Апросимов Георгий Ефимович

УРУБИИКИ диэн сиртэн ылыллыбыт
Апросимов Георгий Ефимович
Төрөөбүт күнэ 18 муус устар 1923({{padleft:1923|4|0}}-{{padleft:4|2|0}}-{{padleft:18|2|0}}) (101 саастаах)
Төрөөбүт сирэ
Наҕараадалар уонна бириэмийэ
«1941-1945 сс. Аҕа дойду сэриитигэр Германияны кыайыы иһин» мэтээл

Апросимов Георгий Ефимович (1923 с. муус устар 18 күнэ — 2018 с. ыам ыйын 26 күнэ) — Аҕа дойду Улуу сэриитин кыттыылааҕа, Саха АССР оскуолатын үтүөлээх учуутала.

Олоҕун олуктара

1 Моорук нэһилиэгэр төрөөбүт. Сэрии саҕаланыыта Бастакы Өспөх (1-й Ольтекский наслег) нэһилиэгэр[биллибэт тиэрмин] учууталлаабыт.

1942 сыл от ыйыгар Кыһыл аармыйаҕа ыҥырыллыбыт. 1942 сыл сэтинньитигэр дылы Иркутскай уобалас Мальта ст. байыаннай үөрэҕи барбыт. Сэтинньигэ 1310-с полк 3-с стрелковай батальонугар ыыппыттар. Харьковтааҕы операцияҕа кыттыбыт. Ст. Миллерово аттынааҕы кыргыһыыга бастакы бойобуой сүрэхтэниини ылбыт. 1943 сыл кулун тутар ыйыгар 1310-с полк Холодная гора, Новоселовка, Рубановка оройуонун көмүскүүргэ бойобуой сорудах ылбыт. Байыас Апросимов кыргыһар батальона оборонаны, биир да хардыынан чугуруйбакка, күүскэ туппут, өстөөх аҕыс кимэн киириитин тохтоппут, сэттэ автомашинатын эспит. Печенеги пуун иһин өстөөхтөр 1310-с стрелковай полканы иккитэ атаакалаабыттар. Үс суукка устун кыһыл байыастар элбэх сүтүктээх, өстөөҕү утары туруулаһан кыргыспыттар. Бу кыргыһыыга, Апросимов бааһырыы ылан, Балашов куоракка госпитальга эмтэммит.

1943 сыл от ыйыгар дойдутугар, Мэҥэ-Хаҥаласка, төннүбүт. Саха Сирин профтех үөрэхтээһинин оскуолаларыгар учууталлаабыт.

1958 с. — В. И. Ленин аатынан Москватааҕы педагогическай институту бүтэрбит.

1983 сыл от ыйыттан Саха государственнай университет педагогика факультетын старшай преподавателэ.

2018 сыллаахха ыам ыйын 26 күнүгэр 95 сааһын туолан баран өлбүт.

Наҕараадалара уонна ытык ааттара

  • Аҕа дойду сэриитин I ст. уордьана (1990)[1]
  • «Бойобуой өҥөлөрүн иһин» мэтээл
  • «Аҕа дойду Улуу сэриитигэр Германияны кыайыы иһин 1941—1945 сс.» мэтээл
  • «Аҕа дойду сэриитигэр 1941—1945 сс. килбиэннээх үлэ иһин» мэтээл
  • «Үлэ бэтэрээнэ» мэтээл
  • Саха АССР Үрдүкү Сүбэтин Президиумун Ытык грамотата
  • Саха АССР оскуолатын үтүөлээх учуутала
  • РСФСР профтех үөрэхтээһинин туйгуна

Быһаарыылар

  1. Карточка награжденного в электронном банке документов «Подвиг Народа»

Сигэлэр