Анньыыс
Эмтэнэргэ туттуллуута
Анньыыс сиэмэтин ууга оргутан эбэтэр көөнньөрөн, тыынар уорган ыарыытыгар, сөтөлгө, гастрикка, хойуу хаайтарарыгар (запор), ис үллэригэр, куртах, оһоҕос бааһыгар эмтэнэллэр. Ону таһынан үөс туолбутун таһаарарга көмөлөһөр.
Мөлтөх доруобуйалаах оҕону уопсай туругун бөҕөргөтөргө, бу үүнээйи ото оргуйбут уутугар сөтүөлэтиэххэ сөп. Итини таһынан анньыыһы аска тума быһыытынан эмиэ тутталлар.
Туһаныллыбыт сирдэр
- К. Токумова, П. Токумов, Төрөөбүт дойдубут эмтээх үүнээйилэрэ. Дь., Бичик. 2008. ISBN 978-5-7696-2947-1