнэ өйө-санаата, куттара туспа, Үөһээ дойдуга баралларын быһаарбыттарын кэнниттэн үтүө санаалаах кут иҥмит таҥаралара баар буолбуттар:

- Эмэгэт. Киһи кута иҥмит туох эмэ бэлиэ тэрилэ. (1,665).

- Туос түүктүйэ таҥара. Өлбүт киһи кутун ойуун тутан ылан түүктүйэҕэ хаайан таҥара оҥоруута.

Кут иҥмит таҥаралара кэлэр көлүөнэлэри инники олорон ааспыт дьон оҥорбут үчүгэй быһыыларыгар иитэргэ-үөрэтэргэ аналлаахтар. Урукку кэмнэргэ иннилэринэ олорон ааспыт, өлбүт дьон үөрэхтэрин, билиилэрин кэлэр көлүөнэлэргэ тириэрдиини араас таҥаралар көмөлөрүнэн ситиһэллэр эбит.

Таҥара диэн киһиэхэ үтүө, үчүгэй санаата үгэс буолан иҥмитэ ааттанар. Киһиэхэ баҕа санаата аһара элбэҕинэн, кэмэ кэллэҕинэ уларыйан биэрэринэн таҥаралар элбэхтэр уонна олоххо сайдыы киирэн истэҕинэ уларыйан, атынынан, саҥа үөскээбит баҕа санааҕа сөп түбэһэн солбуллан биэрэллэр. Өй-санаа сайдан, тупсан истэҕинэ уһун үйэлэргэ таҥаралар уларыйан биэрэн иһэллэр. Олохторун уонна туспа омук буолууларын олус былыргы кэмнэртэн саҕалаабыт уһун үйэлээх сахалар ол иһин элбэх таҥараларын илдьэ сылдьаллар.

Үтүө, үчүгэй санаалар диэн олоххо үчүгэйи тутуһар, үчүгэйи үөскэтэр тупсарыыны, сайдыыны киллэрэр санаалар ааттаналлар. Олоҕу үчүгэй санаалар элбэх буоллахтарына уонна олортон туһалаахтарын олоххо киллэрдэххэ эрэ сайдыыны ситиһии кыаллар. Биир эмэ үчүгэй, олоххо туһалаах санаа табыллан үчүгэй быһыыга кубулуйар кыахтанар. Онтон олоххо кыайан киирбэт араас элбэх санаалар бары хаалаллар, ыра санааларга эрэ кубулуйаллар.

Нууччалар кэлиилэригэр сахалар таҥара диэн тугун чуолкайдык билэллэриттэн православнай “бог” үөрэҕин өй-санаа, таҥара үөрэҕэ, онтон “храмын” таҥара дьиэтэ диэн сахалыы ааттаабыттар.

Таҥаралаах диэн үтүө, үчүгэй үгэстэрдээх киһи ааттанар. Үчүгэй үгэстэр киһиэхэ үчүгэй майгыны үөскэтэллэр. Үчүгэй, киһилии майгылаах, көрсүө, сэмэй, үлэһит буолуу диэн сахалар олоххо ситиһэ сатыыр баҕа санаалара буолар.

Таҥараһыт диэн үтүө, үчүгэй санааларын үгэс оҥостор, куһаҕан санааларыттан ыраастана сылдьар киһи ааттанар. Таҥара бэйэтэ киһиэхэ тугу да биэрбэт, арай санааны күүһүрдэн, бөҕөргөтөн биэрэр кыахтааҕын туһанан бэйэ санаатын бөҕөргөтүллэр. Бу быһаарыыны “Надейся на бога, но сам не площай” диэн нууччалыы өс хоһооно ордук чуолкайдыыр.

Таҥара үөрэҕин тутуһар киһи көрсүө, сэмэй, сиэри тутуһар, хаһан да сиэри аһара барыыны, сыыһа-халты туттууну оҥорбот. Айыыны, киһи билбэтин, оҥорботун оҥорууга олус сэрэхтээх буолууга ыҥырар, саҥаны айыы үчүгэйи оҥорууга чахчы аналлааҕын, ханнык да содул бу саҥаны айыыттан үөскээбэтин эрдэттэн билэн эрэ баран оҥорор киһи буолар.

