Александров Прокопий Филиппович
Александров Прокопий Филиппович (учууталларын учуутала.[1]
Олоҕун олуктара
1930 сыллаахха Күүкэй нэhилиэгэр төрөөбүтэ. Бүлүү педучилищетын бүтэрэн баран 1949с. Элгээйи оскуолатыгар пионербаһаатайынан уонна алын кылаас учууталынан үлэтин саҕалаабыта. Олоҕун 38 сылын оҕо иитиитигэр анаабыта. 25 сыл Хоро, Күүкэй оскуолаларыгар сэбиэдиссэйдээбитэ.
Улугуруу сылларыгар оскуоланы саба сатаабыттарын үрдүнэн Прокопий Филиппович уонна Михаил Александрович дьаныhан туран саптарбатахтара. Төһө да тарбахха ааҕыллар үөрэнээччилэрдээҕин иhин оскуола быhыытынан үлэлээн кэлбитигэр ураты үтүөлээхтэр. Энтузиаст учууталлар үөрэнээччилэрэ чиҥ билиини ыланнар салгыы ситиhиилээхтик үөрэнэр кыахтаммыттара. Прокопий Филиппович биир дойдулаахтарын Самсоновтар методикаларын туһанан, ордук кылаас таһынан ааҕыыга улахан болҕомтотун уурара. Саамай кыайа-хото туппут методикалара – быһаарыылаах ааҕыы этэ. 1987 сыллаахха Күүкэй оскуолата аҕыс кылаастаах оскуола буолбута.
Прокопий Филиппович үөрэппит сүүсчэкэ оҕолоро учуутал идэтин баhылаабыттара. Олор истэригэр бааллар Саха республикатын үтүөлээх учууталлара, үөрэҕирии туйгуннара: Виктор Павлович Федоров, Екатерина Николаевна Евсеева, Анатолий Иннокентьевич Терентьев, Василий Васильевич Илларионов, Валентина Афанасьевна Саввинова, Мария Васильевна Николаева уонна да атыттар. Тоҕус үөрэнээччитэ орто, үрдүк үөрэхтэри бүтэрэн төрөөбүт оскуолаларыгар учууталлыы сылдьаллар.[2][3]
Наҕараадалара, ытык ааттара
- Педагогическэй үлэ бэтэрээнэ.
- “Саха Өрөспүүбүлүкэтин учууталлар учууталлара” бэлиэ.
- “Аҕа дойду Улуу сэриитин 1941-45 сс. килбиэннээх үлэтин иһин” мэтээл.
- СӨ министиэристибэтин билиниитин сертификатын хаһаайына [2].
Аатын үйэтитии
- Прокопий Филиппович Александров аатын үйэтитэн кини оҕолоро 2020 сылтан алын кылааһы бүтэрэр үөрэнээччигэ, элбэхтик эбии ааҕыынан дьарыгырбыт оҕоҕо анал стипендия анаабыттара.
- 2018 сылтан алын кылаас кабинета Прокопий Филиппович Александров аатын сүгэр
Кини туһунан суруйуулар
- “Учительская семья – хранитель лучших традиций” - // Күүкэй: сүүс саастаах оскуола сэһэнэ. – 2019с – 160 с
- “Күүкэй оскуолатын ытык кырдьаҕас учуутала” - // Күүкэй: сүүс саастаах оскуола сэһэнэ. – 2019с – 186 с
- Педагогическая энциклопедия V том - //2015 г стр 14
- А.К.Акимов аатынан Күүкэй орто оскуолата - // Сунтаар улууһугар норуот үөрэ5ириитин сайдыыта – 2009 с стр 106