Аммосова Лена Максимовна
Аммосова Лена Максимовна — химия билимин кандидата, М. К. Аммосов аатынан Благотворительнай Фонд тэрийэччитэ.
Олоҕун олуктара
- 1937 сыллаахха балаҕан ыйын 12 күнүгэр Фрунзе (билигин Бишкек) куоракка төрөөбүтэ.
- 1960 сыллаахха Д. И. Менделеев аатынан Москватааҕы химико-технологическай институту бүтэрбит.
- 1960—1963 сс. НИИ-гэ үлэлээбит.
- 1989 сылтан, ийэтэ Р. И. Цугель этиитинэн, аҕатын олоҕун үөрэтиинэн дьарыктаммыт.
- 1996—2000 сс. — депутат З. А. Корнилова көмөлөһөөччүтүнэн үлэлээбит.
- 2000 с. М. К. Аммосов аатынан Үтүө оҥорор Фонд тэрийбит.
40-н тахса научнай үлэни суруйбут.
Дьиэ кэргэнэ
- Аҕата — Аммосов Максим Кирович
- Ийэтэ — Цугель Раиса Израилевна
Икки оҕолоох:
- Михаил
- Максим
3 сиэннээх, 1 хос сиэннээх
Наҕараадалара уонна ааттара
- «Үлэ бэтэрээнэ» мэтээл
- Саха Өрүспүүбүлүкэтин М. К. Аммосов аатынан государственнай тутууга Государственнай бириэмийэтин лауреата
- Нам улууһун Ытык гражданина
- Хатырык нэһилиэгин Ытык гражданина
- Саха Өрөспүүбүлүкэтин норуотун хаһаайыстыбатын үтүөлээх үлэһитэ
- Саха Өрөспүүбүлүкэтин Ытык гражданина (2012)[1]