Таҥара үөрэҕэ өй-санаа үөрэҕэ буолан сайдыы, тупсуу кэлэн истэҕинэ бэйэтэ сыыйа уларыйдаҕына, олохтон хаалан хаалбакка уларыйыылары киллэрэн биэрдэҕинэ эрэ табыллар. Өйдөрө-санаалара сиппит, киһи буолуу үөрэҕин баһылаабыт, олоххо уопутурбут дьон өй-санаа, таҥара үөрэҕэр сөптөөх уларыйыылары киллэрэн биэрэн истэхтэринэ эрэ сатанар.

Кыра оҕо өйө-санаата үгэстэргэ үөрэнэн сайдыыта уһун үйэлэргэ уларыйбат. Оҕо өйө-санаата сайдыыта хас оҕо төрөөн улаатарыгар уларыйан хаалбат, оҕо барыта биирдик, аан бастаан ийэ кута үгэстэргэ иитиллэр, онтон улаатан 5 эбэтэр 6 сааһыттан салгын кута үөрэхтэргэ үөрэтиллэр.

Үөрэх барыта олоххо боруобалааһыны баран билиигэ, онтон үгэскэ кубулуйар. Оҕо туохха үөрэммитин, билбитин боруобалаан, оҥорон көрөн үгэскэ кубулутан өйө-санаата сайдан, баҕа санаата элбээн иһэр.

Оҕо өйө-санаата сайдыыта, ийэ кута иитиллиитэ, үөрэҕи-билиини баһылааһына, киһи буолууну ситиһиитэ биир халыып суол устун баран истэҕинэ эрэ табыллар. Таҥара үөрэҕэ сайдыы бу суолун тутуһан оҕону үчүгэй үгэстэрдээх, үчүгэй майгылаах буолууга иитэр. Оҕо кыра эрдэҕинэ тугу саҥаны билбитэ үгэстэри үөскэтэн иһэринэн ийэ кута иитиллэр, онтон улаатан истэҕинэ салгын кута үөрэҕи-билиини ылынан сайдар.

Киһи санаата уларыйан, саҥа үгэстэри үөскэтинэр кыаҕын таҥара үөрэҕэ табан туһанар. Киһи куһаҕан үгэстэнэн хаалбатын туһугар өйүн-санаатын ыраастыы сылдьара ирдэнэр. Куһаҕан санаалартан ыраастаныыны киһи күҥҥэ үстэ оҥоро сырыттаҕына өйө-санаата ыраас, үчүгэй санааларынан туолар кыахтанар. Онтон үчүгэй санаалары киһи атын дьоҥҥо үчүгэйи баҕарыыларынан ситиһэрэ ордук туһалаах. (2,47).

Саха дьонугар бултааһын билигин да суолтата кыччаатар да суох буолбат. Хоту сирдэр диэки бултааһын суолтата улахан. Байанай таҥара төһө да булчуттар таҥаралара буоллар, айылҕаны харыстыыр анала улахан, булду кэмэ кэллэҕинэ аһара баран бултаабакка, кыргыбакка иҥэн сылдьар. Билигин да Саха сирэ чөл турар сиргэ киирсэр.

Таҥара харыстыыр, араҥаччылыыр кыаҕа улахан. Таба, ынахсыт таҥаралар умнуллубатахтара буоллар дьон бу кыыллары үчүгэйдик көрөр-истэр кыахтара кыччыа, ахсааннарын аҕыйатыахтара суоҕа этэ. Бу таҥаралар харыстыыр кыахтара табаттан, ынахтан тутулуктаах олохтоох дьоҥҥо туһалыыр.

Таҥара өй-санаа үгэс буолан түмсүүтэ буоларынан киһи өйүгэр-санаатыгар дьайар күүстээх. Уордаах Дьөһөгөй таҥара сылгыны куһаҕаннык көрөөччүлэри, атаҕастааччылары тохтотор, кэһэтэр күүстээх. Сахалар сылгыны атаҕастаабаттар, үчүгэйдик көрөллөр. Сылгы ахсаана билигин да эбиллэн иһэр.

Ыт таҥарата – бөрө. Ыты аанньа аһаппатахха, аччыктаатаҕына сиэмэххэ, бөрөҕө кубулуйар. Ыт ахсаанын аһара элбэппэт буолууну өйдөөх-санаалаах дьон оҥороллор. Ыт сыата туберкулезтан эмтиир кыахтааҕын дьон билэллэр, тириититтэн элбэх туһалаах маллар тахсаллар. Ахсааннара элбээн хаалбыт ыттары иитэн тириилэрин, эттэрин, сыаларын туһаҕа таһаарыы өйдөөх-санаалаах дьонтон ирдэнэр көрдөбүл буолла.

