Баланов Сергей Романович
Баланов Сергей Романович — саха тыйаатырын уонна киинэтин артыыһа.
Олоҕун олуктара
1972 сыллаахха ахсынньы 23 күнүгэр Кириэс Халдьаайыга (Томпо улууһа) төрөөбүт эбит.
1996 сыллаахха Өрөспүүбүлүкэ култуура уонна ускуустуба кэллиэһигэр тыйаатыр устуудьуйатын бүтэрбит. 2007 сыллаахха Илин Сибиирдээҕи Култуура уонна ускуустуба академиятыгар «тыйаатыр артыыһа» диэн идэни ылбыт.
1996 сылтан 2010 сыллаахха диэри Нүөрүҥгүрүтээҕи Актер уонна куукула тыйаатырыгар үлэлээбит.
2010-11 сс. Саха тыйаатырыгар сценомашинист быһыытынан үлэлээбит.
2011 сылтан Саха тыйаатырын артыыһа.
Айар үлэтэ
Киинэҕэ оруоллара
- Кончится лето (2024)
- Лоокуут уонна Ньургуhун (2023)
- Дьулуур: мас-рестлинг (2021)
- Ыт (2021)
- Тиэтэйбит (2020)
- Тыал баарын тухары (2010)[1]