Арассыыйа өрөспүүбүлүкэтэ

УРУБИИКИ диэн сиртэн ылыллыбыт

Арассыыйа өрөспүүбүлүкэтэ (Олунньутааҕы өрөбөлүүссүйэттэн Өктөөп өрөбөлүүссүйэтэ буолуор дылы урукку Арассыыйа импиэрийэтин оннугар үөскүү сылдьыбыт судаарыстыба. Официальнайдык Быстах бырабыыталыстыба 1917 сыл балаҕан ыйын 14 күнүгэр уурааҕынан олохтоммута[1].

Алтынньы 24 (Арассыыйа өрөспүүбүлүкэтин быстах Сэбиэтэ быстах бырабыыталыстыба бэрэстээтэлигэр Александр Керенскайга итэҕэйбэтин биллэрбитэ.

Тутула

Политическэй тутула быстах кэмҥэ тэриллибит уорганнартан турара.

  • А. Ф. Керенскэй. Бу Быстах бырабыытыластыба Өктөөп өрөбөлүүссүйэтин түмүгэр былаастан туоратыллыбыта;
  • Арассыыйа өрөспүүбүлүкэтин Быстах сэбиэтэ — быстах кэмҥэ үлэлиир түмэн, аан бастаан сокуон былааһын салайыахтаах этэ, кэлин Быстах бырабыыталыстыба самалыга эрэ буолбута. Бэрэстээтэл — Н. Д. Авксентьев. Бу сэбиэти РСФСР Норуот хамыһаардырын Сэбиэтэ ыспыта.

Маны таһынан, Быстах бырабыыталыстыба хас да хамыыһыйаны тэрийбитэ, олор Арассыыйа инники кэскиллээх тутулун, ол иһигэр Сүрүн сокуонун оҥоро сатаабыттара.

Быһаарыылар