Астраханцев Федот Васильевич

УРУБИИКИ диэн сиртэн ылыллыбыт

Астраханцев Федот Васильевич (1847—1914/16) — төрүт дворяннар удьуордара, I гильдиялаах атыыһыт, меценат.

Дьокуускайдааҕы уезднай училищены бүтэрбит. Канцелярист, полицейскай учаастакка секретардаабыт. Атыы-эргиэн дьыалатыгар сыстаҕас эбит. Дьокуускайга арыгы собуотун тэрийбит. Дьокуускай куоракка уонна Амма солобуодатыгар бэйэтэ бас билэр хас да маҕаһыыннаах. Сайын аайы ыытыллар атыы-эргиэн дьаарбаҥкатыгар кыттыыны ылар, Дальнай Восток эргиэмсиктэрин кытта ыкса сибээстээх буолан Охотскай муора портарыттан чэйи харыыта суох аҕалан эргинэр.

Норуот үөрэҕириитигэр кырата суох оруоллаах.1913 сыллаахха Дьокуускай куоракка ремесленнай училищены тутууга диэн 1300 солк. биэрбит. Дьокуускай куоракка олорон өлбүт уонна манна көмүллүбүт.

Быһаарыылар

Ылыллыбыт сирэ

  • Краткая энциклопедия по истории купечества и коммерции Сибири. Новосибирск, 1994. Т. 1, кн. 1.

Сигэлэр