Байбактылар

УРУБИИКИ диэн сиртэн ылыллыбыт

Байбактылар (каз. байбақты) — казахтар Кыра жустарын састаабыгар киирэр, Байулы бииһин ууһун уон икки аҕатын ууһуттан биирдэстэрэ. Байбактылар уустара бэйэтин иһигэр эмиэ хас даҕаны араас дьоҕус дьоҕус уустарга арахсар. Олор истэригэр манныктар бааллар: Олжаорыс, Кулсуйиндик, Булан, Кулшык, Кынык, Жаугашты, Кушпен, Буганай, Дауымшар, Жомарт, Шолан, Сырым, Батак, Токсаба, Альтеке, Еселбай, Бакан и Шекеу.

Устуоруйата

Байбактылар биир уустара былыр былыргыттан Волга уонна Яика өрүстэр икки ардыларыгар олорор.

Байулылар алимулылары кытта алшын биис ууһун иһигэр киирэр улахан, туспа салайааччылаах уустар холбоһуктара буолар. Алимулттар эмиэ байуллар курдук алшыннар састааптарыгар киирэр кырата суох, син обурга аҕа уустара буолаллар. Сорох үөрэхтээхтэр уонна чинчийээччилэр алшыннар уонна алчи татаардар Монголияҕа XIII үйэлэргэ диэри бииргэ ыкса алтыһан олоро сылдьыбыт норуоттар диэн ааҕааллар М. Сабитовым чинчийээччи туоһу туттар шежиретигэр алшыннар бары уустара Алаулартан, эмиэ алшын биис уустарыттан, төрүттээхтэр. Кинилэр XIV үйэҕэ Алтан Ордууну Джанибек хаан салайар кэмигэр олорбуттара.

C2-M48 гаплагруппа баарыттан сылыктаатахха, ол иһигэр байбактыларга[1], алшыннар (быһаччы эр дьонунан) эр киһи төрүттэрэ Илин Азияттан (калмыктарга уонна найманнарҕа, сарыжомарт уустарыгар ханыылыы) сылыктанар. Ол гынан баран, кинилэр нирун монголлар буолбатахтар (субклад С2-starcluster). Генетикэ таһымынан байбактарга Киин Азииҕа олорор баяттары уонна Монголия хотугулуу арҕаа өттүгэр олорор Увстар чугастар[2].

Тарҕанан олоруулара

Байбакты бииһин ууһун бэрэстэбиитэллэрэ Атыраускай, Арҕаа Казахстан, Хотугу Казахстан уобаластарыгар олороллор.

Ахсааннара

1917 сыллаҕы Өктөөп өрөбөлүүссүйэтин иннинэ байбактар ахсааннара 40 тыһыынча киһиэхэ тиийэрэ.

Уустарынан арахсыы

Бэйэлэрин истэригэр хас даҕаны дьоҕус уустарга арахсаллар: Олжаорыс, Кулсуйиндик, Булан, Кулшык, Кынык, Жаугашты, Кушпен, Буганай, Дауымшар, Жомарт, Шолан, Сырым, Батак, Альтеке (подроды Назарымбет, Мамат, Андас, Жумык), Байторы, Есельбай, Бакан и Шекеу .

Бэлиэтээһиннэр

  1. Труды Евразийского общества генетической генеалогии. Генетическая история народов Евразии. — Litres, 2017. — С. 190. — ISBN 9785040141371
  2. Жабагин М. К. Анализ связи полиморфизма Y-хромосомы и родоплеменной структуры в казахской популяции / О. П. Балановский. — Москва, 2017. — С. 51, 54, 78. — 148 с.