Архипов Власий Дмитриевич

Власий Дмитриевич Архипов (1935, Бастакы Тыыллыма нэһилиэгэ (Мэҥэ-Хаҥалас улууһа)2005) — сэбиэскэй, арассыыйатааҕы хаһаайыстыбаннай диэйэтэл, бэтэринээр быраас.

Олоҕун олуктара

1935 сыллаахха Мэҥэ Хаҥалас улууһун I Тыыллыма нэһилиэгэр төрөөбүтэ.

1961 сыллаахха СГУ бүтэрбитэ. Ол сылтан Кэбээйи улууһун «Ленинскэй» сопхуоһугар бэтэринээр бырааһынан үлэлээбитэ, 1963 сылтан — Өлүөхүмэ оройуонун тыа хаһаайыстыбатын дьаһалтатын кылаабынай бэтэринээр бырааһа, райисполком сэкирэтээрэ, тыа хаһаайыстыбатын дьаһалтатын салайааччыта, улуус кылаабынай бэтэринээр бырааһа[1].

2005 сыллаахха өлбүтэ[2].

Наҕараадалара уонна ытык ааттара

  • Саха АССР норуотун хаһаайыстыбатын үтүөлээх үлэһитэ;
  • «Үлэҕэ килбиэнин иһин» мэтээл.

Быһаарыылар

  1. Архипов Власий Дмитриевич(биллибэт). Сигэнии күнэ: 24 Атырдьах ыйын 2026.
  2. Дмитрий. Абааһылаах ампаар(биллибэт). kyym.ru. Сигэнии күнэ: 24 Атырдьах ыйын 2026.