Алексеев Николай Алексеевич

УРУБИИКИ диэн сиртэн ылыллыбыт
Алексеев Николай Алексеевич
Алексеев Николай Алексеевич
Төрөөбүт күнэ 1938({{padleft:1938|4|0}})
Төрөөбүт сирэ Саха АССР Ньурба улууһугар III Бордоҥ нэһилиэгэр
Гражданство ССРСFlag of the Soviet Union.svg ССРС АрассыыйаFlag of Russia.svg Арассыыйа
Үлэтэ устуорук, этнограф, фольклорист, итэҕэли чинчийбит учуонай

Алексеев Николай Алексеевич — устуорук, этнограф, фольклорист, итэҕэли чинчийбит учуонай, ГЧИ дириэктэрэ, РФ наукатын үтүөлээх диэйэтэлэ, РФ Наукаҕа уонна техникаҕа Судаарыстыбаннай бириэмийэтин лауреата, устуоруйа билимин дуоктара.

Олоҕун олуктара

  • 1938 сыллаахха тохсунньу 29 күнүгэр Саха АССР Ньурба улууһугар III Бордоҥ нэһилиэгэр төрөөбүт.
  • 1959 с. — Ленинградтааҕы государственнай университеты бүтэрбит.
  • 1959—1960 сс. — үрдүкү научнай сотрудник, Саха АССР Киин госархивыгар салаа начальнигынан үлэлээбит.
  • 1961—1965 сс. — ССРС НА этнография Институтун аспирана.
  • 1965—1969 сс. — ССРС Миниистирдэрин Сэбиэтин иһинэн итэҕэл дьылатыгар Сэбиэт старшай инспектора (Москва к.).
  • 1967 с. — история билимин кандидатыгар «Традиционные религиозные верования якутов XIX—XX вв.» тиэмэҕэ диссертациятын ситиһиилээхтик көмүскээбит.
  • 1969—1979 сс. — младшай научнай үлэһит.
  • 1979—1987 сс. — ССРС НА СС СС ТЛИ Институтугар старшай научнай үлэһит.
  • 1987—1991 сс. — ССРС НА Сибиирдээҕи салаатын история, филология уонна философия Институтугар сүрүн научнай үлэһит (Новосибирскай к.), тыл үөрэҕин салаатын сэбиэдиссэйэ.
  • 1988 с. — история билимин дуоктарыгар «Ранние формы религии и шаманизма тюркоязычных народов Сибири» тиэмэҕэ диссертациятын ситиһиилээхтик көмүскээбит.
  • 1991 с. — Россия НА Сибиирдээҕи салаатын филология Институтугар директоры солбуйааччы.
  • 1992 сыллаахтан — Россия НА Сибиирдээҕи салаатын археология уонна этнография Институтугар главнай научнай үлэһит.
  • 2007 сыллаахтан — Россия НА Сибиирдээҕи салаатын Гуманитарнай чинчийиилэр уонна аҕыйах ахсааннаах омуктар кыһалҕаларын үөрэтэр Институт директорынан өлүөр диэри үлэлэбитэ.

Н. А. Алексеев — этнография уонна түүр тыллаах Сибиир омуктарын фольклордарыгар киэҥ билиилээх специалист этэ. Сибиир түүрдэрин итэҕэллэрэ Киин уонна Соҕуруулуу-Илин Азия былыргы омуктарын итэҕэллэрин кытта ситимнээҕин чинчийбитэ. Саха, Тыва, Бурятия өрөспүүбүлүкэлэрин, Ханты-Мансийскай уоукурук уонна Сибиир атын эрэгийиэннэрин эдэр учуонайдарын уһуйбута. Үөрэнээччилэриттэн 6 киһи билим хандьыдаата, 3 — билим дуоктара буолбуттара[1].

2010 сыллаахха сэтинньи 2 күнүгэр Новосибирскайга өлбүтэ. Сэтинньи 9 күнүгэр Дьокуускайга көмүллүбүтэ.

Дьиэ кэргэнэ

  • Петрова Светлана Ивановна, кэргэнэ, ХИФУ доцена
  • Оҕолоро: Марина Алексеева, Николай Петров, Александра Петрова, Дьулустан Петров.

Сүрүн үлэлэрэ

Сүүстэн тахса научнай үлэлээх, ол иһигэр 9 монография. 30 научнай үлэ соавтора (ол иһигэр 4 монография).

  • «Традиционные религиозные верования якутов в XIX — начале XX вв.» (Новосибирск, 1975) — монография.
  • «Ранние формы религии тюркоязычных народов Сибири» (Новосибирск, 1980) — монография.
  • «Шаманизм тюркоязычных народов Сибири» (Новосибирск, 1989) — монография.
  • «Традиционные религиозные верования тюркоязычных народов Сибири» (Новосибирск, 1992) — монография.
  • «Shamans аnd their Religious Practices» (Сб.: «Shamanism: Soviet Studying of Traditional Religion in Siberia and Central Asia» (edited bu М. Ваizег, «М.Е. Sharpe, Inс.», Ormonk, New-York, London, England, 1990).
  • «Якутские мифы (Саха өс—номохторо)» (Новосибирск, 2004).

Быһаарыылар

  1. «Якутия» хаһыат, 2010, сэтинньи 5 к. 38 с.

Сигэлэр