Дьон өйө-санаата түмсэрин туһугар таҥараҕа туттуллар ымыы бэлиэтин суолтата олус улахан. Киһи элбэх билиини хараҕынан көрөн ылынар. Күн таҥара төгүрүк бэлиэлээх. Үрүҥ Күн буоларын бэлиэтинэн үрүҥ, кылабачыгас дьүһүннээх. Күн төгүрүк бэлиэтэ сайдан иһэр өй-санаа ханнык да хааччаҕа суоҕун биллэрэр. Ортотугар төгүрүк күннээх түөрт кэтирээн иһэр салаалаах кириэс Күн таҥара бэлиэтэ буолар.

Христианскай таҥара итэҕэлэ туттар кэриэс бэлиэтэ өлбүт киһини бэлиэтиир ойуу буолар. Былыргы кэмнэргэ киһи уҥуоҕун үрдүгэр манна киһи уҥуоҕа сытар диэн бэлиэтээн кэриэс туруораллара. Бу таҥара үөрэҕэ дьону көмүү сиэрин-туомун олус табатык толорор. Өлөн эрэр киһи айыытын этиитэ, куһаҕан санааларыттан ыраастаныыта Үөһээ дойду өйө-санаата ыраас буоларыгар, тыыннаах дьоҥҥо үчүгэйинэн дьайарыгар аналлаах.

Кириэс – өлүү бэлиэтэ. Өлбүт киһи уҥуоҕар кириэс турар.

Ыйаммыт киһи ойуулаах кириэстэр өлүүнү көрдөрөллөр.

Үрдүгэр кириэстээх православнай таҥара дьиэтэ өлбүттэргэ аналлаах дьиэ. Бу дьиэҕэ өлбүттэри кэриэстээһин, ахтыы, атаарыы туомнара ыытыллаллара ордук улахан туһалаахтар.

Кэриэстэнии диэн сүүскэ сурааһыннары кэриэстии тардыы аата. Былыр-былыргыттан сүүскэ күлүнэн кэриэстии тардыллыбыт сурааһыннар киһини араҥаччылыыр суолталаахтар диэн былыргылар өйдүүллэр этэ. Сахалар сүүстэригэр тарбахтарынан кэриэстии сурунан араҥаччыланаллар.

Кэриэс араҥаччылыыр бэлиэ. Былыргы кэмҥэ дьон сүүстэригэр көмөрүнэн кэриэс ойууланан араас ыарыылартан араҥаччыланар, көмүскэнэр эбиттэр.

Кэриэс диэн саха тылын арҕааҥҥы омуктар кириэс диэнинэн ылыммыттар. Былыргы ойууннар дүҥүрдэрин кэтэҕэр тутарга анаан тимир кэриэстээхтэр. Саха тылын билбэт, итэҕэл үөрэҕин үрдүттэн ылынааччылар бу кэриэһи Христос таҥара үөрэҕэр аналлаах бэлиэ курдук ылыммыттар.

Таҥара үөрэҕэ диэн оҕо сайдан, үүнэн иһэр өйүн-санаатын киһи буолууга, киһилии быһыыланыыга, көрсүө, сэмэй майгыланыыга иитэр, үөрэтэр сахалар үөрэхтэрэ буолар. Оҕо, киһи өйө-санаата сайдыыта, үс куттара үөскээһиннэрэ уһун үйэлэргэ уларыйбатыттан киһи буолуу, киһилии быһыыланыы үөрэҕэ хаһан да уларыйбат, хас оҕо төрөөн улаатан истэҕинэ саҥалыы сайдан иһэр уратылаах. Таҥара үөрэҕин хас биирдии төрөппүт билэрэ, оҕотун иитиигэ туһанара эрэйиллэр.

Туһаныллыбыт литература.

1. Афанасьев П.С. Саха тылын быһаарыылаах кылгас тылдьыта. – Дьокуускай: Бичик, 2008. – 680 с.

2. Каженкин И.И. Киһи буолуу. – Дьокуускай: Издательский дом “Якутия”, 2005. – 80 с.

Өссө маны көр